Кэпсээ
Войти Регистрация

Элбэх ойохтонуу

Главная / Кэпсээн арааһа / Элбэх ойохтонуу

K
17.05.2018 15:32
Тыынар тыыннаах, хамсыыр харамай баһыйар үгүс өттө “элбэх ойохтонуу” бириинсибин тутуһар. Ол эбэтэр, дьиэ да сүөһүтүгэр, дьиикэй да кыылларга биир күүстээх, атыттары кыайбыт атыыр эрэ төрүүр-ууһуур бырааптаах. Букатын былыр, киһилии сиэр-майгы, суут-сокуон олохтоно илигинэ, киһи аймах эмиэ оннук тэринэн-дьаһанан олорбута сылыктанар. Ол – айылҕа сокуона. Быһата, оннук гынан хамсыыр харамай чөл, доруобай буолары ситиһэр. Күүстээх атыыртан күүстээх оҕо төрүүрэ өйдөнөр. Киһи – кыыл буолбатах. Ол эрээри, былыргы кыыллыы хааммыт билигин да сүгүн сылдьыбат, бэйэтин биллэрэр. Дьахтар аймах күүстээх, доруобай, баай (билиҥҥи өйдөбүлүнэн ол эмиэ күүс-кыах буоллаҕа) дьоҥҥо тардыһарын, оттон эр дьон сокуоннай ойоҕун таһынан “туора көрөрүн”, ама, ким омнуолуой? Устуоруйаттан Библияҕа ахтыллар дьэбириэй омук былыргы ыраахтааҕыта Соломон Муударай 700 ойохтооҕунан, 300 көрсүү дьахтардааҕынан сураҕырар. Оттон мусульманнар бороруоктара Мухаммед 15 ойохтооҕо үһү. Устуоруйа көрдөрөрүнэн, былыр аан дойду бары да норуоттарыгар элбэх ойохтонуу нуорма буола сылдьыбыт кэмнэрдээҕэ. Ол быһаарыыта судургу... Эр дьон тиһигин быспат кыргыһыыларга өлөллөрүн-сүтэллэрин таһынан, бултуу сылдьан, ыараханы үлэлээн, тоҥон-хатан өлөллөрө-эчэйэллэрэ эмиэ дьахтарга холооно суох элбэх. Онон, былыргы уопсастыбаҕа дьахтар ахсаана эр киһиттэн мэлдьи да элбэх буолара өйдөнөр. Оттон эр киһиэхэ “тиксибэккэ” хаалбыт дьахтары эмиэ ким эрэ көрүөн-харайыан, иитиэн-аһатыан, таптыан наада... Исламҥа Ислам ирдэбилинэн, эр киһи сатаан иитэр-аһатар, харайар буоллаҕына, муҥутаан 4-кэ тиийэ дьахтары ойох ылыан сөп. Ону куоһарара сатаммат. Бүгүҥҥү туругунан, ислам итэҕэллээх 50 дойдуга, Турцияттан уратыларга, элбэх ойохтонуу сокуонунан көҥүллэнэр. Сорох дойдуларга, холобур Индияҕа, Шри-Ланкаҕа, гражданнар ислам итэҕэллээх эрэ буоллахтарына элбэх ойохтонор бырааптаахтар. Ол эбэтэр, буддист итэҕэллээх Амитабх Баччан сокуон быһыытынан Зитаны эбэтэр Гитаны, ол эбэтэр соҕотох дьахтары, ойох ылар буоллаҕына, кинини кытта ыаллыы олорор Джамал Малик диэн мусульман уол Латиканы, Зульфияны, Гульчатайы уо.д.а., ол эбэтэр хас да дьахтары, ойох ылыан сөп. Киниэхэ көҥүллэнэр. Христианнарга Христианныы итэҕэллээх дойдуларга бука барыларыгар элбэх ойохтонуу көҥүллэммэт. Ол эрээри, кыра халбаҥнааһын баар буолуон сөп. Холобур, “христианныы итэҕэллээх” дэнэр Конго, Уганда, Замбия курдук Африка судаарыстыбаларыгар элбэх ойохтоох киһини ким да соһуйа көрбөт. Тугу булан ылыаҥый, Африка аата Африка буоллаҕа. Буддистарга Буддизм – киһи көҥүлүн күөмчүлээбэт муударай итэҕэл. Кини элбэх ойохтонууну биһирээбэт эрээри, элбэх ойохтоммут дьону улаханнык омнуолаабат. Ол курдук, Бутан, Непал курдук буддистыы итэҕэллээх дойдуларга, төһө да сокуонунан бобуллубутун иһин, элбэх ойохтонуу – маассабай көстүү. Хотугу Кавказка Арассыыйаҕа элбэх ойохтонуу, биллэн турар, сокуонунан бобуллар. Ол эрээри 1999 с. Ингушетияҕа ону сокуонунан көҥүллүүр туһунан туруорса сылдьыбыттара. Бу холонуу төһө да “РФ Төрүт Сокуонугар дьүөрэлэспэт” диэн тохтотуллубутун иһин, билигин бу регионнарга элбэх ойоҕунан кими да соһуппаккын. Дьон бастакы ойохторун сокуон быһыытынан саахса уорганыгар регистрациялаан баран, иккистэрин-үһүстэрин уо.д.а. мечеккэ тиийэн бигэргэтэллэр. Санаттахха, 2006 с. Рамзан Кадыров
“буолан ааспыт сэриилэр түмүктэригэр эр дьоммут ахсаана наһаа аҕыйаата, маны тэҥэ, бу биһиги былыргыттан олоҕурбут үгэспит” эҥин диэн элбэх ойохтонуу сокуонун туруорса сатаабыттааҕа да, кыайбатаҕа. Орто Азияҕа Орто Азия бары өрөспүүбүлүкэлэригэр элбэх ойохтонуу көҥүллэммэт. Таджикистаҥҥа ол иһин ыстарааптыыллар, Узбекистаҥҥа 3 сыл болдьоххо хаайаллар. Казахстаҥҥа, Туркменистаҥҥа ол эмиэ бобуулаах эрээри, буруйдаах киһи туох миэрэҕэ тардыллара этиллибэт. Сокуон – сокуонунан, төһө да бобуу баарын үрдүнэн, 2010 с. Таджикистаҥҥа хас 8-с эр киһи “туора” ойохтооҕо быһаарыллыбыта. Илиҥҥи дойдуларга Турцияҕа 1926 с. ыла элбэх ойохтонуу бобуулааҕын туһунан эппиппит. Иорданияҕа үбүҥ-харчыҥ эбии ойоҕу иитэрин туоһулуур ыспыраапка аҕаллаххына, эйигин ким да хааччахтаабат. Катарга уонна Пакистаҥҥа дьахтар эйиэхэ хаһыс эрэ ойох буоларга сөбүлэҥэ эрэ наада. Ираҥҥа иккистээн-үһүстээн ойох ыларгар бастакы ойоҕуҥ сөбүлэһиэн наада. Кини сөбүлэспэт буолаҕына, бүтэ тураҕын. Оттон Афганистаҥҥа, Холбоһуктаах Араб Эмиратыгар, Сауд Аравиятыгар туох да хааччах, ирдэбил суох, кыаҕыҥ эрэ тиийэр буоллаҕына, эн төһө баҕарар ойохтонуоххун сөп.
kyym.ru сайтан