Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сүрэҕим этэрин иһит
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сүрэҕим этэрин иһит
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
09.05.2018 17:29
Куоста сүрэҕин уларыттарда. үйэ уларыйан, үйэтэ уһаата. Былыргыта эбитэ буоллар, Куоста – бокуонньук. Харчы баар улуу күүс, харчылаах буоллуҥ да өлөн-охтон биэрбэккин, урут да, билигин даҕаны. Итинник саныыра Куоста сүрэҕин уларыттарыан, дуонар сүрэҕин угуохтарыгар диэри. Туох эрэ малга дылы, угуохтарыгар диэри буолан. Куоста оҕо эрдэҕиттэн хабыр майгылаах буола улааппыта. Мээнэҕэ долгуйбат, кыраҕа ымыттыбат, аһынар диэни билбэт. Уола хаан биирдэ бэриллибит олоххо дэлэйдик олорон хаалыахха диэн бириинсиптээх этэ. Хас кыыһы хоонньугар сытыаран ытаппыта буолуой?! Хас уолу кэтэхтэрин тыаһаппытай? Ааҕан сиппэккин. Күүс баар, былаас ханна барыай?! Үөрэҕэр да ыарырҕаппат этэ. Оскуола, университет – илиитин иһигэр. Үчүгэй спортсмен, боксуор, сүүрүк, хайыһардьыт, табах тарпат, арыгы испэт. Кыргыттар барахсаттар арыгы иһэн, табах тардан, киирэн биэрээхтииллэрэ. Ол – кинилэр улахан алҕастара этэ. Өйдөөх, киитэрэй Куоста иһиспитэ, аһаспыта буолара эрээри, куруутун өйүн тутара, арыгы этигэр-сиинигэр дьайбатын курдук албастааҕа. Айаҕыттан ыраатыннарбакка, кистээн кулгуйан кэбиһэрэ. Куостаҕа хоонньоспут кыыһа хайаан да кырса алдьамматах буолуохтааҕа. Кини онно маастар, кыыһы көрөөт да билэрэ, кыыһынан сылдьарын эбэтэр хайыы-үйэ дьахтар эбитин. Сүрэҕин уларыппыттарын кэннэ, майгыта-сигилитэ биллэрдик уларыйда. Түүллэрин тойоннуур идэлэннэ. Үнүрүүн үлүк-түлүк түһүүр-түһээбэт нухарыйа сыттаҕына, хаһааҥҥыта эрэ атаҕастаабыт кыыһа көстүбүтэ. «Куостаа, мин эйиэхэ хоргуппаппын, киһи күүстээх санаалаах буолуохтаах, мин сүрэҕим – билигин эн сүрэҕиҥ, мин онтон үөрэбин эрэ. Алҕас былаҕайга былдьатыы баар – хомолтолооҕо. Сүрэхпин эйиэхэ угалларын мин үөһэттэн көрөн турбутум. Таҥараһыта суох бэйэм Үрүҥ айыылартан көрдөспүтүм, сүрэҕим эн түөһүҥ иһигэр тохтообокко тэбиэҕин, эн олоххун уһатыаҕын. Дьэ кэлэн, иккиэн үйэ-саас тухары бииргэ буоллубут. Сүрэхпин эн ыллыҥ, эн түөскэр уктулар, мин үөрүүбүттэн ааспыт дьоллоох күннэрбин санаатым. Мин эйигин көрөөт сөбүлээбитим, ол киэһэ миигин таптал уйата булбута, ол – эн этиҥ. Таптыыр диэн наһаа үчүгэйэ, мин күнүүһүт буолбутум, эйигин атын кыыс кууһуо, ууруо, тиһэҕэр хоонньоһуо дии санаатахпына, тыыным кылгыыра, сүрэҕим түөспүттэн тахсыах курдук толугуруу мөхсөрө. Ол иһин бастакы көрсүбүт киэһэбитигэр «кыыспын» эн ылбытыҥ. Мин күн сиригэр тэҥэ суох дьолломмутум, эн кэтит түөскүн, дараҕар санныгын, синньигэс биилгин имэрийэ, уҥа-таала барбытым, бастакы сылдьыһыы ыарыытын да билбэккэ хаалбытым. Үчүгэй да күннэр үүммүттэрэ. Мин эйигинэн олорбутум. Таптал хараҕа суох дииллэрэ кырдьык, мин тапталым күүһүгэр уйдаран, эйиэхэ кыыс оҕо ыраас, сырдык тапталынан хардарбытым, эрэммитим, итэҕэйбитим. Эйиэхэ таптал сойор аналлааҕын, эн миигиттэн салгыбыккын билбэтэх буруйдаахпын. Миигиттэн түргэнник арахсаргын, сидьиҥник ситиспитиҥ. Ол түүн уопсай хоһугар иккиэйэх этибит. Умайар уот таптал кэнниттэн мин ороҥҥо соҕотоҕун сытан хаалбытым. Эн туран көрүдүөргэ тахсыбытыҥ. Сотору буолаат, төннөн киирээт, мин үрдүбэр туспүтүҥ, эмиэ имэҥ кутаа уотун умаппытыҥ. Мин өрүтэ эппэҥниирим, эн харса суох күүстээх кимэн киирэр дьайыыларгыттан уҥа-таала эйигин кууһарым. Эн өрүһүспүттүү, тохтоло суох түһүөлүүрүҥ, ол кэмҥэ хос
уота сандаарыс гыммыта, эмискэ эн абатыйбыт хаһыыҥ сатараабыта: «Бу тугуй, кимниин хоонньоһон сытаҕын, бу кимий? Эн олох бүппүт проститутка эбиккин, тур, киэр бар, икки харахпар көстүмэ!» — үрдүбэр сыппыт уол ыстанан туран куотан эрдэҕинэ, түҥнэри саайан түһэрбитиҥ, түөрт атах оҥорон куоттарбытыҥ. Мин тугу да өйдөөбөккө сыттахпына, туруору тардаат, миигин көрүдүөргэ сыгынньахтыы умса аспытыҥ, таҥаспын ытаан-соҥоон, ааттаһан, нэһиилэ көрдөөн ылбытым. Түүн, ынырык түүн, соҕотох кыыс ытыыр, оҕолуу чараас сарын, бураллыбыт баттах, хомолто хоммут дириҥ чүөмпэ харах... ол – мин этим. Миигин ким да аһымматаҕа, үөрэх хаалбыта, олох түҥнэстибитэ. Кэлин кэлэн өйдөөбүтүм, эн миигиттэн арахсаары, миигин тэйитээри, бэйэҕэр майгынныыр эттээх-сииннээх, уҥуохтаах-иҥиэхтээх, дьүһүннээх-бодолоох уолу харчыга наймыыласпыккын... Олох олус уустук, мин эн биһикки оҕобутун көтөхпүтүнэн, ол хоонньубар киирбит уолга кэргэн тахсыбытым. Оҕо-уруу, дьиэ-уот тэриммиппит. Кини миигин аһыммыта. Эн кини тулаайаҕын туһаммыккын, кини үөрэҕин харчытын төлүүр кыаҕа суох буолан, ыксаан эйиэхэ атыыламмыт этэ. Биһиги үчүгэй ыал аатыран, олус иллээхтик олорбуппут, ону баара, массыына саахала мин олохпун олус эрдэ илдьэ барда. Сүрэхпин эйиэхэ хааллардым, маҥнайгы уонна бүтэһик тапталбар. Мин олорботох олохпун олор, ситэрбэтэхпин ситэр. Тыыннаахпар сүрэҕим суос-соҕотох оҕобор, сөбүлүүр кэргэммэр этэ. Кинилэр дьоллорунан олохпун киэргэтэрим, күн аайы оҕобун, кэргэммин сибэккинэн симиирим. Сибэккинэн... сибэккинэн... » Доллу.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан