Кэпсээ
Войти Регистрация

Оонньообута оҕус буолбут

Главная / Кэпсээн арааһа / Оонньообута оҕус буолбут

K
01.03.2024 13:19
   Киһи диэн таайыллыбатах таабырын кэриэтэ. Баҕар, олохпут ол да иһин интэриэһинэй буолаарай? Сааһыран олорон, омос санаан көрдөххө, барыта биллэр, өйдөнөр, өссө нөҥүө түһэн эттэххэ, олоҕун хал буолуоххар диэри нойосуус кэриэтэ билэр киһиҥ тугунан эрэ соһутара, сөхтөрөрө баар буолар.        Биэс этээстээх кирпииччэ дьиэбит үһүс этээһигэр Маргарита диэн бэйэм бараллаам дьахтар олорор. Бадыйыаска, оптуобус тохтобулугар көрүстэхпитинэ, дорооболоһобут, «дьу­һуу­рунай» боппуруостары бэрси­һэбит, өҥүрүк куйаас сатыылаабытын сөҕөбүт уонна аасыһан хаалабыт. Бүттэҕэ ол. Туохха эмэ наадыйбыта буолан, кыбартыыраҕа киирэн дириҥник билсиһэр эҥин диэн суох. Дьиҥэр, эр киһи буоларым быһыытынан бу дьыалаҕа өссө истиҥ сыһыаны көҕү­лээччи мин буолуох эбиппин. Эмээхсиним «сиэним котокуну аҕынным, Питергэ баран кэллэхпинэ сатаныыһы» диэн ыйы ыйынан соҕуруу баран хаалар кэмигэр «сырыыргыахтаах» этим.    Эмээхсиммин кытта балачча уһуннук олордубут эрээри, уот ааныттан таптал эҥин диэнтэн кый ыраах сылдьабыт. Уопсайынан, «эн – миэхэ, оттон мин эйиэхэ наадабын» диэн бириинсибинэн холбоспуппут быһыылааҕа. Маҥнай утаа итиннэ соччо кыһаллыбат, эрдии-ойохтуу эбээһинэспитин кэмиттэн кэмигэр толорор эбит буоллахпытына, сааһыран баран, хайа-хайабыт наар тымтан-тырыттан кэлэр идэлэннибит. Хайдыбыт таас иһити хайдах да самыы тутуллубат диэн маны этэн эрдэхтэрэ.    Онон эмээхсимминиин ити курдук ыраатыстахпытына, ардыбыт аттаҕына биитэр мин күнү быһа үлэбэр бардахпына, арыыйда аралдьыйарга, уоскуйарга дылы буолабыт. Салгыспыппыт оччо эбитэ дуу? Дьэ, ити курдук олорон үйэбитин моҥуох баҕайыбыт дуу? Хайа да киһини ити курдук туох эрэ муучу гынан сордуур баара буолуо дии саныыбын.    Маргарита хас эмэ оҕолоох быһыы­лаах да, онтулара улаатаннар, сороҕо тыаҕа, сороҕо эмиэ биһиги кыыспыт курдук соҕуруу олороллор быһыылаах: ийэлэригэр биирдэ эмэ кэлэ сылдьыбыттарын көрбөтөҕүм. Бэйэтэ кырасыабайын ыһыкта илик, быһыыта-таһаата да онуоха дьүөрэ. Киэһээҥҥи үөл-дьүөлгэ уу долгураҥын курдук наскылдьыйан, кирилиэһинэн түһэн иһэрин көрдөхпүнэ, сүрэҕим эппэҥнээбитинэн барарын билэрэ эбитэ буоллар ньии!    «Хайҕал диэни билбэтэх хара тураах...» диэбиккэ дылы, эмээхсиммиттэн биирдэ да киһи «сэк» гына түһэр истиҥ тылын истибэтэх сордоох, мин, онуоха үөрэнэн да хаалбыппын быһыылаах – Маргарита эмиэ оннук майгылааҕа буолуо диэн дьиксинэ саныыбын. Кырдьык, көрдөххө да, бэйэтин билиммит, мин курдук элээмэлэри кытта эҥээрдэһиэ да суох көрүҥнээҕэ. Саатар, эрдээҕэ буоллар, киһи, баҕар, туох эмэ диэн сыана быһан көрүөх этэ.    Дьэ, биирдэ бу кэрэ дьахтары кытта истиҥник кэпсэтэргэ бэртээхэй тоҕоос көһүннэ. Үһүс этээскэ баар кыбартыыратыгар тахсаары, бу үнүөхтүү-тэпсэҥнии турар! Улахан хоруопкаҕа туох эрэ тутуурдаах!    Мин соһуйуу бөҕөнү соһуйан, хайыахпын да булбакка аах-маах баран турдахпына, ис киирбэх куолаһынан «бука баһаалыста, кыбартыырабар киллэрсэн биэрбэккин ээ» диэтэ. Хата, эмээхсиним Питердээбит кэмэ буолан, дьаат-сүлүһүн тылы тибиириэх кимим да суох, дьолго, көрүдүөргэ – эмиэ. Били лис курдук малын нэһииччэ ынчыктаһан үһүс этээскэ син таһаардым. Суумкатыттан кыбартыыратын күлүүһүн таһааран, күүппүт санаабар, өр баҕайы бодьуустаһан, аанын нэһииччэ аста. Киирээт, аан таһыгар турар пуфикка били малбын сэрэнэн уурдум. Маргарита бөтөҕөтүн ыга тута сылдьар кытархай соппуоскатын нэһииччэ устан, таапачыкатын анньына охсоот:    – Григорий Иванович, бачыыҥкаҕын устубакка да малгын саалаҕа киллэрэн, ити аан кэтэҕэр туруоран кэбис, – диэтэ. – Бүгүн миигин биэнсийэҕэ атаардылар уонна ити бэлэхтэрин дьиэбэр да киллэрсибэккэ, айанната турдулар. Наадам бүттэҕэ дии уонна хайыахтарай, – диэн баран, былатыагынан хараҕын уутун соттон ылла. – Баһаалыста, куукунаҕа аас уонна ити остуол аттыгар олор. Суох-суох, ханна да барыма, билигин чэйдиэхпит, – диэтэ. Манна эрэ биллим Маргаритаттан арыгы сыта кэлэрин.    Арыгы испит дьахтары кытары бо­дьуустаһар туох аанньа буолуой, саатар, тоҕооһуннаран кыбартыыратыгар да сырытыннарбат диэн, соччо бэрдэ суох санаа охсулуннар да, туох эрэ миигин тохтоторго дылы гынна. Куукунаҕа киирэн сымнаҕас олбохтоох, өйөнөрдөөх устуулга олорон дьахтар ас бэлэмниирин кэтэһээччи буоллум. Мин бу олорон, көрүдүөргэ ыйанан турар дьэрэкээн ойуулаах араамаҕа араас хаартыска баарын көрдүм. Бу – кэргэнэ быһыылаах, аттыгар оҕото турар, оттон бу кимнээҕий? Убайа эбитэ дуу, оттон кэккэлэһэ олорор оҕолор? Ити курдук саныы-саныы, аны сурунаал остуолугар сытар кинигэлэри тиийэн арыйталаатым. Хоһооннор! Ылан аахтым, устунан бэркэ сэргээн, тартаран киирэн бардым. Санаа түһүүлээх хоһооннор... Бэйэбэр дылы буолан түһэн...    Бу сылдьан Маргарита ас бэлэмниирин көрүтэлиибин. Дьэ, уустук олохтоох-дьаһахтаах эбиккин, Маргарита барахсан. Аттыгар эйигин сөбүлүү көрөр эр киһи олороро буолуо диэн саныырыҥ эрэ, суох эрэ? Аны ону билэ охсон, ууга-уокка түһэрэрдии, умайыктаммытынан бараҕын дуу?    Кэмниэ кэнэҕэс остуол хотойорунан аһы тарта. Ол-бу салаата, бурууктата, онтун быыһыгар үрүҥ аһа, бэл, сухуой арыгыта... Ааранан бэйэм да кыбыстыах, симиттиэх курдук буолан ыллым. Өскө Маргаританы дьиэбэр ыҥыран чэйдэтээри гыммытым буоллар, маннык элбэх аһы хантан тардыамый?! Баҕар, лаары хаһыспыт киһи Халыма тоҥ чыырын дуу, быраҥааттатын дуу булуо эбитэ буолуо. Оттон арыгы баҕас ханныга да суох – миэхэ бытыылка хаһан да уһуннук турбат.    – Григорий Иванович, эн билигин даҕаны үлэлии сылдьаргын көрө-көрө үөрэбин, оттон бу миигин тохтоттулар, бочуоттаах сынньалаҥҥа таһаардылар. Курус баҕайы. Үлэбэр, дьиҥэр, араас санааттан аралдьыйаары сылдьабын ээ, сорох курдук харчыга хараҥаран буолбатах. Дьахтар санаа-оноо буулаабытын аһаҕастык кэпсээтэҕинэ, чэпчиир дииллэр. Ол иһин эйиэхэ, төһө да элбэхтик айах атан кэпсэппэтэрбит, чахчы, үчүгэйдик өйдүүр, ытыктыы саныыр киһибэр, баары баарынан кэпсээтэхпинэ сатаныыһы. Чэ, бастаан бу үрүүмкэни көтөҕөн кэбиһиэх. * * *    Москубаҕа туох эмэ үөрэххэ туттарсыам диэн барбытым. Тоҕо эбитэ буолла, үрдүкү кылааска сылдьан сөбүлүү көрбүт Бииктэрбин бииргэ барыах диэн аҕытаассыйалаабатаҕым. Арахсыахпыт биир күн иннинэ эдьиийим аах дьиэлэригэр иккиэйэх эрэ хаалбыппыт. Оо, арамаантыка бөҕөтө! Дьыбааҥҥа иккиэн бииргэ сытан уураһыы да уураһыы! Ол түүн ончу утуйбакка, таарыйсан көрө-көрө сыппыппыт. Итэҕэйиэҥ суоҕа, эр киһи икки дьахтар икки сыһыаныгар төрүт киирбэтэхпит. Ону хайдах эрэ аньыыргыы саныырбыт уонна «сыбаайбабыт кэнниттэн биирдэ» диэн «хаһааммыппыт».    Москубаҕа хас да сиргэ туттарса сатаан баран, тиһэҕэр маляр кууруһугар үөрэммитим. Инньэ гынан уопсай дьиэҕэ хос ылан үчүгэй баҕайытык үлэлии сырыттахпына, Дьокуускайтан арай сурук тиийэн кэлбитэ. Кэмбиэри аһан, аккырыыкканы көрөөт, сүрэхпин туттубутунан, ороммор лах гына олоро түспүппүн билбэккэ да хаалбытым. Бииктэрим баар-суох дьүөгэм Катяны кытта сыбаайбаларыгар ыҥырбыттар! Итини эрэ күүппэтэх буоламмын, уйа-хайа суох ытаабытым уонна, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, эмискэччи дьэбир санаа киирбитэ. «Иэстэһэргэ!».    Москубаҕа миигин сэргии көрөр, билсэ сатыыр саха уола элбэх этэ. Олортон биирдэстэрэ, ис киирбэх дьү­һүннээх Куоста миигиттэн төрүт арахпата: сороҕор туох эрэ тэрээ­һиҥҥэ, киинэҕэ эҥин илдьэ сатыыра. Биирдэ эмиэ оннук кэлбитигэр кинини кытта барсан, эбиитин онно хонон хаалбытым. Ол түүн кыыс буолан бүп­пүтүм. Дьиҥэр, эр киһи диэҥҥэ баҕарбатарбын да, Бииктэрдээх Катяҕа абаламмытым бэрдиттэн оннукка тиийбитим.    Куоста тыытыллан көрө илик ыраас кыыһы ылан, саха тэҥэ суоҕа. Мин силигин ситэрэн, аны Бииктэргэ «сыбаайбаҕа ыҥырабын» диэн аккырыыкка ыыппытым. Дьэ, доҕоор, ол кэнниттэн үрүт-үөһэ тэлэгирээмэ кэл да кэл буолбат дуо?! Үчүгэйдик өйдөөн-дьүүллээн аахпытым – Бииктэрдээх Катя төрүт да холбоспотохтор, дьээбэлэммиттэр эбит! Бииктэр «кэл, холбоһуох» дииртэн атыны билбэт. Дьэ, мин бэйэм буруйдаах буолан тахсыбыппын. Аны кэлэн ону төнүннэрэр кыах суох – Бииктэргэ аккаас сурук ыыппытым.    Онтон Куостабыттан уол оҕону тө­рөппүтүм. Эрим таптаан ымманыйыы бөҕөтө, оттон мин – суох. Бэл, эрим үрдүбэр сыттаҕына, харахпын симэн Бииктэри саныырым, оннук эрэ гыннахпына астынарым. Ол эрээри дьиҥнээхтик таптаабат киһи биллэр буоллаҕа, ол түмүгэр Куостам арыгыга ылларбыта. Аны арыгыһыт эрдэнэн сору-муҥу көрөр буоллум. Биирдэ айаҕалыы сатаан буокканы – остуолга, аттыгар уол оҕобун туруоран баран «дьэ, хайатын талаҕын?» диэтим. Куоста буокканы хаба тардан ылбыта... уонна сонно үүрүллүбүтэ.    Дьокуускайга көһөн кэлэн баран, аны Өстүөппэ диэн бэйэбиттэн түөрт сыл балыс уолу кытта билсибитим. Олус тапсыбыппыт. Дьүһүнүнэн хайдах эрэ Бииктэргэ маарынныыра. Ийэтэ төһө да утардар, күүспүтүнэн кэриэтэ холбоспуппут. Туспа дьиэлэнэн, кимтэн да иҥнибэккэ, тугу сөбүлүүрбүтүн барытын гынарбыт... имэҥ-дьалыҥ уотугар кытта.    Дьэ, дьиҥнээхтик ыал ыал курдук олорон испиппит. Уол оҕоломмуппут, эбиитин тастыҥ балта төгүрүк тулаайах хаалбытын иитэ ылбыппыт. Кыыс үүт-үкчү мин курдук дьүһүннээҕэ, онон билбэт дьон кыыстара эбит диир этилэр.    Биирдэ Өстүөппэни оройуон киинигэр элэктэриичэстибэ ситимин тардарга үлэҕэ ыҥырдылар. Аҕыйах хонук иһигэр улахан үлэни бүтэрбитигэр ол тэрилтэ малааһын тэрийбит. Ас-үөл, арыгы да баһаам буоллаҕа оччолорго. Дьиҥэр, Өстүөппэм арыгыны сыл баһыгар-атаҕар хам-түм иһэрэ, ону да кыратык. Саҥа дьыл бырааһынньыга чугаһаан турар кэмэ этэ, онон малааһын кэнниттэн хонноро сатаабыттарын истибэккэ дьиэлээбит.    «Тоҕо хойутаата, туох буоллаҕай?» диэн ыксаан, аймахтарыгар төлөпүөн­нээ­битим да, холкулара сүрдээҕэ. Хайыы да сатаан түүннэри быраатыгар субуоннаабыппар дэриэбинэҕэ кэлэр быһа суолунан – бааһынанан – утары баран иһэн Өстүөппэм охто сытарыгар кэтиллэ биэрбит. Эрэйдээҕим хайыы үйэ көһүйэн хаалаахтаабыт.    Оҕолорбун бэйэм атахтарыгар туруортаабытым. Билигин бэйэлэрэ ыал аҕалара-ийэлэрэ буолан олордохторо. Оттон, били, бастакы тапталым – Бииктэрим – ойохтоннор-урууланнар да, иһээччи буолан хаалбыта уонна сонтуттан күн сириттэн күрэммитэ.    Куоста, төһө да арыгылаатар, ойохтоммута, икки оҕоломмута. Ол эрээри, кэргэнэ сүрэҕинэн эмискэ ыалдьан олохтон туораабытын кэннэ, оҕолорун кытта турар бэйэтинэн хаалбыта.    Биир күн идэтинэн кур холуочук кэлэн «эн да, мин да огдообо дьоммут, онон олохпутун саҥаттан саҕалыах» диэбитин буолумматаҕым. Дьэ, ити курдук олохтоох киһибин, Григорий Иванович. * * * Киһи олоҕо ити курдук халбас харатын кэриэтэ. Барыта сап саҕаттан салҕанар, ситии саҕаттан силбэнэр. Дьылҕа буолуо, бука.   БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан