Кэпсээ
Войти
Регистрация
Амарах атыыһыт, эппиэттээх үлэһит
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Амарах атыыһыт, эппиэттээх үлэһит
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
01.03.2024 13:17
Аныгы дьон үлэтэ-хамнаһа хайа да эйгэҕэ буоллун, чэпчии быһыытыйда диир оруннаах. Ол курдук, урукку уонна билиҥҥи атыыһыт күннээҕи үлэтэ улаханнык араастаһар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыан даҕаны лаппа атын. Сороҕор өссө дьону ахсарбат буолуу, улаатымсыйыы да көстүүтэ биллэн ааһар. Мин бүгүн эһиэхэ сэрии саҕанааҕы кэм атыыһыттара хайдахтаах курдук үлэһит үтүөтэ, үлэлэригэр бэриниилээх эбиттэрин биир дьиҥ олоххо баар буола сылдьыбыт атыыһыт, ийэм, холобуругар билиһиннэрэн ааһыахпын баҕардым. Елена Александровна Алексеева – 1921 сыллаахха Хаҥалас улууһугар күн сирин көрбүтэ. Бэрт тэтиэнэх, чиҥ доруобуйалаах, ис иһиттэн түргэн-тарҕан туттунуулаах, бэйэтин бэркэ кыанарын ааһан, кытыгырас, хорсун санаалаах дьахтар этэ. Елена Александровна олорбут олоҕуттан 39 сылы райпо үлэтигэр анаабыта. Эдэркээн сааһа, син эмиэ бэйэтин тэҥ саастыылаахтарын курдук, сэрии ыарахан кэмнэригэр түбэспитэ. Үлэһит тиийбэтин кыһалҕатыттан кинини, баара эрэ 18 саастаах кыысчааны, өйүгэр түргэнник суоттуурун бэлиэтии көрөн, кууруска үөрэттэрэ түһэн баран, Булгунньахтаахха атыыһытынан аныыллар. Сэрии кэминээҕи уустук кэмҥэ үбү-харчыны тутар, аска-үөлгэ үлэлэһэр атыыһыт буолуу – олус эппиэтинэстээҕин ааһан, сэрэхтээх да курдуга. Оччолорго кутуйах хасааһын булан сиэбиттэр кытта хаайыыланар уустук күннэрэ-дьыллара турар этэ буоллаҕа. Оннук кэмҥэ атыыһыт барахсан 10 да солк. ночоотурдаҕына, биир тыла суох хаайыыга барар кутталлааҕа. Аны, атыылыыр аһылыгын ситэ-хото харайбакка хаалан, кыраны да буортутан, эбэтэр буочукалаах арыгыттан, арыыттан алҕас туттан тоҕор түгэниҥ эмиэ сэрэхтээҕэ. Аһы кутуйах буулаатаҕына – туһунан эрэй. Аһы, бородууктаны ыйааһынныыргар биир оннук болҕомтолоох буолуу ирдэнэрэ. Нэһилиэнньэни аһынан хааччыйар инниттэн туох анаммыты барытын энчирэппэккэ аҕалан, атыылаан иһии наадата. Биир киилэ бурдук хайа да күндү таастан сыаналанар, харыстанар кэмэ буоллаҕа. Эдэркээн атыыһыт айылҕаттан бэриллибит сатабылын, үлэҕэ эппиэтинэһин көрөн, биир дойдулаахтара хойукка диэри истиҥник саныыр буолаллара. Еленалаах буолан, кини күүрээннээхтик үлэлээн, дьону-сэргэни хоргуйууга тиэрдибэтэҕин бэлиэтииллэрин истии долгутара, киэн туттуу тыынын биэрэрэ. Кырдьыга да оннук: атыыһыт этэ эбээт оччолорго аһынан тутахсыппакка хааччыйары ситиһэр сүр эппиэттээх үлэһит! Ол эбэтэр оччотооҕу атыыһыт билиҥҥи менеджер, провизор, товаровед үлэтин толорорун ааһан, дьиэ сууйааччы, оробуочай үлэтин олоччу толороро. Оччолорго маҕаһыыҥҥа атыыһыт эрэ ыстаата көрүллэрэ. Атыыһыт үлэтигэр үөрүйэхтэнии олус эппиэттээх 7 сылын ааһан, биллэ уопутурбут атыыһыт, 1950 сыллаахха Намнааҕы РПС (кэлин сельпо, райпо диэн аата эрэ уларыйталаабыта) потребительскэй кэпэрээссийэҕэ көһөр. Онтугар 39 сылы быһа үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсар. Урукку сылларга оробуочай көмөлөһөөччү көрүллүбэт, бэйэҥ сүгэргэ-көтөҕөргө тиийэр үлэҥ буолан, сүрүннээн, эр дьон атыыһыт буоллаллара. Күнү быһа атаххар туран үлэлиэх, эбиитин кууллаах бурдугу, саахары көтөҕөлүөх диэтэххэ, кыахтаах эрэ дьахтар кыанар үлэтэ этэ. Ити сыл балаҕан ыйыгар Нам РПС холбоһугар үлэҕэ ылаллар. Бөтүҥҥэ маҕаһыын аһыллыбытыгар хомсомуол кыыһы онно атыыһытынан аныыллар. Оччолорго да, аны да туора сиргэ тиийэн олорор муннук булунар манан дьыала буолбатах. Тутар-көтөҕөр эр дьон үксэ сэриигэ сылдьыбыт буолан, дьиэ да элбэҕэ суоҕа. Онон кинини Варвара Егоровна уонна Назар Спиридонович Необутовтарга дьукааҕынан олордоллор. Бу элбэх оҕолоох, иллээх-эйэлээх ыалга олордубуттарыттан махтанара. Сылаалаах үлэ кэнниттэн кинилэргэ кэллэҕинэ да, сынньанар курдуга. Дьон сиэрдээх этэ Үлэлиир маҕаһыына ол дьиэттэн балай эмэ ыраах баара. Онон, хата, аттынааҕы дьиэҕэ олорор Бүөтүкэ оҕонньору (Дмитриев Петр) маҕаһыыҥҥа оһох оттооччунан аныыллар. Онон кинилэр иккиэ буолан бүтүн дэриэбинэ дьонун аһынан хааччыйар буолаллар. Астарын, таһаҕастарын бүтүннүү атынан таһаллара. Елена биир түгэни махтана ахтан кэпсиирэ: – Биир кыһын оройуон кииниттэн аттаах сыарҕанан таһаҕас тиэнэн испиппит. Халлаан борук-соруга, эбиитин күүстээх тыаллааҕа. Арай ол иһэн биир мокоруоннаах дьааһык сиргэ сууллан түспүтүн өйдөөн көрбөккө хаалбыппыт. Кэлэн, маҕаһыыммытыгар сүөкээн баран, ол да тухары сүтүкпүтүн өйдөөбөтүбүт, дьиэлээн хааллыбыт. Арай сарсыарда туран ааҕан көрбүтүм, биир итэҕэс! Кэлбит суолбутунан төннөн, санаабытыгар көрдөөн көрдүбүт да, халлааннаан көппүтэ, сирдээн тимирбитэ биллибэт диэбиккэ дылы, суох, булбатыбыт. Арааһа, Намҥа түстэҕэ дуу, эбэтэр ыларбар сыыстарбытым дуу диэн толкуйга түстүм. Иһиттэххэ, урукку да кэмҥэ итэҕэс биэрии, балыйыы да син буолуталыыра. Быһата, табаары ылыыга ураты болҕомтолоох буоллаххына, табылларыҥ. Мин, дьиҥинэн, үстүүтэ төхтүрүйэн ааҕан ылар идэлээҕим. Бастаан ылаат даҕаны, ол кэнниттэн тиэнэн бүтэн баран уонна маҕаһыыҥҥа киллэрэрбэр. Ити курдук, кураанаҕы кууһан, арбы-сарбы буолан олордоҕуна, Хатыҥ Арыы биир олохтооҕо (аатын эппитэ да, умнубуппун) ол сүтэрбит дьааһыгын салаасканан соһон тирилэтэн аҕалан биэрэр! Ийэм барахсан, дьэ, онно хараҕа сырдаан, хаайыыттан барартан субу быыһаммыт курдук, ыар сүгэһэрин түһэрэр. Хор, оннук сут дьылларга да дьон сиэрдээх уонна чиэһинэй буолар эбит. Хом санаа түгэннэрэ Салгыы ийэм туһунан Татьяна Алексеевна Евстафьева маннык кэпсээн турар: – Тулаайах буоламмын, мин Елена Александровналаахха Намҥа олоро сылдьыбыттааҕым. Оччолорго 13-14 саастааҕым буолуо. Мин кинини олус аһынар этим, үлэтэ ыараханын көрөн. Ол иһин киэһэтин көмөлөһө барарым. Кини олус ыраас туттунуулааҕа, маҕаһыына өрүү да ыраас уонна сааһылаах буолара. Бэлэм уу диэн хантан кэлиэй, муоста сууйарыгар хаар баһан киллэрэн, билиитэҕэ ууран сылытара. Ол кэнниттэн мас муостаны кыл өрбөҕүнэн кылбаччы аалан, кичэллээхтик сууйара. Билигин да кыаҕын-күүһүн сөҕөбүн. Кууллаах саахары, бурдугу ньилбэгэр ууран баран, икки миэтэрэ курдук ыраахха тааҕы-таах элитэн кэбиһэрэ. Аны наар үөрэ-көтө, сырдьыгынан сыдьаайа сылдьар курдук буолара. Албыны-түөкэйи ончу абааһы көрөрө, баар сыыһаны сирэйгэ аһаҕастык этэрин сөбүлүүрэ. Онно, дьэ, аһынан турбат этэ. Онон биирдиилээн сөпсөспөт дьонноох буолара. Үлэлиир дьиэтэ олус тымныы буоларын өйдүүбүн. Хайдах тулуйаахтыыра буолла, билигин да өйүм хоппот. Биир кэм хамсана сылдьар буолан эбитэ дуу. Биир бэйэм, бэл, сонноох туран тоҥорум. Оттон кини бэриэнньиктээх, лаппа халтаҥ таҥаһынан турар буолааччы. Онно дии, мин аан бастаан саахар муустуйа тоҥорун көрбүтүм. Ол үлүгэрдээх тымныыттан баһан, кутан атыылыыра. Хаһыат баар кэмигэр бакыат курдугу оҥорон, куруппабытын кутан эрдэттэн бэлэмниирбит. Ону баара, ол хаһыат да көстөрө күчүмэҕэй буолара. Онон атыылаһааччылар бэлэм мөһөөччүктээх кэлэр буолбуттара. Аны арыгы ылааччыга буочукаттан сылаанганы оборон испиири, эбэтэр кыһыл арыгыны бытыылкаларга кутан, атыылыыллара. Билиҥҥи курдук бэлэм бытыылкалаах арыгы дэлэйэ илигэ. Итинник күүстээх үлэ үөһүгэр сылдьыбыта кырдьар сааһыгар суола-ииһэ суох хаалбатаҕа. Ис уорганнара хоҥнон, дьарҕа ыарыыга кубулуйбута. Санаан да көрдөххө, эдэркээн кыыс сааһыттан холбоон-илбээн төһөлөөх туонна таһаҕаһы дьарамай санныгар таспыта буолуой?! Аны тымныынан аргыйар тоҥ хаһаа дьиэҕэ үлэлээтэҕэ. Оччолорго дьыссаат, дьааһыла диэн хантан кэлиэй, күн сиригэр көрдөрбүт бастакы кыысчаанын, үлэтигэр илдьэ сылдьаахтаабыт. Онто сэбиргэхтэтэн, баара эрэ үс сааһыгар олохтон туораабыт. Миэхэ биир олус хомойбут-хоргуппут түгэнин быктаран ааспыттаах. Биирдэ маҕаһыыныгар 3 тимир орону атыыга биэрбиттэрин аҕалбыт. Ороно суох буолан, онтуттан биири бэйэтигэр ылбытын олохтоохтор аҕыс айдааны тардан, үҥсүһэн, күлүү-элэк да гынан ылбыттар. Мин ол орону өйдүүбүн: күөх өҥнөөх синньигэс тимир этэ. Кэлин хойукка диэри туттуллан баран, хромнаах орон муода буолбутугар быраҕыллыбыта. Биир бардам майгылаах арыгыһыт киһи буулаан эрэйдээбитин кэпсээбиттээх. Ол киһи итирэн кэлэн, прилавокка балай эмэ улахан быһаҕын туруору анньан баран, босхо арыгы куттарар идэлээҕэ үһү. Суос-соҕотох, хантан да туораттан көмүскүүр киһитэ суох дьахтар хайаахтыай, биэрэригэр тиийээхтиир буоллаҕа. Онтун бэйэтэ төлүүрүгэр тиийэрэ. Дьиэтэ суох барахсан маҕаһыынын – дьиэ, ыарахан үлэтин үөрүү оҥостон, ол тухары дьоҥҥо истиҥ сыһыанын илдьэ сылдьыбыт атыыһыт Еля барахсан оннук олорон, үлэлээн аастаҕа. Оччотооҕу атыыһыкка «закуп» диэн эмиэ баара. О.э. дьонтон эти, арыыны, отону хомуйуу, онтун аны туттарар сиргэ тиэрдии. Быһата, стахановтыы үлэлээн, биир бэйэлэрэ биэс киһи үлэтин толорор эбиттэр. Атыыһыт үлэтэ кэлин эрэ чэпчээн, дьахтар үлэтэ дэнэр буолбута. Ити Н.С. Хрущев кэмиттэн саҕаламмыт. Ийэм 1956 сылтан Намнааҕы 5-с нүөмэрдээх маҕаһыыҥҥа соҕотоҕун атыыһыттаабыта, кэлин хассыырдаабыта. 1972 сыллаахха кини сонун киллэриини көҕүлээн, «самообслуживание маҕаһыына» диэни арыйан, онно үлэлээбитэ. Саҥа кэлэктииби түмэн, Аммосов аатынан уулуссаҕа саҥа маҕаһыын дьэндэйэр. Саҥа сүүрээн да буоллар, бу үлэ биир туһунан уустуктааҕа. Дьон көҥүллүк сылдьар буолан, «кып» гыннаран тахсаллар, тутан-хабан көрөн аһы буортулуур да түгэннэрэ баара. Элбэх үлэһиттээх кэлэктииптэн кини эппиэтинэһи сүгэрэ сэрэхтээх да курдуга. Ол эрээри үтүө кэлэктииби түмэр сатабыла, сатаан хонтуруоллуур үөрүйэҕэ, дьоҥҥо ылыннарыылаах тыла көмөлөһөн, биир сомоҕо кэлэктиип буолбуттара. Бииргэ үлэлээбит дьонун – Д.С. Алексеева, А.Д. Артамонова, М.Е. Кириллина, Е.Старостин, Ф.К. Протопопов, И.Н. Замятин, Е.Ф. Замятина, А.И. Колпашникова – истиҥник ахтара, оттон атыылаһааччыларга махтанара. Этэр буолара: «Биһиги атыылаһааччы туһугар үлэлиибит. Табаар киһини сирэйинэн, дуоһунаһынан араарбат. Бары тэҥҥэ табаарга наадыйабыт». Дьон санаатын билэрэ, ону өйдүү, өйүү сатыыр үтүө үгэстээҕэ. Бырабылыанньа мунньаҕар баар итэҕэһи толлубакка, баарынан этэн тэйэрэ, табаарынан хааччыйыыны тупсарары туруорсара. Биир кэмҥэ үлэлээбит бырабылыанньа бэрэссэдээтэллэрин Г.И. Местников, Д.С. Дегнюров, К.Д. Михайлов, Н.И. Иванов күндүтүк саныыра. Дьоҥҥо толоостук сыһыаннаһар, эппиэтинэһэ суох, ээл-дээл сыһыаннаһааччылары олох сөбүлээбэт этэ. Кини эдэркээн кэмиттэн сыстыбыт атыыһыт идэтигэр олус бэриниилээҕэ. Л.К. Колпашникова, НО үтүөлээх бэтэрээнэ, РСФСР норуот үөрэҕириитин туйгуна. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан