Кэпсээ
Войти Регистрация

“Боруҥуй олохпун сырдатан...”

Главная / Кэпсээн арааһа / “Боруҥуй олохпун сырдатан...”

K
02.05.2018 14:40
Ольга Семеновна көтөх муҥунан аһы саас-сааһынан симмит икки бакыатын бэрт нэһиилэ сыһан-соһон, баҕалаах сэттис этээһигэр, дьэ, дабайда. Баҕар-баҕарыма, саас ылан эрэр сибикитэ биллэн эрдэҕэ дуу?! Бэрт аҕыйах сыллааҕыта курдуга, дьиэтин саҥардыы ылан, үөрүү-өрөгөй көтөллөөх хас күн аайы, ардыгар, буолаары буолан, үрдүк хобулуктаах түүппүлэтинэн дугуйа үктэнэн, манна аҕыйах мүнүүтэнэн тахсара. Дьоҕус буолан баран тып-тап курдук хомуллуулаах көмүс ньээкэ уйатын тимир аанын хас да хатыырын үөрүйэхтик “эрийэ тутаат” иһирдьэ биирдэ баар буола түһэрэ. Оттон билигин бэрт сэрэнэн бакыаттарын эр-биир истиэнэҕэ сыһыары тутан, сууллубат гына уурталыа. Көрдөөтөххө, эмискэ кэҥээн хаалар идэлээх, туох баар наадалаах барыта мунньуллубут суумкатыттан күлүүһүн тылын өр көрдөөн булумахтаныа. Аны, ол кэннэ өр да өр күлүүс угуллар дьөлөҕөһүн, ону да илиитин иминэн көмөлөһүннэрэн булан, дьэ, уораҕайыгар киирэн “һуу” диэ... Көрүдүөр иһэ, өрүү буоларын курдук борук-сорук. Антах түгэх диэки түннүк баара бүтүннүү кир буолан, бэйэтэ да бүдүө-бадаа халлаан сырдыгыттан дуоннааҕы киллэрбэт буолбута быданнаата. Сууйуохха баар этэ да, ээ чэ, айа! Туох кыһалҕатыгар! Кыбарпылаата диэн, хамнаһын аҥаарын “сотон” ылалларыгар бэртэр. Өссө ол кэннэ бактыарыйа хаата буолбут уопсай түннүгү сууйан кикирдэтэрэ итэҕэс эбит дии! Онто да суох бүгүҥҥү күннээххэ хара сарсыардаттан уоптабай маҕаһыыҥҥа “бэрэпиискэлэнэ” сыста. Бу киһитэ элбэҕин! Уочарата уһунун! Туох да бырааһынньыга, тэрээһинэ чугаһынан былааннаммакка дылы да... Сыаната удамыр буолан, дьиҥэ, дьон элбэҕэ баа буолуо дуо? Аҕыйах да солкуобайы барыһырдахха, санааҕар да астык курдук. – Извините, вы не подскажете..., — үрдүгэр хаһыын эрэ бэркэ билэр, истэр куолаһа иһиллибитигэр, санаатыгар буола турбут дьахтар соһуйан, өрө хантайа түстэ. Төһө да боруҥуй буоллар, кини иннигэр эмискэ баар буолбут эдэр киһи хайдах эрэ бэркэ диэн билэр бөгүүрэтигэр дьүөрэлиириттэн чуут-чаат өрө тардан испит бакыатын төлө тута сыста. Хата, уола хаан туттунуута түргэнэ, бэрт кэбэҕэстик өйүү тутан ылла. Ол кэннэ: «Еще раз извините! Я вот ищу квартиру 714», — диир. Ольга Семеновнаттан «а, а», дорҕоон, ону да нэһиилэ, ыгыллан таҕыста. Өй булан, нэһиилэ: «Сей-час, сейчас», — диэмэхтээтэ. Бэйэтэ да билбэтинэн аанын тэлэйэ баттыыр ухханыгар түстэ. Уол да өс киирбэх кинини батыһардыы туттан, өссө иккис бакыатын ылан дьахтарга уунна. Ольга Семеновна онтуларын, бэйэтин санаатыгар, бытаардыллыбыт киинэ лиэнтэтигэр курдук, “бып-бытааннык” аан таһынааҕы “прихожка” олбоҕугар уурда. Сүрэҕэ мөҕүл-мөҕүл гыммытын, чабырҕайыгар тэбиэлиир тымыра кулгааҕар субу тиҥиргэччи тэбиэлээн барбытын аттыгар турааччы истиэ диэбиттии, куурбут хаалбыт куолаһын инчэтэрдии, силин быһа ыйыһынна. Ол кэннэ, бүтүннүү эргиллэн : “Вы что говорите? Оо дьэ, то есть какая квартира нужна диигин?» — букатын да нууччалыы-сахалыы балкыйан барда. Хата, уола, сахалыы саҥаны истэн өссө үөрдэ курдук: – Ээ, 714 квартираны. Сорох ааҥҥа нүөмэрдэрэ суох дии. – А-аа, аһары барбыккын...
Киирээти кытта 3-с, ээ 4-с дуу аан. Тохтоо, үһүс эбит. – Махтал! Эн алҕаһатан, Бүлүү буолбатаххын дуо? – Суо-уух. – Э, бырастыы. Өссө төгүл баһыыба. Уол эргиллэн баран эрдэҕинэ, дьахтар өрүһүспүттүү: – Эн, эн Ермолаевтар аймахтараҕын да? – Ээ, суох. Араспаанньаларын билбэппин. Биллэриинэн кэллим ээ. – А-аа, сөп. Уол киэҥ-киэҥник атыллаталаан ыйдарбыт хайысхатын диэки хаама турда. Ольга Семеновна аатыгар аанын хатыырын көннөрдөҕө буола-буола, эдэркээн уолу батыһыннара көрөн турда. Уол 714-с диэки тиийиитэ эрэ, аны көрүө диэбиттии аанын сапта оҕуста. Сөрүүн ааҥҥа көхсүнэн сыстан, хараҕын симэн, саҥата суох турда. Ис-иһиттэн дириҥник өрө тыынаат, иһиллэр-иһиллибэттик сипсийдэ: “Лёшка, Лёшенька...” * * * Олюшка – үс уоллаах ыалга төрдүһүнэн төрөөн, күүтүүлээх күндү киһи буола бу күн сиригэр үктэммитэ. Улахан дьиэ кэргэн кинини, баар-суох “муннуларын бүөтүн,” таҥара табатын курдук маанылаан, бүөбэйдээн улаатыннарбыттара. Оҕо баҕарбыта, “тугу тыыммыта” барыта баар буолан иһэрэ диэтэххэ да, улахан алҕас буолбата буолуо. Эбэлээх эһэ да тапталын өлүүскэтэ да киниэхэ туһаайыллара. Үөрэҕэр үчүгэй, актыбыыс кыыс учууталларга да биһирэнэрэ. Этэргэ дылы, ытыс үрдүгэр дыгыйар кэрэ кэмэ ол курдук үйэ тухары салҕаныах курдуга. Оҕо оҕо курдук улаатан, элбэх доҕоттордоммута, дьүөгэлэрдэммитэ. Сөбүлүүр идэтин ылан, ыал буолан олоруу, уруу тэринии, оҕолонуу бары үөрүүтүн-хомолтотун син билбит курдук. Ол эрээри кини сүрэҕэр, дууһатын түгэҕэр билиҥҥэ диэри илдьэ сылдьар ыра санаата, хомойуох иһин, туолбатын билэр. “Кинини” аан бастаан ханна көрбүккүнүй диэн ыйытар буол, Ольга Семеновна, арааһа, чаас кэпсиэ эбитэ буолуо. Ол курдук ол күнү, ол чааһы субу бэҕэһээҥҥи курдук, ымпыгар-чымпыгар диэри өйдүүрүн бэйэтэ да сөҕөр. 9 кылааска үөрэнэр. Күһүн этэ... Балаҕан ыйын 4-с чыыһылата туох да уратыта суохтук саҕаламмыта. Ийэтэ эрдэ туран, сып-сылаас мааннай хааһыны сэргэ үтэһэлээх эт, алаадьы буһарбыт этэ. Итинник өйүө оҥоруу — аҕата куораттыыр түгэнигэр тулхадыйбат быраабыла буолара. Оля сай устата күнүһэ түүн, түүнэ күнүс буола уларыйбыт эрэсиимэ кэһиллэн, эрдэ турарын туох эрэ накаас курдук ылынара. Ол күн хойутаан тиийбитэ. Эбэтэр классруктара эрдэ саҕалаабыта эбитэ дуу. Быһата, бары кэриэтэ олороллор этэ. Олоҕор баран иһэн бэтэрээ эрээт диэкиттэн кинини ким эрэ тонолуппакка одуулуурун курдук дьикти туруктаммытын билэн, ол диэки хайыспыта, били, эрдэ кэлиэхтээҕин туһунан быктаран ааспыт саҥа уоллара кэлбит быһыылаах, олорор эбит. Аҕыйах сөкүүндэ харахтара харсыһа түһэн ылбыттара. Ол түгэҥҥэ Олюшка үйэтигэр төлөрүйбэт ураты, тылынан саатан этиллибэт иэйии билиэнигэр киирбитин сэрэйиэ баара дуу, суох. Арай уол аайы долгуйбат бэйэтэ, иэдэстэрэ итийбэхтээн ылбыта... Ол харах көрүүтүгэр тэҥнээҕи мөлүйүөн да киһи ортотугар көрдөөн, булуо суоҕун, хайа муҥун, билбитэ ыраатта. Бүгүн эбии итэҕэйдэ. Дьахтар киһи таайынньаҥ сүрэҕинэн тута биллэ, сэрэйдэ эбээт – сибилигин аҕай кини иннигэр баар-суох таптала – Лёшка
– төрөппүт уола киирэн тахсыбытын. Умса уур, тиэрэ бырах – аҕатын куоппуйата эбит. Киһи сөҕүөх, бэл, куоластыын, туттардыын-хаптардыын үкчү. Арай хараҕа... төһө да маарыннаатар – туспа, атын, ураты. “Бүлүү буолбатаххын дуо?” диэн ити, дойдум киһитэ буолуо диэн санаан эрдэҕэ? Бүлүү кыыһын ылбыт диэбиттэрэ. Алексей бэйэбэр дылы хаартыскабын илдьэ сылдьар буоллаҕа дуу?! Алешкалыын сылдьалларын дьоно тоҕо эрэ сөбүлээбэттэр этэ. Аармыйаттан суруйарын, “серьезнай” сыһыаннаахтарын да билэн баран, “сээн” диэбэтэхтэрэ. Үөрэҕин түмүктээбэккэ ыал буолуо диэтэхтэрэ. Кырдьык, Оля уола аармыйаттан кэллэр эрэ, ыал буолуо диэтэ эрэ кэрэх “ээх” диэхтээҕэ. Ону баара дьылҕа хаан атыннык дьаһайбыта. Оҕотук уонна дьоҥҥо наар эркиннии эрэнэр санаата Оленьканы сэрэхтээх буоларга үөрэппэтэҕэ. Кинини сааһынан аҕа киһи аҥаардастыы таптаан, биир тосхойбут түгэни мүлчү туппакка, ситэ өйүн тута илик оҕочоон биһилэх кэтэр дьоһун күҥҥэ тиийэн хаалбыта. Оччотооҕу өй-санаа дьахтар буолуу кэнниттэн атын, бу сиргэ туохтааҕар да күндү, кэрэ, ыраас киһигэр тиийиинии билиммэт, ылыммат этэ. Хайыа баарай, дьылҕа моһойуутун ылынарыгар тиийбитэ. Ол кэнниттэн дии – өр кэмҥэ Алешаттан куота көтө сатыыр ухханыгар түспүтэ. Сүрэх, дууһа тардыһыытын, өй утарара баар – биир эрэй. Сүрэх син биир хаһан эрэ кыайыылаах тахсыан сэрэйбиттии, туох хайа инниттэн бэйэтиттэн куотар быһыылааҕа. Төһө да атаах буоллар, иитии баҕас ирдэбиллээх этэ. Алеша киниттэн, кини таҥнарыытыттан сылтаан түҥ-таҥ баран иһэн, хата, олоҕүн сүнньүн булбут сураҕа иһиллибитэ. Кэргэннэммитин, оҕоломмутун истибитэ. Биир өттүттэн үөрбүтэ. Иккис өттүнэн түүнүн сыттыга илийэ хонор түгэнэ элбээн барбыта. Оттон Миша (Ольга кэргэнэ) да буолтун иннигэр, кинини таптаабат, атыҥҥа тардыһар дьахтардыын олорорун кэлиҥҥинэн сыыйа ыарырҕатан да барбыта быһыылааҕа. Харахтаах, сүрэхтээх киһи, сэрэйэн да эрдэҕэ. Билигин ону өйдөөбүтүн, ылыммытын иннигэр, Ольга бастаан эрэ атыҥҥа аралдьыйбытыгар, “эйигиттэн барабын” диэбитигэр улаханнык өһүрбүтэ. Кини олоҕун түҥнэри дьылҕалаан баран, салҕан бырахпытыныы ылыммыта. Оҕотун да санаабат диэн хоргуппута. Хойутуу бырастыы гыммыта, барбыта да үчүгэй эбитин өйдөөбүтэ. Билигин кыыһа аҕатыныын билсэ турар. Анараа балыстарын кытта билсэр. Кэлин Ольганы сэҥээрээччилэр, ыал да буолуох диэччилэр син көстөн ааспыттара. Ол эрээри кини Алешатыгар таптала сыл-хонук аастаҕын аайы сөҕүрүйүөхтээҕэр, күүһүрэн иһэр курдук этэ. Баҕар, туолбатах ыра санаа эбититтэн буолуо? * * * Ольга Семеновна аҕай сылайбыта, тымтыбыта ханна да суох буолан, антресольга сытар халыҥ альбомун ылан, аргыый арыйталыы олордо: бу 9-с кылаас, бу – 10-с кылаас иннинээҕи сайын, бу – били, саҥа дьыл каникулугар, бу – Лёша аармыйаҕа баран иһэн... Өр да буолбут көрсүбэтэхтэрэ. Элбэх да сыл ааспыт ол кэмтэн! Оттон санааҕа – бэҕэһээ эрэ курдук. Бүгүн кини урукку кэмҥэ төннөн, доҕорун эдэр эрдэҕинээҕитин көрбүттүү долгуйдаҕыан! Кырдьыга, маннык буолуо диэтэ этэ. Идэтинэн, Лёшатын хараҕар оҥорон көрө, бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэ
олордо: «Махтанабын доҕоруом, мин сиэрэй, бороҥуй олохпун кыратык да сырдатан, сэргэхситэн ааспыккар.” Туйгууна Иванова.
kyym.ru сайтан