Кэпсээ
Войти
Регистрация
Былыргыны былыт сабар дуо?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Былыргыны былыт сабар дуо?
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
20.04.2018 16:50
Бу интэриниэт форумуттан ылыллыбыт матырыйаал. Мин саныахпар, хас биирдии ыалга манныкка маарынныыр кэпсэтии, өйдөспөт буолуу тахсыан сөп. Барыта этэҥҥэ ааспыт буоллаҕына – үчүгэй. Оттон сорохтор маннык түгэҥҥэ сыыһа-халты туттан, саҥарыллыа да суохтааҕы санатыһан, уруккуну-хойуккуну түөһэн дьоллоруттан маппыт буолуохтарын сөп. Нууччалар мээнэҕэ “аҕыйаҕы билэҕин – кытаанахтык утуйаҕын” диэбэттэр. Дима: — Саас сааһынан кэпсээтэххэ, ойохпун кытта 24 саастаах сылдьан билсибитим. Кини оччолорго устудьуон. Саас, романтика, эрийсии, күүстээх таптал, имэҥ, элбэх ыра санаа... Кыыһым “кыыс буолбатах” этэ. “Чэ буоллун, билиҥҥи үйэҕэ ол туох буолуой...” — дии санаабытым. Онтон кини ыарахан буолта. Күтүөттүү барар күнүм үүннэ... Барыта этэҥҥэ ааспыта, дьонун кытта билсии эҥин элбэх буоллаҕа... Сыбаайбалаатыбыт. Кэргэним төрөөбүт-улааппыт бөһүөлэгэр биир уруккуттан билсэр табаарыһым баара, ону кытта көрсөбүт, кэпсэтэбит. Арай ойоҕум кинилиин бодоруһарбын сөбүлээбэт, утарар. Кэлин төрүүрүн чугаһыгар: “Истиэххин баҕардаххына, ити эн суксуруһар табаарыскын кытта сылдьыбытым, таптаспыппыт”, — диэтэ. Тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буоллум. Ол кэннэ сүргэм тостон, уйулҕам хамсаан, ол киһилиин утуйбутун саныы-саныы ойохпуттан сиргэнэр, чугаһыахпын баҕарбат буоллум. Билиҥҥэ диэри ону саныы-саныы куһаҕан буолаары гынабын. Саатар, ону ойох ылыам, оҕо үөскүөн иннинэ эппитэ буоллар, толкуйдуу да барбакка арахсыах этим. Билигин — олоробут. Ойохпун кытта таптаһыахпын да баҕарбаппын, бэрт дэҥҥэ эрэ... Билигин икки оҕолоохпут, дьиэ-уот, массыына, харчы... Ол гынан баран хом санаа син биир иҥэн сылдьар. Дьиибэ баҕайытык олоробут. Бу түгэҥҥэ ким тугу сүбэлиэй, манныкка түбэһэ сылдьыбыт дьон бааргыт дуо? Нарыйа: — Бэйэҥ эмиэ араас дьахталлары кытта эрдэ сылдьыбытыҥ буолуо дии. Кини да ол курдук сырыттаҕа. Билигин ойоҕуҥ эйигин кытта олорон күүлэйдээбэт буолла да, бүттэҕэ дии... Уруккута умнуллуохтаах. Эбиитин икки оҕолоох эбиккит. Миисэ: — Мин ойоҕум эмиэ ойох ылыам иннинэ кимниин сылдьыбытын бэйэтэ кэпсээбитэ. Онно дьэ, толкуй бөҕөҕө түспүтүм ээ. Ол да буоллар таптыырым бэрт буолан син биир ойох ылбытым. Холбоһон баран бастаан утаа онтон сылтаан этиһии-айдаан бөҕө этэ. Олорбуппут 6-с сылыгар баран эрэр, 2 оҕолоохпут, билигин да ардыгар ону санаан кэллэхпинэ киҥим-наарым холлор, ону испэр кыатана сатыыбын. Таспар таһаарбаппын. Билигин күүлэйдээбэт буоллаҕа дии. Бириэмэ син аһардар курдук. Ойохпун наһаа таптыыбын. Дьиҥинэн, кэпсиэ суохтаах этэ. Таптаһар дьон бэйэ-бэйэҕитигэр уруккугутун кэпсэһиэ суохтааххыт. “Таптыыр, онон бырастыы гыныа” эҥин диэн сымыйа. Оннугу тулуйбат уйан дууһалаах дьон элбэх, тута да буолбатар, онтон сылтаан тэйэр, “ситиһэн” туора сыһыаны көрдөөн барар дьон бааллар. Филипп: — Биллэн турар, “бу киһини кытта хоонньоспутум” диэн ыйан туран “билиһиннэрбиттэрэ” сыыһа. Ол гынан баран, эр киһи ойох ылаары сылдьар, таптыыр дьахтарын “кыыһын” ким ылбытын син биир ыйытар, оннук бырааптаах даҕаны. Мин ыал буолар да толкуйа суох сылдьан, таптыыр кыыспын үтэн-анньан, бэйэбин кыыс бөҕөнү кытта сылдьыбыт
киһи курдук кэпсэммитим. Кыыһым онтон сиэттэрэн, “күрэхтэһэн” буолуо, хас киһини кытта хоонньоспутун кэпсээн биэрбитэ. Санатабын, ити ыал буолар толкуйа да суох сылдьаммыт. Онтон таптаһан ыал буоллубут. Ол кэннэ бастакы 2-3 сылбыт наар ол айдаана, ыһыыта-хаһыыта этэ. Бииргэ олорбуппут 4-5 сылларыттан ыла онно олох да наадыйбат буолбутум. Билигин ыал буолан олорбуппут 15 сылын туолла. Этэҥҥэ үс оҕолоохпут, сыһыаммыт этэҥҥэ. “Мин да сибэтиэй буолбатахпын” диэн санаабын уоскутунабын. Ааҕыстахха, аньыы-хара диэн баһаам буоллаҕа. Максим: — Бастаан онтон сылтаан этиһэр аҕай этибит. Онтон сылтаан ойохпун хаста да охсубутум, арахса сыспыппыт. Билигин тарбахпынан да таарыйбаппын. Биир оҕолоохпут, үүт-үкчү бэйэм курдук дьүһүннээх буолан туох да саарбахтааһын суох. Саамай чугас табаарыспын кытта ыга пиибэлээн баран хоонньоспуттар этэ. Бэйэтэ онтон олус кыбыстар. Кэргэн ылыам да иннинэ ону барытын билэр этим. Ол кэннэ кими да кытта ыксаласпатаҕын чахчы билэбин. “Кыыһын” мин бэйэм эрдэ ылбытым. Мээнэ көрсөн утуйар эрэ кыыһым этэ. Онтон, хат буолан хаалбыта. “Түһэттэр” дии сатаабытым. Аҕа буоларга бэлэмэ суох устудьуон буоллаҕым дии. Кыыһым түһэттэрбэтэҕэ. Инньэ гынан, төһө да таптаабатарбын күтүөттүү бардаҕым дии. Кэлин олус күүскэ убанным, дьэ таптаатым быһыылаах, быһата, үөрэнэн хааллым. Бэйэм “сырыыны” син сылдьыбыт киһибин, быһа холоон, отучча кыыһы кытта хоонньостоҕум буолуо. 21 саастаахпын. Кэргэммин кытта олорбуппут балтараа сыл буолла. Син биир хом санаа курдук баар эрээри, кэргэним билигин миэнэ эрэ. Хата, бэйэм кыралаан “ойоҕос” сырыыларбын аҕыйатыам этэ. Атын дьахтары да кытта хоонньоһон баран дьиэбэр кэллэхпинэ, суобаһым кыратык да оонньообот, буруй курдук санаабаппын. Тоҕотун билбэппин. Олохпуттан баары суруйдум. Үөҕүмэҥ, баһаалыста. Муоча: — Туох ааттаах мөлтөх дьон манна киирэн ытаатыгыт? Мин манна 3 суолу көрөбүн: 1) Бэйэҥ мөлтөххүн билин уонна салгыы эрэйдэн, арыгылаа. 2) Араҕыс уонна туора дьахтардыы-дьахтардыы сырыт. 3) Кэргэҥҥин кытта олор, уруккутун күн аайы санат, этис-охсус. Уопсайынан, мөлтөх киһигин быһыылаах. Кэргэннээх кыыс: — Мин эмиэ эрим уруккутун букатын умнубаппын. Миигинниин билсиэн иннинэ кимниин сылдьыбытын кэпсээбитэ, ол кыыһа хас да уолу кытта тэҥҥэ “эйэргэһэрин” билэн баран арахсыбыттар. Таах сибиэ бэйэм да ыйыталааһааччы буолан, кыһалҕа суоҕар кыһалҕа булунан ыллым. Саатар, ол кыыһын бэйэм уруккуттан билэр эбиппин. Биирдэ эмэ онно-манна көрсө түстэхпинэ, баттаҕым тура сыһар. Кинилиин хайдах сылдьыбытын, хоонньоһо сытан тугу гыммыттарыгар тиийэ өйбөр оҥорон көрөбүн. Кини миигиннээҕэр быдан кырасыабай курдук. Сүрэҕим ыалдьар, аны хаһан эрэ эйэлэһэн баран уоран көрсүүлэһиэхтэрэ дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, билигин дьон интэриниэтинэн урукку тапталларын умнубаттарын, хайаан да булсалларын туһунан олус элбэхтик суруйаллар. Эмиэ да дьоллоох курдукпун да, ол кыыс аатын ханна эмэ иһиттэхпинэ ходьох гына түһэбин, оннук ааттаах дьахталларга туохпун эрэ былдьаппыт курдук тута абааһы көрөбүн. Кэргэммин кытта бастаан билсэрбит саҕана, кини
дьиэтигэр ол кыыһа бэлэхтээбит аккырыыккалара, суруктара бааллара, саатар бырахпатах да этэ. Маннык олорор ыарахан. Үтүөнү баҕарааччы: — Мин саныахпар эн кэргэнин күүстээх санаалаах буолан, барытын чиэһинэйдик этэн биэрбит. Ол аата киһи эрэниэн сөптөөх киһитэ буоллаҕыҥ. Эн киниэхэ эрэниэхтээххин, эрэммэт буоллаххына аны кэпсиэ, дууһатын арыйыа суоҕа. Итинник санаан кэлэ-кэлэ кыынньаргын, искэр тута сылдьаргын син биир сэрэйэрэ буолуо. Билигин таах сибиэ кэпсээбиппин диэн кэмсинэн эрдэҕэ. Онон, бэйэҕэр тута сылдьыма ээ. Ити барыта эн иннигинэ буолбут, ааспыт дьыала. Кини билигин эйиэхэ чиэһинэйдик сыһыаннаһар. Санаан көр эрэ, арай ол табаарыһыҥ эйиэхэ бэйэтэ бастаан кэпсээбит буоллун? Оччоҕуна субу курдук форумҥа киирэн: “Кэргэним уруккута сэлээрчэх эбит, миигин албыннаабыт, сырыы бөҕөнү сылдьыбытын миэхэ кэпсээбэтэх, атын дьонтон иһиттим, аны киниэхэ эрэммэппин” диэн ытыы-соҥуу олоруоҥ этэ. Оттон эн кэргэниҥ бэйэтинэн барытын ыраас мууска ууран кэпсээн биэрбитэ, мин санаабар, улахан хорсун быһыы. Кинини эн ытыктыаххын наада. Оннук-маннык түгэннэри умнар наадатыгар эн тула өттүгүн көрүн эрэ: табаарыстаргын, аймахтаргын, кинилэр кэргэттэрин: кимиэхэ эрэ асчыта суох, кимиэхэ эрэ сатаан оҕоломмот, кимиэхэ эрэ иһэр-аһыыр, этиһиик-айдааннаах, кимиэхэ эрэ наһаа бүрэ-мара, кимиэхэ эрэ күүлэй эрэ айдааннаах ойохтор бааллара буолуо. Ол дьахталлары бэйэҥ ойоххун кытта тэҥнээн көр. Эйиэнэ саамай ордук: эн кинини таптыыгын, кини бу сиргэ кэнчээри кэскилгин бэлэхтээбит оҕолоруҥ күн-күбэй ийэлэрэ буолар. Кини, бука, өйдөөх, мындыр дьахтар буолуо. Онтон ордук бу сиргэ туох күндү буолуой — таптыыр киһилээх, оҕолордоох, доруобайдык-баайдык олороргуттан. Санааларгын сааһылана түс, мээнэ бөҕү-сыыһы төбөҕөр симимэ. Үчүгэй эрэ түгэннэри өйдөөн хаалар баҕайыта. Оннук гымматаххына, эн төбөҥ иһинээҕи “памятыҥ” көмпүүтэр киэнин курдук туолан, харан хаалар. Ону-маны саныы, өстөһө сылдьыма. Атыны санаа – дьоллоох инникигитин, дьиэ кэргэҥҥин сыаналаа, былыргыны былыт саптаҕа, умун. Сулусчаана: — Таптыыр буоллаххына уруккутун хаһыма. Хас да мөлүйүөн эр киһиттэн эйигин таллаҕа дии, ол аата эн саамай үчүгэй эбиккин. Билиҥҥи кыргыттар таптаабат киһилэриттэн оҕоломмоттор. Онон-манан төбөҕүн сынньыма, дьоллоох баҕайытык олор. Алла Черемкина.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан