Кэпсээ
Войти
Регистрация
Көмүскэ хараҥарыы
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Көмүскэ хараҥарыы
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
07.03.2024 14:17
Пугачёв уорганнары кытта үлэлиир барыстааҕын түргэнник өйдөөбүтэ. Тутуллуом диэн төрүт куттаммат буолбута. «Сиэмэхтэр» көмүстэрин киниэхэ туттаран, син харчыланаллара. Мантылара хапкаастар төлүүллэринээҕэр аҕыйах эрээри, атыылыы сылдьан харыбытыттан харбатыахпыт суоҕа диэн бигэ эрэллээхтэрэ. Ити гынан баран дьикти үлэ этэ. Дьиҥэр, кириминээл эйгэтигэр анал сорудаҕы толорор киһи уорганнары кытары ситимнээҕин кичэйэн кистиэхтээх этэ. Пугачёв буоллаҕына аһаҕастык үлэлиирэ – милииссийэҕэ көмөлөһөрүн, көмүһү Тарасюкка анаан атыылаһарын бары билэллэрэ. Ол эрээри ким даҕаны мантан дьаархаммат этэ, тоҕо диэтэххэ, кинини кытта үлэлиир быдан холку курдуга. Пугачёв кистэлэҥ үлэһит (стукач) буолбакка, хата, «милииссийэ ыстааты таһынан үлэһитэ» диэн ыстаатыска сөп түбэһэрэ. Биирдэ Тарасюк ыкса киэһэ кэлэн Пугачёву Севернэйгэ илдьэ барбыта. – Туох буоллаҕай, ама, туох эрэ дьыалатыгар эриллибитэ буолуо дуо? – бараак дьоно мунаарбыттара. Тарасюк отделга аҕалан баран, кэбиниэтигэр киллэрэн олордубута уонна күүтэ түс диэбитэ. Чаас аҥаарын курдугунан туох эрэ суулааҕы аҕалбыта уонна онно туох баарын арыйан көрдөрбүтэ. Ол – кыһыл көмүс кыырпахтара этилэр. – Үчүгэйдик болҕойон иһит, – диэн баран, Тарасюк Пугачёву тарбаҕынан ыарыылаах соҕустук түөскэ аспыта, – билигин атыылаһар киһиэхэ барыаҕыҥ, аадырыһын этиэм. Көмүскүн киниэхэ атыылыыгын. Өйдөө: киһиҥ харчытын биэрдэ да көмүскүн хааллар уонна сонно баран хаал. Ол кэнниттэн Бахаревка тиий, кини Куттал суох буолуутун отделын дьиэтигэр баар буолуо. Онно олорон миигин күүтэҕин. Эн кэннигиттэн сотору соҕуһунан тиийиэҕим. Пугачёв оруобуна эппитин курдук толорбута. Бахарев кэбиниэтигэр олордоҕуна, Тарасюк үөһэ-аллара тыыммытынан кэлбитэ уонна Пугачёвтан бакыаттаах харчытын ылбыта. – Манна төһө баарый? – Сүүрбэ үс тыһыынча, – Пугачёв үйэтигэр итиччэ элбэх харчыны тутан көрө илигэ, – дуоллар. – Солкуобай буолаахтыа дуо, – Тарасюк сонньуйбута уонна сүүстүү дуоллардаах биэс кумааҕыны уунан баран, – бу эйиэхэ үлэҥ иһин. Пугачёв, салҕалас илиитинэн харчыны харбаан ылаат, хоонньун сиэбигэр уктан кэбиспитэ. Онтон Тарасюктаах Бахаревтыын харчыларын үллэстэн киирэн барбыттарыгар сэрэнэ соҕус ыйыппыта: – Мин барарым син дуо? – Ээ, бар-бар, – Тарасюк киһитин эрдэ көрүдүөргэ таһааран кэбиспэккэ, ордук-хос сибидиэтэл гыммытыттан кулук-халык туттубута, – манна кимиэхэ эмэ хонон баран, сарсыарда Отраднайга бараар. Наадыйдахпына, эйигин бэйэм булуоҕум. Пугачёв Куттал суох буолуутун отделын дьиэтиттэн тахсан саҥардыы баран эрдэҕинэ, Тарасюк ситэн кэлбитэ. – Эйигиттэн атыыласпыт киһини хаайбыппыт, көмүһүн ылбыппыт. Эн көмүс атыылаабытым диэн кимиэхэ да айахтатыма, мин кинини көмүһү булан ылбыт курдук докумуоннуом. Өйдөөтүҥ дуо? – диэн баран, эмиэ ыарыылаах баҕайытык тарбаҕынан түөскэ аспыта. – Өйдөөтүм, хайдах өйдүөм суоҕай, – Пугачёв аат харата хоруйдаабыта. «Доҕордоспуттарын» усталаах туоратыгар Тарасюк Пугачёву ити курдук хас да эпэрээссийэҕэ туһаммыта. * * * Биирдэ, эмиэ ити курдук эпэрээссийэ кэнниттэн, Севернэйгэ саа атыылаһар санааламмыта. Атыыһыт бөһүөлэк биир уһугар ойуччу дьиэҕэ олороро. Саата сомуоктаах, сытыары икки уостаах 12-с халыыбыр этэ. Пугачёв тутан-хабан көрбүтэ, хаста да элбэрээгин тардыалаан чаһырҕаппыта. Киһитэ ону сөбүлээбэккэ: – Тоҕо мээнэ тардыалыыгын, ботуруона суоҕар ити курдук элбэхтик таһырҕатар сатаммат. Булчут буолбатаххын дуо? – Хантан булчут буолуомуй, көмүскэнэргэ, харабыллыырга эрэ. – Чэ, хайыыгын, ылаҕын дуо? Саа эргэтин эргэ эрээри, үчүгэй, хаачыстыбалаах буоллаҕа дии. Чэпчэкитик атыылыыбын, туох да докумуона суох. Көрдөххө, эйиэхэ докумуонуҥ да суох быһыылаах, эмиэ тугун докумуонай даҕаны. – Тоҕо суох буолуой, – Пугачёв атыыһыт инньэ диэбитигэр өһүргэнэн турбута. Киһитэ сэниирэ оччо быһыылааҕа, ол иһин: – Оччо наада буоллаҕына, көҥүлүн да ылыахпын сөп. – Оннук буолумуна, – атыыһыт итэҕэйбэтэҕэ. – Чэ, үс сүүс дуолларга сөбүлэнэр инигин? – Эргэтэ бэрт дии сааҥ, – диэн Пугачёв сыанатын түһэрсиэх курдук гыммытыгар хаһаайын быһа түспүтэ: – Сөбүлэспэт буоллаххына, наадата суох! – Чэ, буоллун, ылабын, Пугачёв атыыһыкка сүүстүүлээх имиллэн хаалбыт үс күпүүрэни ууммута, – хара тыын харыһыгар харчыны харыһыйыллыа дуо. Билигин аны саалаах. Олохтоох «сиэмэхтэр» өссө ордук ытыктыыр буолбуттара. Саас буолла да «сиэмэхтэри» кытта тайҕаҕа көмүс сууйа барара. Ол гынан баран бэйэтэ үлэлээбэтэ, биригээдэлэри кэрийэн хонтуруоллуур эрэ эбээһинэстэммитэ. Күһүнүгэр тиийэн сорох көмүстэрин Тарасюкка туттараллара. Сороҕун өлөр-хаалар күҥҥэ диэн хаһааналлара уонна көбүччү сыанаҕа биир эмэ киһиэхэ батараллара. Тарасюк итини син биир билэрэ, мөҕөн-этэн да хайыай, бэйэтэ онто да суох баһаамы барыһырара. Биирдэ Пугачёв икки Тарасюк икки ардыгар дьикти кэпсэтии буолбута. Тарасюк төһө элбэх киһи тайҕаҕа аалыҥныырый, атын «сиэмэхтэр» бааллар дуо, көмүһү ханна сууйалларый диэн интэриэһиргээбитэ. Элбэх киһи сылдьарын истэн баран, Тарасюк идиэйэ киллэрбитэ. – Эн төһө харчыны өлөрөҕүнүй? Саатар, тугу эмэ мунньуннуҥ дуо? – Хантан оннук буолуой, харчы барыта тарбах быыһынан барар. Дьэ, урут, үлэлиир эрдэхпинэ, элбэх үбү мунньуммутум да, бааҥҥа «умайан» хааллаҕа дии. Билигин кыайан мунньуллубат, – Пугачёв абаккаран үөһэ тыыммыта. – Кыттыгастарым харчыларын олоччу арыгылаан кэбиһэллэр, онон мин харчыбар аһы-үөлү, араас тэрили атыылаһабыт. Ити курдук үйэбин моҥуур буоллум быһыылаах. – Оттон эн туораттан кэлбит «сиэмэхтэри» сайылаталаан кэбис ээ, – диэн Тарасюк кырдьыга-оонньооно биллибэт өй укпутугар Пугачёв улаханнык мунаарбыта, өйдөөн быстыбатаҕа. Киһитэ онуоха: – Кинилэри ким көрдүү-хайыы барыай, кылаабынайа, бөһүөлэктэн ыраах эрэ буолуон наада. Көмүстэрин уктан кэбис да – баһаам хамнастаннаҕыҥ ол. Кими да кытта үллэстибэккин, оттон мин эйиэхэ балай эмэни төлүүбүн. Тарасюк ити тыллара Пугачёв төбөтүгэр дириҥник иҥмиттэрэ. Идиэйэтэ олус умсугутуулаах, ол эрээри биир оччо кутталлаах этэ. «Түбэстэхпинэ, сити Тарасюк түрмэҕэ утаарара чахчы, – диэн толкуйдаабыта. – Иккис курдук өйдөөтөххө, бэртээхэй идиэйэ. Олус судургу, туох да сыраны эрэйбэт. Дьонтон-сэргэттэн ыраах тайҕаҕа ким билиэҕэй. Элбэх харчыны өлөрүөм уонна бу дойдуттан сус гынан хаалыам буоллаҕа дии». Ити санаа ааһан-араҕан биэрбэтэҕэ. * * * Биирдэ Пугачёв «сиэмэхтэрин» кытта тоҕоостоох сири булаары, үрэҕи бата баран иһэн биир киһини кытта ыы муннуларынан кэтиллэ түспүттэрэ. Бу Магадаан уобалаһыттан сылдьар соҕотох «сиэмэх» этэ. – Хантан көһүннүҥ бу? – төһө элбэх көмүһү булбутун тургутаары Пугачёв ыйыппыта. – Хайа, төһөнү буллуҥ? Бастаан утаа куттаныах буолбут киһи бэйэтин курдук «сиэмэхтэри» көрсүбүтүттэн арыый холкутуйбута. – Кыра син баар, сарсын-өйүүн арыый үөһэ тахсыам. Бу эргин төһөнөн үөһэ тахсаҕын да, соччонон көбүччү. «Ол аата бу киһи көмүстээх эбит» диэн Пугачёв быһаарбыта. Чэйдээн, кыратык кэпсэтэ түһэн баран, биригээдэ дьоно салгыы хаампыттара. Аҕыс биэрэстэни хааман баран, Пугачёв бу эргин үлэлиэххэ диэн быһаарбыта. Дьоно оннуларын булан, балааккаларын тардынан киэһээҥҥи аһылыктарын тэринэ сырыттахтарына, бултуу барардыы оҥостубута. – Мантан чугас бэртээхэй күөл баар, кус оҕото дайар буолбут. Баран ытыалыы түһүөм, онон сарсыарда биирдэ кэлиэм, күүтээйэҕит. Пугачёв кэлбит сиринэн сулбу-салбы түһүммүтэ. Били, билбэт киһитин кытта кэпсэтэ туран, сири-уоту үчүгэйдик чинчийэ көрбүтэ, бэл, хантан ытыахтааҕын кытта быһаарбыта. Ол сиргэ чугаһаатаҕын аайы сүрэҕэ битиргэччи тэппитэ. Уоскуйаары, эмэх дүлүҥҥэ олорон тыын ылбыта, сугун абаҕатын ыстаамахтаабыта. Онтон сүрэҕэ уоскуйа быһыытыйбытыгар, көхсө кэҥээбитигэр айанын салҕаабыта. «Мантан куотуохха наада, – уоскутуммута, – өтөр дуу, хойут дуу син биир атаххын тэҥниигин. Эн буолбатаххына, бэйэҕин урут бурҕатыахтара». Били сирэ биэрэстэ хаалбытын кэннэ Пугачёв бэйэ бодотун тардыммыта, тыаһа суох оргууй аҕай сыбдыҥнаабыта. Онтон иннигэр мастар быыстарынан үрэх уута чаҕылыҥнаабытыгар түөрт атах буолан ойуур саҕатыгар, балаакка турар сирин диэки, үөмпүтэ. Ойууртан чугас, балаакка кэннигэр, от саба үүнэн кэбиспит томтор оҕото баара. Онно тиийэн кирийбитэ. Пугачёв кинини сонно көрбүтэ. Киһитэ үрэх таһыгар арыый тэйиэс, быһа холоон аҕыс уонча хаамыылаах сиргэ туран ууга тугу эрэ кэтиирэ. Сүрэҕэ эмиэ күүскэ тэбиэлээн барбыта, бэл, кулгааҕар бүллүргээн иһиллэр буолбута. Аны ону истиэ диэн, Пугачёв дьиксиммитэ. «Доробуунам үчүгэй, ньолобуой, уонча миэтэрэҕэ чугаһатан баран, биирдэ ытыахха...». Илиитэ салҕалас этэ, хараҕар көлөһүнэ киирэн сордуура. Оттон били киһитэ балааккатыгар кэлэр санаата суоҕа. Күн саҕахха түһэрин көрө-көрө, оргууй аҕай иһиирэрэ. «Кэнниттэн оргууй үөмэн тиийиэххэ дуу, билиэ суоҕа» диэн санаатын сонно киэр хаһыйбыта. Эргиччи кыычырҕас чай таас кутулла сытара: хаамтахха, киһитэ сонно билиэҕэ. «Күүтүөххэ, син биир кэлиэҕэ» диэн санаабыта саһан сытар сирин ытарга тоҕоостоох гына оҥосто-оҥосто. Кэмниэ кэнэҕэс били киһи балааккатын диэки иһэрэ көстүбүтэ. Пугачёв хойуу оттоох томтор кэннигэр сытар буолан, ончу көстүбэт этэ. Киһитэ балааккатыгар киирээри нөрүйбүтүгэр Пугачёв ытан түптэлиннэрбитэ. Олус долгуйбутуттан дуу, үөрүйэҕэ суоҕуттан дуу икки элбэрээгин иккиэннэрин холбуу тардан кэбиһэн, саатыгар түҥнэри тэптэрбитэ. Инньэ гынан таппытын-таппатаҕын билбэтэҕэ. Оргууй оронон тахсан көрбүтэ, киһитэ көстүбэт этэ. «Ама, итиччэ чугастан сыыһа ыппытым буолуо дуо, хайдах да оннук буолуон сатаммат» диэн саныы-саныы, Пугачёв салҕалас илиитинэн саатын ииттэн баран, оргууй аҕай балаакка диэки хаампыта. Киһитэ балаакка таһыгар сытара, сонно кэриэтэ өлбүт быһыылааҕа: сэрээт төбөтүн илдьи көппүт этэ. Ол таһа хайыы үйэ чалбах халыйа сытарын курдуга. Пугачёв балаакканы биир гына чүүччэйбитэ эрээри, тугу да булбатаҕа. Чугас мас төрдүгэр үрүсээк тэскэйэн турара – били киһи малын хаалаан, атын сиргэ көһөр санааламмыт быһыылааҕа. Үрүсээги хасыһан тос курдук ыйааһыннаах кофе бааҥкатын булбута. Ол туран Тарасюк кэпсээбитин өйдүү биэрбитэ. Кини сампаан бытыылкатыгар биир буут кыһыл көмүс киирэр диэбиттээх. «16 киилэ бытыылкаҕа хайдах батар баҕайытай?» диэн итэҕэйбэтэҕэ. Арай кэлин сырыы бөҕөнү сылдьыбыт «сиэмэхтэр» Тарасюк эппитэ кырдьыктааҕын бигэргэппиттэрэ. Бааҥканы тутан-хабан көрбүтэ – быһа холоон 150-200 кыраам. Аһа баттаан, чахчы, кыһыл көмүс буоларын билэн баран, Пугачёв атахха биллэрбитэ. Ол көмүһүн Тарасюкка «биригээдэ киэнэ» диэн туттарбыта, оттон харчытын хоонньугар уктан кэбиспитэ. Киһини хайдах сайылаабытын кэпсии сорумматаҕа, Тарасюк даҕаны киниэхэ көмүс хайдах кэлэрин интэриэһиргээбэтэҕэ. Ити кини киһини бастакы өлөрүүтэ этэ. Хаан амтана диэн тугун билбитэ уонна онтуттан тохтуур санаата төрүт суоҕа: киһини өлөрүү өр кэмҥэ ыра оҥостубут былаанын түргэтэтиэхтээҕэ. Харчыта суох тиийбэт тирии, тарпат тараһа буолара тохтуохтааҕа. Геннадий ГУРЬЕВ (Виталий Егоров «Адычанская трагедия» диэн сэһэниттэн тылбаас). Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан