Кэпсээ
Войти
Регистрация
Аделина барахсан
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Аделина барахсан
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
07.03.2024 14:12
Киргиэлэй бу курдук холкутук тыынан, налыйан-наскыйан сыппатаҕа ыраатта даҕаны-ыы! Көхсө кэҥээбиккэ дылы, били, аҕыйах хонуктааҕыта туох эрэ санньыар санааҕа баттатан, дэлби түүппэҕирэн, күлүгэ эрэ сүөдэҥниирэ. Ол бэйэтэ уоскуйбут, уу нууралга куустаран талбаарыйбыт, бэл, хараҕын аһыан баҕарбат. Хараҕын астаҕына, саһарымтыйа быһыытыйбыт ыспалыарын, быыла сотуллубутаҕа быданнаабыт эриэхэ өҥнөөх ыскаабын көрүө баар... Эчи, хобдоҕун. Эр бэрдэ эдэр сылдьан кыргыттары (үксүгэр устудьуоннары) кытары тимир кырабаакка утуйар түгэннэрдээҕэ. Кыараҕаһыттан, баҕар, ымсыырбыттара-таласпыттара бэрдиттэн да буолуо – убураспытынан, куустуспутунан сытан, утуйан хаалаллара эрээри, уһуктубуттара син биир көҕүс-көҕүстэринэн сыстан, уҥуор-маҥаар хайыһа сытар буолан хаалаллара. Арай өрдөөҕүтэ арахсыбыт кэргэнэ Туйаара, дьарамай уҥуохтааҕыттан биитэр олус имэҥнээҕиттэн эбитэ дуу, Киргиэлэйи кытыыга үтүрүйэн кэбиспэт, хата, аллара нэмийэн киирэн, саамай сөбүлүүр «оонньуурун» кимтэн эрэ көҥөммүттүү болточчу тута сытан утуйара уонна соннук уһуктан кэлэн, имэрийэн-томоруйан, сыллаан-уураан уһугуннарара. Киргиэлэй ыкса киэһэ хас эмэ «сырыы» кэнниттэн сөп буолан, түлүк уутугар киирэн сыттаҕына, «аллараа» туох эрэ тохтообокко уйгуурдара. Утуйуон баҕаран ол мэһэйдиири киэр хаһыйаары гыннаҕына, өс киирбэх төһөөҥҥө эрэ диэри тохтоон, иһийэн ылара, онтон эмиэ саҕалаабытынан барара. «Хаарыан уубун туох аймыырый?» диэн уһуктуох курдук буолан эрдэҕинэ, аны ол «сатамматах» сирэ илийэ быһыытыйан, сылыйан, устунан сүрдээх үчүгэй түүлгэ кубулуйан, ханна эрэ, олус долгутуулаахха, имэҥнээххэ көтүтэн туймаардыбытынан барара. Тулуйар-тулуйбат икки ардынан «хаарыаны, үчүгэй да түүл!» диэн саныы сытан уһуктан кэлбитэ, кэргэнэ кинитээҕэр уон оччонон «собуоттанан» бу имиллэҥнии, өрүтэ тыыммахалыы, суорҕаны силэйэн, букатын аллара киирэн сытар буолара. «Туохха да топпот баар үһү» диэн таабырын таайыыта, арааһа, бастакы кэргэнэ Туйаара буолуо. Киргиэлэй ол сахтарга «биир кыыс оҕону баҕас сөп гынар эрдьигэммин» диэн киһиргэнэрэ, кэллин биллэҕинэ, суос-сымыйа эбит этэ. Бэл, билсиспиттэрэ иккис дуу, үһүс дуу эрэ күнүгэр «эр киһи диэни бу аан бастаан билбит» Туйаарата туттарынан-хаптарынан, олус уопуттааҕынан элик бэрдин симиттиэр диэри сөхтөрбүтэ. Биһиги киһибит «имэҥ өттүгэр миигиттэн таһыччы сайдыылаах эбит» диэн санааҕа оҕустарбатаҕа, хата, «уол оҕото оһуобайдык көҕүтэммин, итинник үлүгэр имэҥирдэҕэ» дии саныыра. Оччолорго кыыһа – оруобуна сүүрбэ, оттон Киргиэлэй сүүрбэ үс саастаахтара... Аделина быйыл түөрт уонун туолуохтаах. Эмиэ бэйэтигэр дылы дьылҕалаах эрэйдээх: эриттэн арахсыбыта син ыраатан эрэр. Ол киһититтэн уонуттан тахсыбыт уоллаах. Оҕото хоту улууска эһэлээх эбэтигэр иитиллэр. Онон дьахтар дьиэ-уот, оҕо-уруу түбүгэ диэни билбэт. Бу астык баҕайытык утуйа сыттаҕыан котокута барахсан! Киргиэлэй аргыый аҕай утары хайыста, дьахтары төбөтүттэн сыллаата, ол тухары биирдэрэ уһуктубата, хата, өссө ыга сыстан утуй да утуй! Киргиэлэй бу сыттаҕына, ханан да уҥуох-иҥиэх диэни билбэтэх мөлбөөркөй тобуга саамай сылаас сымнаҕас сиригэр силэйэн киирэн миэстэтин булла. Эдэр дьахтар эттээх ньилбэгэр элик үтүөтэ үрүҥ күҥҥэ кэмчитик көрдөрөр күндү тэрилэ култарыҥнаата, онтон устунан күтүр үлүгэрдик күлтэҥнээбитинэн барда... * * * Киргиэлэй эдэригэр, сүүрбэ аҕыстааҕар, арамаантыкаҕа тууһугуран хоту учууталлыы сылдьыбыттаах. Оччолорго, сэбиэскэй саҕана, олох-дьаһах үчүгэйэ бэрдэ. Холобур, киин оройуоннарга, бэл, Дьокуускайга халбаһыны, эт, балык кэнсиэрбэтин, ол-бу хомпуоту-импиэти маҕаһыыҥҥа тымтыктанан да булбат буоллаххына, хоту ол дэликэтиэс хайыр курдук анньыллан турара. Хара аһы – эти, балыгы – этэ да барыллыбата. Сөмөлүөт сырыыта туох да оһуобай этэ, сыаната да чэпчэкитэ. Киргиэлэй үлэлии тиийбит нэһилиэгэр оройуон кииниттэн сөмөлүөт нэдиэлэҕэ түөртэ көтөрө, оттон билиэт сыаната баара-суоҕа сэттэ солкуобай этэ! Саҥа учууталы Түмэппий Тырыылгын уонна Кисиэнньэ Кириилэбинэ диэн түөрт уончалаах ыалга олохтообуттара. Киргиэлэй оччолорго бу дьону балай эмэ кырдьаҕас курдук саныыра. Дьиэлэрэ хаптаһын быыстаах икки хостооҕо. Биир хоско – хаһаайын кэргэнин кытта, иккискэ адьас кэккэлэһэ кэриэтэ ороннорго (таҥас быыс хаххалыыра) Киргиэлэй уонна Түмэппийдээх 11-с кылааска үөрэнэр кыыстара Аделина утуйаллара. Кыыс, кылааһын оҕолоругар тэҥнээтэххэ, эт туппут, били, этэргэ дылы, буутун этэ буспут, холун этэ хойдубут этэ. Оччолорго Аделина уон аҕыс сааһыгар сылдьара. Аһыы олорон уора-көстө Киргиэлэйи кылап гына көрөн ыллаҕына, эдэр киһи симиттэн, сороҕор чэйигэр чачайа сыһара. Ыкса киэһэ Киргиэлэй сарсыҥҥы уруоктарыгар бэлэмнэнэн баран, утуйардыы оҥостон сытан быыс нөҥүө олорор Аделинаны одуулуура. Лаампа сырдыгар кыһайан көрдөҕүнэ, кыыс туран эрэ аа-дьуо сыгынньахтанара, онтон тыыллаҥныыра, оччоҕо томтоҕор түөһэ өссө эбии улаатан көстөрө. Уол таҥас быыс диэки хайыһан сытан, сороҕор түүн уһуктан кэллэҕинэ, кыыһын мунна адьас субу сурдургуура, бэл, этин суоһа кытта биллэр курдуга. Киргиэлэй былырыын атын сиргэ көспүт учууталы солбуйан 11-с кылааһы салайбыта. Кылааска тоҕус оҕо баарыттан уола түөрт этэ, онон саҥа учуутал «бэһис уол» оруолун толороро. Ыстаарысталара Аделина саҥа учууталы кытта араас тэрээһини ыытыһан, хайа-хайалара күн солото суох сылдьаллара. Сороҕор оскуолаттан дьиэлэригэр аргыстаһан кэлэллэрэ. Кыыс күлэн-салан, кэпсээн-ипсээн бардаҕына, Киргиэлэй адьас тэҥнээҕин курдук саныыра. Балаҕан ыйын ортотун диэки быһыылааҕа, кылааһын оҕолоро «похуоттуу таарыйа отоннуу барыахха» диэн турбуттара. Оҕо барыта тоҕо эрэ «бу – учуутал, онон кини тылын булгуччу истиэх тустаахпыт» дии санаабат быһыылааҕа. Тугу барытын тэҥҥэ быһаарсаллара, ол эрээри хайа да түгэҥҥэ саҥа салайааччыларын син биир тылларыгар киллэрэллэрэ. Оннук да буолан, биир-биэс тыла суох биир көстөөх Сордоҥноох диэн учаастакка похуокка барбыттара. Уолаттар, аара хас да куһу өлөрөн, бэркэ бултуйбут курдук өргөҥнөспүттэрэ, кыргыттар ол аайы чаҕаарыһыы бөҕөтө этэ. Инньэ гынан суола-ииһэ төһө да эрэйдээҕин иһин, Сордоҥноох үрэҕэр сылайбакка кэлбиттэрэ. Сүүрбэччэ миэтэрэ кэтиттээх от үрэҕи туораары, чугас эргин тыы баара буолаарай диэн, уолаттар кытылы биир гына кэрийбиттэрэ да, булбатахтара. Онон кэһэн туоруурга санаммыттара. Уу түспүт кэмэ буолан, саамай дириҥ сирэ киһини самаҕынан этэ. Уолаттар плавкинан эрэ хаалан, кыргыттары сүгэн туораабыттара. Киргиэлэй эмиэ сыгынньахтанан, Аделинаны сүүкэйдээн, икки такымыттан тутан, ууга киирбитэ. Онтон, сирин ортолуохча буолан иһэн, туохтан эрэ иҥнэн, сирэйинэн ууга «бар» гына түспүтэ. Дьэ, кыбыстыы диэн ол этэ! Кыыһын кытта ньылбы сытыйан, аны кэлэн тугун харсай, уҥуоргу кытылга ууну саллырҕаччы кэһэн тиийбиттэрэ. Хата, уолаттар үүтээҥҥэ уот оттон, онно таҥастарын куурдунан абыраммыттара. Кустарын күөстээн, тото-хана аһаан баран утуйуу буолбутугар иккилии буолан сытардыы оҥостубуттара. Биир дьиэттэн сылдьар дьон, Аделиналаах Киргиэлэй, кыттыгас таҥастаах буолан, бииргэ сыппыттара. Таҥастара ситэ куурбакка, кыыс – хыбы колгуокканан, уол плавкинан эрэ сытарга тиийбиттэрэ. Суорҕан эргэ хаҕар кураанах оту хаалаабыттара олус сылаас, киһини угуттуур этэ. Оо, дьэ, Аделинаны кытта ол курдук үчүгэй баҕайытык утуйан турбуттаах. Сарсыныгар кыыһа туохтан эрэ олус кыбыстыбыт курдук туттара, Киргиэлэй сирэйин таба көрбөт буолан хаалбыта. Киргиэлэй, билигин санаатаҕына, Тырыылгыннарга олус да табыллан олорбут эбит. Хомойуох иһин, эһиилигэр кини оннугар атын учуутал (ол нэһилиэктэн төрүттээх кыыс) үлэлии кэлбитэ. Киргиэлэйи оройуон биир саамай уһук бөһүөлэгэр баар аҕыс кылаастаах оскуолаҕа көһөрөөрү гыммыттарын буолумматаҕа – Дьокуускайдаабыта. * * * Киргиэлэй хайа эрэ научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэҕэ Аделинаны көрсүбүтэ. Сынньалаҥ кэмигэр фойеҕа эмискэ көрсө түспүттэрэ. Аделина соччо уларыйбатах, арай дьахтар дьахтарынан буолбут этэ. Уруккутун курдук умса көрөн кэбиспитэ уонна мичээрдээбитинэн кэлэн, илиитин уунан дорооболоспута. Онтон ыла кэмиттэн кэмигэр төлөпүөннэһэр буолбуттара. Оттон бэҕэһээ Киргиэлэй Аделинаны дьиэтигэр аҕалан бу сыттахтара. Өргө диэри кэпсэппиттэрэ. Уруккуну истиҥник ахтыспыттара. Онтон, эрдэттэн сүбэлэспит курдук, туох да «ээ суох, кэбис» диэнэ суох бу киэҥ орону булбуттара. Киргиэлэй, сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта үөрэппит кыыһын, төһө да сүрүргүү, суобаһыргыы санаатар, ыга кууһа сытан убураабыта, онуоха биирдэрэ симиттэн, тугу да хардарбакка таалан сыппыта. Эр киһи санаатыгар, бу аньыы-хара курдуга. Уопсайынан, имэҥҥэ-дьалыҥҥа оҕустаран өлө-тиллэ түһүнүөҕүн хаһааҥҥыта эрэ учууталлыы сылдьыбыта, улаханнык ытыктыыр дьоно Тырыылгыннар дьүһүннэрэ бу көстөн кэлэн тохтоторго, буойарга дылыта. Кэргэннэниэн иннинэ, арахсан да баран син элбэх дьахтары кытта таптастаҕа. Онно барыта баара: икки өттүттэн тугу барытын умнан туран түһүнүү, ким төһө сатыырынан таптаһыы, бэл, солуобатыгар эрэ ыксалаһыы... Арай Аделината уоттанан-күөстэнэн, уһуутуу-уһуутуу өрүтэ биэртэлиирэ, биитэр үрдүгэр олорон, биир оннук омуннуран ньиллиргэтэрэ буоллар, Киргиэлэй, арааһа, хомойуо, кэлэйиэ да этэ. Өйүгэр-санаатыгар, үөрэнээччитэ эр киһи уонна дьахтар иэйиилээх сыһыаннарын дьэ саҥардыы билэн эрэр курдуга. Ол да иһин буолуо – тугу эрэ сыыһа туттан, алдьатан кэбиһиэм диэбиттии, сэрэниин-сэрэнэн аргыый аҕай күндүтүк саныыр киһитин сымнаҕас сылаас киэлитигэр киирбитэ. Биирдэрэ, онтон «дьэ өйдөммүттүү», эр киһини ыга кууһан, махтаммыттыы арылыччы көрө сытан уоһуттан уһуннуук да уһуннук убураабыта; өссө онуоха сөп түбэһиннэрэн, аллараттан күөгэлдьитэн, көҕүлээн киирэн барбыта... БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан