Кэпсээ
Войти Регистрация

Айыы диэбитим, абааһы эбит

Главная / Кэпсээн арааһа / Айыы диэбитим, абааһы эбит

K
17.04.2018 17:58
Устудьуон олоҕо. Күн аайы саҥаны билии-көрүү. “Олох киэҥ аартыгар” үктэнэн сылдьар кэммит. Сорох устудьуон бу сааһыгар “хараҥачай буолла, харбыалаһыы буолла” диэнинэн салайтаран “билэн-көрөн хаалар”. Атын уолаттарга холоотоххо, үөрэхпиттэн улаханнык аралдьыйарбын сөбүлээбэт буоларым. Онно-манна барбат-кэлбэт этим. Доҕотторум хотуулаах сырыыларын истэн эрэ билэрим. Тоҕо эбитэ буолла, ол эрээри уолаттарбынааҕар тапталга билиниилээх суругу элбэхтик тутарым. Дьэ, ол суруктар арааһы да кэпсииллэрэ. Тапталга билинии, “хоонньоһуох” диэн аһаҕастык ыҥырыы элбэх этэ. Маннык суругу ким баҕар суруйуон сөбүн курдук ылынарым. Эбиитин биирдэ кыыс аатыттан табаарыстарым дьээбэлэнэн суруйбуттарын билэн баран, суруктарыттан улаханнык кэлэйбитим. Ол курдук, биир эмэ сурукка хоруйдаан ыла-ыла бибилэтиэкэттэн арахпат этим. Дьоммор көмөлөһөн, киэһэ хойукка диэри бибилэтиэкэни сууйарым. Кыра да буоллар, устудьуон киһиэхэ көмө этэ. Устудьуон сүпсүлгэн олоҕун кэнниттэн иччитэхсийбит бибилэтиэкэ чуумпутун олус сөбүлээбитим. Тыа уола хаһан да харахтаабатах үчүгэй кинигэлэрим бааллара. Олору ылан, арыйталаан истэх аайы урукку олох илэ бэйэтинэн тахсан кэлэргэ дылыта. Инньэ гынан, өрүү дьонум утуйбуттарын кэннэ тиийэрим. Ааны аргыый сэгэтэн киирэн, барбах куртахпын иччилээт, утуйан хааларым. Кырдьаҕас эбэм эрдэ турар буолан, эрдэ турарга үөрэнэн хаалбыппын. Куораттааҕы эбэм эмиэ эрдэһит этэ. Онон эрдэ туран оргууй үөрэҕим диэки хаама турарым. Сороҕор үөрэнэр дьиэбит аанын арыйа илик буолан сордууллара. Оччолорго да аһаан, күүлэйдээн кэбиһэр остуорас ханна барыай. Өр тоҥсуйан, үлүйэ сыһан баран киирэрим. Бастакы кууруска сылдьан сороҕор чугастааҕы нэһилиэктэргэ гастроллаан, биирдэ оннооҕор Дьокуускайга КВН-ҥа кытта кэлэ сылдьыбыппыт. Баҕар, ол иһин буолуо, син дьон хараҕын далыгар сылдьарым. Ким “төрөөбүт күнүгэр”, ким “дьиэтигэр соҕотох хаалан” сурук суруйан ыҥырааччы. Сэмэй диэн көрөр кыыһым “төрөөбүт күнүм, баһаалыста, кэлиэҥ дуо?..” диэн ыыппыт. Кэлин саҥара сылдьыа диэн барарга сананным. Устудьуон туга кэлээхтиэй, сакалаат ыллым да бардым. Тиийэн иһэн аара дьүөгэлэрин көрүстүм. Туохтан эрэ үөрбүттэр-көппүттэр. Мин ону улахаҥҥа уурбаппын. Хоско киирдибит. Кыргыттар кылгас халаат кэппиттэр. Сиидэс таҥас курдат тэрэйбит түөстэрин “көрөн ымсыыр” диэбиттии, тимэхтэнэр-тимэхтэммэт икки ардынан муоста сууйан күлүмэхтэнэллэр... Арааһа, эрдэлээбиппин диэн төннөөрү гыммыппар тохтотон кэбиспиттэрэ. Хос иһигэр араас духуу сыта тунуйан кэбиспит этэ. Чугас хоско ас буһа турарын кытта холбоһон сыт да сыт. Сотору буолаат, дьүөгэлэрэ биир-биир тахсыталаан хааллылар. Төрөөбүт күннүүр кыыһы кытта иккиэйэҕин эрэ хааллыбыт. Аҕалбыт сакалааппын биэрээт, дьиэлии сатаатым. Онуоха ырбаахым эҥээриттэн ылан бэйэтигэр ыкса тарпытыгар хаһан да кыыс диэни билэ илик «соноҕоһум» кыараҕас ыстаан иһигэр хаайтаран таһырдьаны былдьаһар курдук буолла... Ол икки ардыгар биир бэйэм икки буола түстүм. Биир өттүм “хаал, таптаа, таптат” диэн хаайар, иккиһим “сэлээрчэхтэн сэрэн” диэн хайыта тардыалаһар. Кыыһым уоту хап-сабар умулуннара охсоот, орон диэки сосуһар... Кыыс оҕо таҕыла киирдэҕинэ, сааскы куоскатааҕар ордорун онно аан бастаан билбитим. Биир кэм имигэс баҕайытык тула көтө сылдьан
убахтаан олорор! “Хайдах ыт-кус курдук иссэ сылдьыамый”, — диэн санаа баһыйан, кууһан-сыллаан, имэрийэн, улам-улам аллараа диэки түһэн эрэр илииттэн төлө туттаран тахсан, ааны көрдөөбүтүм. Билигин санаатахха, дьэ, көр эбит. Таҕылы ханнарыы омунугар, дьэ, чуут хотторо сыһан ааттастаҕым дии. Ол туран тоҕо ыт-кус курдук хоонньоһо сатыырын ыйыппытым. Кэмниэ кэнэҕэс син уоскуйан, тыын ылан, таҥаһы тимэхтэнэн, арбайбыт баттаҕы сабыта баттана олордохпутуна ааны тоҥсуйан лиһиргэппиттэрэ. Арыйаары гыммыппын кыыһым тохтотон баран айахпын саба туппута. Ол курдук син олоро түспүт кэннэ атах тыаһа барбыта. Син өйдөстүбүт дии санаан, ол киэһэ кыыһы кытта чугаһаспакка тахсан барбытым. Кэргэннии буола илик эрээри сыыһаны оҥорботохпуттан дьоллонон, син киһи эбиппин дии сананан тахсыбытым. Хайдах ыт-кус курдук, баҕарар эрэ дии-дии “ыла” сылдьыамый. Атыттар “ыла” үөрэммит дьон, бука, “мөлтөх киһи” диэхтэрэ эбитэ буолуо. Арай хоонньоһо охсон баран, кэлин ол кыыһы туох диэн убаастыам эбитэ буолла? Хас киһилиин ол курдук сымыйа төрөөбүт күнүгэр ыҥыран таптаспыта биллибэт. “Киһи эриэнэ иһигэр” диэни ол күн билбитим. Таһыттан көрдөххө, үүтүн тохпут оҕо курдук көрүҥнээх кыыс. Сытар ынаҕы туруоруо суох курдуга. Дьыалатыгар киирдэххэ, эр бэртэрин бэйэтэ бултаһар идэлээх эбит этэ. Күрүө-хаһаа диэн мэлигир киһитэ. Кэлин ол кыыс "сыстыганнаах ыарыыга ылларан, балыыһаҕа сытар үһү” диэни истибиппит. Онтон уонча сыл буолан баран биир лааппы аттыгар бэйэтин курдук кир-хох буолан мырчыста барбыт икки киһини кытта турарын көрөн аһарбыттаахпын... Аһыы утах икки сэлээрчэх, күүлэй сылдьыы ол сордооҕу сааһыгар тэҥэ суох кырытыннарбыт этэ. Хараҕын уота уостан эрэрэ... Маннык дьону кэм сиэртибэлэрэ диэҕи киһи тыла тахсыбат. Хата, най барыы диэтэххэ, арыый көнө буолара дуу. Туох дии саныыгыт? Харах уута хаанынан эргийэр Сэлээрчэх кыргыттар, хаһааҥҥа диэри бэйэҕитин албыннанаҕыт? Хаһааҥҥа диэри мээнэ дьону кытта сылдьыһаҕыт? Үтүөрбэт ыарыыга ылларыаххытыгар, дьон дьолун тоҕуоххутугар диэри тууһугураҕыт дуо? Ыарыы эҥин диэн этэн туһата суох дуу. Хаһан баҕарар, кими баҕарар кытта сүөһү курдук иссэн баран, кэлин кэмсиниэххит эбитэ дуу, суоҕа дуу... Сорох дьахтар акаары киһилиин тэллэххэ күөлэһийдим, уолун мин “ыллым” диэхтиир. Ким эрэ акаары эр киһи таҕылын ханнараары мырдыҥнаабытын тулуйумуна иссэн баран, ол киһиэхэ өһүрэн сэлээрчэхтии барбыт үһү. Ким эрэ арыгылаан баран “итирбиккэ” балыйаары иссибит үһү. Албыннанан хаһан бүтэҕит? “Сайдыылаах” омуктар сытыйан бүппүт олохторун сырса сатаан, элбэх олох огдолуйар. Олоҕун лаппа үчүгэйдик оҥостон, ону-маны букунайан харчыны хайдах өлөрөрү билэр киһи баар аҕай. Бары диэбэппин эрээри, үгүс эр бэртэрэ “көссүүлээх буоллахха, лаппа табыллыбыт киһибин” дии саныыллар дуу тугуй? Арыгы истэхпит аайы арыгы бүтүө дуу, көссүүлэстэххит аайы көссүү тупсуо үһү дуу? Санаабыт бөҕөргөөбөт буолуохтаах. Хааһах саҕа хара санаатааҕар, түөн саҕа үтүө санаа күүстээх ини. Көссүү “үтүө да киһи, өрүү үчүгэй, өлүөр сырыттын” диирэ
буолуо дуо? Хаһан да биллиэ суох курдук сананаахтыыгыт? Төһө баҕарар сордонуҥ, таптыыр сүрэх хаһан баҕарар сэрэйиэ. Дьиҥнээх олохтон Оҕо эрдэхпинэ син эйэлээх-иллээх ыал быһыылаах этибит. Санаабар, олох диэн оонньуу, көр-күлүү курдуга. Маннык олохпут уһаабатаҕа. Аҕам куоракка киирэн сүтэн хаалар буолбута. Арыгылаан, өйө-төйө суох буолан сүтэр дии саныырбыт. Биир үтүө күн, дьиэбэр уруокпун ааҕа олордохпуна, куораттан хайа эрэ дьахтар төлөпүөннүү сылдьыбыта. Аҕам оскуолаҕа үлэлиирэ, “куораттан бэрэбиэркэ” эҥин диэн, миигин албыннаан аҕабын ыҥыртара сатаабыта. Мин итэҕэйбэтэҕим. Онтон аҕам обургу ханна баран сүтэн хааларын сэрэйбитим. Ийэбэр эппитим. Ийэм эрэйдээх тугу айдаарыа баарай, саҥата суох сылдьыбыта. Кэлин таах этэммин дии санаабытым. Ол курдук аҕам абааһы киэбин кэтэ-кэтэ “наһаа да үлэтигэр бэриниилээх” аатырар буолбута. Оскуола тугу эмэ ылар, атыылаһар буоллаҕын аайы, кини эрэ куоракка киирэн атыылаһан тахсыахтааҕын курдук саҥарара. Барда да сүтэн хаалара. Ийэбин кытта ханна баран сүтэрин кэлин төлөпүөнүн нүөмэрин быһаараммыт, ханнык дьиэттэн эрийэрин этэн, куораттааҕы билэр дьоммутунан быһаартарбыппыт. Бу сордоох ырааппатах этэ. Урут бииргэ үөрэнэ сылдьыбыт дьахтарын кытта булсубут. Аһаабыта буола-буола, ол дьахтар биһиги аҕабытыттан харчытын эрэ ылаары сытан биэрэр буоллаҕа дии. Акаары аҕам ол аайы туох эрэ кыаллыбаты кыайбыт курдук сананан сырыттаҕа эбээт, түөрт уонун ааһан баран... “Төбөтүгэр мас киирбит” диэн маны этэллэр. Сотору ол дьахтарыгар букатын барарыгар: “Мин эһигиттэн барабын, эһиги ыарыһаххыт...” — эҥин дэтэлээбитэ. “Чөл сылдьыах” быатыгар, “уол оҕо аатыран” баран эрэрин биһиги оччолорго хантан билиэхпит баарай... Онуоха биһиги хаһан, ханна, хайдах сылдьыбыттарын барытын билэр эрээри, хайдах сирэйэ-хараҕа суох албыннаан кэбилэнэрин сирэйигэр эттэхпит дии. “Саҥардыы нэк буолан хаалбыт суорҕанын” аатын-суолун, тугу үлэлиирин, хаһааҥҥыттан “сылдьыбыттарын” ыраас мууска ууран биэрбиппитигэр саҥатыттан маппыта. Матымына, бу тухары аан дойдуга саамай киитэрэй кини, аан дойдуга саамай өйдөөх кини курдук санана сылдьыбыта баара, күөрт ыт күлүүтүгэр бардаҕа! Саатар, биир-икки тылы сааһылаан саҥарар кыаҕа да суох буолбута. Ыгыллан тугу эрэ эппэҥнии сатаабыта да кыаллыбатаҕа. Биһиги испитин тутта-тутта күлбүппүтүттэн ыксаан, дьиэбититтэн куотан тахсыбыта! Ити курдук сэнээн, үөҕэн баран ааны тыастаах соҕустук сабан барыам диэхтээбитэ табыллыбатаҕа. Букатын барбыта. Ол дьахтарын кытта кутургуйа тахсан тэстиэр диэри “олоро” сатаабыттара быһыылааҕа. Харчылааҕар мохсоҕол буолар үһү. Кураанаҕар дьиэлээх хотун, ыт оҕотун сабырҕаҕыттан ылан быраҕалларыгар дылы, кирилиэһи таҥнары аахтаран түһэрэр эбит этэ. Аҕабытын төһө да аһыннарбыт, тахсан барарыгар эппитэ дорҕооннооҕо бэрдиттэн сөптөөх тылы булбатахпыт. Буһарбыт “хааһытын” бэйэтэ сиэтин диэбиппит. Ити курдук сылдьан уруккутунааҕар ордук аһыы утахха ылларбыт этэ. Дьахтара оҕолорун үөрэттэрээри босхо хамначчыт оҥостон баран, үөрэхтэрин бүтэрээттэрин аанын арыйбатах сураҕа иһиллибитэ... Бүттэҕэ ол. Биир-икки түүн атаҕын икки ардыгар баар баҕатын толороору олоҕо бүтүннүүтэ огдолуйдаҕа. Онно-манна ускул-тэскил сылдьан дьоҕойон үлэлээбитэ буола сатаабыта да табыллаахтаабатаҕа. Биир
күн “өлөрөн кэбиспиттэр” диэн сурах иһиллибитэ... Нэк тэллэх кэриэтэ буолбут дьахтара да сотору онтун-мантын тосту, илдьи түһэрэ элбээбитэ... Харах уута үтүөҕэ тиэрдибэтэ чахчы... Сутурук.
kyym.ru сайтан