Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ыһыахха этэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ыһыахха этэ
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
12.04.2018 14:12
Киһи барахсан туох эрэ кэтэһэрдээх, эрэҥкэдийэрдээх буоллаҕына, санаалыын бөҕөргүүр, бэл, араас араахыматын тамты умнан, этэргэ дылы, аҥаардас кылыыҥкайынан сылдьар. Оттон ол – кэтэһэрэ диэн – тугуй? Киһи-киһи ону араастык ылынар быһыылаах. Холобур, Халыма 80-гар чугаһаан эрэр кырдьаҕаһа Куочаанай «аны саас дьорооммор (көлүйэбэр) тиийэн, урукку сэһээккэбиттэн хаҥас диэки эбии тутуннарбын уонна уонча харыалы (мончуугу) оҥоһуннарбын» диир. Кини кэпсэлиттэн сылыктаатахха, бу эчээкэҥ аҥаардас «аны саас анды, ээмиллэ хойуутук ааһарыгар түбэспит киһи!» диэн санаатыгар уйдаран, кыһалҕалаах кыстыгын, ыалдьарын-туттарын төрүт умнан кэбиһэр эбит. Оттон Өкүлүүнэ эмээхсин «оол көстөр тумуһахпар тиийэн мутукча дыргыл сытын астына тыыммахтыам баар дии!» диэн, ааспат-арахпат санньыар санаатын кыйдаан, ол үтүө-кэрэ кэмэ хаһан үүнэрин кэтэһэр, онтунан эрэ бөҕөхсүйэн олорор. Барыта ити курдук сааһыланан-саамыланан, олох-дьаһах тохтоло суох устан иһэр. Ити гынан баран, ордук күн-дьыл имийиитэ, саха үксэ даҕаны Пиэрибэй маай, Кыайыы күнүн кэнниттэн ыһыаҕы бүтэйдии кэтэһэр. Дьиҥэр, ол ыһыаҕа төһөлөөх сыратын-сылбатын ыларын ааҕан-суоттаан көрөрө буоллар, баҕар, оччо дураһыйыа суох этэ. Ол эрээри барыбытыгар даҕаны ыһыахтыыр баҕа ис хааммытыгар хаатыйаланан сылдьар быһыылаах: хайа да саха онто суох, саараама, сатаммат. Аныгы ыһыах дирбиэннээх-дарбааннаах соҕустук ыытыллар буолла. Сэмэн тоҕо итинник буолбутун түспэтийэр сааһыгар тиийдэр даҕаны өйдүөх быһыыта биллибэт. Кырдьык, сэбиэскэй саҕана билиҥҥи курдук дархаһыйыы, ачыаһырыы сыта да суоҕа. 60-с сылларга «ССКП сийиэһин уурааҕын олоххо киллэрии», «Пятилетка-семилетка былаанын толоруу» ухханыгар аҥаардас үлэ эрэ өрө тутуллара. Оттон билигин туох улахан үлэ-хара кэлээхтиэй, саха түөлбэлээн олорон иитиллэр сопхуоһа эстибитин, имниин сүппүтүн кэннэ?! Бэл, ити сиэпкин тэбэнэн туран үс мөһөөх солкуобайга атыылаһар икки-үс кырбас үтэһэлээх этиҥ сыыһа Эмиэрикэттэн тиэллэн кэллэҕэ эбээт! Хата, куһаҕан үчүгэйэ суох буолбат: бырааһынньыктары баҕас ньиргиччи ылабыт, күрэхтэһии эгэлгэтин эҥээриттэн тутабыт. Онно үп син көстөр. Билигин ыһыахха бэрэсидьиэн, бырабыыталыстыба таһымыгар суолта ууруллан, букатын атын ис хоһооннонно. Ыраата барбакка, Үс Хатыҥ ыһыаҕын да ыллахха, Үрдүк айыыларга сүгүрүйүү, сиэри-туому толоруу тыйаатырдыы көстүүтэ баһыйдар даҕаны, бу күн дьиҥнээх саха быһыытынан киэн тутта сананаҕын. Ыһыахха кэлбит дьон, эчи, бу таҥастара маанытын, бу туттан-хаптан сайгылдьыһаллара уратытын! Хаарыаны, куораппытыгар күн да аайы маннык көстүү, сахалыы тыын иҥэн хаалбат ээ! Урут букатын атын этэ. Саха төрүт таҥаһын иннилэрэ кылгаан, кэннилэрэ уһаан сылдьар кырдьаҕастартан ураты арай кэнсиэргэ кыттар дьон кэтэллэрэ. Ыһыахха, төһө да судургутук таҥынналлар, ол саҕана ытык кырдьаҕастар кистии-саба сиэр-туом туһунан хайаан да кэпсэтэн ылардаахтара: чахчы даҕаны, ону ис хааннарыгар сөҥөрдө сылдьар дьон диэн кинилэр этилэр. Күнү-күннүктээн оһуокайдыыллара, эдэр саастарын эргитэн тыыннарын таһаараллара, үөһээттэн күүс-сэниэ киллэринэллэрэ. * * * Сэмэн, оччолорго Сиэҥкэ уол, онус кылааһы бүтэрээри сылдьара. Өйүүн бүтэһик эксээмэнэ – матымаатыка. Учууталларын кытта дириэктэрдэрэ Уйбаан Уоһукабыс «судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ бэлэмнэммэккэ ыһыахтыы-хайыы сылдьыаххыт дуо,
араспысаанньаны көрөн консультацияҕа кэлиэххит» диэн мас-таас курдук эппиттэрэ. Ол эрээри оҕо үксэ да билэрэ: 10 «а», 10 «б» кылаастан, ол аата 32 үөрэнээччиттэн, бэркэлээтэҕинэ, уону кыайбат эрэ киһи (итинтэн 2-3 эрэ оҕо – «4») матымаатыканы туттарыаҕын. Сиэҥкэ, ити биридимиэти сыл аайы «күһүҥҥүгэ хаһаанан» кылааһын тахсар уол, эксээмэннэрэ диэҥҥэ төрүт кымаардаабат этэ. Ытаа да ыллаа – син биир «күһүҥҥүлэнэр». Оттон күһүн булгуччу баҕалаах «үһүн» ылыаҕа. Сол курдук бары ачыстаат ылыахтара, күһүҥҥэ диэри сопхуоска атах-бытах үлэҕэ сылдьа түһэн баран уолаттар аармыйалыахтара, кыргыттар ким – үөрэххэ, ким үлэҕэ арҕам-тарҕам тарҕаһыахтара. Табаарыстара Куома, Кирииһэ, Мэхээс эмиэ ити курдук санаалаахтара. Онон туох да муоҕа-чуоҕа суох сопхуос ыһыаҕар барардыы оҥостубуттара. Дьонуҥ өссө 2 бытыылка «Портвейн» уурунуулаахтара. Киэһэлик маҕаһыын таһаҕас тиэйэр массыынатыгар хатаастан ыһыахтыыр сир диэки түҥкэлитэ турбуттара. Сопхуос ыһыаҕа кинилэр бөһүөлэктэриттэн 5-6 көстөөх, Киэҥ Эбэ диэн кэрэ айылҕалаах сиргэ сыл аайы ыытыллара. Икки чаастан ордук сахсыллан хатыҥ чараҥҥа кэлиилэригэр кыһыл таҥаска суруллубут араас былакаат, олохтоох худуоһунньуктар оҥорбут ойуулара, отделениелар истиэндэлэрэ субу дьэргэс гына түспүтэ. Тыа саҕатынан бириһиэн балааккалар туртаһаллара. Дьон-сэргэ аалыҥнаһыыта, саламалаах сэргэ таһыгар оһуокайдаан налырдаһыы, түптэ хойуу буруота, күлүк сиргэ сүүнэ олгуйдарга буһа турар эмис эт сыта-сымара, хорчуоппаһыт дьахталлар ньамалаһар саҥалара – барыта долгутуулаах ыһыах кэрэ хартыыната буолан көстүбүтэ. Уолаттар, уларыттар таҥас ылар эҥин диэн өй суох дьоно, бүтүннүү быыл буолбуттарын барбах тэбэммитэ буолан баран, балааккалар диэки хаампыттара. Кэчигирэһэн, дьэ, элбэх балаакка! Ити гынан баран иччилэрэ суох курдуга, арай биир үрүҥ халааттаах кыыс сылдьара, сөп буола-буола чаһытын көрөрө. – Кыысчаан, бу кимнээх балааккаларай? – сытыы киһи Сиэҥкэ ыйытааччы буолбута. – Сонотуоруйдар киэннэрэ, – диэн хап-сабар хоруйдаан баран, соһуйбут быһыынан, – хайа, Сеня, эн сылдьар эбиккин дуу? – диэбитэ. Бу – Эркээйи оскуолатын былырыын бүтэрбит Күннэй Кэрэмээһэбэ, оройуон бастыҥ теннисчитэ, эркээйилэр баар-суох үҥкүүһүт кыыстара этэ. Сиэҥкэ иллэрээ сыллааҕыта үөрэнээччилэр күрэхтэһиилэригэр сылдьан билсибитэ. Ол саҕана теннис саҥардыы үөдүйэн эрэрэ. Учууталлар үөл хаптаһынынан оҥорбут остуоллара дэлби адыгыраан, саарык эҥин араастык тэйэрэ, ол иһин Сиэҥкэлээх дьиҥнээх теннис остуолугар оонньоон тулуспатахтара. Эркээйилэр Дьокуускайтан аҕалбыт остуолларыгар үчүгэйдик эрчиллэн, күөрэйбит саарыгы быһан сардырҕатан иһэллэрэ. Сынньалаҥ кэмигэр Сиэҥкэ бу кыһыл спортивнай туруусугунан сылдьар Күннэйи (тыаҕа итинник таҥастаах кыыһы көрөр сэдэх!) үлтү хаайан, теннистиибин диэн быстыбыта. Өссө киһиҥ «сүүйсүүлээх: хас очукуо ыллах аайы, саатар, тылбытынан сыгынньахтаһыах» диэччи буолбута. Пахай, кыыһа уон очукуоҕа диэри «сухуой» ыыппыта. Эбиитин «көстөр таҥаскын барытын устубутум ыраатта, иһигэр туохтааххын билбэтим» диэн баран ыстана турбута. Улахан кыбыстыыга барыах киһи, Сиэҥкэ, хата, кэнсиэргэ саха үҥкүүтүгэр кыттыһан (ити чааһыгар баҕас уолуҥ оһуобай этэ) өрүттүбүтэ. Эркээйилэргэ биир да уол үҥкүү куруһуогар сылдьыбат үһү, барыта
– кыргыттар. Ол эрээри Сиэҥкэлээх үҥкүүлэрин таҥаһын бэйэлэрэ ким хайдах сатыырынан оҥостубут буолан, эриэн-быраан баҕайытык көстөллөрө. Онуоха холоотоххо, эркээйилэр киэннэрэ үчүгэйиэн! Оо, Күннэй таба буолан кылбаһыйан тахсыбыта кэрэтин! Буута кылбааран, хараҕа чох курдук чоҕулуччу көрөн! Доҕордоһуу биэчэригэр вальска үҥкүүлээбиттэрэ үчүгэй да этэ! Онтон ыла Күннэйи көрө илигэ. * * * Күннэй сонотуоруйга сэкирэтээр буолан, ыһыахха барыыга-кэлиигэ, уопсайынан, бары тэрээһиҥҥэ кинини анаабыттар. Уолаттар табыллыах быаларыгар, биир балаакка ордон тахсан, онно дьылыс гынан хаалбыттара. Били икки бытыылка кыһылларын кыыс көрбөтүгэр атастара кураанахтыы охсубуттара уонна үс уол үҥкүү былаһааккатын диэки түһүммүттэрэ. Сиэҥкэ кыыһа дьонун олохтуурун көрө-истэ аттыгар сылдьыбыта. Кэмниэ кэнэҕэс сонотуоруй дьоно оннуларын булбуттарын кэннэ кыыстаах уол балааккаҕа киирбиттэрэ. Күннэй күнүс тэлгэппит көбүөр суорҕаныгар тобуктарын иилии кууһан, иэдэһин онно ууран олорон Сиэҥкэни сылаас-сылааһынан көрбүтэ. Оттон уол хайыан да булбакка, умса туттан тарбахтарын мускунар аакка барбыта. Тугу да диэҕэй? Кыыһа икки сыл иһигэр өссө сиппит-хоппут, эт-этэ хайдах эрэ бүтүннүү мөлбөөрүйбүккэ дылы буолбут. Олорон эрэ хоппуруон чулку курдат тунаарыйан көстөр сототун имэринэр, эмиэ да тыылыы тэбэн сытан балаакка үрдүн одуулуур. Оччоҕуна, били, кылгас үрүҥ халаата өрө тахсан, ньилбэгэ бүтүннүү кылбайталаан ылар, онуоха симиттибит киэбинэн аа-дьуо нарын тарбахтарынан аллара диэки тардыалаан көннөрөр да, син биир көстөргө анаммыт күндү этэ толору арыллан кэлэр. – Кэл, Сеня, аттыбар олорон кэпсээ, эксээмэннэргин хайдах туттаран иһэргин, оскуолаҥ кэнниттэн ханна барар санаалааххын? «Кырдьык даҕаны» диэбиттии, Сиэҥкэ эрдийэн кыыска ыкса сыҕарыйбытыгар биирдэрэ иттэннэри сытан эрэ уол илиитин сып-сылаас ытыһынан бобута туппахтаабыта. Били, маҥнай эрдийбитэ ханна барбыта буолла – саҥараары гыммыта, күөмэйигэр туох эрэ бүөлүү түһэн хаалбыт курдуга, аны онтуттан босхолоноору, көхсүн этитэ сатаан муҥнаммыта. «Оо дьэ, киси бөҕөтөбүн» диэн, бэйэтиттэн кэлэйэн, тиритиэр диэри кэмсинэн-кэмиринэн барбыта. Бу олорон мааҕын атастара сыҥалыы сатаабыт портвейннарыттан, саатар, биирдэ-иккитэ омурдубатаҕыттан абаккара санаабыта. Испитэ буоллар, маннык ньимиликээн буолан бэрт, хорсунугар түһэн тугу эрэ булгуччу оҥороро хаалла. Ити курдук санааҕа-онооҕо хам баттатан олордоҕуна, кыыһа аны төбөтүн уол ньилбэгэр уурда уонна моонньуттан кууһан, эпсэри тардан ылла. Сиэнньэ кыыһы хам баттаамаары, тайанабын диэн оруобуна Күннэй чулкутун туттарбыт сирин үрдүнэн сыгынньах буутун таарыйбыта уонна онтуттан соһуйан, уйуттубакка бүк түһэн хаалбыта. Икки чабырҕайа кэйиэлээбитинэн барбыта, сүрэҕэ айаҕынан тахсаары хаайбыта, түлэй-балай барыы кытаанаҕа дьэ манна буолбута. Били, атастарыгар «кыыһы бастаан оннук гыныллар баҕайыта, онтон дьэ маннык» эҥин диэн, уопуттаах баҕайы эрийсиик курдук тыллаһар бэйэтэ даамын биэрэн, уустук балаһыанньаҕа киирбитэ. Ол гынан баран, эр киһи хаана син биир тардан, эбиитин кыыһа ыксаабыт куолаһынан «чэйиий, Сеня» диэн ааттаһар-көрдөһөр ыккардынан саҥарбытыттан Күннэйи бокуойа суох моонньуттан уу сахалыы сыллаан сыыбырҕатан барбыта. Тапталга сыһыаннаах туох баар сатыырын – моойтон
сыллааһыны – оҥоро сыттаҕына арай кыыс имигэс илиитэ аллараа диэки дьулуруйбута... Эмискэччи балаакка таһыгар атах тыаһа тибигирээбитэ, ону кытта Күннэй сибэккилии баайан «хатаабыт» быаларын быһыта тарпытынан атастара аҕылаһан киирбиттэрэ. Ыксаабыт омуннарыгар буолан, кыыс таҥаһын көннөрүнээт тура охсубутун, оттон Сиэҥкэ бүрүүкэтин тимэҕэ түөрэтэ төлөрүйэн олорорун болҕойботохторо. Кыргыттары кытта үҥкүүлүү сырыттахтарына олохтоох уолаттар түмсэ охсон кырбаары хаайбыттарыгар бу куотан кэлбиттэр эбит. Үһүөн үтүктүспүт курдук: – Чаас аҥаарынан массыына барар, чэ, Сиэҥкэ, ол-бу буолума, бардыбыт да сабаас! – диэн аҕыалайдаммыттара. Ити түрүлүөн быыһыгар Күннэй мэлис гынан хаалбытын Сиэҥкэ өйдөөн көрбөтөҕө. * * * Итинтэн ыла Күннэйи көрө илик. Санаатыгар, «хайаан да ыһыахха көрсүөм» диэн эрэнэр. Ол курдук. Кини эмиэ эрэҥкэдийэрдээх. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан