Кэпсээ
Войти Регистрация

Ыал буолуу туохтан саҕаланарый?

Главная / Кэпсээн арааһа / Ыал буолуу туохтан саҕаланарый?

K
06.04.2018 15:37
Дьон-сэргэ бур-бур буруо таһааран, олохторун холбуохтарын иннинэ, хайдах билсэн ыал буолбуттарын ыйыталастым. Ойуур маһа кылгастаах-уһуннаах диэбиккэ дылы, хас биирдии ыал холбоһуута, таптаһыыта араас да буолар эбит! Биир сурук - биэс дьылҕа Урут-уруккуттан суругунан билсэн ыал буолбут киһи элбэх буолуохтаах. Утары олорон, кыбыстан, кэмчиэрийэн сатаан санааларын эппэт дьон сурукка олус үчүгэйдик арыллан суруйааччылар. Мин устудьуоннуу сылдьан бааһынайдыы дьүһүннээх кыыһы сөбүлүү көрөн, сурук көмөтүнэн билсэн ыал буолбуппут. Оччолорго тыа уола хантан нууччалыы билиэм баарай “да”, “нет” диэн икки тылынан барытын быһаарсарым. Дьэ, оннук нууччалыы “билиилээх” киһийдээн “хайдах гынан ити кэрэ кыыһы кытта билсиэхпиний, эчи, хаарыаны!” диэн санаам батарбатаҕа. “Сурук суруйан бырдаҥалатыахха!” диэн санаа киирбитэ. Икки нэдиэлэни быһа сатаан суруйбаккабын, эрэй бөҕөнү көрбүттээхпин. Бастаан утаа торумун сахалыы бадьаалаан суруйбутум. Онтубун аны нууччалыы тылбаастаарыбын, нэдиэлэ курдук тыл була сатаан муҥнаммытым. Дьэ, “астына-дуоһуйа” суруксуттаан бүтэн баран, аны кыбыстан, чугас, эрэнэр доҕорбун көрдөһөн, кининэн бэрдэрбитим. Сарсыныгар хоруй били атаспынан төттөрү тирилээн кэлбитэ. Онно уу сахалыы суруллубут этэ. Мин атаһым дьээбэлэммит диэн, отой итэҕэйбэккэбин, хойукка диэри ол сурукка эппиэттээбэккэ “хоруй” күүтэ сылдьыбытым. Нэдиэлэттэн ордук сордоммутум. Түүн да сатаан утуйбат буолан хаалбытым. Испэр: “Ол сурукпун сөбүлээбэтэх буоллаҕа...” диэн хомойо саныы сылдьыбытым. Онтон арай биир бээтинсэ киэһэ бибилэтиэкэҕэ кэниспиэк оҥоро олордохпуна, сурук суруйбут кыыһым илэ бэйэтинэн аттыбар олорунан кэбиспитэ уонна уу сахалыы: “Тоҕо сурук суруйан саҕалаан баран эппиэттээбэккин?!”— диэн соһуппута. Мин кыбыстаммын, мух-мах барбыппын көрөн, мичик гыммыта билигин да өйбүттэн тахсыбат. Ол күнтэн саҕалаан билиҥҥэ диэри дьоллоохтук олоробут. Икки уол, биир кыыс оҕолоохпут. Били суруктарбытын кичэйэн уура сылдьабыт. Сылын аайы биһигини холбообут Сурук күнэ кэллэҕинэ, ханна эмэ баран сынньанан кэлэбит. Николай Иванов, Дьокуускай. Мэҥэ уот холбуубута Сахам сирэ, ахтыбыт санаабар, барыта уларыйан хаалбыт курдуга. Мин көтөр аал тыраабыттан түһээт, дойдум ыраас сөрүүн салгынын толору тыыммытым! Барыта тупсан хаалбыт курдуга. Хатыҥ сэбирдэҕэ собо тылын саҕа буолбут этэ. Ол күн эһэлэрбит эбэлэрбит ааттарын ааттатар, мэҥэ уокка тиийэн, сөһүргэстээн ону-маны санаан олордохпуна, кэннибэр оҕо саҥарбыта. Ойон туран көрбүтүм, сырдык сэбэрэлээх, түөһүн тылыгар диэри намылыччы тарааммыт хара баттахтаах эдэр ийэ оҕотун кытта дьаарбайа сылдьара... Биһиги онно тута билсэн барбатахпыт. Ол күнтэн сыл аҥаара курдук кэм ааспыта. Санаабыттан тоҕо эрэ ол оҕолоох кыыс тахсыбат этэ. Мэҥэ уот иннигэр туран, олох туһунан уруккуттан билэр киһим курдук, истиҥник кэпсэппиппит. Табаарыстарым аармыйаттан кэлбиппин “сууйан” өйө-төйө суох барбыттара. Ол олорон маннык “көрдөөх” олохтон букатыннаахтык тэйэн, ыал аҕата буолар туһунан кытаанахтык быһаарыммытым. Тэрилтэҕэ харабылынан киирэн, үлэлээн-хамнаан барбытым. Үлэлиир сирим улахан маҕаһыын буолан, дьон хара сарсыардаттан ыкса киэһэ сабыллыар диэри субуруһаллара. Биирдэ симиэнэбэр турдахпына, били эдэр ийэ оҕотун сиэппитинэн киирэн
кэлбитэ! Оо, мин онно үөрбүппүөн! Сүрэҕим айахпынан тахсыах айылаах күүскэ тэппитэ. Кини эмиэ мэҥэ уот иннигэр кэпсэппиппитин хас биирдии тылыгар тиийэ, өйдүү сылдьар эбит этэ! Ол күнтэн ыла биһиги сыыйа-баайа билсэн, устунан ыал буолбуппут. Билигин биһиги төрдүөбүт. Санаан көрдөххө, ол мэҥэ уот иннигэр, ол түгэҥҥэ кэпсэппэтэхпит буоллар, баҕар, билигин атастарым курдук аһыы утаҕы батыһа сылдьан ыймахтаан, ханна тиийэн умса түһүөм биллибэт этэ. Онон, эдэр ыччат, аһыы утахтан этириэс аккаастанан, дьиэ-уот тэринэн, бур-бур буруо таһааран дьоллоохтук олороргутугар баҕарабын. Баһылай, биэнсийэлээх. Дьокуускай. Балыыһаҕа түбэһэммин Мин массыына саахалыгар кэннинээҕи кириэһилэҕэ олорсо сылдьан илиибин, атахпын тоһута, төбөбүн хайа түһэммин, балыыһаҕа киирбитим. Сирэйбин улаханнык хайа түспүт буолан, төбөбүн барытын саба баайан кэбиспиттэрэ. Айахтаах муннубун эрэ хаалларбыттара. Онон аҕыйах кэм устата тугу да көрбөккө, аҥаардас тыл-өс буола, кэпсэтэ эрэ сыппытым. Сиэстэрэлэр кэлэн, хата, бэркэ көрөллөр-истэллэр быһыылааҕа. Ол сытан биир сиэстэрэ куолаһын олус сөбүлүү истэн, устунан билсээччи буолбутум. Наһаа нарын, синньигэс, бигээн эрэр курдук нарын куолаһын истэммин, «бу хаһан бэрэбээскэбин ылан абырыыллар?!» диэн, аны ол түгэни кэтэспитим! Баастарым арыый да тардыбыттарын кэннэ, бэрэбээскэбин ылбыт күннэригэр, мин курдук дьоллоох киһи, арааһа, аан дойдуга суоҕа буолуо дии саныыбын. Кыыспын илэ көрөн, өйбөр оҥорон көрбүт уобараспар наһаа да майгынныыр эбит дии санаабытым. «Хараҕынан таптаһыы» диэннэригэр мин «кулгааҕынан өссө ордук эбит» диибин. Сиэстэрэбин кытта холбоспуппут. Быйыл кыыспыт оскуолаҕа киирдэ. Куһаҕан эмиэ сорох ардыгар үчүгэйдээх диэбиккэ дылы. Балыыһаҕа да сытан киһи аналын булар эбит. Таксист уол. Спорт саалатыгар Мин кэргэммин кытта дэриэбинэ дэриэбинэни кытта волейболга күрэхтэһэр кэмигэр дьээбэ баҕайытык билсибиппит. Биирдэ атын сиртэн ыччаттар биһиэхэ кэлэн күрэхтэспиттэрэ. Биһиги, олохтоох кыргыттар хамаандалара, “суос биэрэн” бары бииргэ ойон тахсан кыырайан кэлбит мээчиги суптурута быһа-быһа эрчиллиигэ киэптии аҕай сылдьыбыппыт. Мээчиги ити курдук саайталаан саллырҕата сырыттахпытына, таһырдьаттан кэлии уолаттар киирэн эмиэ эрчиллибитинэн барбыттара. Арай ол курдук мээчиги хабар икки “таһаарар” икки буолан тэйиэккэлии сырыттахпына, доҕоор, хараҕым биирдэ сөлүүт уотун курдук сандаарыс гына түспүтэ! Сирэйбиттэн мээчик тэйээтин сонно тута сүүлэ иһэн хаалбыта, муннубуттан хаан сүүрбүтэ... Оо, онно саала иһэ ыҥырыа уйатын тоҕо тардан кэбиспит курдук буола түспүтэ. Уолаттар охсуспатахтара эрэ быһыылааҕа. Оттон били “буруйдаах” уол кэлэн, миигин түү мээчик курдук көтөҕөн ылан таҥнар хоско илпитэ. Ким эрэ таһырдьаттан хаар аҕала охсон, муннубар туппута. Мин ол “сынньана” сытан билиҥҥи эрбин кытта онно аан маҥнай айах атан кэпсэппитим. Бастаан утаа баһыттан атаҕар диэри мөҕөн-этэн, быһата “сылаас” тылынан көмпүтүм быһыылааҕа. Киһим ол да буоллар аттыбыттан арахпатаҕа. Киэһэ оонньуу кэнниттэн уоттаах-күөстээх дискэтиэкэ кэмигэр салгыы билсибиппит. Онон ол волейбол мээчигэр мин муҥура суох махтанабын! Табаарыстарбыт дөрүн-дөрүн көрүстэхтэринэ: “Оҕонньоруҥ дьиэҕэр мээчигинэн бырахпат ини”,
— диэн күлсэллэр. Суоппар кыыс. Оттуу сылдьан Урут биригээдэнэн оттууллар этэ. Биригээдэбит ыраах үрэх баһыгар баран оттуур буолбута. Дэриэбинэбитигэр ол дьыл устудьуоннар оттуу тахсыбыттара. Биһиги үһүө буолан ол устудьуон кыргыттары кытты “эрийсэн” билигин бары этэҥҥэ ыал буолан олоробут. Олохтоох ыччат биригээдэтэ уонна устудьуоннар биригээдэлэрэ бары бииргэ оттуур буолбуппут. Үс улахан балаакканан сыппыппыт. Дьэ, онно этэ, киһиргии-киһиргии оттооһун мааныта! Уолаттар кыргыттарга көстө сатаан, курданарбытыгар диэри сыгынньах хаалан баран, охсон күппээрдэрбит. Үлэҕэ сыстыгаспыт баһыйара эбитэ дуу, эбэтэр таптал кутаата күүскэ күөдьүйбүтүттэн эбитэ дуу, ол сайын от бөҕөнү оттообуппут. Сыыйа-баайа ол устудьуон кыргыттары кытта билсэн биир дьиэ кэргэн оҕолорун курдук буолбуппут. Билигин да уу тэстибэт доҕордуубут. Оннук тутуспутунан үһүө буоламмыт, ол дьыл кыргыттарбытын батыһан улуус киинигэр киирбиппит. Ким суоппардыыр, ким сыбаарсыкка үөрэнэр, ким учууталлыыр. Бары тутуспутунан сылдьан кыргыттар үөрэхтэрин бүтэрэллэрин саҕана утуу-субуу малааһыннаабыппыт. Билигин аны оҕолорбут табаарыстаһан, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэрин көрөн ис-испититтэн үөрэбит. Ол дьыл устудьуоннар биригээдэлэрэ биһиэхэ тахсыбатаҕа буоллар, биһиги үс ыал биир кэмҥэ холбоһуо суох этэ. Онон дьылҕа диэн баарын итэҕэйэр курдукпут. Ыал буоларыҥ кыраттан саҕаланар дии саныыбын. Өйдөһөн, өйөһөн, чугас доҕоттор бары бииргэ кыһалҕабытын үллэстэн олоробут. Ыал буолаары сылдьар эдэр дьоҥҥо, өрүү бэйэ-бэйэҕэ чугасаһан, үөрэ-көтө иннигит диэки эрэллээхтик үктэнэн сэгэйэн иһэргитигэр баҕарабын. Мария Алексеева, учуутал.
kyym.ru сайтан