Кэпсээ
Войти Регистрация

Үүммүт үйэ дьалхаана

Главная / Кэпсээн арааһа / Үүммүт үйэ дьалхаана

K
14.03.2024 17:48
(«Чуумпу Бүлүү: алмаас уонна харах уута» роман төрдүс олугуттан быһа тардыы)      Ыстапаан бастаан утаа, Бүөтүр Баабылап өлбүтүн истээт, улаханнык самнан санаата түспүтэ, онто, хата, кэнникинэн барыта этэҥҥэ быһаарыллан, Көстөкүүн көмөлөһүөх буолан тылын биэрэн уонна испит арыгыта төбөтүгэр тахсан буоллаҕа буолуо, санаата-оноото көнөн барда. Мэктиэтигэр, кэнникинэн ыллыах-туойуох да курдук буолуталаан ылла. Көстөкүүнүгэр улаханнык махтанарын биллэрэн, иһитигэр арыгыны толору, дьалкылдьыччы кута олордо. Букатын да муй-май буолара чугаһаабыт Көстөкүүн кутуллубуту барытын аҕыйахта мэҥилдьитэн иһэр. Ыстапаан бэйэтэ да лаппа чэпчии быһыытыйда.        Төһө кэм олорбуттара буолла – сыыгыныы-сыыгыныы охто сылдьар буолбут киһини саҥардыы хотонуттан киирбит ойоҕо сосуһан эрэрин өйдөөн көрөн, Ыстапаан Көстөкүүнү бүүрэ харбаан көтөҕөн ылан, оронугар илдьэн сытыаран биэрдэ. Дьахтар киппэ көрүҥнээх Ыстапааны махтана көрөн-истэн тырыбыныы хаалла.    Остуолга төннөн, Ыстапаан оҕонньорун суорҕанын көннөрөн түбүгүрэ сылдьар Настыыны уора-көстө көрө-билэ олордо. Дьикти имигэстик кылбаҥнаһар илиилэрин, ыҥыра-угуйа тэрэҥэлэһэн толору киэптээн, тиирэ тэбэ сылдьар эмиийдэрин, ласпаҕар самыытын, хойуу долгулдьуйар суһуоҕун – барытыын барытын – дьахтары бу орто дойдуга сабыыс-саҥа көрөрдүү умсугуйа одууласта уонна ымсыырбытын омунугар мэй-тэй да барыталаан ылаттаата.    Дьахтар, оҕонньорун бэрийэн бүтэн, бэттэх диэки кэлиитигэр:    – Настыы, кэлэн, миигин кытта кыратык чэйдэһэ түс! Хайдах эрэ соҕотоҕун аһыыр курас баҕайы, – Ыстапаан көрдөстө.    Дьахтар хаҥас диэки барыах курдук буолан иһэн, «аны, хоноһону да аһаппат куһаҕан кэмэлдьилээх диэхтэрэ...» диэтэҕэ буолуо, наскылдьыйан кэлэн, оҕонньоро олорбут олоппоһугар ыалдьытын утары олорунан кэбистэ уонна, иһиллибит чэй тобохторун бэрийэн баран, итии, үүттээх чэй кутуталаата.    Ыстапаан Настыыга иһит түгэҕэр арыгы кутан биэрдэ, итиэннэ охсуһуннараары чохообулун өрө көтөхтө. Дьахтар кутуллубут аһын диэки кынчайан да көрбөтө.    – Эс, мин маннык астары букатын айахпар да ылааччым суох, – диэтэ уонна сөбү­лээбэтэхтии иэдэс биэрдэ.    – Чэ, Настыы, кыратык, – Ыстапаан хайа кыалларынан сымнаҕастык саҥара сатаата.    – Иһээччим суох диэтим буолбаат! – Настыы кыйаханыах курдук саҥарда.    – Кыып-кыратык, доҕоор, отууй-отой кыратык, – эр киһи албыннаста, кэрэ куолар иннилэрин хайаан да ылан эрэ баран араҕар үгэстээх эр бэрдэ, маннык түгэҥҥэ мэлдьи буоларын курдук, тылын ууһун киллэрэн бэрт намыыннык, хомоҕойдук саҥаран барда. – Настыы! Мин ис сүрэхпиттэн этэбин. Эйигин наар сөбүлүү, таптыы көрөбүн да, тылым тахсан, ол туһунан илэ бэйэҕэр утары көрөн олорон этэн көрө иликпин уонна оннук түгэн да суоҕа. Эн кэрэ-нарын дьүһүнүҥ, уурбут-туппут курдук быһыыҥ-таһааҥ мин уйан сүрэхпин куруук долгутар, хамсатар. Чэ, чыычаах, бачча көрсүбүччэ – кыып-кыратык!.. – Ыстапаан дьахтары ис-иһиттэн ылларбыт, таптаабыт харахтарынан көрүтэлээтэ.    Онуоха эбии, остуолга турар чүмэчи уотугар сырдатан өйдөөн-дьүүллээн көрдөҕүнэ, Настыы сахалыы харыйа ытар­ҕаны намылыччы кэтэн кэбиспитэ, күлүмүрдүү эйэҥэлээн, сыыска-буорга сыстыбатах ыраас маҥан бэйэтин эбии туп­сарарга, киэргэтэргэ дылыта.    – Чэ, охсуһуннаран кэби­һиэх! – Ыстапаан чохообулун дьахтарга утары уунна.    Сааһыра барбыт котоку туоҕа кэлээхтиэй, өтөрүнэн истибэтэҕэ ырааппыт, дьахтар аймах кутун үүйэ-хаайа тутар аптаах таптал тылларын истэн манньыйа быһыытыйда, чохообулун көтөҕөн охсуһуннарбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла уонна, Ыстапаан күүппүт санаата таайан, кэмниэ кэнэҕэс, сирэйин мырдыччы тутта-тутта, кутуллубут арыгыны улахан эрэйинэн иһэн кэбистэ.    – Пыы! Аата, аһыытыан, куһаҕаныан! Хайдах маны бу эһиги, эр дьон, иһэҕитий! – диэмэхтээтэ.    – Дьэ, Настыы, ыалдьытыҥ тылын киэр анньыбат мааны хотун эбиккин! Ити, дьэ, үтүө быһыы! – Ыстапаан чахчы үөрэн хайҕаата. – Дьахтар эрэ барыта эн курдук буолбатах... – эр киһи элбэх-элбэҕи тохтоло суох сибигинэйэ былаан суккуйда, онтон кыра соҕустук эбии кутан биэрдэ. – Кураанах иһити охсуһуннарар сүрэ бэрт.    – Суох, суох, ити кэннэ испэппин, бэйэҥ ис!.. – дьахтар кыккыраччы киэр этиниэх курдук буолла.    – Эн дьолуҥ туһугар көтөҕөбүн, чыычаах, – Ыстапаан чохообулун күөрэччи көтөхтө. – Чэ, охсуһуннарыах!    Дьахтар чохообулун симиктик охсуһуннаран баран, төттөрү ууруон кэрэйдэ быһыылаах, эмиэ аһыырҕата-аһыырҕата иһэн кэбистэ.    Соторунан испит арыгыта иһин сылыттаҕа буолуо, хараҕа сырдаан күлүөх-үөрүөх курдук буолан барда. Эр бэрдэ ону өйдүү көрө охсон, эбии сыҥалаан, хаайан, тылыгар киллэрэн, өссө биирдэ кыратык кутан күндүлээтэ. Бу үлүгэрдээх аатырбыт-суолурбут Муос Ыстапаан илэ бэйэтинэн кэлэн, кинини кытта сэргэстэһэн олорон, киниэхэ анаан таптал уоттаах тылларын этэ олороруттан Настыы өйө-санаата эбии туймаарыйбыкка дылы буолан барда.    – Чыычаах, мин эн аттыгар олорорум дуу? – диэбитинэн Ыстапаан олоппоһун ылан сэргэстэһэ оҕуста уонна кэтит самыытыттан кууһан ылла.    – Эс, аһара тутан-хабан барбат буоллаҕыҥ... – дьахтар кыратык эрэ сыҕарыс гынна. – Аны Көстөкүүн көрүө, – Настыы Ыстапааҥҥа суоһарҕаммыта буолла.    – Көстөкүүн котоку хайдах да көрөр кыаҕа суох, уол оҕото тохсус түүлүн көрө сытар ини, – эр киһи дьахтарга кимэн киирэн истэ. – Чэ, эн биһикки тапталбыт туһугар, бүтэһигин! – диэн Ыстапаан эмиэ сыҥалаата уонна дьахтар иһитигэр кута түһэн биэрдэ.    – Суох, суох, мин испэппин, сөп буоллум, төбөм эргийэр!.. – дьахтар эмиэ буолуммат буола сатаата.    – Сүрэ бэрт, сэгээр. Таптал туһугар испэтэххинэ аньыыта да бэрт буолуо дии, – эр киһи ыган барда.    Настыы котоку көрдөҕүнэ били аатырбыт бандьыыт Муос Ыстапаан сирэйэ-хараҕа көрсүөтэ-сэмэйэ, тыла минньигэһэ, кини диэки чыпчылыйбакка да сымнаҕастык көрөрө кыайбыттара дуу, таптаһыах мэник санаата киирбитэ эбитэ дуу, иһиттээх арыгытын иһэн кэбистэ.    – Холуочутан баран хоон­ньоһуо, итирдэн баран имэрийиэ, ити аһынан испин иирдэн, таспын дьалкытан баран талбытынан тыыта оонньуо диэхтээтэҕиҥ дуу, далбарайыам! Мин оннук киһи буолбатахпын, – диэн Ыстапаан кэрэ бэйэлээх холуочуйуох курдук буолбутун көрөн, түгэх түһэн, тыл-өс быраҕан тыылла-хабылла олордо.    Онтон эмискэ, испитэ тө­бө­түгэр таҕыстаҕа буолуо, эр киһи киэнэ килбиэннээҕин тардар тымыра татакалатан барда, иэнин устун имэҥ дьалыҥа илэ чахчы дьиэһийэн киирэн ииригирэн истэ. Ити кэнниттэн, иһэ-таһа дьалкыллан, сүүлэ киирэн, икки чэчэгэйинэн көрөн, тымыр тымырдара тыгыалас хаанынан дырдырҕаччы туолан, күнү-ыйы күлүктүүр дада халҕан көхсүн устун үөһэ-аллара диэки тараанньыктана сүүрэкэлээн сүгүннээбэтигэр тиийдэ. Ыксаатаҕа буолан ыстанан турда, көҕүйдэҕэ аатыран, күлэ-күлэ, көмүс бэйэлээҕин күөйэ-хаайа көттө.    Дьахтар барахсан бастаан утаа, быртах быһыынан дьарыктаммыт буруйа-аньыыта букатын суоҕун туһунан тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, туора көтө сырытта. Ол эрээри, эр киһи обургу онон-манан даҕайталаан, таарыйталаан баардааҕын биллэртээн ылбытыгар, ол быыһыгар лаппа харбаан хабытайдаппытыгар, имэрийэн иһэн «алҕас» бобута туппутугар кынчарыйталаан ыллар даҕаны, устунан урут убураан, куду харбаан кууһа охсон, Ыстапааҥҥа бэлэмнээбит оронун диэки «куотааччы» буолла.    – Аны, Көстөкүүн уһуктаа­рай?.. – Настыы орону булан, «үлүгэрдээх үлэ» саҕаланан эрдэ­ҕинэ сэрэхэчийбитэ буолла.    – Көстөкүүн котоку эстэн сытар... Муннун тыаһа этиҥ этэрин курдук ньириһийтэлиирин истэр инигин?.. – Ыстапаан түһүөлүүрүн, ууруурун-сыллыырын быыһыгар саҥаран нэппэҥнии сытта.    Хас да ый устата тыаҕа сылдьан дьахтары суохтаабыт аҕай Ыстапаан кэрэ бэйэлээх Настыыны эргитэ сылдьан имэрийдэ-томоруйда, таралыта сытыаран талбытынан тутта-хапта, таптаата.    Түүн үөһэ лаппа ааһыыта Көстөкүүн оронун диэки туох эрэ тыаһаабытыгар дьахтар бэйэтин оронугар сылыпыс гынан хаалла.    Ыстапаан кыратык нухарыйан иһэн уһуктан көрө түспүтэ, Көстөкүүн, өҕүйэр бэрт буолан, нүксүччү түһэн аҕай олорор эбит.    Ыстапаан, саҥа уһуктубут киһилии туттан, сыҥааҕырдаабытынан, тыыл­лаҥ­наа­бытынан туран кэллэ.    – Көстөкүүн котоку, хайдаххыный? – киһититтэн ыйыппытынан аттыгар кэлэн олордо.    – Саллайарым ыаҕастаах уулуу дьалкыйар, аскыттан ордубута дуо? – Көстөкүүн суккуруур тыына эрэ ордон олорон кыыкыныыра иһилиннэ.    Өссө да өйүн-төйүн аанньа була илик Настыы далбааттаҥнаан туран, уотун оттор түбүгэр түстэ.    Итини барытын өйдөөн көрө охсубут Көстөкүүн:    – Хайаа! Бу сирэҕэс, ыт дьахтара отой итирик эбит дии!.. – диэн саҥа аллайан эрдэҕинэ хоноһото түргэн үлүгэрдик биир чохообул толору арыгыны кутан киһитигэр куду анньан биэрэ оҕуста.    Көстөкүүн, арыгыны биир тыынынан түһэрэн кэбиһээт, манна буолбут быһыыны-майгыны барытын өйдөөбүккэ дылы, Ыстапаан диэки өстүйбүт хараҕынан көрө-көрө, өссө тугу эрэ үөхсүөх, саҥарыах курдук буолан иһэн иккистээн сууллан муннун тыаһа байҕалга тиийбитинэн барда.    Ыстапаан быһыы-майгы саллайан тахсаары гыммытын өйдөөн, көҕүрэттэ таарыйа, таба­ларын аҕалтыы таҕыста. Кини дьолугар, табалара ырааппатахтар, суһал үлүгэрдик тутан аҕалтаан, түүннэри үүтээ­нигэр төннөрдүү, дьып-дьап бэлэмнээн баран, дьиэҕэ ааста.    Дьүһүнүн-бодотун тардына охсубут Настыы барахсан чэйин, аһын сылытан, остуолугар тардан уонна тапталлааҕар өйүө тэрийэ охсон олорор эбит.    Ыстапаан айан атын курдук кудулуччу аһаан кимириттэ-хамырытта, ол быыһыгар Көстөкүүн диэки кылап гынан көрөн ыла-ыла, көмүс бэйэлээҕин имэрийдэ-томоруйда, сыллаата-уураата...    Күүтүллүбэтэх көмүс көрсү­һүүлэрэ түмүктэнэр түгэнэ тиийэн кэллэ.    Ыстапаан тапталлааҕар Көстөкүүн тылын-өһүн билэ-көрө сылдьар курдук сорудахтаата уонна соторунан биллиэх буолан эрэннэрэн баран айаннаары табаларыгар таҕыста.    Настыы, хомунан-ньиминэн, тугу да билбэтэх-көрбөтөх курдук туттан оргууй аҕай долгуйан хотонугар киирдэ.    Улугурдар салгымтыалаах биир дээлэй олох отуора хамнаан кыратык халыйан иһэн, эмиэ урукку сүнньүн булан, туох да буолбатаҕыныы устубутунан барда.    Роман атыыга атырдьах ыйын бүтүүтүгэр тахсара күүтүллэр.     Бэлэмнээтэ А.ГУРИНОВ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан