Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьылҕаны талбаккын

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьылҕаны талбаккын

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
14.03.2024 17:44
   Соторутааҕыта Орто дойдуттан барбыт дьүөгэм дьылҕатын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кинини Мария диэҕиҥ. Баай-талым олох диэни билбэтэх, аһара улахаҥҥа тардыспатах, таласпатах саха сэмэй дьахтара олорбут олоҕор билбит дьоло – оҕолоро. Ол дьолун иһин кини балай да ыарахаттары көрсүбүтэ.      Мариялыын үрдүкү кылаастарга үөрэнэр кэммитигэр дьүөгэлэспиппит. Ити иннинэ мин ыаллыы олорбут, кэлбит-барбыт, сытыы-хотуу дьүөгэбин кытта эҥээрдэһэн кэлбит буоламмын, саҥата-иҥэтэ суох, чуумпу Маайыһы аахайбакка сылдьыбыт эбиппин. Кинилиин чугастык алтыһыахпыттан солуута суох буоларым тохтоон, оттомурбутум, чуумпурбутум. Маайыс элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтэ. Аҕата иһэрэ-аһыыра, содуомнуура. Оттон ийэтэ баара-суоҕа биллибэт дьахтар этэ. Үөрбүтүн, бэл, мичээрдээбитин даҕаны көрбөтөҕүм. Ити да буоллар, Суоппуйа куруук оҕолорун үөрэттэрэргэ дьулуһара. Онон Маайыс оскуола кэннэ орто үөрэххэ киирбитэ.    Мин университет устудьуона буолбутум. Онон Маайыспыныын өрөбүл аайы көрсөрбүт, куорат устун күүлэйдиирбит. Оччолорго суотабай төлөпүөн эҥин суох буоллаҕа. Сааһыары Маайыһым олорор уопсайыгар тиийдэҕим аайы кыыһым суох буолара. Илдьит хаалларан көрөбүн – биллибэт. Онтон сайын дойдубутугар көрсөн, омук уолун кытта билсэн, ыал буолуохтарын баҕаралларын эппитэ. Ити кэнниттэн кини олоҕо тиэрэ эргийбитэ. Маайыс аҕата күтүөттүү кэлбит турок уолун саҕатыттан ылан таһырдьа бырахпыта. Кыыһын үлтү кырбаан, Маайыс икки атаҕынан куоппута. Эдэрдэр куоракка киирэн, бииргэ олорон барбыттара, уолламмыттара. Элэккэй майгылаах, үтүө дьүһүннээх Осман кэргэнин, оҕотун олус таптыыра, кинилэр тустарыгар кыһаллара. Дойдутугар илдьээри сылдьан, куоракка саахалга түбэһэн өлбүтэ.    Маайыс кэргэнин олус аһыйбыта. Оҕотун иитэр туһуттан үөрэҕин быраҕан, быстах-остох үлэлэринэн сылдьыбыта. Уола түөрдүн туолуута биир киһилиин билсэн, холбоспуттара. Онон кэргэнин дойдутугар көспүттэрэ. Син бэркэ олоруох дьону кэргэнин ийэтэ эмээхсин омук оҕотуттан иҥнэн, сүгүннээбэтэх этэ. Муҥар, Маайыс чачархай баттахтаах кыыһы төрөтөн, айдаан өссө сытыырхайбыт. Дьиҥэр, Маайыс аҕатын өттүнэн сырдык, кыаһаан дьон элбэхтэр. Эмээхсин кийиитин араастаан саҥаран, ийэтин тылыттан тэбиэһирэн, кэргэнэ Маайыһы дэлбит кырбыыр буолбут этэ. Онон икки оҕотун туппутунан дьүөгэм барахсан эмиэ куораты булаахтаабыта. Ол кэннэ кэргэнэ ууга былдьаммыт этэ.   * * *    Маайыс ыраас, түргэн туттунуулааҕа. Суохтан баары, кыраттан элбэҕи оҥорор дьоҕурдааҕа. Хабыс-хараҥа, иҥнэл-таҥнал түспүт муосталаах көрүдүөр кэнниттэн кини куортамнаан олорор кыбартыыратыгар киирдэххэ, ончу атын буолара. Оронун, олоппосторун сабыыларын бэйэтэ тикпитэ, истиэнэтин боростуой матырыйааллартан бэйэтин оҥоһуктарынан киэргэппитэ кимнээҕэр маанытык, үчүгэйдик көстөрө. Бэлэмэ да суох олорон, түргэн үлүгэрдик, сэмэй эрээри, минньигэс астаах остуолун тардан кэбиһэрэ. Бэрт кыра да бурдуктан алаадьылаан кэбистэҕинэ үүттээх чэйи иһэ-иһэ түүнү быһа кэпсэтэрбит.    Уола алын кылааһы бүтэриитэ Маайыс эмиэ ыал буоларга холоммута. Кини чааһынай дьиэ туттан, хаһаайыстыбаланан, нус-хас олорор улахан баҕалааҕа. Сыаналыыр эр киһиэхэ түбэспитэ буоллар, хаһаайка киэнэ бастыҥа буолуохтааҕа. Холумтан диэн баара чахчы эбит. Ити киһитэ эмиэ оҕолортон иҥнэн турбута. Маайыс киниттэн үчүгэйкээн игирэ уолаттардаммытын үрдүнэн уоллаах кыыһын кырыы хараҕынан көрөн, дьүөгэм барахсан икки уот икки ардыгар сылдьан, эрэй бөҕөтүн көрөөхтөөбүтэ. Киһитэ сүгүннээбэккэ, туттубут дьиэтин, хаһаайыстыбатын хаалларан, оҕолорун талбыта. Онон эмиэ куоракка киирэн, түүннэри-күнүстэри үлэлээн, түөрт оҕотун үөрэттэрэн, ыал-дьон оҥортоон барда. Дьиктитэ диэн, ити кэргэнэ эмиэ уһаабакка, быстах дьылҕаламмыта. * * *    Төһө да ыарахан оҕо сааһы биллэллэр, оҕолор ийэлэрин өйдүү улааттылар. Киһи дьылҕатын талбат. Мин дьүөгэм содур майгытынан аатырбатаҕа, иһэн-аһаан барбатаҕа. Ханнык да кэмҥэ бастакы уолун аҕатын таптаабытын этэрэ. Өскөтүн бэйэтин аҕата күтүөтүн киһилии көрсүбүтэ буоллар, кимнээҕэр үчүгэй ыал буолуохтара эбитэ буолуо. Иккис да кэргэнигэр хотуна эмээхсин орооспотоҕо буоллар, ыал дьон буолуо этилэр. Оҕолор араас аҕалаахтарын, майгылаахтарын үрдүнэн барыларын биир ситимнээбит, биир үөскэ киллэрбит дьүөгэм барахсан бэрт кылгас кэмҥэ оҕо далбарыгар олорон бараахтаата. Улахан уола улаатан, Турцияттан аҕатын дьонун булбута. Атын да оҕолор аҕаларын дьонун кытта билсэллэригэр Маайыс бэйэтэ өй укпута, ханнык да кэмҥэ дьону бырастыы гынар наадатын тоһоҕолоон улаатыннарбыта.   * * *    Дьүөгэм Орто дойдуттан араҕаары сытан эппитин өйбөр сыымайдыыбын. Кини дьон омугунан хайдыспакка, улуустаспакка, аймаҕынан арахсыбакка биир буолуохтарын баҕарар. Оҕо диэн туохха да тэҥнэммэт күндү буоларын тоһоҕолуур, таптал диэн эйигиттэн ыйытыыта суох кэлэрин ыйар. «Ол дойдуга Осмаммыныын бииргэ буолуом дуо? Көрсүбүт киһии...» диэбитэ. «Улаханнык саҥарыма» диэн тылы өрүү туттара. Дьон дьону быһа-хото саҥарарын, сиилиирин-хоһулуурун аньыыргыыра. Чахчы, дьылҕаны талбаккын...   Ульяна ПОПОВА, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан