Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьыл Оҕуһун муоһа тулунна... үүннэ?!

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьыл Оҕуһун муоһа тулунна... үүннэ?!

K
30.03.2018 16:11
Тустан бүтүөххэ Саха итэҕэлинэн, олунньу 24 күнүгэр Дьыл Оҕуһун иккис муоһа туллар диэн. Ити кэмҥэ күн үс чаас кэриҥэ уһуур, сороҕор ылааҥытыйыах да курдук буолар. Ол аата – сандал саас барахсан салаллан эрэрин бэлиэтэ. Иэнэ сылыйдаҕына, туох барыта сэргэхсийэр, сырыыта үксүүр, сүрэх тэбэрэ түргэтиир, түөһүн иһэ минньигэс-минньигэстик ньүөлүйбэхтиир. Кырдьык даҕаны, кэрэ кэм кэлэрэ төһөлөөх үөрүүнү, долгуйууну аҕалара буолуой?! Баһылай Докооһоп – уруккута Бочуок – бу кэми эмиэ олус бэркэ саныыр. Эдэригэр эристииниҥ эрийсиик бэрдэ этэ эбээт! Дьэ, кини диэтэх киһи тылга-өскө тииспитэ, онтон сылтаан сымарыттыбыт сутуруктаах ыччаттартан сынньылла сыһара да элбэх буолара. Тохсус кылааска атын оскуолаттан кэлэн үөрэммитэ. Үөрэҕэр дьоҕурдаах, ону таһынан спорка, чуолаан тустууга уонна саахымакка, балачча ситиһиилээх этэ. Ол эрээри быһа түһэн эттэххэ, тустар дьарыгын сааһыары – оруобуна Дьыл Оҕуһун иккис муоһа туллубутун кэннэ – букатыннаахтык тохтоппута. Мылыччы! Көр, киһи барахсаҥҥа кыра да сылтах наада быһыылаах – сөбүлүүр идэтин быраҕарыгар. Дьахтар күнүн иннинэ, улахан бырааһынньык диэтэхтэрэ буолуо, көҥүл тустууга оскуола аһаҕас чөмпүйэнээтин тэрийбиттэрэ. Дьэ, тиргиллии бөҕөтө буолбута. Бочуок, 60 киилэлээх бөҕөс, ыйааһыныгар улаханнык тириппэккэ бастыыр кыахтааҕа: оройуоҥҥа кини саҕа миэстэлэспит киһи диэн суоҕа, эбиитин утарылаһааччылара алын кылаас уолаттара этилэр. Онон уолбут интэринээт кыргыттарын «хайдах курдук тустан кылбаҥнатарбын көрө кэлээриҥ, чөмпүйүөн лиэнтэтин кэтэн туран эһигинниин хаартыскаҕа түһүөм уонна ону хайаан да бэчээттэтэн барыгытыгар бэлэхтиэҕим» диэн, дэлби аҕытаассыйалаабыта. Кыргыттар оччону истэн баран, эгэ эрэ, күрэхтэһии саҕаланыан быдан иннинэ кэлэн, адьас көбүөр кытыытыгар олохторун булуммуттар. Бастаан кыра ыйааһыҥҥа алын кылаас оҕолоро тустан токуҥнаспыттара туохтара кэлээхтиэй – ып-ырыганнар. Кэмниэ кэнэҕэс Бочуоктара тахсыбыта. Быһыы-таһаа баҕас мааны барахсана! Хас эмэ интэринээти кэрийбит киһи диэтэххэ, кылбайан түһэн этиргэнэ сүрдээх. Кыргыттар ордук түрүкүөтүн аллараа өттүгэр харахтара хатаммыта чахчы (дьэ, били-билитэ чараас таҥас курдары бөлтөйүү да бөлтөйүү, хаарыаны, харбаан ылбыт киһи диэх курдук). Бочуок бачча элбэх кыыс инники эрээккэ, буолаары буолан, маат кытыытыгар, олорорун көрөн дьик гыммыта. «Син биир бастыыбын» диэн, соччо оҥостубатаҕа: интэринээт таһыгар олорор Мотуруонаҕа тиктэрбит плавкитын быатын холку гыммыта хайдах эрэ табыгаһа суох буолсу. Итини барытын кыл түгэнэ санаан аһарбыта. Кини курдук эмиэ атын нэһилиэктэртэн кэлбит 9-10 кылаас кыргыттара көрүүлэрэ-истиилэрэ сүрдээх этэ: биир кэм сибигинэһии-хобугунаһыы, туох эрэ тэбэнэттээхтэн күлсэн ыгыстыы. Утарылаһааччыта Лүөҥкэ «чэ, син биир хотторор аата, саатар, албас оҥоро сатаан кыайтарыахха» диэтэҕэ буолуо – нымса баҕайытык атахха киирэн тиэрэ таһылыннара түһэрбэт дуо?! Уол сонно тута Бочуогу саннын хаптаҕайынан хам баттаары күн хаан кыараҕаһа, дьэ, манна буолбута! Хаһыы-ыһыы, иһиирии, муостаны лиһигирэтии сүрдэммитэ. Ити үлүгэрдээх ыксалга Бочуок «ыраастык» барымаары, мостиктаан кэдэриҥнээбитигэр маҥнай утаа саала иһэ ылы-чып буолбута, онтон кыргыттар дьикти баҕайытык тыбыырса түһээт, айахтарын хам
тутта-тутта күлсүү бөҕөнү түһэрбиттэрэ. Ахсыс кылаас үөрэнээччитэ Лүөҥкэ ыраастык кыайбыта. Бочуок кэри-куру туттан тахсан истэҕинэ, бэйэтэ өрүү хаадьылаан сордуур кыра кылаас уолаттара: «Бээх! Бочуок сордоох хоттордоо! Сээкэйэ бары көһүннээ!» – диэн, сөмүйэлэринэн ыйа-ыйа суустаан биэрбиттэрэ. Ол киэһэ бөһүөлэккэ ити «сээкэй көстүбүт» кэпсээнэ сиэллэнэн-кутуруктанан өссө ырааппыта. Тустууну көрбүттүүн-көрбөтөхтүүн бары даҕаны (ордук кыыс аймах өттө) ол «сээкэйи» илэ көрбүт курдук санаммыттара. Бочуок тустара итинэн бүппүтэ. Ол эрээри үрдүкү кылаас кыргыттара киниэхэ сыһыаннара биллэ уларыйбыта: таайтарыылаах баҕайытык көрөллөрө элбээбитэ. Түүҥҥү түрүлүөн Бу түбэлтэ эмиэ сааһыары буолбута. Бочуок, сүүрбэтин эрэ ааспыт элик бэрдэ, саахымакка бастакы эрэсэрээттэммиччэ, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр киирсэ чугастааҕы оройуоҥҥа айаннаабыта. Турнир саҕаланыытыгар хас да маастарга хандьыдааты кыайан, хандьыдаат буоларга бастакы баалы ылар кыахтанан үөрүүтэ-көтүүтэ муҥура суоҕа. Оччолорго билиҥҥи курдук буолбатах: улахан күрэхтэһии икки нэдиэлэттэн итэҕэһэ суох ыытыллара. Сорох-сорох (ордук мөлтөхтүк оонньуур өттө) маннык уһун чөмпүйэнээттэн чуҥкуйан, киэһэлик РДК (районный дом культуры) диэки киинэ көрө, оттон субуотаҕа үҥкүүлүү барара. Оттон «миэстэлэһиэм, эрэсэрээппин үрдэтиэм» диир өттө көстүүнэйгэ сытан сарсыҥҥы оонньуутугар бэлэмнэнэр түбүгэр түһэрэ. Оройуон киинигэр олорор соҕотохсуйбут кыргыттар туох эмэ сылтахтанан, манна охсуллан ааһаллара уонна хайаан да солун киһини кытта чугасаһан, сибээс олохтоон тэйэллэрэ. Барахсаттарыҥ үлэлэриттэн быыс булан, күрэхтэһии ыытыллар сиригэр кэлэн ыалдьааччы буолаллара. Саахымат курдук чуҥкук оонньууну төһө өйдүүллэрэ эбитэ буолла, саахыматчыттар бүтэллэрин хас эмэ чааһы быһа кэтэһэллэрэ. Бочуок оонньуур остуолун аттыттан кыыс диэҕи эмиэ да саастаах курдук, дьахтар диэҕи эмиэ да эдэр курдук биир кырасаабысса арахпат буолбута. Биһиги киһибит маҥнай утаа кыһаллыбатаҕа: олохтоох араадьыйанан күрэхтэһии туһунан киэһэ аайы иһитиннэрэ тураллара, кинини – лиидэрдээн иһэр талааннаах саахыматчыты – сэргээминэлэр дии саныыра. Онтон бу кырасаабысса аттыгар турара толкуйдуурун улам мэһэйдиир курдук буолан барбыта. Соннук мух-мах оонньуу олорон, биир киһиэхэ толоос алҕаһы оҥорон, кыайтаран кэбиспитэ. Күүстээх оонньооччуга кыайтарбыта буоллар, син да этэ, онто баара, турнир табылыыссатыгар бүтэһик иһэр этэ эбээт! Бочуок буруйу барытын били кырасаабыссаҕа түһэрбитэ уонна остуолтан туран: – Ити барыта эн кэлэҥҥин кыайтардым дии, – диэн тылбай-өспөй буолбута, мичээрдээбит киэбинэн ымах гыммыта. – Тыый, оттон мин эрэйдээх эйигин кыайара буоллар диэн, санаабын барытын ууран ыалдьарбын хайдах көрбөт бэйэккэҕиний. Араадьыйанан киэһэ аайы «талааннаах саахыматчыт Василий Докосов лиидэрдээн иһэр» диэн кэпсииллэр аҕай. «Дьэ, хайдах киһини кэпсииллэр эбитий?» диэн, быыс эрэ булларбын кэлэбин ээ. Билсибиттэрэ. Өссө РДК-ҕа «Народный роман» диэн, оччолорго аатырбыт киинэҕэ сылдьыбыттара. Кэргэннээх, оҕолоох эбит. Эрэ буолуохсут кэлиҥҥинэн арыгылаатаҕын аайы сынньаары хаайан куоттартыыр буолбут. Тоҕо эбитэ буолла, Бочуок саҥа билсибит Биэрэтигэр олус ылларбыта. Бэл, сарсыҥҥы баартыйатыгар соччо-бачча бэлэмнэммэт буолбута. Онто тута биллибитэ: кыайтартаан барбыта. Биир киэһэ Биэрэтэ кинини биир сиргэ илпитэ. Ол – өҥөнү
оҥорор кэмбинээт дьиэтэ этэ. Хата, ыкса киэһэ буолан, үөл-дьүөлгэ ким да киһини арааран көрөр кыаҕа суоҕа. Биэрэ тирии бүрүөһүннээх ааны үстэ «топ-топ» тоҥсуйбутугар киниттэн эрэ арыый өндөс, хара бараан сирэйдээх кыыс аспыта. «Эрдэттэн кэпсэтиилээх эбиттэр» диэн, Бочуок бүтэйдии сэрэйбитэ. Биэрэтин кытта таҥас сабыылаах биир хараҥа хоско киирэн, ыга куустуһан туран уураспытынан барбыттара. Улам имэҥирэн, өрүтэ тыыналлара күүһүрэн эрдэҕинэ, ааны лүҥсүйэр тыас иһиллибитэ. Харабынай ааҥҥа тиийэн: «Ким кэллэ, туох нааданый?» – диэн ыйыппытыгар таһырдьа туох эрэ диэтилэр быһыылаах: сонно ааны аспыта. – Дьэ, Сибиэтэ, эмиэ сатамматыбыт. Киһибит «Дьыл Оҕуһун муоһа тоһунна, саас кэллэ» диэн сылтаҕыран, арыгылаан быһа сытыйан, үүртэлээн таһаарда, саатар, били, Биэрэтэ хайа үөдэҥҥэ дьөлө түспүтэ буолла, уолбар «муос үүннэрэ» сылдьар хотууска дуу?! – диэн, эмээхсин муҥатыйар саҥата иһилиннэ. – Хайаа, бу куоскаҕыт оҕотун баҕас хаалларыаххытын. Өлүөскэ, ити устуулга тахсан олор, ыраатыма. – Мууркам ханна эрэ ыстанна дии. «Кыс-кыс-кыс», – диэн, уолчаан аны куоскатын ыҥыран киирэн барда. Бочуоктаах онто да суох күн хаан кыараҕаһа буолан турдахтарына, куоска оҕото иччитин биллэҕэ буолуо, Биэрэ атаҕар кэлэн ньааҕыныы-ньааҕыныы аалыҥнаата. – Эбээ, Муурка ити хоско саҥарар, киирэн ылыахха. Бочуок куосканы үүрэбин диэн тутаары гыммытыгар биирдэрэ сирэйин хайа тардан, хата, хаһыытата сыста. – Муурканы бэйэм аҕалыам, Өлүөскэ, – диэн баран, харабынай Сибиэтэ хоско элэстэнэн кэлэн, куоска оҕотун түүрэ харбаан ылла уонна Биэрэҕэ сөмүйэтин уоһугар даҕайан сэрэттэ. Бу туран Бочуок аны сөтөллөөрү ыксаата. Хата, ону Биэрэ сылаас күөгэҥнэс түөһүгэр эпсэри тардан, иһиллибэтин диэн, сонунан бүрүйэн абыраата. Ол да буоллар сэргэх эмээхсин иһиттэ быһыылаах «ити хоско туох эрэ баар дуу?» диэн эҥээрийдэ. Онтон төлөпүөннүүр саҥата иһилиннэ: – Алуо! Бу милииссийэ дуо? Кэрэмээһэбэ Кылаанньа эмээхсин саҥарабын. Уолум Кэрэмээһэп Бүөтүр сүгүлээннээн, бу кэмбинээт дьиэтигэр куотан кэлэн олоробут. Туох эрэ дьаһалла ылыҥ. Туох даа, кэмбинээккэ кэлиэхпит диигин дуу? Сөп. Аҕыйах мүнүүтэ буолаат, милииссийэлэр кэллилэр. Саппыкы тыаһа хос таһыгар бачырҕаан кэлбитигэр Биэрэ өйүн сүтэрэ сыста: аны Бочуок ыга кууһааччы буолан уоскутта. Хата, милииссийэ тыынара субу кэлэн баран, атаҕын тыаһа аан диэки тэйдэ. Түргэнник хомуннулар быһыылаах: бары милииссийэ массыынатыгар күккүрэһэн тахсан абыраатылар. Чочумча буолаат, Сибиэтэ таһырдьаттан киирбитэ уонна ааны халыр гына олуйан кэбиспитэ. * * * ...Дьыбаан, төһө да дьоҕуһаатар, таптаһарга олус табыгастаах буолан биэрбитэ. Биэрэ ытамньыйарын быыһыгар тугу барытын умнан, омуннаахтык өрүтэ биэртэлээн ылара, онтон эмиэ санна дьигиҥнээн, Бочуокка сыстыаҕынан-сыстан ытаабытынан барара. Ол эрээри, эригэр өһүрбүтэ оччо эбитэ дуу, өрүскэлэспит курдук тугу да тумуннарбакка сыллаан-уураан, ис-иһиттэн күөдьүйэн, туох да бэйэлээх кыайан тохтоппот киһитэ буолан хаалара. Сол курдук уоҕа харыар диэри таптаан-таптаан баран, ким эрэ тэһэ аспытын курдук, эмискэччи олоро биэрээт: –
Сүрбүн ньии, тугу-тугу дьаабылана сылдьабыный?! Оҕом эрэйдээҕии, – диэбитэ уонна сып-сап таҥнаат, Бочуогу кытта быраһаайдаспакка да таһырдьаны былдьаспыта. Таһырдьа халлаан өссө ордук ыаһырбыт этэ. Арай сулустар тугу эрэ имнэнэн чыпчыҥнаһаллара. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан