Кэпсээ
Войти Регистрация

Таптал уота сөҕүрүйбэт

Главная / Кэпсээн арааһа / Таптал уота сөҕүрүйбэт

K
29.03.2018 15:06
Сааһыары «Гертруда Германовна биир хостоох кыбартыыра ылан эрэр үһү» диэн сурах тарҕаммыта. Тэрилтэ үлэһиттэрэ бары даҕаны күө-дьаа буолбуттара: хотуммут биэнсийэҕэ тахсар сааһыгар кэмниэ кэнэҕэс дьэ дьиэлэннэҕэ. Саҥа дьиэ хотуна Сааһыары «Гертруда Германовна биир хостоох кыбартыыра ылан эрэр үһү» диэн сурах тарҕаммыта. Тэрилтэ үлэһиттэрэ бары даҕаны күө-дьаа буолбуттара: хотуммут биэнсийэҕэ тахсар сааһыгар кэмниэ кэнэҕэс дьэ дьиэлэннэҕэ. Улахан дуоһунастаах хотун хаан да буолбатар, үрдүкү категориялаах испэсэлиис быһыытынан Сиидэр Сэмэнэбискэ – чахчы, уҥа илии. Ити хаһан да бүппэт түбүктээх үлэтигэр үөһээттэн айдарыллан кэлбит курдук, тугу барытын умнан туран сургулдьуйар. Сарсыарда кини саҕа эрдэһит, киэһэ киниэхэ тэҥнэһэн тардыллар, ончу хойутаан барар киһи суох. Аны туран, өйүгэр тутарын оҕоккото – тэрилтэ хас эмэ сыллааҕы отчуотуттан эҥин араас иирбэ-таарба сыыппараны сонно өйдүү охсон тойонугар көрүөх бэтэрээ өттүгэр баар гынар. Үлэҕэ көһүүн соҕус өттө «эрэ да, оҕото да суох аҥаардас дьахтар буолумуна, аралдьыйара диэн – итинтэ эрэ ини» диэн хайыҥ охсунар. Тэрилтэҕэ киниттэн толлубат киһи суох да быһыылаах: тойонун таһыгар сабыс-саҥа эргичиҥниир кириэһилэҕэ олорон, хара кылдьыылаах ачыкытын үрдүнэн быһыччы көрүтэлээн кэбистэҕинэ, сөптөрүн ылбыт курдук, тиэтэйэ-саарайа тахсар аакка бараллар. Сиидэр Сэмэнэбис маннык испэсэлиистээҕиттэн астынар. Астынымына! Гертруда Германовна дьаһала диэн сүрдээх, хата, кини да баар буолан тэрилтэ бигэ туруктаах быһыылаах. Бэл, сороҕор тойон бэйэтэ даҕаны дьик гынан ылардаах: тугу этээри гыммытын киһитэ сонно таайа охсон хайыы-үйэ хамсатыылаах дьаһалы ылбытынан барар. Чэ, буоллун даҕаны, ол гынан баран үйэ тухары наар үлэ иннигэр, тэрилтэ туһугар диэн сылдьар туох аатай?! Манна диэн эттэххэ, бу Орто дойдуга итинтэн ордук кэрэхсэбиллээх туох да суоҕар дылы. Кыбартыыратын малааһыныгар аймах-билэ дьонун эрэ ыҥырбыта быһыылааҕа: тэрилтэҕэ оннук сүпсүлгэн суох этэ. Сиидэр Сэмэнэбис боропсойууһун кытары сүбэлэһэн тэрилтэ аатыттан тугу эмэ бэлэхтиэхтээхтэрэ эбитэ буолуо эрээри, хайдах эрэ ити барыта тыаһа-ууһа суох ааһан хаалбыта. Онтон, ыйтан ордук кэм ааспытын кэннэ, Гертруда Германовна, дьэ, «сарсын субуотаҕа саҥа дьиэм малааһыныгар кэлээр» диэн, кэбиниэтиттэн тахсаары туран сүбүгүн эттэ. Аккырыыкка той суох. Сиидэр Сэмэнэбис «ол аата, атын кими да ыҥырбатах бэйэккэтэ дуу?» диэн санаталаан ылла. Устунан арааһы бары эргитэ толкуйдаата. Уонтан тахса сыл биир кэбиниэккэ үлэлээтэллэр да, истиҥник иэйэн-куойан кэпсэппиттэрэ диэн суох. Барыта кэриэтэ – «дьуһуурунай» тыллар: «туох сонуннааххын?», «халлааммыт бүгүн тымныыта сүрдэммит (итиитэ олустаабыт)». Арай хас эрэ сыллааҕыта тэрилтэнэн Дьахтар күнүн бэлиэтээбиттэригэр, кыратык арыгы испиччэ, кэбиниэккэ киирэн иэдэһиттэн убураан ылбытыгар Гертрудата иһийэн, нук курдук буолан хаалбытын билбитэ. Салгыы уоһуттан убураан, кууһан ылбыта буоллар, хайыа эбитэ буолла? Баҕар, хардарсан барыа этэ. Дьэ, ити баар ээ, иэйии кыыма үөскээбитин күөдьүппэккэ, аараан-тохтоон хаалар диэн куһаҕана. Кини да инчэҕэй эттээх, тэбэр сүрэхтээх ини! Бачча сааска тиийиэххэ диэри
эр киһи имэҥнээх тапталын билбэккэ сылдьар диэн туох аатай?! Дьэ, сөп, малааһыҥҥа соҕотохтуу миигин эрэ ыҥырбыт буоллаҕына, барыллыа, онно тиийэн хайдах сыһыаннааҕын билиллиэ. Дьикти баҕайы. Кэргэнэ Марыына сороҕор иһитин-хомуоһун тыастаахтык сууйан, түтүө-татаа буола туран «күнү-күннүктээн Гертруда хотуускаҕын кытта сэлэһээн-сэлэһэн баран, манна кэлэн, балык айах буолан ньимийэн олороҕун, киһини кытта сүгүн кэпсэппэккин» диэн сордооччу. Ойоҕун тылын тамаҕыттан сыаналаатахха, кэбиниэккэ дьылыйан сытан көссүүлэспиттэрэ быданнаабыт дьон бадахтаахтар. Итинник хара балыырга түбэспит абаккатыгар Сиидэр «кырдьык даҕаны, баччалаах уһун кэм устатыгар көссүүлэспэт, эбиитин ол туһунан санаан да ылбат туох ааттаах быһа ыстаабыт киһитэбиний?!» диэн кыйыттар. Ол эрээри кыл түгэнэ да Гертруда Германовнаны кытта таптаһар санааны өйүгэр батаран киллэрбэт этэ. Хата, ол оннугар ити Агнесса Альбертовна курдук тургутардыы көрбүт, сырдык баттахтаах, көҕөрүмтүйэ оонньоон ылар имэҥнээх харахтаах, киһи лабыччы кууһан баран хаһан да ыһыктыа суох курдук эттээх-сииннээх кырасаабыссалар түүлүгэр хаста эмэ киирэн манньытааччылар. Гертруда Германовна оннук буолбатах. Кылгас хап-хара баттахтаах, хатыҥыр эрээри ис-иһиттэн эниэргийэлээх иҥиир-ситии дьахтар. Тугунан эрэ японкаҕа олус маарыннаан ылар. Кырдьык, оннук эбит. * * * Сиидэр быдан өрдөөҕүтэ Иркутскайга милииссийэ оскуолатыгар кэтэхтэн үөрэнэ сылдьыбыттааҕа. Онно «Сибирь» диэн көстүүнэй үһүс этээһигэр ыйы быһа олорбута. Арай биирдэ көрүдүөргэ дьүһүнэ саха курдук эрээри омук буолара ончу биллэ сылдьар кыыһы (аны санаатаҕына, үүт-үкчү Гертруда Германовна!) көрсө түспүтэ. Кэпсэппиттэрэ. Кыыһа эмиэ бэйэтин курдук нууччалыы соччо үчүгэйдик саҥарбат этэ. Японияттан кэлэ сылдьар эбит. Аата Касуми (сахалыы өйдөбүлэ – туман). Син уопсай тыл булан, бэркэ бодоруһан сылдьыбыттара. Өссө биир субуотаҕа пааркаҕа үҥкүүгэ тиийэн бүрээт уолаттарыттан кырбана сыспыттара: буруйдара диэн, Сиидэрдээх «бүрээт эрээри, төрөөбүт тылларын умнан наар нууччалыы саҥараллара» үһү. Ол түүн Сиидэр Касумины хоһугар ыҥыран киллэрбитэ. Убураһыытын баҕас дуоһуйуохтарыгар диэри убураспыттара эрээри чугаһаспатахтара. Сытарын сыппыттара, куустуһуу, имэриһии-томоруһуу да сүрдээх этэ. Онтон Сиидэр элэ-была тылын этэн, таҥастарын сыыһын ньылбырыттан, тэһии эттэринэн даҕайсан, дьигиҥнэһэн ылаллара. Түүҥҥү уот мөлтөх сырдыгар кыыс аллараа өттүнээҕи «үүнээйитэ» оруобуна баттаҕын курдук хоп-хойуу хараҥа-будьурхай эбитин өйдөөн көрбүтэ. Туох да саҥа-иҥэ суох дьоно кытааппыт эттэрин иминэн кэпсэтэр курдуктара. Кэмниэ кэнэҕэс, түүн ортото ааспытын кэннэ, Касуми хараҕын уута ыгыллан тахсан түөһүгэр биллибитигэр Сиидэр сэрэнэн кыыс үрдүгэр сыппыта уонна «ыллык омооно» ханан баарын көрдүү сатаабыта да кыаллыбатаҕа. Уулааҕынан-хаардааҕынан хачылыйан эрэйи көрбүт «барахсана» туох эрэ чиҥ дьилэйгэ кэлэн иҥнэн чинэкэлиирэ, оччоҕо кыыһа ыҥыранар икки ынчыктыыр икки ардынан саҥа таһаарара, дьигиҥниирэ; муҥур уһугар тиийэн, били, кытаатыаҕынан кытаатан, тыҥаан аҕай турбут «табаарыһын» сып-сылаас илиитинэн хойуу «үүнээйитин силэйэн», сииктээх «ыллыкка сиэтэн» адьас бу аҕалбытыгар тулуйбатаҕа – омуннаах баҕайытык тыгыаламмытынан барбыта... Итинтэн кыбыстан, Сиидэр өссө буорайбыта, сиргэ тимириэн сир кытаанаҕа, халлааннаан көтүөн халлаана ырааҕа. Уостубута, имэҥ-дьалыҥ симэлийбитэ...
Киһи атылыыта аан дойду хайа баҕарар муннугар баар эбит. Быдан өрдөөҕүтэ Сиидэри кытта быстах кэмҥэ билсэн ааспыт японка Касуми үүт-маас Гертруда Германовна буолан, дьүһүн кубулуйан илэ бэйэтинэн кэллэҕэ. * * * Ойоҕо Марыына мааҕыҥҥыттан бэлэмнээн сордоммут киэһээҥҥи аһылыгын эрэ киһи үлэтиттэн кэлэн баран аанньа ахсарбатаҕыттан абаран, үгэһинэн, тилир-талыр туттубутунан барбыта. Куукунаҕа тугу эрэ мөҕүттэрин Сиидэр Сэмэнэбис кулгааҕын таһынан истэн аһарбыта. Оо дьэ, муҥ-таҥ саҕаланнаҕа эбээт! Итинник – күн аайы кэриэтэ. Хата, үлэтигэр баран аралдьыйар, ойоҕо сыппах быһаҕынан сулуйарыттан онооҥҥо-манааҥҥа диэри быыһанар. Ити гынан баран уһуннук олордулар, оҕолоро дьиэ-уот тэринэн ырааппыттара, сиэннэр да бааллар. Ол үрдүнэн баччааҥҥа диэри Марыыната күнүүлээн бүппэт. Тэлэбиисэргэ «Время» биэриини хайаан да көрөн тэйэр бэйэтэ бүгүн эрдэлээтэ: хоско киирэн утуйардыы оҥоһунна. Марыыната хаһан кэлэн сытара буолла? Чэ, ол бэйэтин дьыалата. Урукку курдук имэҥнээхтик таптаспаттар – ыйга биирдэ эмэ. Солуобатыгар. Дьиҥэр, Сиидэр ымсыырара-баҕарара ханна барыай, эр киһиэхэ имэҥ-дьалыҥ өтөрүнэн уостубат. Эрдэттэн бэлэмнэнэн, ох курдук оҥостон түүн Марыынатын кууһаары гыннаҕына «туох хара сорой, киһини сүгүн утут!» эбэтэр сонно киэҥ хыбы туруусугун киэр хаһыйаат, «оннук аһара баҕарбыт буоллаххына, чэ, түргэнник туохтуу оҕус!» диэн силбиэтэнэрэ. ...Сиидэр киэҥ дьыбааҥҥа сытан сарсын Гертруда Германовнаҕа барыахтааҕын санаабыта. Дьэ, үчүгэй, саатар, онно тиийэн сэргэхсийиэ. Бу сытан, устунан талбаарыйан киирэн барбыта... Гертруда Германовна японнуу дьэрэкээн кимонолаах, баттаҕын хороччу өрүнэн таһааран баран, муос биилкэнэн иҥиннэрэн кэбиспит, мичээрэ диэн сүрдээх. Тыый, олус да иэйиилээхтик мичээрдиир эбит ээ, баччааҥҥа диэри онтун тоҕо кистии сылдьыбыт бэйэккэтэй?! Сиидэр иннигэр кэлэн тоҥхос гынна уонна сиэтэн илдьэн, ас арааһа тардыллыбыт муостатыгар аҕалан олорто. Сып-сымнаҕас эбит. Хайдах-хайдаҕый? Туох да мал-сал суох эбит дуу, олоччу японнуу тэриммит баҕайыта дуу?! Курустаал ыстакааҥҥа «сакэ» диэн дьэҥкир арыгыны аҕалбытыгар кэриһэн истилэр! Бай, Гертруда Германовна иһэр эбит дуу? Буолумуна, сакэта минньигэһэ сүрдээх, үүт-үкчү көөнньөрүүлээх быырпах курдук. Хос иһэ, били, Иркутскайдааҕы «Сибирь» көстүүнэйгэ баар нүөмэргэ маарынныыр. Касуми илэ бэйэтинэн! Хайа икки ардыгар сыгынньахтаммыта буолла – кимонота муостаҕа сытар, оттон бэйэтэ түүҥҥү уот мөлтөх сырдыгар көрдөххө, үүт маҥан эттээх, оттон аллараа хоп-хойуу үүнээйитэ будьуруйа харааран, мэктиэтигэр, толбоннуран ылар. Сонно, ас-үөл тардыллыбыт муостатыгар, туох эрэ сымнаҕас бүрүөһүннээх сиргэ, сыттылар... уонна таптаспытынан бардылар. Тоҕо сүрэй?! Гертруда Германовна имэҥ чааһыгар, ама, маннык уопуттаах буолуо диэн ким саныай?! Сиидэр хараҕа ирим-дьирим барда – эмиэ да Касуми үрдүгэр олорон аргыый аҕай биир тэҥник, сымнаҕастык түһүөлүүр; эмиэ да Гертруда Германовна буолан, эмиийин тыҥаабыт тумугунан уоһугар таарыйбахтаан өрүтэ тыыммахтыыр. Олох диэн дьикти даҕаны! Барыта – көһүппэтэх өттүттэн! Оннук буолуохтаах даҕаны, хайдах наар аанньа, биир күдьүс бороҥ, салгымтыалаах буолуой?! Сиидэргэ өтөр-наар билбэтэх сылаанньыйыы билиннэ, кинини туох эрэ сымнаҕас, сылаас
иилии кууста... ол сытан уһуктан кэлбитэ – кэргэнэ Марыына, били, сүүрбэ сыллааҕы имэҥ-дьалыҥ толору Манята – өйдөнөр да бокуой биэрбэккэ, сыллыы-ууруу, таптыы аҕай сытар эбит... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан