Кэпсээ
Войти Регистрация

Олох тапталтан турарын итэҕэйэҕин дуо?..

Главная / Кэпсээн арааһа / Олох тапталтан турарын итэҕэйэҕин дуо?..

K
21.03.2024 16:04
   Сир үрдүгэр киһи төрөөн, күн сирин көрөн, олох үөһү­гэр сылдьан таптыыр доҕорун булуута – дьол. Ол эрээри таптал киһиэхэ барытыгар биир тэҥник кэлбэт.        Мээнэ олох олоруохха диэн ыал буолуу, мин санаабар, кэлин өттүгэр охсуулаах. Маҥнайгы таптал киһи сир үрдүгэр олорор кэмигэр биирдэ эрэ бэриллэр. Бастакы тапталыҥ сүрэххиттэн хаһан да арахсыбат, олоҕуҥ устатын тухары эйигин кытта арахсыспат ситимнээх. Маҥнайгы ыраас, күүстээх таптал киһи олоҕор биирдэ эрэ бэриллэр. Хомойуох иһин, урут да, билигин да үгүс кыргыттар, дьахталлар эр киһи сирэйэ кырасыабай буоларын ирдээччилэр. Оттон, мин санаабар, эр киһи төһөнөн мара, бүрэ да, соччонон эр киһи киэбигэр сөп түбэһэр. Эр киһиттэн кырасыабай дьүһүнү эрэйии олох сүрүн ирдэбилэ буолбатах диэхпин баҕарабын.    Таптал араас буолар. Сорох дьон дьиҥнээхтик ис дууһаларынан, сүрэх иэйиитинэн таптаһаллар. Оттон сорохтор материальнай сыһыаҥҥа өйдөрүн-санааларын сүүйтэрэллэр. Онон таптал үгүстүк бэриллибэт, элбэх тулууру, эрэйи үөскэтэр, дьолго тиэрдэр, үөрүүнү үксэтэр сүдү күүстээх иэйии буоларын умнумуоҕуҥ.   Таптыыр кыыспын дьоллообутум      Коля Новиков:    – Урут олоҕум мэһэйдээн, таптаан да, таптатан да көрө илигим. Кэлин биир кыыһы сөбүлээбитим, таптаабытым уонна хаһан да арахсыах санаата суох, кытаанахтык. Ону баара... мин биири ситэ билбэтэх, өйдөөбөтөх эбиппин. Кини атын сөбүлүүр уоллаах эбит этэ. Ол уолу мин кинини таптыырбыттан итэҕэһэ суох күүскэ уонна дьиҥнээхтик таптаабыта. Онон мин «үһүс» киһи буолан хаалбытым.    Маҥнайгы тапталбыттан тэйбэтэхпинэ, атын дьон олохторугар мэһэй буолуох курдугум. Оттон кинилэр толору дьоллоох буолалларыгар баҕаран туран, арахсан хаалыахпын, миэхэ ол маҥнайгы тапталбыттан атын эрэнэрим ким да суох буолар кыһалҕата турбута. Хайыахпыный, таптыыр кыыспар дьоллоох олоҕу баҕаран туран, суолтан туораан биэрэргэ күһэллибитим. Ол кэнниттэн кими да таптаабатаҕым. Тапталым ыал буолан, түөрт оҕолонон, дьоллоохтук олорорун истэ-истэ үөрэбин.    Онтон мин сүрэҕим аҥаарыттан арахсыахпыттан ыла олоххо интэриэһим сүппүтэ. Ол курдук кини кэрэ мөссүөнүн үрдүктүк тутаммын, чороҥ соҕотох хааллым. Билигин да сүрэҕим кинини таптыырын билэбин. Атыны көрүөхпүн, ыксалаһыахпын санаам буолуммат. Мин курдуктары этэн эрдэхтэрэ «однолюб» диэн. Олоҕум аҥаара «чыычаах түннүгүнэн элэс гынан ааһарын курдук» элэстэнэн ааста, олохпун соҕотоҕун моҥуур дьылҕабын санаатахпына, сүрэҕим хаанынан оҕуолуур, дууһам кыланар...   Истиҥ иэйиибитин харахпытынан таайсарбыт      Ая Матвеева:    – Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биир уолу сөбүлүү көрбүтүм. Кини ааттыын кэрэ – Мичил диэн этэ. Мичил да миигин сөбүлүүр курдуга эрээри, чугаһаатахпына, кэпсэппэккэ туора хааман биэрэрэ уонна ыраахтан сэмэйдик мичээрдиирэ. Бу санаатахха, арааһа, дьонтон кыбыстар быһыылааҕа. Ити курдук балачча өр истиҥ иэйиибитин харахпытынан таайса сырыттахпытына, мин олохпор биирдэ үөрүү кыыма «кылам» гыммыта. Кини миэхэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар аккырыыкка бэлэхтээбитэ.    Онтон ыла орто оскуоланы бүтэрэн, кини аармыйаҕа барыар диэри бииргэ сылдьыбыппыт. Ол сылдьан кини миэхэ тапталга билиммитэ. Бу санаатахха, ол кэмҥэ олус да дьоллоох, ыраас эбиппит. Мин үрдүк үөрэххэ үөрэнэ киирбитим. Кини аармыйаҕа ытык иэһин төлүү барбыта. Таптаһар сүрэхпит туоһута – суруйсубут суруктарбыт. Онно хайдахтаах курдук истиҥ тыллар икки өттүттэн суруллубуттара буолуой?! Кини аармыйаттан кэлээтин кытта, чугас аймахтарбытын мунньан, улахан уруу киэһэтин тэрийбиппит.    Ол алгыстаах уруубут кэнниттэн бастакы ыраас сыһыаннаах түүммүт умнуллубаттык ааспыта. Икки өттүттэн «тыытыллыбатах» уоллаах кыыс эт-хаан чугасаһыытын аан бастаан билбиппит. Онон үйэлэргэ умнуллубат буолан, өйбүтүгэр-санаабытыгар хаалбыта – ол бастакы «уохтаах, минньигэс имэҥнээх» бастакы түүммүт. Инники ийэ, аҕа буолар кэскилбитин оҥостуохтаах сылаас сыһыаммыт түстэммитэ. Билигин биэс оҕолоох дьоһун-мааны ыал буолан олорорбутуттан иккиэн астынабыт. Ыраас сыһыантан үөскээбит оҕолорбут тулабытыгар чуопчаара сылдьалларыттан үөрэбит, астынабыт. Онон, кэнчээри ыччаттарбытыгар анаан этиэхпин баҕарабын – ыраас сыһыаннаах сылдьан кэлэр олоххутун оҥостуҥ, эрдэттэн мээнэ олоҕунан олорумаҥ, оччоҕуна бэйэ-бэйэҕитин өссө убаастаһар, ытыктаһар дьиэ кэргэн дьоллоох олоҕун олоруоххут.   Мин бу олохпор дьоллоохпун      Ариан Осипов:    – Аармыйаттан сулууспалаан кэлэн баран, төрөөбүт нэһилиэкпэр тэрилтэҕэ оробуочайынан үлэлии киирбитим. Ол сылдьан биир кыыһы сөбүлүү көрбүтүм. «Билсибит киһи» диэн саныы сылдьан, сурук туппутум. Онтукам киниттэн буолбута, соһуйан эрэ хаалбытым. Эппиэтин суруйуохпун тардыммытым. Субуотаҕа биэчэргэ көрсөн кэпсэтэргэ быһаарыммытым. Бэркэ долгуйан туран сурук туһунан эттим. Онуоха кыыһым миигиннээҕэр ордук соһуйда. Ким эрэ кини аатыттан суруйбут буолан таҕыста.    Ити суруктан сибээстээн, биһиги икки ардыбытыгар сонун сүүрээн, истиҥ сыһыан үөскээбитэ. Икки сыл билсибиппит. Ол тухары сыһыаммыт бэйэ-бэйэбитигэр сөп түбэсиһэн истэ. Кэлин иккиэн таптал иэйиитигэр ыллардыбыт. Билсибиппит үһүс сылыгар таптыыр кыыһым эмискэ миэхэ аккаас биэрдэ. Мин муммут кус оҕотун курдук соҕотох туран хааллым. «Туох буруйбар маннык буоллуҥ?» – диэбиппэр: «Миигин биир уол албыннаабыта, мин да киһи буолан, биирдэ албыннаатаҕым дии», – диэн бэрт холкутук эппиэттээбитэ. Ол эппит тыллара сүрэхпин быһах биитинии сытыытык кэйиэлээбиттэрэ. Билбэт киһим толоос сыһыанын миигиттэн ситиспит. Ол кэнниттэн киниэхэ чэпчэки буолбута эбитэ дуу, суоҕа дуу... Оттон бэйэм чааһым атаҕастаммыт курдук санаммытым. Олус ыарахан этэ да буоллар, кини ити быһыытыттан олус кэлэйбитим.    Билигин мин атын олоҕунан олоробун. Миигин таптыыр кэргэннээхпин, икки кыталык кыргыттардаахпын. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, аныгы олох сиэригэр сөп түбэһиннэрэн, чааһынай тэрилтэ арынаммын, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьабын. Дьиэ-уот, массыына барыта баар. Онтон ол атын киһи иэһин миигинэн таһаарыммыт кыыһым олоҕун оҥостубатаҕа. Билигин ийэтиниин биһиги дэриэбинэбитигэр олороллор. Миигин көрдөҕүнэ, умса көрөр. Ол быһыытыттан кэлин кэмсиммитэ дуу, суоҕа дуу? Дьэ, билбэтим. Онтон мин бу олохпор дьоллоохпун дэнэбин. Онон олоҕунан оонньоомоҥ, «бэйэҕититтэн буолбатаҕына, бэдэргититтэн иэстэһэрин» умнумаҥ. Мин ол кыыһы сэтэрээбэппин эрээри, оччолорго миигин хараҕым уутунан сууннарбыта кини да олоҕор «ыар» дьайыыны оҥордоҕо.   Хойутаан таптаабыт эбиппин...      Софья Алексеева:    – Ахсыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына, биир уол сурук суруйбута. Кини онус кылааска үөрэнэр этэ. Мин кинини дэҥҥэ көрөрүм уонна соччо аахайбат, болҕомтоҕо ылбат этим. Ол иһин, суругар хардарбакка, ончу эппиэттээбэккэ сылдьыбытым. Сотору кини иккистээн: «Бырастыы гын, мин алҕас суруйбуппун, умун...», – диэн суруйбута. Сыл-хонук субуллан ааһан испитэ. Кини өйбүттэн-санаабыттан умнуллан хаалбыта.    Онтон биирдэ, онуска үөрэнэ сырыттахпына, кулуупка биэчэр кэмигэр ким эрэ миигин одуулуурун сэрэйэн, ол диэки хайыспытым. Онуоха кини дьиктиргээбиттии көрбүт киэҥ харахтарын куоттаран, атын сири көрбүтэ. Онно, дьэ, кинини бэлиэтии көрбүтүм. Ис киирбэх дьүһүннээх, олус сэмэй, килбик уол эбит этэ. Миигин көрөн, кыбыстыбыттыы, гитаратыгар нөрүйбүтэ. Ол киэһэ мин дьиэбэр эрдэ тиийбитим. Кини дьиктиргээбиттии көрбүт киэҥ харахтара өйбүттэн өргө диэри тахсан биэрбэтэхтэрэ. Хайдах эрэ ити элбэҕи кэпсиир харахтары өссө көрүөхпүн, кини холку саҥатын истиэхпин, аттыгар оргууйдук сэргэстэһэ хаамсыахпын баҕарбытым. Ону санаатахпына, сүрэҕим истиҥник тэбиэлиирэ, дууһам сылаанньыйара. Тулуйбакка-тэһийбэккэ аныгыскы субуотаны кэтэспитим. Кэтэһиилээх күммэр гитараҕа оонньуу турар уолаттар быыстарыгар кини суоҕа. Хайдах эрэ кэлиэ диэн кэтэспитим да, кэлбэтэҕэ. Ол иһин аттыбар турар дьүөгэ кыыспыттан кэпсэппитэ буолан, кинини ыйыппытым. Онуоха кини биир кыыстыын тахсан барбытын иһитиннэрбитэ. Ону истээт, дьиэбэр төннүбүтүм. Санаабар, тапталым куоппут курдуга. Кини миигин умнубут диэн санаа дууһабын, сүрэхпин аймаабыта.    Биэчэрдэргэ кинини, кылгастык да буоллар, көрөөрү, биир салгыны тыынаары барарым. Ол гынан баран тоҕо эрэ кинини кытта көрсөртөн куота, саһа сатыыр этим. Онтон, дьэ, биир күн эр санаабын киллэрэн, киниэхэ сурук суруйан күөх кэмбиэри почта дьааһыгар түһэрбитим. Ол кэнниттэн аймана, долгуйа эппиэт күүппүтүм. Кэмниэ кэнэҕэс киниттэн сурук тутан баран, бэйэм акаарыбыттан кэлэйэн, сыттыкпар умса түһэн дэлби ытаабытым. «...Мин эйигин уруккуттан таптыырым уонна эйигин миигин таптыыра буолуо диэн итэҕэйбэт, сэрэйбэт этим. Эйигин бэйэтин сулуһун булуммут дии саныырым. Эн билигин хойутаабыккын, мин таптыыр кыыстаахпын, кинини албынныыр кыаҕым суох. Бырастыы гын», – диэн этэ.    Билигин ол барыта ааспыта. Арай кини мин маҥнайгы тапталым буолан, куруук сүрэхпэр тырымныыр, кэрэҕэ-үтүөҕэ угуйар, күн буолан олохпун сырдатар.   Саргылаана БАГЫНАНОВА. Тарҕат:
kyym.ru сайтан