Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хагдаҥ эһэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хагдаҥ эһэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
21.03.2024 16:00
Бу эһэни бултааһын туһунан кэпсээни Бэрдьигэстээх кырдьаҕас олохтооҕо Битээлий Омуковтан истибитим. Оҕонньор ол күн хараҕа уоттана-уоттана бэрт элбэҕи сэһэргээбитэ. Сорсуннаах булчут Амма Сулҕаччытыгар олорор эрдэҕинэ аар тайҕа хаһаайыныгар хаста да турунан туран бултаһа сылдьыбыттаах эбит. Ол кэпсээннэриттэн биирин, хайдах баарынан өйдөөн хаалбыппынан уонна сурунар тэтэрээппэр бэлиэтэммиппинэн, бүгүн эһиэхэ тиэрдэбин. «Оччолорго бастакы ойоҕум дойдутугар, Амма Сулҕаччытыгар, олоробун. «И.Я. Строд» аатынан сопхуос Сулҕаччытааҕы салаатыгар суоппардыыбын, тырахтарыыстыыбын, сылгыһыттыыбын. Бэйэм, дьиҥинэн, Сунтаартан төрүттээхпин. Үйэм тухары тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр биликтэстим. Биир саас анды саҕана оскуола дириэктэрэ Ефремов Көстөкүүн диэн эдэрчи киһилиин эһэни бултуу тахсар буоллубут. Ол тахсыыбыт сүрүн төрүөтэ – ол дьыл кырдьаҕас олус мэнээктээбитэ. Биэс-алта тыйы тутан, бөһүөлэккэ улахан аймалҕаны таһаарбыт этэ. Онон, бултаһарга уолдьаспыта. Дьэ, биир үтүө күн оҥостон, тэринии бөҕөнү тэринэн, тиийиэхтээх сирбитигир таҕыстыбыт. Өрүһү мотуордаах оҥочонон туораан, эрчимнээхтик хааман-сиимэн, биир буор хайа тэллэҕэр кэллибит. Оччолорго иккиэн да күөгэйэр күммүтүгэр сылдьар эдэр дьон буоллахпыт. Онон, төһө баҕарар ырааҕы-чугаһы киһилээбэппит. Этэргэ дылы, аҕыйахта атыллаан кэбиһэбит. Хагдаҥ эһэлэр ол чочумаас хайаттан таҥнары түһэн, эбэ уҥуордааҕы үөрдэри буулаабыттар диэн сурах баара. Онон чопчу ол хайа аннынан бултаһарга сананан өрүһү туораабыппыт. Ол саҕана Сулҕаччыттан чугас, Сэргэ Бэс бөһүөлэгин бэтэрээ өттүгэр, үлэ-хамнас күөстүү оргуйара. Кырыс сири хорутан бааһына оҥортоон, түүнүн-күнүһүн тимир көлө тыаһа-ууһа тохтообокко ньиргийэрэ, тирилиирэ. Ол курдук, сопхуостаахтар былааннарын ситиһээри кыайа-хото сир хоруталлара. Оттон МПКлар дьиэ-уот туталлара. Биһиги ити эҥээр кэлэр күммүтүгэр бэтэрээ биэрэккэ тиэхиньикэ бөҕө мустубут этэ. Нуучча дьонун саҥата кус-хаас тойугун курдуга, кэлии-барыы олуһа. Быһата, кинилэргэ үлэ-хамнас үгэнэ быһыылааҕа. Биһиги онно эрэ аахайбакка, уҥа биэрэккэ этэҥҥэ тиксэн, тиийиэхтээх сирбитигэр тиийдибит. Ол тиийэн кырдьаҕас суолун-ииһин үөрэтэн, сыныйан көрдүбүт. Көрдөххө, сибиэһэй суол элбэх. Аны туран, күөл кытыытыгар биир биэни тардыбытын буллубут. Этэ-сиинэ кыһыл, ол аата сибиэһэй өлөрүү. Онтун тыа саҕатыгар соһон аҕалбыт этэ. «Арааһа, күөлгэ киирэн уулуу-уулуу сиир эбит», – диэн быһаарбыппыт. Ол ороҕун тула иигэ-сааҕа баһаама. «Дьэ, бэрт! «Ороспуой» суола-ииһэ билиннэ. Киэһэ ордубут этин сиэри син биир кэлиэ», – дэһии буолла. Булчут дьон сиэринэн, хахха тоһуур сири булаары, аны сири-дойдуну, оту-маһы үөрэтэн бардыбыт. Биир табыгастаах сири булан, онно тоһуйуохха сөп эбит дэстибит. Ол сирбит бэрт баҕайы этэ. Куула тыа субу ытыска уурбут курдук, үчүгэйдик көстөрө. Онон ол диэкиттэн киирдэҕинэ даҕаны, куотар кыаҕа суоҕа. Аны, салгын наар өрө ытыйан тахсар, онон киһи сытын-сымарын тиэрдиэ суохтаах. Соннук кичэллээхтик бултуур сирбитин-уоппутун үөрэтэн баран, үөт хаххалаах биир үтүө суон тиит мас төрдүгэр көстүбэт гына олорунан кэбистибит. Син чочумча олорбохтоотубут. Туох да барар-кэлэр сибикитэ биллибэт. Киһим Көстөкүүн табахсыт ааттааҕа. Арааһа, ньиэрбэтэ тулуйбакка, куһаҕан дьаллыга кычыгылатан: «Доо, табахтыыбын дуо?» – диэн
ыйытта. Бэйэм сааһым тухары табаҕы тардыбатах кырдьаҕаспын, ол гынан баран табахсыттары өйдүүбүн. Онон, төһө да сэрэхэдийдэрбин, баҕар, киһим уоскуйуо, холкутуйуо диэн, көҥүллээтим. Арай киһим саҥардыы табаҕын уматтан эрдэҕинэ, уун утары тыа саҕатыттан хап-хара эһэ үллэҥнээн иһэрэ көһүннэ. «Түксү, тохтоо, эһэ!!!» – диэт, киһим уматтыбыт испиискэтин сиргэ садьыйаат, саппыкыбынан хам үктээн кэбистим. Ол кэннэ им-дьим бардыбыт. Эһэбит аа-дьуо көппөрөҥнөөн кэлэн, сыыр тэллэҕэр түстэ. Модьу баҕайы төбөтүн өрө көтөҕөн, сыҥсыйан ылла. Салгыны эҕирийэн, сыттаамахтаата, өссө хайдах эрэ «көхсүн этиттэ». Оттон, киһи кыһыйыах, холку баҕайытык «бар» гына сытынан кэбистэ. Ол кэмҥэ мин киһибэр: «Отучча миэтирэ чугаһаатаҕына эрэ тэҥҥэ ытыахпыт, ол иннинэ ыппаккын», – диэн кулгааҕар сибигинэйэ олоробун. Көстөкүүн харабыыннаах, бэйэм икки уостаах доруоптаахпын. Ол быыһыгар киһим сирэйин-хараҕын одуулаһабын. Тоҕо эрэ Көстөкүүнү бөһүөлэк дьоно «эсэһит» диэн хос ааттыыллара. Онуоха эсэһит эсэһит курдук куттаммыт дьүһүнэ-бодото биллибэт курдуга. Бэйэм да олус холкубун. Дойдубар Сунтаарга аҕабыныын иккитэ аарыма кырдьаҕаһы бултаан турардаахпыт. Онон маннык булка үөрүйэхпин. Холобур, сыыһа-халты туттар түгэммитигэр кыыл хайдах дьаабыланыан сөбүн туһунан билэбин. Дьэ, онон оннукка тиэрдибэт гына дьаһаныахтаахпыт. Тыатааҕыбыт ол оннук 5-6 мүнүүтэ даххаһыйан баран, эмискэ төкүнүс гынаат, атаҕар буола түстэ. Кини сыппыт сириттэн чугас соҕус чороҥ соҕотох, иэҕэйэн-куоҕайан турар хатыҥҥа мадьаччы үктээн тиийдэ. Олус иччилээхтик чыскыйан баран, икки атаҕар тура түстэ да, ол хатыҥы баппаҕайынан саайан кууһуннурда! Уп-улахан туоһу хайа тардан ылла. Ол кэннэ, бэркэ дуоһуйуу ылбыт дьүһүннээх, төбөтүн илгистэ-илгистэ, аа-дьуо, били, биэтигэр, ол аата биһиги диэки хаампытынан барда. Дьэ, иһийэн олоруу кытаанаҕа буолла. Иккиэн да дэлби күүрэн хааллыбыт, чыыбыстарбытын олох тардаары имэрийэ олоробут. Киһим мин «чэ» диэн хамаандалыырбын күүтэрин билэбин. Ол да буоллар сотору-сотору «чэ, ытабыт дуо?» диэн сибис гын да гын буолар. Ону санныгар илиибин ууран тохтотобун: «Күүт, күүт, доҕоор». Оттон, дьэ, отуттан аҕыйах миэтирэ хаалбытын кэннэ: «Чэ!» – диэтим. Эмискэ ойуур чуумпута ыһылла түстэ. Биирдиилээн тииттэн соһуйбут чыычаахтар өрө көтөн таҕыстылар. Ханна эрэ ыраах ойуурга ой дуораана саабыт тыаһын иккистээн ньиргитэн ылла. Арай буруобут симэлийбитин кэннэ көрбүппүт, эһэбит үөт быыһыттан биһиги диэки өһүөннээҕинэн көрөн баран турар эбит. Бэл диэтэр, көхсүн тыаһа иһиллэр. Ууга-уокка түһүү, дьэ, манна буолла. Көстөкүүнүм олох ыксаан хаалан, барыах-кэлиэх сирин булбат. Мин буоллаҕына үгүһү толкуйдуу барбатым. Тарбахпар кыбыта сылдьыбыт сүнньүөхпүн биир уоспар батары анньаат, утары сүүрэн таҕыстым. Кэннибиттэн: «Эһэҕэ сиэнээри, ханна бардыа-аҥ?!» – диэн хаһыы эрэ иһиллэн хаалла. Ол сүүрдэн тиийэн, кыҥыы түһээт, эһэбин уонча миэтирэттэн иккистээн ытан саайдым. Мин дьолбор, оруобуна хоолдьугун тосту ытан кэбистим. Эһэм сууллан бурҕас гынна. Дьэ, ол кэннэ, үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Булпутун күө-дьаа буолан астаан бардыбыт. Өрүс кытылыгар тиийэн, били, нууччаларбытын көрдөһөн
мотуорунан бэтэрээ туораттаран, сүөкэттэрдибит. Сарсыарда 6 чааска номнуо бөһүөлэккэ баар этибит. Көстөкүүнүм аҕата, Сэмэн оҕонньор, олох илии тутуһан, сүргэтэ көтөҕүллэн аҕай көрсүбүтэ: «Битээлий, маладьыас! Оҕобун, дьэ, дьиҥнээх эсэһит оҥордуҥ, кырдьаҕаһы бултаттыҥ», – диэн. Кэлин билбитим эсэһит Көстөкүүн аата эрэ эсэһит эбит этэ. Ол түгэҥҥэ диэри эһэни харахтаан да көрбөтөх киһи. Онон, ол күн доҕорум дьиҥнээх эсэһит буолан турардаах. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан