Кэпсээ
Войти
Регистрация
Күрүөйэх
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Күрүөйэх
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
31.05.2021 16:35
Күөх солкоҕо сууламмыт сайын ааһан, күһүн кэлэн эрдэҕинэ, Саһыл оскуолата аһыллан, чуумпуран турбут кыра бөһүөлэк оҕо саҥатынан туолла. Икки кылаас хостоох, кыра көрүдүөрдээх, аҕыйах сыллааҕыта атын сиртэн көһөрүллэн аҕалыллыбыт оскуолаҕа үөрэнэбит. Оҕолор үксүлэрэ ыраах олорор буолан, оскуолаҕа күн аайы сатыы кэлэн үөрэнэн бараллар. Түөрт биэрэстэлээх сиртэн сылдьар оҕолор “адьас чугас олорор” аатыраллар. Төрөппүттэрэ оҕолоругар лэппиэскэ сыыһын өйүөлээн ыыталлар. Ону үссэнэн, ууну-хаары иһэн, быталаан, отонноон, оҕолор дьиэлэригэр ыкса хойут тиийэллэр. Ити күһүн мин иккис кылааса үөрэнэр этим. Биир хаһыҥнаах сарсыарда оскуолабытыгар кэлбиппит, оҕолор кэпсээн бөҕө буолан тоһуйдулар: — Бөлүүн Трофим Михайловичтаах биир күрүөйэҕи тутан аҕалан оскуола чуулааныгар хаайбыттар. Ол сордоох Маҥан Ураһа өтөҕүн умуһаҕар Тэкэйээс тыһаҕаһа түһэн өлбүтүн булан сии сылдьар үһү... Сэрии кэннинээҕи сылларга Хаандыгаҕа хаайыылаахтар лааҕырдара баара. Хаайыылаахтар күрүүллэрин туһунан тыл-өс элбэҕэ, сороҕор сүөһүнү да уоран сииллэрэ. Ол эрээри, күрүөйэх хаайыылаахтар олохтоох дьону тыыппат, моһуоктаабат этилэр. Саһан кэлэн ас көрдөөн, аһаан барар түбэлтэлэрэ эмиэ баара. Оскуола чуулаана кыра баҕайы, киһи төбөтө да баппат чуолҕаннааҕа. Сотору бастакы уруок бүтэн, таһырдьа бытарыһан тахсан бары күрүөйэҕи көрө сатыыбыт. Ол киһибит сирэйин сорҕото эрэ көстөр, тугу эрэ саҥарар да, биһиги өйдөөбөппүт. Ытыһын тоһуйар. Арааһа, ас көрдүүр быһыылаах. Онуоха оҕолор өрө ытта-ытта чуолҕаҥҥа лэппиэскэбититтэн бэрсэн бардыбыт. Бары ол киһини наһаа аһынныбыт. Киһибит ымах гына-гына лэппиэскэбитин сиэн иһэр, махтанан төбөтө тоҥхоҥнуур. Чуораан тыаһаан, иккис уруокка киирдибит. Уруокка да олорон өйбүт-санаабыт ол күрүөйэх киһиттэн арахпата. Уруок бүтэрин кытта, сырсан тахсан өйүөбүт сыыһыттан тоһута тутан эмиэ бэрсэн бардыбыт. Мунньан-тараан син элбэх лэппиэскэни биэрдибит, ону барытын топпокко сиэн иһэриттэн сөхтүбүт. Уруоктар бүтүүлэрин саҕана “харабыл кэлбит үһү” диэтилэр. Оччотооҕу хаайыылаахтары маныыр сулууспаҕа сылдьар саллааттары харабыллар диэн ааттыыллара. Тиһэх уруок бүтэн, оҕолор бары таһырдьа сырсан таҕыстыбыт. Били эрэйдээҕи таһаараары аан хатыырын аһан халыгырата тураллар эбит. Тахсыбытыгар көрбүппүт, хаһааҥҥыта эрэ ортону үрдүнэн уҥуохтаах киһи дьүдьэйэн-дьүүкээрэн кыччаан хаалбыт быһыылаах. Халтаҥ баҕайы илдьиркэй таҥастаах, бытык-баттах саба үүммүт. Арааһа, дорооболосто быһыылаах, биһиги диэки тоҥхох гынна. Күрүөйэх тахсарын кэтэһэн турбут модьу баҕайы, кып-кыһыл сирэйдээх, пилоткалаах, байыаннай таҥастаах, киирсэбэй саппыкылаах, саалаах, сүүрбэччэ саастаах саллаат уол хаайыылаахха кыырт курдук саба түстэ. Кыбдьыгырыы түһээт, сууллары охсон түһэрдэ. Ол кэннэ, ыраах эһиллибит киһини тиийэн саппыкылаах атаҕынан быһыта тэбиэлээтэ. Оскуола даҥын ылбыт умуһахтарыгар тэбиэлээн киллэрдэ. Мустубут дьон бары ол ынырык хартыынаны саҥата суох көрөн турдубут. Ким да бу кыыллыйбыт саллааты тохтотор, буойар кыаҕа суоҕа. Саалаах, сутуругар сокуоннаах киһи диэн кини буоллаҕа. Ол саҕана суут-сокуон кытаанаҕа, күрүөйэҕи көмүскэстэххинэ, көмөлөстөххүнэ бэйэҥ түбэһиэххин сөбө. Биһиги, оҕолор, бу ыарахан дьылҕалаах киһини аһынаммыт, лэппиэскэбит сыыһыттан бэрсэн кылгас кэмҥэ дууһатын чэпчэттэхпит. Ол эрэйдээх, баҕар, бу олохтоох саха дьоно аһыныгастар эбит дии санаахтаабыта буолуо. Оҕо акаары, кыраны аахайбат, дьаалайбат диэччилэр да, биһиги ол эрэйдээҕи олус аһыммыппыт. Кытара сытыйбыт, бэлэм аска уойбут-топпут саллаат дьиикэй быһыытыттан олус саллыбыппыт, бука, харахпытыттан уу-хаар баһыллыбыта буолуо. Киһи киһини маннык дьиикэйдик кырбыырын урут көрбөтөх тыа сирин муҥкук оҕолорун дууһаларыгар бу түбэлтэ олус куһаҕан, умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта. Бу күрээн сылдьар эрэйдээх туохха түбэһэн, хайа кыраайтан манна үүрүллэн кэлэн сору-муҥу көрө сылдьыбыта буолла? Сэрэйдэххэ, хаайыы ыарахан олоҕуттан куотан, аҕыйах да хонукка көҥүл салгынынан тыына түһэр баҕаттан күрээтэҕэ. Сутуругар сокуоннаах кыыллыйбыт харабыл ол эрэйдээҕи акка холбонон Хаандыгаҕа илдьэ барбыта. Күһүн куһаҕан суоллаах-иистэээх түөрт көс сири төһө өр айаннаан тиийэллэрэ – уустук боппуруос. Онон, ону көрбүт улахан дьон харабыл ол хаайыылаах сордооҕу тыыннаахтыы тиэрдэригэр букатын итэҕэйбэтэхтэрэ. Ол саҕана күрээбит хаайыылаахтары ытыалаан баран, булбуттарын-туппуттарын туоһутун илиилэрин бэгэччэктэринэн быһан илдьэ баралларын элбэхтик кэпсииллэрэ. Бу да сырыыга оннук буолбута буолуо диэн кэпсэтэллэрэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан