Кэпсээ
Войти Регистрация

Хараҥаҕа тыкпыт сырдык

Главная / Кэпсээн арааһа / Хараҥаҕа тыкпыт сырдык

K
22.03.2018 17:17
Мин дьүөгэм оскуолатын бүтэрэн баран тута эргэ тахсыбыта. Дьиҥэр, оҕолоноору эҥин сылдьар буолбатах этэ. Олус күүскэ таптал иэйиитигэр ылларбыт быһыылааҕа. Кини дьүөгэлэрэ, биһиги, ол бириэмэҕэ үөрэххэ киирээри сүүрүү-көтүү бөҕөтө буолбуппут. Ол сылдьан эмискэ кыыспыт сыбаайбалыырын туһунан истибиппит. Ити күһүн Анябытын эргэ биэрэн, сыбаайбаҕа күүлэйдээбиппит. Күтүөппүтүн уруккуттан билэр буоламмыт, улахан болҕомтону соччо уурбатахпыт. Кини үчүгэйэ суох бэрээдэктээҕин нэһилиэк олохтоохторо бары билэллэрэ. Биһиги да Анябытыгар хаста да төхтүрүйэн этэ сатаабыппыт: “Саарбах соҕус киһи буолбатах дуо?” Ону кыыспыт истэ да барбат этэ. Атын дьон дьолугар орооһор кыахпыт суоҕун өйдөөн, ол туһунан кэпсэппэт буолбуппут. Сыл-хонук ааһан испитэ. Устудьуоннуу кэлбит кыргыттар, саҥа олохпутугар аһара үлүһүйэммит, дьүөгэбит туһунан умнан да барбыппыт. Кыыспыт да биһигини кытта сибээскэ тахсара күнтэн күн аҕыйаан испитэ. Кырдьыктаахтык этэр эбит буоллахпына, куруук төрдүөн доҕордоһор дьүөгэлиилэр түөрт аҥыы барбыппыт. Ким туох интэриэстээҕинэн, ким хайдах баҕарарынан диэн буолбута. Мин үлэҕэ киирэммин, күн солото суох буолбутум. Хам-түм икки ыйга биирдэ кыргыттарбын кытта көрсөрүм. Биирдэ эмэ Анябытыгар эрийэн көрсөөрү гыннахпытына, куруук солото суох аатырара. Биир киэһэ үөрэхпиттэн кэлэн иһэн уопсайым таһыгар баар маҕаһыыҥҥа киирбитим. Ол киирэн тугу ыларбын толкуйдуу турдахпына, билэр баҕайы куолаһым кэннибиттэн кэлэн, “привет” диэбитэ. Эргиллэн көрбүтүм, Аням турар этэ. Мин икки сыл кэриҥэ көрбөтөх дьүөгэбин көрөммүн олус үөрбүтүм уонна долгуйбутум. Аня бу мааһыыҥҥа муоста сууйааччынан үлэҕэ киирбитин туһунан эппитэ. Мин кини үлэлээн бүтэрин кэтэһэн баран, чугас турар кафеҕа тахсан олорбуппут. Бэйэтин олоҕун туһунан кини миэхэ бу курдугу кэпсээбитэ: “Мин кэргэммин кытта арахсыбытым син ыраатта. Сыбаайбалаан баран Кеша тута уларыйбыта. Миигин дьиэттэн олох таһаарбат этэ. Турар маска кытта күнүүлээн, кырбыыр да буолбута. Киэһэ аайы таксилыыбын диэн кубулунан күүлэйдии тахсара. Кэлиҥҥи кэмҥэ аһыы утахха дэлби ылларбыта. Хас түүн кэллэҕин аайы айдаан, ытаһыы-соҥоһуу буолара. Биирдэ утуйа сыттаҕына төлөпүөнүн уоран көрбүтүм, атын кыргыттары кытта суруйсубут этэ. Мин “туох хара накааспар кини таҥнарыытын тулуйуохтаахпыный” дии санаан, арахсарга быһаарыммытым. Төрөппүттэрбэр кини ыттыы сыһыанын туһунан эппэтэҕим. Күн бүгүҥҥэ диэри эрийэн сордуур эрээри, суутунан арахсыбыппыт. “Мин эйигин таптыыбын, бырастыы гын”, – диир. Төрөппүттэрим мин сыбаайбабар үп-харчы бөҕөтүн тэбээбиттэрэ. Кинилэр иннилэригэр бэйэбин иэстээх курдук сананабын, ол онтон саатаммын, дьиэбэр төннүөхпүн баҕарбаппын. Билигин, хата, эдьиийим аах аһатан-сиэтэн олордоллор. Дьиэлэрэ, төһө да кыараҕас буоллар, балаһыанньабын өйдүүллэр. Билигин икки үлэҕэ киирэн, үлэлээн эрэбин”, – диэтэ. Мин ити кэпсээн кэнниттэн ах баран, өр кэмҥэ дөйөн кэриэтэ олорбутум. Аням барахсан эрэйдэнэр, олох охсууларын көрсөр бириэмэтигэр кинини кытта бииргэ буолбатахпыттан бэйэбин хайдах эрэ буруйдаах курдук санаммытым. Билигин кыыспыт олоҕо хараҥаҕа тыкпыт сырдык кэриэтэ. Аня баҕатын хоту үөрэххэ киирэн, этэҥҥэ үөрэнэ сылдьар. Урукку кэргэнин кытта сибээһин быспыта ыраатта. Күүстээх
аҥаар атаҕастабылын көрсүбүт кыыс “эр дьонтон улаханнык кэлэйбитим” диэн кэпсиир. Урут оскуолаҕа төрдүөн сылдьарбыт курдук доҕордоһон, бары бииргэ сылдьабыт. Кыыс таптала Үөрэхпин бүтэрэн баран өрөспүү­бүлүкэ биир улууһугар испэсэлииһинэн анаммытым. Улаханнык толкуйуу барбакка, ол улууска тиийэн олохсуйарга быһаарыммытым. Оччолорго мин сүүрбэ түөртээх кыыс этим. Бастаан миэхэ улуус киинигэр миэстэ баар диэн эппиттэрэ, онтон кэлин тиһэҕэр тоҕо эрэ миэстэ суох буолан хаалбыта. Онон миигин кытыы турар нэһилиэккэ ыытар буолбуттара. Мин ону улаханнык утарбатаҕым. Син биир ини диэн буолбута. Балаҕан ыйын ортотугар малбын-салбын хомунан, дэриэбинэбин булбутум. Идэбинэн култуура үлэһитэ буоларым быһыытынан, култуура дьиэтигэр үлэлии киирбитим. Нэһилиэк олохтоохторо миигин олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Миигин ким да туора көрбөтөҕө. Дэриэбинэҕэ баар сулумах уолаттар “эдэр кыыс кэлбит үһү” диэн суксуруһуу бөҕө буолбуттара диэн, бииргэ үлэлиир дьонум кэпсээбиттэрэ. Эргэ тахсар бириэмэ кэлбитэ эрээри, мин олох ыксаабат этим. Бэйэбэр сөптөөх аналбын көрсүөм диэн бигэ эрэллээҕим. Ол сылдьан биһиги кулууппутугар орто саастаах киһи куруук кэлэрин бэлиэтии көрөр буолбутум. Олохтоохтортон ыйыталаспыппар “Дмитрий Сергеевич диэн ааттаах устуоруйа учуутала” диэбиттэрэ. Биһиэхэ тоҕо сотору буола-буола кэлэрин испэр сөҕө санаабытым. Ол сылдьан Дмитрий Сергеевичтиин билсибитим. Кини миэхэ нэһилиэк олоҕун, устуоруйатын сэһэргиир буолбута. Мин кинини, бастаан утаа, саастаах киһи диэн аахайбатаҕым. Онтон хайдах эрэ эмискэ ылларан киирэн барбытым. Төһө да кини миигиттэн сүүрбэччэ сыл аҕа буоллар, олоххо көрүүтэ, интэриэһэ миэхэ майгынныыра. Ити курдук күн ахсын бииргэ күүлэйдиир буолбуппут. Олохтоохтор эдэр кыыс саастаах киһилиин булсубутун олох сөбүлээбэтэхтэрэ, ол иһин араас саҥа-иҥэ үөскээбитэ. Миигин үгүс киһи сүөргүлүү көрөр буолбута. “Аата, бу кыыс саастаах киһини иирдэн” дииллэрэ. Хайдах гыныахтарай? Биһиги олохпутунан кинилэр олорботторо чахчы. Ол иһин олохтоохтор уонна аҕа саастаах дьон тылыгар кыһаллыбатахпыт. Тапталлаахпын кытта бэркэ өйдөһөрбүтүттэн, бэйэ-бэйэбитигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһарбытыттан ураты дьол суох буолбута. Таптал киһи хас саастааҕын, төһө харчыны өлөрөрүн, үлэлээҕин-үөрэхтээҕин ыйыппат буоллаҕа эбээт. Билигин Дималыын бииргэ олоробут. Ол дэриэбинэттэн көһөн, улуус киинигэр олохсуйдубут. Төрөппүттэрбин уонна чугас дьоммун кытта билиһиннэрбитим. Кинилэр миигин утарбатахтара. Мин оҕо саадыгар үҥкүү учууталынан үлэлии киирбитим, оттон кини – оскуолаҕа учууталынан. Дьэ, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу төрөтөн ньир бааччы дьоллоохтук олорор былааннаахпыт. Сахаайа
kyym.ru сайтан