Кэпсээ
Войти Регистрация

Абааһыны хатааһылатан турардаахпын

Главная / Кэпсээн арааһа / Абааһыны хатааһылатан турардаахпын

K
29.03.2024 12:24
   Мин Амма оройуонун Сатаҕай диэн сэлиэнньэтигэр Мэҥэ Хаҥалаһы кытта биир оройуон буолбут кэммитигэр кэлбитим. Оччолорго Сатаҕай оскуолата түөрт кылаастаах этэ. Мин оскуола сэбиэдиссэйинэн, кэргэним алын кылаас учууталынан ананан тиийбиппит. Ханнык баҕарар оскуолаҕа атын сиртэн кэлбит оҕону, атын оройуонтан көһөн кэлбит улахан да киһини араастаан тургутан көрөр үгэскэ кубулуйбут кыдьыктаахтар. Ол диэн, оннооҕор олохтоох «уолаттар» тургутан көрүүлэригэр түбэһэн турардаахпын. Өлөр-тиллэр боппуруоһум быһаарыллар куруубай соҕус тургутуутугар түбэһэ сылдьыбытым туһунан биир түбэлтэни кэпсиим.      Оччолорго Амма хас да оскуолатыгар үлэлээн баран, Алтаннааҕы 15-с №-дээх тыа сирин училищетыгар үлэлии сылдьар кэмим этэ. Булгунньахтаах диэн Бүтэйдээх сиригэр, Алтантан 24 км ыраах сытар Сатаҕай нэһилиэгин нөҥүө түстэххэ, биир алаас баар. Онно Бүтэйдээх орто оскуолатыгар учууталлыыр кэргэним убайын кытта кустуур идэлээҕим. Алтантан үлэ чааһын кэнниттэн, сороҕор мунньахтаан эҥин баран, киэһэ 8-9 чаас саҕана хоҥнорум. Кустуур сирбэр үксүгэр 10-11 ч. тиийэрим. Ол күн сарсыарда 5 ч. ааһыыта кустуур сирбиттэн хоҥнубутум. Урукку өттүгэр кус эбинээри аара баран иһэн кыра уулары кэрийэн барарым. Ардыгар кустуур сирбиттэн көстөн ордук сиргэ олорор Сатаҕай ыала Андреев Ксенофонт Федоровичтаахха сарсыардааҥҥы аһылыктарын баттаһа кэлэн чэйдээн ааһар идэлээҕим. Бу сырыыга, бэл, ол ыалбар сылдьыбакка эрэ сууххай соҕустук айаннаан иһэбин. Тоҕо диэтэххэ, үлэбэр ону-маны дьаһайан баран Бүтэйдээҕинэн, Өлөчөйүнэн, Суоланан уонна Табаҕанан таарыйан, быраактыкалана сылдьар суоппар, тырахтарыыс идэтигэр үөрэнэр оҕолорум хайдах-туох сылдьалларын, үлэлэрин-хамнастарын, олохторун-дьаһахтарын кытта билсэ барыахтааҕым.    Сатаҕайтан Алтаҥҥа барыыга Быччайаан диэн куһаҕан суоллааҕынан аатырар кылгас сис тыаны ааһан, Чымаадай диэн алаас үрдүгэр баар буоллум. Бу алаас суола уҥуоргу ойуурга дылы көбүс-көнө. Кылгас, сырыынньа соҕус сыыры ортолуу түһэн иһэн, соһуччу суолум уҥа өттүгэр адьас массыына көлүөһэтэ үктээн ааһар суолун кытыытыгар бэрт киппэ көрүҥнээх, орто уҥуохтаах, сөбүгэр тып-тап курдук таҥастаах киһи иэдэс биэрэн турарын көрө түстүм. Ол быыһыгар: «Эчи дьиктитин, мааҕын алааска киириигэ хайдах өйдөөн көрбөтөхпүнүй?! Сыыр үрдүттэн көрүүгэ суолга ким-туох баара барыта ытыска уурбут курдук көстөн сытааччы эбээт. Ким да, туох да суох этэ» диэн санаан аһардым.    «Бачча эрдэ туох буолбут киһи суолга туруоҕай, Алтаннаан истэҕэ» диэн санааттан, куоластаабатаҕын үрдүнэн, сыырынан түһэн иһэр киһибин хас да миэтэрэни аһара көтүтэн баран, туормастаан хачыгыраттым. Тоҕо эрэ: «Хантан иһэҕин, ханналаан иһэҕин?» – диэн ыйытыыны биэрбэт киһи буолан биэрдим. Саҥа аргыһым да тугу да саҥарбата. Арай бэрт чэпчэкитик олорсубутун сөҕө санаатым. Бэйэтин кыаммат киһи ыытааччы киһиттэн тардыстан, тутуһан баран биирдэ оннун булан олорооччу. Киһим, тап гына олорорун кытта, инники-кэнники көлүөһэлэрим туормастарын ыһыктан кэбистим. Матасыыкылым иннин хоту түһүнэн кэбистэ. Онон туһанан ускуораспын утуу-субуу угуталаан кэбистим. Табыллыбыт, кыанар мотуордаах «Планета-2» матасыыкыл өрө бирилии түстэ да, көрүөх бэтэрээ өттүгэр ускуораһым 70 км чугаһатта. Бу алаас суола көнөтүн ааһан, кыра ардахха бэриммэт туойдуҥу буордаах, кытаанах. Онон мин эрэ буолуо дуо, тимир көлөлөөхтөр бары мотуордарын кыаҕын бэрэбиэркэлиир сирдэрэ. Ол саас дьыл эрдэ кэлэн, биримээнэ аспаалламмыт курдук, суол тупсан аҕай турар кэмэ этэ. Өр-өтөр гыммакка, испидэмиэтирим көрдөрүүтэ 75 км тиийиэхчэ буолла. Мэктиэтигэр хараҕым уута ыгыллан барда, ону абааһы көрдүм. Итинтэн ордук түргэнник хаһан да сылдьыбат этим. Алаас уҥуоргу өттүгэр тыаҕа чугаһаан иһэн эмискэ иннибин көрө түспүтүм: суолбун туора, уҥа-хаҥас да өттүнэн тумнар кыаҕы биэрбэт гына, тэлэгирээп остуолбатын курдук суоннаах, ол гынан баран аһара уһун мас сытар эбит. Кыл түгэнигэр санаа кылам гынна: суол уҥа эбэтэр хаҥас өттүгэр туттум да – өлөбүн! Кытаанах хамсаныы манна буолла. Гааспын муҥутуур улаханыгар туруоран баран, атахпар күүскэ тирэнээт, уруулбун бэйэбэр үөһэ тартым. Санаабар, матасыыкылым аҕыйахта бабыгыраан ылла да, инним хоту ойутан кэбистэ. Тоҕо эрэ, сытар маһы нөҥүө ыстаннаран да баран, олорсубут киһибиттэн «хайдаххыный-туоххунуй?» диэн ыйыта барбатым. Ол эрээри, биирдэ өйдөөбүтүм: киһим онно – оҥос, бэйэтэ – мэлис. Билсибэтэх аргыһым хаһан, ханна эһиллэн дуу, түһэн дуу хаалбытын күн бүгүнүгэр диэри билбэппин. Хор, били «киһим» оннук кытаанахтык өйбүн, харахпын «баайбыт» эбит. Бэҕэһээ киэһэ 9 ч. ааһыыта бу суолунан кустуу ааһарбар суолга мутук да саҕа мас суоҕа эбээт!    Аны, ол күн сарсыарда 10 ч. саҕана массыынаҕа олорсон, ол суолбунан төттөрү, били, быраактыкаҕа сылдьар оҕолорбор айаннаатым. Мааҕын сарсыарда суолга сытар маһы үрдүнэн ыстаннарбыт сирбэр чугаһаан иһэн, баҕар, туора сытар маһы суол кытыытыгар тартахтара буолуо диэн көрөөрү, суоппарбар «ускуораскын бырах» диэбиппэр киһим сирэйбин-харахпын дьиктиргээбиттии көрөн баран тугу да саҥарбатаҕа. Дьиҥинэн, бу алааска киирэн баран массыынатын муҥутуур түргэнинэн ыстаннарыахтаах этэ буоллаҕа. Дьиктиргиэм иһин, били, туорай мастаах суолум ып-ыраас, суол икки өттүнэн харах ыларын тухары бүтэй тоһоҕотун да саҕа мас көстүбэт! Онно эрэ, дьэ, сэрэйдим: сарсыарда миэхэ олорсубут киһи орто дойду оҕото буолбатаҕын, олохтоох алаас «киһитэ» буоларын, мин харахпын баайбытын.    Дьиҥ абааһыны матасыыкылынан хатааһылатыахтааҕар буолуох, илэ да көрбүт киһи ахсааннаах ини. «Итэҕэйиэхтэрэ суоҕа» диэн ити түбэлтэ туһунан кимиэхэ да бэрт өр кэпсээбэккэ сылдьыбытым. Хойут олохтоохтортон истибитим, бу алааска уруккуттан да дьон элбэхтик араас дьиктини көрөллөр уонна истэллэр эбит этэ. Биир түбэлтэ туһунан Сатаҕай төрүт олохтооҕо, миигин кытта саастыы Яковлев Семен Семенович-II миэхэ кэпсээн турар.    Биэс уонус сыллар саҕаланыыларын саҕана Сатаҕай 4 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, оҕолор салгыы Алтаҥҥа биир көстөөх сиргэ сатыы сылдьан үөрэнэллэрэ. Ол курдук, биир үтүө күн, сааскы өрөбүл иннинэ, Сэмэнчик уолчаан бииргэ аргыстаһар оҕолорун куоттаран баран кинилэри ситээри сүүрүү-хаамыы икки ардынан айаннаан испит. Быччайаан сиһин быһа түһэн, Чымаадай алааска киирэн кэлбит. Ойууртан алааска киириигэ сырыынньа соҕус сыыры ортолуу түһэн эрдэҕинэ, кинини кэккэлэһэ суол хаҥас өттүгэр, ат сыарҕатын суолуттан 4-5 миэтэрэлээх сиргэ биир киһи хайыһарынан анньынан аҕай иһэр эбит. «Бачча эрдэ ким хайыһардыы сылдьар буоллаҕай, дэриэбинэ оҕолоро хайыһары кэтэ илик кэмнэрэ этэ ээ», – дии санаан, хаары көрбүтэ – хайыһардьытын суола хаарга көстүбэт үһү. Уол өйүн-төйүн булан куттаныан да иннинэ ол киһитэ иннигэр түһэн сүүрэн иһэн көрдөрбүтүнэн сүтэн хаалбыт. Сэмэнчик ол эрэ кэнниттэн улаханнык куттанан баттаҕа турбут, сап-салыбырас буолбут, көлөһүнэ сар түспүт. Эргиллэ биэрбит да, дьиэтин диэки буут биэрбит. Ол түмүгэр үс күннээх түүн суорҕан-тэллэх киһитэ буолуор диэри улаханнык ыалдьан сыппыттаах эбит.    Иккис түбэлтэни Алтан суоппара Тихонов Семен Васильевич кэпсээбитэ. Кини массыыната төһө да эргэтин иһин, Чымаадай алаас суола – көнө, охсуу – суох. Онон туһанан сөп соҕус түргэнинэн айаннаан куугунатан иһэн массыынатын сиэркилэтинэн көрө түспүтэ, арай, биир киһи кинини эккирэтэн сүүрэн аҕай иһэр эбит. Алааска кими да ситэн ааспатаҕын билэр уонна бу алаас дьиктилээҕин истэр буолан, Сэмэн көлөтүн эбии гаастаан биэрбит. Ол да буоллар «киһитэ» өр-өтөр гымматах, ситэн кэлэн ойоҕос түннүгүнэн элэгэлдьийэн эрэрэ көстүбүт. Суоппар «ааммын аһан субу киирэн кэлиэ» диэн улаханнык куттаммыт. Ол икки ардыгар массыына туох баар кыаҕынан кыыкынаан уҥуоргу тыаҕа субу тиийэн кэлбит. Суоппар уҥа аанын түннүгүн өйдөөн көрбүтэ, киһитэ суох буолан хаалбыт. Сэмэн дьэ «һуу» гынан айанын салҕаабыт. Кэлин ити алааһынан кыра массыынанан соҕотоҕун айаннаан иһэр, арааһа, аһаҕас эттээх суоппардар буолуо, кэккэлэһэ киһи олорсон иһэрин төһө да илэ көрбөтөхтөрүн иһин, сэрэйэр сурахтаахтара. Ол иһин ити алааһынан соҕотоҕун айаннаабат буолбуттар.    Онон мин эмиэ ити алааска илэ абааһыны матасыыкылынан хатааһы­лаппытым оруннаах буолан тахсар. Сахалыы өйдөбүлүнэн толкуйдаатахпына, «хата, орто дойдуттан арахсар күнүм кэлэ илик буолан, ол быһылаантан тыыннаах ордубут буоллаҕым» диэн дьылҕабар билигин да махтана саныыбын. Оччо түргэнник көтүтэн иһэн матасыыкылбын эмискэ туора туппутум буоллар, сүнньүбүн тосту түһэн, өлбүтүм ырааппыт буолуо этэ.   Василий Максимович Михайлов-Чача¢да Уола, Амма. Тарҕат:
kyym.ru сайтан