Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сиэгэмдэ дьиктилэрэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сиэгэмдэ дьиктилэрэ
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
29.03.2024 12:22
Аҕыйах сыллааҕыта Үөһээ Дьааҥы улууһугар күөл мууһа тэлиллэн хаалбытын туһунан дьикти түгэн «Кыым» хаһыакка суруллубута. Ол матырыйаалга күөл мууһа туохтан алдьаммыт буолуон сөбүн туһунан билим үлэһиттэрин кылгас быһаарыылара баара. Биһиэхэ, Эдьигээн улууһугар, Сиэгэмдэ диэн ааттаах күөл мууһа тэлиллэрин туһунан үһүйээннэр элбэхтэр. Өрдөөҕүтэ, сэбиэскэй былаас төрүттэммитин кэнниттэн, Василий Григорьев уонна Николай Ильинов диэн олохтоох эбээннэр түүҥҥү хараҥаҕа Сиэгэмдэни ортотунан сыарҕалаах табаларынан көтүтэн испиттэр. Бастаан испит табалара туохха эрэ иҥнибиттии эмискэ хорус гына түспүттэр, сытыргыыр курдук тутта-тутта чугуруҥнаспыттар. Булчуттар сыарҕаларыттан ыстанан түһэн табалар чугуруҥнуулларын тохтоппуттар. Ол туран көрбүттэрэ күөл биир кытылыттан нөҥүө кытылыгар диэри уһуннаах, маамыкта устата кэтиттээх ыраас уу иннигэр тураллар эбит. Булчуттар өр толкуйдуу, көрө-истэ, быһаара сатаабакка төттөрү ыстаннарбыттар. Эбэ мууһа урут даҕаны итинник тэлиллэрин истибит буоланнар, сырдыкка да кэлэн көрө-билэ сатаабатахтар. Айылҕаны кытта күннэтэ алтыһа сылдьар булчуттар: «Туох эрэ бөрүкүтэ суох түбэлтэ буолаары гыннаҕа дуу», – диэн дьиксиммиттэр. Кэнники барыта этэҥҥэ буолбутуттан «һу» гыннахтара дии. Сиэгэмдэ Эбэ дьиктилэрэ итинэн эрэ бүппэт. Саас дьэргэлгэн түспүтүн кэнниттэн, аҥаардас бултаан эрэ айахтарын ииттэр олохтоох эбээннэр Эбэҕэ бултуу киирбиттэр. Сыарҕаларга көлүллүбүт аллаах табаларынан күөлгэ көтүтэн киирбиттэр уонна олох чугаһаан баран кыыл табалары ытыалыы сатаабыттар. Кинилэр биир да таба өлбөтүттэн муодарҕаабыттар. Чинчийэн, суоллаан көрбүттэрэ олох да суох кыыллары ытыалаабыттар. Үһүйээн сороҕор үлүннэриилээх буолааччы. Кырдьыга дуу, сымыйата дуу, сааскы дьэргэлгэн саҕана Сиэгэмдэҕэ ханнык эрэ улахан куорат күлүгэ түһэн турарын эмиэ булчуттар көрбүттэрин туһунан үһүйээн баар. Өссө биир дьикти түгэн туһунан үһүйээнтэн бэрт кылгастык кэпсиэм. Сиэгэмдэ Эбэ арҕаа өттүгэр көлүйэ баар. Ол көлүйэ аттынан уучаҕынан сиэллэрэн испит киһини баараҕай балык ууттан өрө ыстанан тахсан ыйыстыбытын туһунан биир уостан түспэт үһүйээҥҥэ кэпсэнэр. Ити кэнниттэн ол уол аҕата иктээнэ бууру (үстээх табаны) мэҥиэлээн, кыыл тириититтэн тэлиллибит маамыкталары хос-хос өрөн быа оҥостубут уонна киил маһынан ситтээн баараҕай балыгы хаптарбыт. Ол аарыма улахан сордоҥ үһү. Кинини уол аҕата уһун уктаах үҥүүнэн сыралаһан туран кэйиэлээн, бэрт эрэйинэн өлөрбүт. Аарыма сордоҥ алын сыҥааҕын уҥуоҕун суолга хороччу туруорбуттарын уучахтаах киһи төҥкөйбөккө да ааһара үһү. Ол уҥуох Сиэгэмдэ таһыгар бэрт өрдөөҥҥө диэри турбутун кэпсииллэр эрээри, субу манна этэ диэн чопчулааһын суох. Көрбүт дьон айылҕа тыйыс сокуонунан анараа дойдуга аттаммыттара ырааттаҕа дии. Сиэгэмдэ – элбэх таайыллыбатах таабырыннаах сир. Былыр даҕаны, аны даҕаны Эбэҕэ өссө туох дьиктилэр бааллара киэҥник биллэ-көстө илигэ элбэх буолуохтаах. Роман ЯКОВЛЕВ («Эдьигээним барахсан» кинигэттэн) Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан