Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хаарыан кэми...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хаарыан кэми...
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
16.03.2018 16:42
Биирдэ эмэ кэмсинэ-кэмиринэ сылдьыбыттааххын дуо? Чэ, кэмчиэрийимэ, хайа да киһиэхэ оннук баара чахчы. Кырдьыга даҕаны, сибэтиэй үһүгүн дуо ол – кыырпах да аньыыта-харата суох сылдьар?! Ол эрээри кэмсинииҥ да араастаах. Онтуҥ күн аайы да буолуон сөп. Олору мин бытархайдар диэн, төбөбүн сынньа да сатаабаппын. Ити гынан баран дууһаҕын моруу гынар, ааһан-араҕан биэрбэт, били, этэргэ дылы, сыппах быһаҕынан молуойдуур курдук, түүнүн ончу утуппат түбэлтэ – кэмсилгэн баар буолар. Киһи төһөнөн сааһыран иһэр да, онто соччонон силис тардан, кырыстанан-тойдонон торолуйан тахсар быһыылаах. Эйиэхэ, эдэр киһиэхэ, ис санаабын барбах сэгэтэ түһэн ылыым. Ону сөбүлүүрүҥ эрэ, суох эрэ? * * * Эдэрбэр хоту учууталлыы сылдьыбытым. Үтүөкэн дьонноох-сэргэлээх, киһи өйүттэн хаһан да сүппэт кэрэ айылҕалаах дойду буолаахтаатаҕа эбээт. Мин, оччолорго «олоҕу добуочча билбэхтэстим» диэн, уҥа-хаҥас көрбөхтөөбүт, балай эмэ дэбдэҥ санаалаах 28-таах эдэр киһи, кэргэннээх, икки оҕолоох ол дойдуну булбутум. Уопсайынан даҕаны, киһи оннук бардам санаалаах, иилэн ылбат киэҥ былааннаах буолан, хайа да ыарахантан иҥнэн-толлон турбат эбит быһыылаах. Оччо орохочуйа сылдьан аттыгар, уос номоҕунуу эттэххэ, муннуҥ анныгар сытар күтүр бэйэлээх бэрэбинэни да таба көрбөт буолар эбиккин. Арай биирдэ өйдөөбүтүм – биэс сылы быһа сүрэҕим аҥаара диэн эрэллээхтик ааҕа сылдьыбыт Чээнэм «эйигин урут да таптаабат этим, дьиҥнээх тапталбын дьэ көрүстүм» диэн, суукка арахсар туһунан сайабылыанньа биэрбит эбит. Оччолортон бытааннык толкуйдуур киһи, мин, хаһан өйбүн-төйбүн булунуохпар диэри сууппут буола оҕуста – араҕыстахпыт ол. Барыта түргэн баҕайытык, көрөн баран чыпчылыйыах да иннинэ курдук. Чэ, ол кыбыстыылаах суут хайдах ааспытын, онно ким туох диэбитин ахтымыым, быһата, түүл-бит курдук этэ. Арай быһыта-орута тыытан тугу өйдөөн хаалбытым диэн – ойоҕумсах одьунааһа, эрийсиик эристиинэ мин буолан тахсыбыппын. Бэл, ойохпун хаһан санаатахпына, хаарыаннаах ис таҥаһын хайыта тарда-тарда күүһүлүүр үһүбүн. Сууппутун «сабыылаах быһыыга-майгыга барар» диэн, туора дьону киллэрбэтэхтэрэ эрээри, сааскы аламай күммүт арҕаалыан да иннинэ дьыала ис дьиҥин, туох саҥа-иҥэ тахсыбытын нэһилиэк дьоно түөрэ бары билбит этилэр. Бу кыбыстыытын, саатыкатын ньии! Мантан сылтаан икки күн оскуолабар быкпатаҕым. Хата, ону кэлэктиибим дьоно туох да диэбэтэхтэрэ, борогуул диэн аахпатахтара. Туох барыта ааһар, биир сиргэ чаардаан турбат диэн баар. Син ол кэриэтэ олоҕум, үлэм-хамнаһым сыыйа оннун-тойун булан барбыта. Уруоктарбын уруккум курдук дьиэбэр налыччы олорон, кичэйэн бэлэмнэнэн ыытарым, хайа сатанарынан оҕолор төрөөбүт тылларын кэрэхсээтиннэр диэн кыһалла сатыырым. Ол эрээри барыта хайдах сатанан иһиэй – кылааска араас оҕо баар. Ким эрэ ол арахсыы айдааннаах суутун санатан, этиллиэ да суоҕу «чап» гыннаран кэбиһэр. Оччотугар кулгааҕым чуҥкунуу түһэргэ дылы буолара. Сороҕор оскуоланы бүтэрээри сылдьар, эт тутан эрэр кыргыттар эдэр саҥа учууталларын сүрдээх таайтарыылаах баҕайытык көрүтэлээн ылаллара. Ону-маны саҥардыы ыйдаҥардан эрэр уу туҥуй
барахсаттар көрөллөрүгэр дэлэ үһүбүөн! Били, дьахтарымсах, хаһан баҕардаҕына, күүһүнэн эҥин түһүөлүүр ааттаах киһи... * * * Ити суут кэнниттэн нэһилиэк дьахталлара даҕаны сыһыаннара биллэрдик уларыйбыта: тургутан көрүүлэрэ, сорох-сорохторо (хаһан да айах атан кэпсэппэтэх дьахталларым даҕаны), бэл, чугасаһыах да курдук буолан барбыттара. Маҕаһыыҥҥа тиийдэххэ, кулуупка киинэ көрө кэллэххэ, оонньуу-күлүү кэриэтэ үтэн-анньан арааһы бары саҥараллара, тылга-өскө тииһэллэрэ баһаамнаабыта. Оннооҕор икки сытыы кыыс киинэ кэнниттэн дьиэбэр батыһан кэлэн соһуппуттара. Ол эрээри күһүөрү бу кыргыттар эспэдииссийэлэр таабырданан олорор эргэ балаҕаннарыгар «элиэтииллэрин» хаста эмэ көрбүт буоламмын, саа тэбэр сиригэр чугаһаппатаҕым. Ол саҕана, аны кэлэн киһи сонньуйар даҕаны, нэһилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, чөл олох бэлиитикэтин уоттаах-күөстээх ыытан эрэр буолан, киэһэ биэстэн сэттэ чааска эрэ диэри атыыланар «нуорма» олохтуу сылдьыбыта. Арыгы иһиитин хонтуруолга ылбыт, чөл олоххо тардыспыт нэһилиэк аатыран, бастыҥ бачыым өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллибитэ. Ол эрээри төһөнөн бобуу-хаайыы баар да, соччонон тууһугуруу күүһүрэн иһэрэ. Урут арыгы диэҥҥэ наадыйбатах дьон «сокуоннай нуормаларын» хайаан да ылан төннөр буолбуттара. Дьэ, онтон ыла итирии-кутуруу элбээн киирэн барбыта. Мин даҕаны ала тураах буолуом дуо – били чааһым ыган кэллэ да маҕаһыынныыр суолу тутуһарым. Арай ол кэлэ-бара сылдьан тиэргэнин таһыгар арыт мас хайытан күөдэллэнэ, арыт түөрт салаалаах атырдьаҕынан от атара турар эдэрчи дьахтары көрөрүм. Мин иһэрбин көрдөҕүнэ, үлэлиирин тохтото түһэн, арыый бэттэх чугаһаан, оҕуруотугар өйөнөн туран дорооболоһоро, кэпсэтэ сатыыра. Бу – хонтуораҕа үлэлиир Елена Власьевна диэн 40-чалаах дьахтар этэ. Баартыйалаах, нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар көхтөөхтүк кыттар, өссө биллэр-көстөр ырыаһыт (удьуор ырыаһыт дьон дииллэрэ), тас көстүүтүнэн ис киирбэх эрээри, тоҕо эрэ толло көрөр этим. Баҕар, дьиэтин таһыгар бары-басхаҕар киэҥ ыстааннаах, биир оннук тэлигириэйкэлээх сылдьарын көрөн, эр киһиэхэ майгыннатан буолуо. Эрэ, Дьокуускай эргиннээҕи киһи, атын дьахтары эккирэтэн дойдутун диэки айаннаабыта ырааппыт курдук кэпсииллэрэ. Мин ол киһини көрбөтөх буоламмын, Елена Власьевнаны кытта атылыы соҕус дьылҕалаах эбиппит диэн, бэйэбэр чугаһата саныырым. Дьиҥэр, кини, миигиттэн лаппа саастаах уонна хайа да мунньахха тылын-өһүн дьоҥҥо ылыннарар киһи, миигинньик муҥнаахха букатын үөһии-үөһэ турар аанньал кэриэтэ буоллаҕа. Эбиитин хонтуора үлэһитэ буолан, аньыыбын-харабын аахтара билэрэ чахчы диэн улаханнык салларым. Эмдэй-сэмдэй кыргыттара бэһис-алтыс кылааска үөрэнэр чобуо оҕолор этилэр. Дьиэтээҕи үлэни биэрдэхпинэ, ийэлэрэ хайаан да суруктарыгар-бичиктэригэр көмөлөһөр, өссө хоһоон кытта айан ыытар этэ. Биирдэ дьиэм таһыгар – учууталлар уопсайдарын тиэргэнигэр мас хайыта турарбын көрөн, чугаһаан кэлбитэ (хонтуората субу турдаҕа дии) уонна үгэһинэн дорооболоһон, арааһы кэпсэтэ түһэн баран: – Хайа-ыы, үтүлүгүҥ илдьирийбитиин! Маҕаһыыҥҥар баран иһэн таарыйан ааһаар, – диэбитигэр кыбыстан өлө сыспытым: хас чааска барарбын, тугу атыылаһарбын – барытын биэс тарбаҕын курдук билэр эбит диэн. Тылбын биэрбит эрэ буолан, саллаҥнаан тиийбиппэр бэртээхэй үтүлүгү биэрбитэ үчүгэй да этэ! Итиччэ сааспар
диэри ким даҕаны (бэл, Чээнэм) итинник бэлэхтии илигэ. Долгуйан, санаам тосту уларыйан, «нуормабар» барбатаҕым... * * * Елена Власьевнаттан толлорум арыый мүлүрүйбүт курдуга. Аны кыра да сылтахтанан, оскуолабар тахсан иһэн, хонтуораҕа таарыйан ааһар идэлэнним. Биир-икки тылы бырахсан кэпсэтэ түһэрим санаабын кынаттыыр буолбутун билбэккэ да хаалбытым. Биирдэ, оруобуна Кыайыы күнүн саҕана быһыылааҕа, хонтуора хачыгаара Харыалап Хабырыыс, Елена Власьевна аймаҕа киһи, молохочус-иликичис көрө-көрө: – Доор, эдьиийим: «Сарсын иллэҥ буоллаҕына, оттук маспын куруудалыырга көмөлөһүө дуо?» – диэн ыйыттарар. Хайыыгын? – диэтэ. – Көмөлөһөн буолумуна, хата, хаска бараргытын биллэрээриҥ, – диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. ...Сарсыныгар сол курдук молохочуҥнаабытынан бураанынан бирилэтэн кэлбитэ. Сыарҕаҕа Елена Власьевна кэннигэр, сууллумаары, хам кууһан олороммун айаннатан типтэрии буолла. Чаастан ордук айаннаан мас кэрдэр дэлээнэҕэ кэлбиппит, тыраахтар сыарҕатыгар дьоҕус баҕайы болуок хаҥнайан турар: мас кэрдээччилэр киэннэрэ быһыылаах. Итинтэн арыый тэйиччи ырааһыйаҕа балай эмэ улахан икки чохчо төрдүлэрэ соҕуруу диэки хайыһан, сааһыланан аҕай сыталлар. Хабырыыс «сылгыһыттар учаастактарыгар дьоҕус мал илдьэн баран, сотору элээрдэн кэлиэм, эһиги төһө кыайаргытынан үлэлээн эриҥ» диэт, көрүөх бэтэрээ өттүгэр бирилэтэн хаалла. Халлаан сылааһа сүрдээх. Күнэ да чаҕылыйан, мээнэ олоруох санаа суох. Мин били үтүлүкпүн кэтэн, сиэрдийэ курдук мастары чохчолоо да чохчолоо. Хата, хаара чараас буолан абыраата. Елена Власьевна, дьиҥэр, хара күүһүнэн миигиттэн хаалсыбата буолуо эрээри, титириктэри быһыта охсо-охсо, эмиэ чохчолуур, сааһылыыр түбүгэр сырытта. Ол сылдьан туох эрэ диэбитэ да, оччолортон дөйүҥү киһи өйдөөн истибэккэ хаалбыппын. Биирдэ өйдөөбүтүм – киһим ханна да суох. «Ханна баран хаалбытын билбэккэ хааллым?» диэн, курууда (чохчо) үрдүгэр орҕостон тахсыбытым, Елена Власьевна самыыта кылбайыаҕынан кылбайбыт – субу чохчойон олорор! Мин, соһуйбут омуммар, чохчону сууллара сыстым... Син балай эмэни үлэлээтибит, тиритии-хорутуу, сылайыы да барда. Аны туран, өйүөбүтүн Хабырыыс илдьэ баран хаалбыт! Болуок эркинигэр хочулуок тоһоҕоҕо иилиллэн турарын ылан, өҥөйөн көрбүппүт – сабарыаха тоҥон турар эбит. Бу дойду дьоно баччаларга сыалыһарынан бэртээхэй аһы – сабарыаханы астыыллар. Онтулара минньигэһэ, тотоойута сүрдээх буолар. Елена Власьевна, хата, испиискэлээх эбит (миэхэ хантан кэлээхтиэй), быыкаа оһох дуома баарын отунна. Көрдөөтөххө, киһи тугу баҕарар булууһу – оруобуна икки кирдээх ньуоска көһүннэ. Олору хаарга сууралаан, өрбөххө сотон начаас ыккардыгар кылбаттым. Били сабарыахабытын былдьаһа-тарыһа кимиритээт, аны хочулуогу кикирийэ түһэн баран, көмүрүө хаары уулаан оргута уурдубут. Елена Власьевна хаары хаһыйан, отон угун быһыта тыытан, хочулуокка чэй гынан көйөрдө. Дьэ, сүрдээх хаһаайка диэтэҕиҥ! Син ол-бу истикилээҥкэни ыстакаан гынан, аны чэй иһэн сыпсырыһыы буолла. Тото-хана аһаабычча, тахсан барбах үлэлии түстүбүт, онтубут быыһыгар сынньанан ылабыт. Ол икки ардыгар киэһэрэн барда, халлааммыт да тымныы эбитин биллэрдэ: дьагдьайан бараары гынныбыт. «Хабырыыспыт иһэрэ буолаарай?» диэн, чохчо үрдүгэр ытта-ытта иһиллээтибит да –
мэлиһээй. Хайыахпытый, хаппыт маһы быһыта охсон болуокпут иһигэр кыстаатыбыт... * * * Мааҕын аччыктаабытым омунугар буолан, муннукка туох эрэ харбыйан сытарын өйдөөн көрбөтөхпүн. Онтум – таба тириитэ кукуул эбит! Маннык кукууллаах буоллахха, хайа да бэйэлээх тымныыга туох да буолбаккын. Оһохпутугар маһы симэн баран утуйарга оҥостуу буолла. Хамаандалыы үөрүйэх киһи, Елена Власьевна, мас-таас курдук «сыгынньахтанан кукуулга киир» диэн баран таһырдьа таҕыста. Утары этэн туһа суох – сыгынньахтанан, кукуулга сытынан кэбистим. Сотору соҕус дьахтарым киирэн, аа-дьуо сыгынньахтанар тыаһа иһилиннэ уонна бэркэ дьоҕуһаан кукуул иһигэр – хоонньубар киирэн хаалла. Хайа-хайабыт долгуйан хаалан, тугу эмэ саҥарар диэн мэлигир, ол быыһыгар кыараҕаска алҕаска таарыйсан кэбиһэн симиттии бөҕө. Үчүгэй да эбит маннык сыстыһан сытар! Эр киһини умнубута ырааппыт дьахтар ураты дьикти сыта тугу барытын туймаардар. «Маннык кэрэ кэм уһаатар ханнык» диэн, хорсун санаам киирэн, убаастыырбын биллэрэн (имэҥ-дьалыҥ санааттан буолбатах!), сэрэнэн куустум. Үөһэ тыыныы, дубук-дабык хамсаныы биллэн киирэн барда. Дьахтар сылаас илиитэ тиийиэхтээх сиригэр тиийдэ, онуоха харда кэриэтэ сөбүлэҥин биллэрэн наһаалаары гыммыт «табаарыс» тыыллан-хабыллан турда... Дьэ, эбитэкээ! Күн-хаан кыараҕаһа манна буолла, мэктиэтигэр, сүрэхтэр уһулута ойон тахсаары гыннылар! Ама, маннык күүрээни инчэҕэй эттээх тулуйуо дуо?! Ол икки ардыгар таһырдьа туох эрэ тилигирээбитэ баара да – Хабырыыс молоорус гына түспүтэ... Сотору соҕуһунан нэһилиэк барыта билбитэ. Елена Власьевнаҕа баартыйата кытаанах быыгабар биэрбитэ, эбиитин Болгариялыыр путевкатыттан мэлийбитэ. Мин үөрэҕим сылын да ситэрбэккэ Дьокуускайдаабытым. Ол айыыта онон. «Хаарыан киһи аатын-суолун алдьаттаҕым» диэн кэмсинэбин. Саатар, силигин ситэрэн астына-дуоһуйа таптаспатах абаккам баар! Итинник мин эрэ саныырым эбитэ дуу, оттон Елена Власьевна туох санаалааҕа буолла? БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан