Кэпсээ
Войти Регистрация

Саҥа «Күрүлгэн» иһинээҕитин билиһиннэрии

Главная / Кэпсээн арааһа / Саҥа «Күрүлгэн» иһинээҕитин билиһиннэрии

K
kyym.ru сайтан Айымньы
01.04.2024 10:42
Сурунаал муус устар 10 күнүн диэки тахсыаҕа Саҥа «Күрүлгэн» иһинээҕитэ «Уран тыл» түһүмэҕинэн саҕаланар. Онно суруйааччы, хомоҕой тыллаах, уйаҕас иэйиилээх хоһоонньут, суруйааччы Василий Алексеев «Саас кэлиитэ» диэн хоһооно турда. Быйыл – кини төрөөбүтэ 75 сыла. Онно ананан «Кылаан» диэн түһүмэххэ СӨ норуодунай суруйааччыта Сэмэн Уруукап Василий Алексеев «Алаас тыала буолуохпут» диэн кинигэтигэр суруйбут аан тыла уонна Тааттаттан суруйааччы Иннокентий Лукачевскай-Силис «Үтүө киһи аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэт» диэн суруйуута киирдилэр. Бэйэтин кэмигэр Сэмэн Уруукап, атын биллэр Баһылайдартан, Баһылай Өлөксүөйэптэртэн араараары, Василий Андреевич Алексеевы «Чөркөөх Баһылайа» диэн ааттыан ааттаабыт эбит. Ол курдук, «Төһүү» түһүмэххэ биллиилээх суруналыыс Василий Ильич Алексеев «Үлэҕэ уһаарыллан, успуорка буһан-хатан» диэн Горнай улууһун ытык-мааны киһитэ Марина Михайловна Андреева туһунан суруйуутун ааҕыаххыт. Манна диэн эттэххэ, горнайдар бу нүөмэргэ күннээтилэр: эмиэ ити түһүмэххэ, Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө, СӨ бочуоттаах дойдулааҕа Климент Егорович Иванов Саха сирин биир ньургун уола Макар Макарович Яковлев туһунан суруйуута киирдэ; оттон «Хоһоон» түһүмэххэ ааҕааччылар Горнай Өрдүгэр олорор суруйааччы Александр Тарасов саҥа хоһооннорун билсиэхтэрэ. Ону сэргэ «Хоһоон» түһүмэххэ Уус-Майаттан Елена Барашкова, Хаҥалас Өктөмүн «Үнүгэс» уонна Сунтаар улууһун «Харалдьык» түмсүүтүн кыттыылаахтарын хоһоонноро киирдилэр. «Кэпсээн-сэһэн» түһүмэххэ Леди Муус «Кэриим» диэн аныгы дьахтар өйүн-санаатын ытылҕанын арыйан көрдөрөр саҥа кэпсээнэ, Римма Корякина-Хотууна «Таас кэмпиэт» диэн эмиэ саҥа айымньыта кэрэхсэбили үөскэтиэхтэрэ. Хотууна кэпсээнигэр Дугуйдаан диэн уол дьылҕата уус-ураннык сиһилэнэр. Бу иннинээҕи нүөмэргэ тахсыбыт Александр Амбросьев-Сайылык Уолун «Туллай» сэһэнэ сылгы туһунан этэ, «Таас кэмпиэт» Дугуйдаана эмиэ сылгы куттаах, айылҕаны кытта ыкса ситимнээх. Ону сэргэ бу түһүмэххэ Пантелеймон Семенов диэн сонун кэпсээнньит айымньыта киирдэ. Пантелеймон Александрович Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүт. СӨ үтүөлээх эмчитэ. «Тылбаас» түһүмэххэ Михаил Хонинов диэн калмык суруйааччытын хоһоонноро киирдилэр. Чуона Мэхээлэ уонна Арчылан тылбаастаатылар. Михаил Хонинов – Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Белоруссияҕа бартыһааннаан Миша Чёрнай диэн аатынан номоххо киирбит киһи. Биир дьиктитэ диэн, Ньурба тыйаатыра 1980 с. кини дьылҕатыгар олоҕурбут испэктээкили туруорбут. Бу түһүмэххэ Казахстан биллиилээх суруйааччыта Алибек Аскаров «Загира-апай» диэн кэпсээнэ киирдэ. Төрүт тылы туруулаһыы кыһалҕатын сытыытык арыйан көрдөрөр айымньыны Валерий Луковцев-Дьурустаан тылбаастаабыт. «Кылаан» түһүмэххэ суруналыыс Валентина Петрова «Араадьыйаҕа үлэлээбитэ» диэн оччотооҕу Илин Хаҥалас улууһун II Тыыллыма нэһилиэгиттэн төрүттээх суруйааччы, суруналыыс, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Семён Никифоров туһунан суруйуута киирдэ. «Анаарыы» түһүмэххэ «Ааҕааччы хараҕынан» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх бастыҥнара Лена Романова «Наталия Рязанская «Оппой» кэпсээнэ», Светлана Самсонова-Сиибиктэ «Саха саллаатын уобараһа» диэн анаарыылара болҕомтону ылыаҕа. «Тобулдьу» түһүмэххэ Бүлүүттэн Сергей Иванов «Аҕам үөрэҕэ» диэн олох-дьаһах мындырдарын туһунан суруйуута сонун буолуоҕа. «Төрүччү» түһүмэххэ тахсар төрүччүһүт Марк Петрович Григорьев «Академик Сергей Попов төрдө-ууһа» диэн суруйуута, буоларын курдук, түгэх өбүгэлэртэн түөһүүлээх. «Тыйаатыр» түһүмэххэ ааҕааччылар Мария Санникова «Кэрэ көмүскэлигэр» испэктээкил туһунан киэҥ анаарыылаах, сэргэх кэпсэтиилээх суруйуутун билсиэхтэрэ. Оттон «Көр-күлүү» түһүмэххэ Аал Бөрүө диэн айар ааттаах кэпсээнньит кимин билиэхтэрэ, «Чыычаах» диэн кэпсээниттэн тото күлүөхтэрэ. Ол кэннэ «Мүчүк» түһүмэххэ Андрей Григорьев ойууларыттан мүчүк гыныахтара. Онтон «Таайбараҥ» түһүмэххэ билиилэрин тургутуохтара. Таарыйа санаттахха, муус устарга бу сыл иккис аҥаарыгар сурутуу саҕаланыаҕа. Ким сыл бастакы аҥаарыгар суруйтарбыт, сурутуугутун салгыыргытын санаарыҥ. Оттон суруйтара иликтэр, суруйтарыҥ. Барыта – төрүт тылбыт-сурукпут сайдарын туһугар! Сурунаал дьаһабыла Афанасий Гуринов-Арчылан.   Тарҕат:
kyym.ru сайтан