Кэпсээ
Войти Регистрация

Ахтан ааһыах ол кэмнэри...

Главная / Кэпсээн арааһа / Ахтан ааһыах ол кэмнэри...

K
15.03.2018 17:32
Дьэрэмэй алта уонун ааһан, этэргэ дылы, олоҕун орто омурҕана бүтэн, күнэ киэһэриэх да кэмэ кэллэ. Киниттэн атын киһи эбитэ буоллар, сото кэбиһэн, түөһүгэр силлии-силлии, сиэннэрин дьулайдарыттан сыллаан ыла-ыла биэнсийэтигэр олоруо этэ. Ону баара, окко түспүт оҥоһуута, сиргэ түспүт сэрэбиэйэ, биир тылынан эттэххэ, түөрэҕэ олордьу түспэккэ, баччааҥҥа диэри үтүөх-батаах үлэҕэ күнүн-дьылын ыыта сырыттаҕа. Биир курдук санаатахха, эмиэ да бэркэ дылы: үп-харчы ыһыытаппытынан симэлийэр маннык үлүгэрдээх олоххо син үлэлээх-хамнастаах буолан сыккыраан сылдьара хайҕаныан эрэ сөп. Аһыырыгар-таҥнарыгар баҕас биэнсийэтэ уонна быыкаа хамнаһын сыыһа (сорохтор «харах уута хамнас» дииллэр) тиийэр. Иккис өттүнэн ыллахха, оҕо да, уруу да суох урааҥхайа устар күнү быһа тугу гыныай – тугу эмэ үлэлээн эйбэҥниэхтээх буоллаҕа. Дьэрэмэй бачча сааһыгар диэри олоҕун иккитэ оҥосто сатаата да, туох куһаҕан кыдьыктаах быһа имнэммитэ буолла – арахсартан атыны билбэтэ. Дьиҥэр, оҕо диэтэххэ – оҕо, сиэн диэтэххэ – сиэн, мунньан-тараан син балай эмэ буолуо. Ол эрээри киниэхэ тардыһар, «аҕам, эһэм» диэн ымманыйар ыччата суохха дылы. Элимиэн эҥин диэннэрин иҥэ-дьаҥа суох кэмигэр төлөөн кэлбитэ, онон бу чааһыгар киһи тутуһара туох да суох. Олордоҕо эбээт бэйэтэ бэйэтигэр. Ким да кини олоҕор орооспот, өллүн да төрөөтүн – кыһанар киһи суох курдук. Ити гынан баран тардар хааннаах, тэбэр сүрэхтээх барахсаны туох диэҥ баарай – дьахтар диэн баран муннукка ытаабыт сордоох. Бачча сааһыгар диэри эҥинэ бэйэлээх барахсаттары байанайдаах булчут кэриэтэ эккирэтиһэн, сороҕор сииккэ сиэлэн, хаарга хааман кэллэҕэ. Дьэ, итинтэ баҕас кытта кырдьыбыт кыдьыга быһыылаах: билиҥҥэ диэри уҥа-хаҥас көрүөлүүрүн тохтоппот. Бу имэҥҥэ-дьалыҥҥа ким кинини бэлэскэ силлээбитэ буолла?! Киһиттэн уратыта диэн суохха дылы. Тас көстүүтүнэн, баҕар, саар тэгил уҥуохтааҕа буолуон сөп. Дьүһүн-бодо өттүнэн баҕас ыал аайы баар урааҥхай. Арай кыһаллыгаһынан, аламаҕайынан, кимиэхэ эмэ көмө-ама буоларынан тургутуһан көрөр кыахтааҕа эбитэ дуу. * * * Эдэригэр, ойохтонуон быдан иннинэ, биир нэһилиэккэ саха тылын учууталынан быстах кэмҥэ үлэлии сылдьыбыттаах. Олохтоох учуутал дьахтар дэкириэккэ тахсан, Дьэрэмэйи, кулууп сыанатыттан түспэт тойуксуту, оһуокайдьыт бэрдин, «саатар, биир сыл учууталлаа, кытаат-абыраа» диэн тылларыгар киллэрбиттэрэ. «Анал үөрэҕим суох, саха тылын кырамаатыкатын чуорду да билбэппин» диэн аккаастанан көрбүтүн оскуола дириэктэрэ дэлби аҕытаассыйалаан, сөбүлэнэргэ тиийбитэ. Ол эрээри: «Тугу эмэ сыыстахпына, алҕаһаатахпына, саҥара-хайыы сылдьаайаҕыт», – диэн, эрдэттэн хайыҥ охсуммута. Дьэ, ити курдук добуочча улахан нэһилиэк учуутала буолан хаалбыта. Кэлии киһи диэн, хата, дьиэ биэрэн абыраабыттара. Оскуолаҕа үксэ дьахтар аймах этэ, дириэктэри аахпатахха, арай физкультураҕа уонна үлэ уруогар эрэ икки эр киһи бааллара. Олор даҕаны учууталыскайга дэҥҥэ көстөн ааһаллара. Саха тылын кэбиниэтэ ыһыллан-то­ҕуллан, киһи кута-сүрэ тохтуох быһыыта суоҕа. Дьэрэмэй, эр киһи элээмэтэ, мастарыскыайтан сээги-тээги булан, уларыйа сылдьар истиэндэ оҥорбута, долбуурдара күөрэ-лаҥкы барбыт ыс­кааптары сөхсүйбүтэ. Маны
кэрэхсии көрөн, учуутал дьахталлар илэмэ-салама түспүттэрэ «Еремей Евсеевич, миэхэ эмиэ көмөлөс» диэн көр­дөһүү-ааттаһыы бөҕөтө буолбуттара. Хайыай, төһө кыайарынан көмөлөһөн барбыта. Оскуола дириэктэрэ «саҥа үлэһит кэлэн, учууталлар уруок кэнниттэн кэ­би­ниэккэ үлэлэрэ сэргэхсийдэ» диэн күлүгэр имнэнэрэ. Дьахталлар ба­рах­саттар сирэйдиин-харахтыын, та­ҥас­тыын-саптыын тупсар аатыгар бар­быттара «па» үһү дуо. Кэргэнэ да сиэр­килэҕэ эргичиҥниирэ, сирэйин-хараҕын оҥосторо элбээбитэ. «Көр, син кырасыабай дьахтардаах эбиппин ээ!» диэн, хотун ойоҕун мөлбөөркөй бүлгүнүн дьэ өйдөөн көрөн «эйэргэһиэх» санаата күүһүртэлээн барбыта. Дьэрэмэйтэн хайаларыттан да ордук нуучча тылын учуутала Кристина Кирилловна (дириэктэр кэргэнэ) арахпат буолбута. Ол-бу дидактическай матырыйаалын уурар хоппото, арпагыраапыйаҕа аналлаах истиэндэтэ итэҕэс аатырбыта. Аны туран, оскуоланы быйыл бүтэриэхтээх кылааһын оҕолоро Еремей Евсеевиһи кытта похуокка барыахтарын баҕаралларын иһитиннэрэн соһуппута. Баччааҥҥа диэри миигин кэтэһэн похуоттуу илик бэйэккэлэрэ эбитэ дуу? Син ол-бу сылтах көстөр. Дириэктэрдиир эригэр холоотоххо, хаампыт-сиимпит, курбалдьыйбыт барахсан эбээт бу – Кристина Кирилловна! Дьэ, дьахтар да дьахтар! Дьэрэмэйтэн хас да сыл аҕа быһыылаах эрээри, киниэхэ тэҥнээх буолуо дуо – хартыынаттан субу түспүт кырасаабысса! Түөһэ тэрэйэн, эчи, томтоҕорун баҕаһын! Чэ, баҕар, буоллун – лиипчигинэн төһө баҕарар улаатыннарыан, тупсарыан сөп. Ол эрээри уҥуоҕа-иҥиэҕэ букатын биллибэт атаҕа көнөкөтүүн! Хоппуруон чулку ыга тутан, онто өссө тупсан көстөр – биир кэм кып-кылбаҥнас. Баттаҕын сырдык өҥүнэн кырааскаланар эбит быһыылаах: кэннинэн олордоҕуна – нуучча блондинката илэ бэйэтинэн! Биирдэ Кристина Кирилловна уруок кэнниттэн Дьэрэмэйи кэбиниэтигэр көмөлөһүннэрэ ыҥырда. Ыскаап саамай үөһээҥҥи долбууруттан уруок былаанын паапкатын ылан кулу диэн көрдөспүтүгэр биһиги киһибит устуулга салҕана-салҕана муҥнана сатаан кэбистэ да, булбата – паапка эрэ кырыы-кырыытынан. Онтон дьахтар Дьэрэмэй санныгар тайана-тайана ыскаабы хасыһа туран, устуулу түөрэ үктээн кэбиспэт дуо?! Хата, эр бэрдэ хапсаҕай туттуулаах буолан, харбаан ылан өрүһүйдэ. Бу туран өйдөммүттэрэ – Дьэрэмэй уҥа ытыһынан дьахтары самаҕыттан харбыаҕынан харбаан аҕай турар эбит! Ол эрээри алҕас гынным диэн, сонно ыһыктан кэбиспэтэҕэ, биирдэрэ да ити түгэни эрэ кэтэспит курдук, таалан хаалбыта уонна ыга сыстан туран уоһуттан өөр да өр убураабыта... Ити түбэлтэ кэнниттэн Кристина Кирилловна араас сылтаҕынан учууталлар уопсайдарыгар – Дьэрэмэйгэ сылдьара элбээбитэ, аанын саппат да кэриэтэ буолбута. Кырыыҥкаҕа сүөгэй, арыт салапааҥҥа суулаан эт аҕалара. Эригэр «саҥа учуутал эрэйдээххэ боропсойуустар туох эмэ көмөнү оҥоруох эбиттэр, саатар, мас хайытарыгар үтүлүк оҕотун» эҥин диэн үҥсэргиирэ. Алтынньы ый саҕаланыыта – Учуутал күнэ. Былыттаах, инчэҕэй күн буолан, учууталлар тыаҕа бырааһынньыктыы тахсар былааннара хаахтыйбыта, онон киэһэлик оскуолаҕа кучу-мачы гыныахха диэн сүбэлэспиттэрэ. Дьэ, манна Дьэрэмэй күнэ тахсыбыта: уоһа өһүллэн, саҥата-иҥэтэ биир кэм хааһахтан хостуур курдук этэ, эбиитин туойан дьэрэлиппитэ. Дьахталлар дьиэһиттии хаалбыт эрдэрин да умна быһыытыйбыттара, сааскы кус мончуукка тардыһарын курдук буолан барбыттара. Кристина Кирилловна аттыгар туран өттүккэ имнэммитигэр Дьэрэмэй таһырдьа тахсыбыта, халлаан
бэлиэр хараҥара быһыытыйбыт этэ. «Эйиэхэ барыах» диэн сибис гынаат, дьахтар хойуу талахтар быыстарыгар киирэн хаалбыта. Учууталлар уопсайдара итинтэн чугас этэ. Дьиэ иһигэр киирээт, Кристина Кирилловна ааны хатаан чып гыннаран кэбиспитэ уонна уолу бобо кууһан туран, сыллаан-уураан барбыта. Дьэрэмэй бу көннөрү убураһыы буолбатаҕын, түгэхтээх суолталааҕын, туох эрэ кис­тэлэҥнээҕин, эппиэтинэстээҕин өйдөөбүтэ. Дириэктэрин кэргэнэ эбээт, өссө икки оҕо ийэтэ! «Дьэ, хайдах буолар киһибиний?» диэн ытырыктата санаталаабыта. Оттон дьахтар онно эрэ кыһаммат быһыылааҕа, имэҥэ-дьалыҥа киирбитэ сүрдээх этэ. Таҥас-сап көрүөх бэтэрээ өттүгэр оннун-тойун булбута. Булла да диэн буолаахтыа дуо – Дьэрэмэй сурунар остуолугар чөмөхтүү бырахпыттара. Кристина Кирилловна аҥаардас чулкунан эрэ хаалан баран, тугу да гыныан билбэккэ даллайан турар уолу эргэ кырабаакка соһон тү­һэрбитигэр куруһуна тыаһа кыычыр гына түспүтэ. «Маннык сатаныа суох» диэтэ быһыылаах: дьахтар ойон туран матараастары-майырдары муостаҕа тэлгии быраҕаат, сытынан кэбиспитэ... Бу кэмҥэ оскуолаҕа Учуутал кү­нүн бырааһынньыктаан, үҥкүүлэрэ-битиилэрэ сүрдэммитэ, оттон учуутал уопсайын биир кыбартыыратыгар имэҥ-дьалыҥ уотун ким да тохтотор кыаҕа суох этэ... * * * Кристина Кирилловнаттан ураты иккис сылын баһаатайдыыр Павлина кыыс иҥээҥниэх курдук буолбутун Дьэрэмэй саа тэбэр сиригэр чугаһаппатаҕа. Бастакытынан, төрөлкөйө бэрдэ, иккиһинэн, киһини сылатар элбэх саҥалааҕа. Аны төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ сиэстэрэ Ириинэ «кэмитиэккэ эйи­гин эмиэ киллэрбиппит» диэн, субу-субу оскуолаҕа ыҥыр да ыҥыр. Бу биир оҕолоох аҥаардас дьахтар Дьэрэ­мэйтэн, кырата, биэс-алта сыл аҕа быһыылааҕа. Аны кулууп худруга Кааппа Хапытыныаба «хайаан да эрэпэтиис­сийэҕэ кэл» диэн хаайар... Кристина Кирилловна кылааһыгар куораттан саҥа үөрэнээччи кэлбитэ. Ос­куоланы быйыл бүтэриэхтээх да буол­лар, Эльза кылааһын оҕолоругар холоотоххо, сиппит-хоппут көрүҥнээх, эт туппута да оһуобай. Симиттэр-толлор диэн сыстыбатах кыыһа. Дьэрэмэйи тааҕы-таах суптурута көрөн кэбиһэр. Сураҕа, Дьокуускайга сүгүн үөрэммэтэх, онон ийэтэ бу дойдуга аймахтарыгар ыыппыт. Эльза ойууһут бэрдэ, өссө хоһоон суруйар дьоҕурдаах эбит, онон сонно тута кэриэтэ оскуола хаһыатын таһаарар эппиэттээх киһи оҥорбуттар. Учууталлартан бу хайысхаҕа настаабынньык Дьэрэмэй этэ. Кыыс: «Өктөөп бырааһынньыгар хаһыат таһаарабыт, онно кэлэн көмөлөс, – диэн Дьэрэмэйгэ быһаччы эппитэ. Ол күн саха тылын кэбиниэтигэр түөрт оҕо кэлбит эрээри, хаһыат таһаарыах чуумпута буолбатах – күлсүү-салсыы, субу-субу көрүдүөргэ ойуоккалаһыы этэ. Эльза оҕолорун дьарыйталыы сатаан баран, ыксаан: «Еремей Евсеевич, эһиги дьиэҕитигэр тахсыахха, манна табыллыа суох», – диэбитигэр сөбүлэһэргэ тиийбитэ. Хаһыат таһаарыахпыт диэн кэлбит атын оҕолору дьиэлэригэр ыытан баран, Дьэрэмэй кыыһы кытта дьиэтигэр тахсыбыта. – Оо, дьэ, хачыгаар туох ааттаах отуннаҕай?! Бүгүн, арааһа, Баанньа оттор күнэ быһыылаах, – диэн баран, Дьэрэмэй хоско киирэн таҥаһын уларыттыбыта. Баатыманнарын аан дьиэ остуолугар тэлгэтэн баран үлэлээбитинэн барбыттара. Эльза, хата, хаһыат макыатын эрдэ өйүгэр толкуйдаабыт этэ: тута сытыы уһуктаах харандааһынан ойуулаталаан кэбиспитэ. Бу туран: – Итииккэтиин! Еремей Евсеевич, таҥаспын чарааһаттахпына сатаныыһы. Баһаалыста, ити көхөҕө ыйанан турар соруочукаҕын
кэтэбин дуо? – диэбитигэр Дьэрэмэй саннын ыгдах гыннаран кэбиспитэ уонна хоһун ыйбыта. Кыыс дисиинсэ көстүүмүн уста охсон, учуутала дьоҥҥо-сэргэҕэ кэтэр сырдык соруочукатын кэтэн тахсыбытыгар биһиги киһибит мах бэрдэрэн хаалбыта. Хоппуруон колгуокка уһун көнө атахтаах кыыһы тупсарар да буолар эбит! Эльза харандааһын ылаары төҥкөйбүтүгэр аны куруһубалаах сип-синньигэс туруусуга курдаттыы көстөн кэлбитэ... Дьэрэмэй кылаас сурунаалыттан бу кыыс 19 сааһыгар сылдьарын билэн, сөрү диэн сөхпүттээх. Бэйэтэ эмиэ оскуоланы итиччэ сааһыгар, оруобуна уон сыллааҕыта, бүтэрбитэ ээ. Ол сахха да эрдьигэн бэрдэ этэ, онон Эльза ити курдук баламаттык туттарын-хаптарын бэркэ өйдүүрэ. Дьэрэмэй: «Бу – учууталлыыр диэн эргиччи куттал быһыылаах, барыта наар сатаммат өттө», – диэн саныырын быыһыгар бүтүннүү кэриэтэ кылбайан тахсыбыт кыыс буутун көрөн, санаатын ситимэ быстан хаалбыта... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан