Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кыһын Лииндэ үрэҕэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кыһын Лииндэ үрэҕэр
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
04.04.2024 14:36
1988 сыл кыһына. Эдьигээҥҥэ олохсуйбутум бэһис сыла. Сыллааҕы уоппускабын күһүн сэтинньигэ ылан, уолаттарбын кытта ыраах тыаҕа күһүүргэ быһаарынным. Ол курдук, Василий Шемякову-Бычаар Баасканы кытта биир «бураанынан» Эдьигээнтэн 30-ча көстөөх Лииндэ үрэҕэр бултуу бардыбыт. Бааскам – олохтоох эбэҥки уола, Саха сиригэр киэҥник биллибит, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата буола сылдьыбыт Николай Шемяков сиэнэ. Таһаҕаспыт элбэх. Онон мин үксүгэр «бурааммыт» сыарҕатын кэннигэр туран айанныыбын, сыыр дабайыыта кэллэҕинэ сыарҕаттан түһэ охсобун, үөһэ тахсыытыгар кэнниттэн сырсан тиийэн хатааста түһэбин. Оннук айаннаан, киэһэ хонукпутугар Эдьигээнтэн 10 көстөөх Куонара учаастагар кэлэн хоннубут. Манна бэйэтин кэмигэр булчут, балыксыт, киһи-сүөһү бөҕө тоҕуоруспут, холкуос киинэ, оскуола баар буола сылдьыбыт, Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылаахтара олорон ааспыт сирдэрэ. Сүүнэ улахан күөллээх, онтугар бырааҥаатта, собо толору. Бу манан былыр Бүлүү аартыга ааһар эбит. Биһиги ичигэс бэлэм дьиэҕэ үчүгэйдик утуйан, сынньанан баран, салгыы айаннаатыбыт. Ол гынан, Лииндэ үрэҕин үрдүгэр түүн үөһэ тиийдибит. Былыр өрдөөҕүтэ табанан сылдьан бултуулларын саҕана маннааҕы булчуттар бултаабыт түүлээхтэрин туттарар «приемнай пууннарын» дьиэтэ баарын сөргүтэн оҥоһуннубут. Мантан биир күн айаннаатахха баар, Амыдай диэн кыра үрэх үрдүгэр эспэдииссийэлэр олоро сылдьыбыт дьиэлэрин иккис база оҥоһуннубут. Лииндэтээҕи сүрүн базабытыгар саа-саадах арааһын, дьааһыгынан араас халыыбырдаах ботуруону, таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу, үс сыл устата мунньуллубут «Подвиг» сурунаалы (ону кэргэммиттэн ыһыытаппытынан ылбытым) сааһылаатыбыт. Дьэ, олохтоохтук оҥостон бултуур былааннаахпыт. . Баһылайым, сопхуос кадровай булчута буолан, түүлээххэ былааннаах. Тиийдэхпит утаа икки-хас күн сынньанан баран, оттор маспытын, иһэр уубутун бэлэмнээтибит, үрэххэ илим үттүбүт. Баһылай булдун тэрилин бэринэн баран, «бураанынан» киискэ, саһылга хапкааннарын «быраҕаттыы» барар. Мин туут хайыһарбын миинэн, дьиэ таһынааҕы тыаны «разведкалыыбын». Киис суола хойуннаҕына, хаарынан бэйэм саҕа бугулу күрдьэн оҥоробун. Хаар күрдьэргэ анаан фанера күрдьэҕи илдьэ сылдьабын. Ол кэннэ бугулум аллараа өттүнэн дьөлө хаһан баран мэҥиэбин уурабын, хапкааммын иитэн уурабын, анаан оҥоһуллубут кыра мас лаппаакыбынан сыа хаары баһан хапкаан тимирэ көстүбэтин курдук көмөн кэбиһэбин. Ол курдук үлэлээн күн устата 5-6 хапкааны ииттим. Мас көтөрүн көрдөхпүнэ, анаан эккирэтэн бултаһабын. Оҕо эрдэхпиттэн аҕам куобахха туһахтыырга үөрэппит буолан, куобах суолун үөрэ көрөбүн. Кистэлэ суох эттэххэ, сатыырым эрэ – куобах туһахтааһына. Бу «сонордоһо» сатыыр, хапкааны иитэр кыылларбын харахтаан да көрбөтөх киһибин. Сыыйа, киһим бардаҕын аайы 3-4 киистээх кэлитэлиир буолла. Оттон мин тоһуурдарбын тоҕо эрэ киис таба үктээбэт. Биир бугулбар киирэ сылдьыбыт, мэҥиэтин сиэбит, эбиитин, хапкааным таһыгар дэлби ииктээбит-саахтаабыт. Ол тухары хапкааным эстибэтэх. Дьэ кыһыы! Тоҥон хаалбыт хапкааммын хаартан ороон таһааран саҥалыы ииттим... Киэһэ кэлэн ону киһибэр кэпсээбиппэр, «дьэ, оннук буолуохтаах. Кыратык эрэйдэнэ түстэххинэ булт мындырын билэн иһиэҥ. Бастаан халлаан ичигэс эрдэҕинэ хапкааннаргын дириҥник ууран кэбиспитиҥ буолуо. Халлаан тымныйбытыгар хаарыҥ тоҥон хааллаҕа» диэтэ. Сарсыныгар баран уонча хапкааннаахпын барыларын сөргүтэн, саҥардан ииттим. Бу сырыыга хапкааммын көстөр-көстүбэт эрэ гына саптым. Күн аайы кыралаан хаар түһэн бэйэтэ да сабар эбит. Нэдиэлэ курдук буолан баран бастакы кииспин дьэ ыллым. Ыраахтан багдаллан көстөр бугулум ыһыллан хаалбытын көрөөт, тута сүрэҕим бар гына түстэ. Туох эрэ дьикти буолбутун тута сэрэйдим. Бугулум түгэҕэ эрэ хаалбытын киис дэлби тэпсэн чигди оҥорбут. Дэлби ииктээбит-саахтаабыт. Бэйэтэ чигди анныттан үс сиринэн көһө сылдьан быгыахтыыр. Күрдьэхпинэн хаары хаһыйан барбыппар, тииһин килэппитинэн күрдьэхпэр түһүөлүүр. Адьас туттарар былаана суох. Эбиитин, бэйэбэр түһүөх курдук дьүһүлэнэр. Күрдьэхпинэн охсуолаан көрөбүн да, кыһаллыбат. Онон хаппыт маһы тоһутан ылан төбөҕө биэртэлээн дөйүттүм уонна, Баһылайым сүбэтинэн, сүрэҕин атахпынан ыбылы үктээн өлөрдүм. Аар тайҕам иччитэ Баай Байанайым дьэ тосхойдо! Үөрүү баһаам! Киис туһунан кылгастык аҕыннахха, төһө да кини күндүтүн, тэҥнээҕэ суоҕун иһин, бэйэтин холугар олус сиэмэх буолан буортута элбэх дии саныыбын. Ол курдук, бэйэтин ыырыгар төрөөбүт куобах оҕолорун кыра эрдэхтэринэ хомуйан сиэтэлээн кэбиһэр, оннооҕор улахан куобаҕы бэйэтин эккирэтэн тутар, куобах ороҕор кэтээн сытан моонньуттан хабан ылар, мас көтөрүн хаар анныгар утуйа сыттаҕына соһутан тутар, тииҥ эрэйдээҕи мас көҥкөлөйүттэн ылҕаан сиир. Инньэ гынан, билигин Саха сиригэр тииҥ адьас эһиннэ. Былыр биһиги эдэр эрдэхпитинэ, кииһи аҕалан үөскэтэ иликтэринэ, тииҥ ханна баҕарар олус хойуу буолара. Билигин тииҥ суолун дэҥҥэ көрөҕүн, куобах эмиэ киис баар сиригэр үөскүүр кыаҕа суох. Аны, кииһи киһи барыта бултаспат буолан, кэлэр өттүгэр өссө сытайан үөскүүр чинчилээх. Кини элбиирэ Саха сирин төрүт олохтоох көтөрүгэр-сүүрэригэр бэрт мөлтөхтүк дьайыан сөп. Баһылайым киэһэ халлаан хараҥарбытын кэннэ кэлэр. Мин, чугас сылдьар киһи быһыытынан, хобордооххо сыалаах тайах этин соркуойдаан тоһуйабын. Аһыы олорон күннээҕи сонуммутун ырытыһабыт. Киһим быйыл да киис баар курдугун, албын саһыл наһаа хойдубутун, онтуҥ, өйүн өйдөөх, киис курдук хапкааны мээнэ таба үктээбэтин, киис мэҥиэтин бүгүл түгэх өттүттэн хаһан ылан барарын, үрэх талаҕар тайах элбэҕин, үрүйэлэр быыстарыгар хахыйахха хара улар олорон хаалбытын эҥин кэпсиир. Ону истэ олорон, улахан булчут киһи курдук, сибилигин ойон барыахтыы туттабын-хаптабын. Таарыйа, мин ыырбар биир куобах баара таба туттарбатын кыһыйа-абара кэпсиибин. Ол куобаҕым үрэҕи ойон туоруур сиригэр хапкаан быраҕан туппутум. Үөрүү-көтүү бөҕө буолан, киһим кэллэҕинэ тута көрөрүн курдук таһырдьа ыйаан кэбиспитим. Киһим кэлэн аһыы олорон «дьэ, улуу сонордьут буолууһугун. Миигиттэн баҕас ордубуккун. Бу үлүгэр киэҥ тайҕаҕа баар соҕотох куобаҕы биири бииринэн ылбыккын» диэн күлэр. Сотору киһим бу эргин хапкааннарын барытын «быраҕаттаан» бүттэ. Аны сыарҕаланан Амыдайга бардыбыт. Манна Бааскам хас да күнү быһа булдун тэриллэрин оннуларын буллартаата, «быраҕаттаата». Үрэхпит чүөмпэтигэр илим үтэн хас да сордоҥу, үрүҥ балыгы ыллыбыт. Биир сарсыарда туран киһим «бүгүн өрүүбүт, сааҕын-саадаххын бэлэмнээ, сэриилэһэ барабыт» диэн үөртэ. Ол күн миигин сыарҕаҕа олордубутунан үрүйэлэр бастарын кэрийэ сылдьан улар бөҕөтүн ыттыбыт. Кырдьык, улар хойуу сыла эбит. Хас да үөргэ түбэһэн 20-чэ улары ытан ыллыбыт. Киһим хахыйах мастарга олорор улардарга утары «бураанынан» хаамтаран киирэн ойоҕолуу турунан кэбиһэр, «бураанын» умулларбат. Мин сыарҕаҕа хамсаабакка олорон ытыалыыбын. Өссө бэргэнник ытарым буоллар, ол 20 улары начаас ытан ылыах эбиппин. 20-с улары ытан ылбыппыт кэннэ, киһим «чэ, сөп буолуо, кинилэрэ да суох таһаҕас элбэх» диэн буолла. Хас да хонон баран Амыдайбытыгар тиийбиппит, дьиэбит таһыгар бөрө суола бөҕө чүүччэйбит. Үүтээн ойоҕоһугар лаабыска хараллыбыт сордоҥнору түһэрэн сиэбиттэр. Киһим миигин үүтээн кэннигэр талахтар быыстарыгар ыҥырда. Тиийбитим: талах быыһыгар хапкааҥҥа бөрө атаҕыттан иҥнэн олорор. Бааскам манна хапкаан иитэн барбытын да билбэт буолан, аһара улаханнык соһуйдум. Киһим бэрт холкутук «дьаһайан кэбис, үрэх иһигэр өссө тэрил баар» диэт, мас быыһыгар сүтэн хаалла. Мин, бирикээһи толоро үөрэммит киһи, СКС карабиммынан утары көрөн олорор бөрөнү ытардыы сүүһүн ортотун кыҥаан турбахтаатым да, илиим барбата. Бөрө эрэйдээх «аһын даа» диэбиттии сап-саһархай харахтарынан миигин чыпчылыйбакка супту көрөн олорор. Саатар, оҕо бөрө быһыылаах. Сотору киһим төннөн кэллэ. Мин сирэйбин көрөөт да сэрэйдэ быһыылаах, «булду эрэйдээҥҥин... Ити киһиҥ улааттаҕына эйигин аһыныа суога» диэн «бурааныттан» карабинын ылан талах диэки баран эрэрэ баара да... Саа тыаһа хабылла түстэ. Биһиги үүтээммитигэр биир ийэ ууһа, алта бөрө, кэлэн барбыт эбит. Үнүрүүн мантан барарбытыгар киһим «балык сытыгар кэлиэхтэрэ» диэн хапкаан иитэлээн барбыт. Ол аата мантан чугас бөрө баарын билэ сылдьыбыт. Биир күн Бааскам киэһэ болдьохтоох бириэмэтигэр кэлбэтэ. Балай эмэ күүттэрэн, хаста да таһырдьа тахсан иһиллэтэн баран, «бураан» тыаһа бу бирилээн кэллэ. Киһим тэбэнэ түһээт киирдэ. Тыс этэрбэһэ, таҥаһа хаан буолбут. Кэпсээтэ. Сарсыарда саҥардыы айаннаан эрдэҕинэ иннигэр байтаһын тыһы тайах обургу оҕотун кытта тураллар үһү. Байанай бу куду анньан биэрбитин төлө туппакка, Бааска иккиэннэрин ытыалаан кэбиспит. Ол кэннэ сүлэн, астаан баран «бураан» сыарҕатыгар умса сытан тиэллэр курдук сытыартаан кэбиспит. Салгыы хапкааннарын көрөн баран, эбиэт кэннэ, төнөрдүү айаннаан истэҕинэ, бэҕэһээҥҥи суолун сэттэ кыыл таба быһан ааспыт. Бааска олору эккирэтэ сылдьан барыларын охторбут, сүлэн, астаан кэбиспит. Дьэ, санаан көрүҥ! Соҕотох киһи кыһыҥҥы кылгас күҥҥэ, халлаан сырдыгын баттаһа, икки тайаҕы, сэттэ кыыл табаны эккирэтэн өлөрөр, барыларын сүлэн, астаан кэбиһэр! Дьэ бу баар эбит, былыргы номохторго кэпсэнэр хотугу дойду хоһуун дьоно! Билигин Горнайга ол Эдьигээннээҕи уолаттарым туһунан кэпсээтэхпинэ, дьон итэҕэйбэттэр. Хас да сыллааҕыта Горнай улууһун охотоведа, чулуу булчута Дима Потапов Эдьигээҥҥэ баар биир табаарыспар Ыстапаанап Бүөккэҕэ тиийэн Мууна үрэҕэр бултаһа сылдьыбыта. Ол кэлэн Мууна үрэҕэ кэрэтин, оннооҕу булчуттар таһыччыларыттан сүр баттатан, илиитэ-атаҕа баайыллан хаалбытын, кинилэр кэннилэриттэн сылдьыспытын кэпсээбитэ, «эн итинник дьон сырыыларын хайдах тэҥҥэ ситиһэн сылдьыбыккыный?» диэн сөхпүтэ-махтайбыта. Биир күһүн Горнай Хондураайытыгар биир тайаҕы охторбуппутугар, кэргэним бырааттара уолаттар «кэпсээҥҥиттэн иһиттэххэ, хотугу дойду хоһууна буоллаҕыҥ. Бу тайаҕы астаан биһиэхэ, мөлтөх дьоҥҥо, маастар-кылааста көрдөр эрэ» диэн турардаахтар. Киһи да күлэр. Мин, кырдьык, Эдьигээҥҥэ тайахха элбэхтик сылдьыспытым да, ол тухары дьонум бары үтүктүспүт курдук кыыл астааһыныгар миигин чугаһаппат этилэр. Туой «антах тур, таҥаһыҥ хааннырыа, сынньана түс, мэһэй буолума, хата, сэниэтэ киллэрэн силиитэ сии олор» диэн баран чоҥку охсон быраҕан биэрээччилэр. Төннөрбүтүгэр, таһаҕаспытын сэргэ бүтүн тайаҕы тиэнэбит. Ол үрдүгэр таба тириитин быраҕан баран, мин тоҥ тайаҕы миинэн айанныыбын. Син биир кэлэрбитигэр курдук, сыыр тахсыытыгар түһэ охсон баран, «бураан» кэнниттэн хаалбакка сырсан тиийэн, тохтотор бокуой биэрбэккэ, олоро түһэбин. Ити курдук сарсыардаттан айаннаан, киэһэ хараҥарыыта Куонараны булабыт. Дьонноох сиргэ аһаан баран, дьиэбит диэки астара турабыт. Куонараттан Эдьигээн – 10 көс. Ол гынан баран манна суол-иис бөҕөтө. Оннооҕор буолуох айаны айаннаабыт дьон ону киһи гыныахпыт дуо? Хайа, дьиэбитигэр эмээхситтэрбит күүтэн иэдэйэн олордохторо дии. Маннык кыһыҥҥы суолунан айанныырбын наһаа сөбүлүүр этим. Хаһан да хатыламмат айылҕа дьикти көстүүлэрэ умнуллубаттык эн өйгөр-сүрэххэр хатанан хаалаллар. Ол да иһин, билигин ыраах да олордорбун, тапталлаах Эдьигээним сиригэр-уотугар курдары тартара турабын. Захар Федоров, Бэрдьигэстээх. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан