Кэпсээ
Войти
Регистрация
Иччилээх оҥкучах
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Иччилээх оҥкучах
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
04.04.2024 14:30
Тэлгэһэбит киэҥэ суох. Улахан уонна кыра дьиэбит, ампаар уонна баанньык. Бу дьиэҕэ абаҕабыт олоро сылдьыбыта. Кэргэн да ылбакка, оҕо-уруу да тэниппэккэ, аһаан-сиэн баран бараахтаабыта. Оҥкучахха муус ыла киирээри, мууска баттатан өлбүтүн нэдиэлэ буолан баран, таһынааҕы ыаллара булбуттар этэ. Ол кэннэ уонча сыл ааста. Абаҕабыт аата умнуллубута, кинини ким да санаабат буолбута. Көһөн баран, сууйан-тараан, сааһыланан син быр бааччы олорон испиппит. Дьиэбит кыра буолан, оһохпутун отуннубут да, бып-бырылас буолан хаалара. Урукку дьиэбит курдук киэҥ-куоҥ буолбатах, икки оһоҕу оттон сордоммоппут. Биир күн аҕабын үлэтигэр ыҥыран ылан, сарсыардааҥҥы мууһу мин таһаарар буолан хааллым. Оҥкучаҕым аанын аһан, халтарыйыам диэн, сэрэнэн-сэрбэнэн, кирилиэһинэн түһэн истим. Абааһыны-иччини итэҕэйбэт киһи, ол түһэн иһэн ким эрэ кэннибиттэн одуулуур курдугун, аттыбар ыараханнык тыынарын биллим. «Бэйэм аҕылыырым иһиллэр» диэн уоскутуна сатаатым. Ол курдук түһэн, мууспун ылан истэхпинэ, оҥкучах хараҥа муннугуттан икки харах уота көстөр уонна үөһүн тартарар! Куттанан, этим сааһа аһылларга дылы буоллум. Мууска кэтиллэн, үрдүбэр түһэрэ сыстым, хаһыытыы-хаһыытыы, халтарыйа-халтарыйа кирилиэспинэн сүр түргэнник тахсыбыппын бэйэм да билбэккэ хааллым. Ийэм хаһыыбын истэн, сүүрэн кэллэ. Ити кэннэ аҕам олус санаарҕаабыта, аҕыйах хоноот, төттөрү көһөн хааллыбыт. Кэлин кырдьан баран кэпсиирэ «ол иһин даҕаны миэхэ уонна абаҕабар кырдьаҕас аҕабыт этэр буолара «оҥкучах аччык «хаһаайыннаах», сэрэнэр буолаарыҥ» диэн. Эйигин, оҕобун, ол баҕайы тыыннаахтыы сии сыспыт». Ол дьиэбит иччитэхсийэн хаалбыта, оттон «хаһаайыннаах» оҥкучахтаах ампаар ыбылы хатыылаах турар. Дьон кэпсээнин Сардаҥа Борисова тистэ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан