Кэпсээ
Войти Регистрация

Атаһым Боруонньа

Главная / Кэпсээн арааһа / Атаһым Боруонньа

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
04.04.2024 14:29
   Боруонньаны кытта Уркуускай уобаласка икки сыл бииргэ сулууспалаабыппыт. Кыра уҥуохтаах гынан баран куппут-симмит курдук, сүрдээх киппэ ыччат этэ. Бастаан утаа баара-суоҕа төрүт биллибэт, бэйэтэ-бэйэтигэр бүгэн сылдьар курдуга. Онуоха холоотоххо, мин үрдүк уҥуохтааҕым, эбиитин хатыҥыр буоламмын, өссө уһаан, улаатан көстөр буолуохтаахпын. Ол иһин ким даҕаны миигин була, сылтах көрдөөн хадьардаһа сатаабат этэ. Бүтүн чаас үрдүнэн сахалар онуо этибит, ону даҕаны эбээн Сахаарап Барыыһы киллэрэн туран.        Маҥнай тиийэн баран, икки нэдиэлэлээх харантыын диэннэрин ааспыппыт. Күнү быһа ол-бу устаабы үөрэтэбит, ол быыһыгар хаһаарымабыт таһыгар устуруойунан ыллыы-ыллыы хаамабыт. Сөп буола-буола замполиппыт Ленинскэй хоско киллэрэн арааһы бары кэпсиир: истэргэ син интэриэһинэй, Даманскай арыыга кытайдары кытары киирсии туһунан тартаран сэһэргээтэҕинэ, бэл, утуктуу олорор уолаттар сэргэхсийэллэр.   Хаартанан дьарыктаныы олус көрүдьүөс этэ. Нуучча уолаттара, үксү­лэрэ аҕыс кылааһынан муҥурдаммыт дьон, Москубаны да булан көрдөрбөттөр. Онуоха холоотоххо, сахалар муоралары, араас судаарыстыба киин куораттарын, хайалары, тумул арыылары тааҕы-таах укаасканан ыйарбыт. Ону көрө-көрө, нууччалар сөҕөртөн ордубаттара.    Биирдэ оруота замполита Василий Ткаченко Боруонньа муннукка бүгэн олорорун хаартаҕа таһааран (ыстаарсай лейтенант, арааһа, бу ньимиликээн уол тугу да билбэтэ буолуо дии санаатаҕа), Волга, Днепр өрүстэри ыйан көрдөр диэбитигэр сонно булуталаата, эбиитин, эписиэр ыйыппатаҕын үрдүнэн, аны Саха сирин өрүстэрин быһаара-быһаара көрдөрдө. Нууччалыы ыраастык саҥарарын биир бэйэм улаханнык сөхтүм. Кэлин билбитим, Боруонньа детдомҥа улааппыт, Пеледуйдааҕы өрүс училищетыгар үөрэммит эбит. Нууччалары кытта элбэхтик алтыһан, майгыта саха киэниттэн чыҥха атын этэ. Харантыыммыт бүтэн, молодуойдары – биһигини, төрдүс оруота уолаттарын – буор хаһыытыгар ыыппыттара. Үлэлиир сирбит – түҥ тыа иһигэр тутуллар байыаннай эбийиэк. Кыйма курдук элбэх киһи үлэлиир. Сыалай икки батальон, ону таһынан сибээс эписиэрдэрэ, хантараактаах гражданскай дьон. Бука бары хатыылаах боробулуоха иһигэр сылдьабыт.    Аармыйаҕа ыҥырыллыахпыт иннинэ сопхуос араас үлэтигэр: тыраахтарга куруусчуттаан, пиэрмэҕэ сүөһү көрөн сылдьыбыт дьон, биһиги, маннык баараҕай тутууну ороһуйа, салла, атыҥырыы көрөбүт. Кыс хаар ортото буор хаһыытыгар ким үлэлээбитэ баарай?! Туох эрэ уһун траншеятын хастараллар. Онтубутугар ол-бу силис, таас, былыык – барыта булкуһан, эрэйэ сүрдээх. Үлэбит төрүт үөтэлээбэт, инньэ гынан санаабыт холунна, «сынтайдыбыт». Улаханнык пааньыкалыах дьон «үйэ тухары маннык үлэлээбэппит, аны иккини кыайбат сылынан диэмбэллэнэбит» диэн бөҕөх санаалаах буолан эрэ тулуктаһабыт.    Арай Боруонньа кыһаммат: модороон уктаах хойгуонан тоҥ буору логлорута охсор, тааска килиин тимири тутан биэрбиттэрин кубаалданан тоҕута биэртэлиир. Киһиҥ өссө ити тиритэ-хорута үлэлиириттэн бэркэ астынар курдук туттар.    Биирдэ хамнаспытын – 3 солкуобай 80 харчыны – ыллыбыт. Үөрүү бөҕөтө. Табах тарпат дьон, биһиги, кэмпиэт, бэчиэнньэ, бирээнньик ылан күннээтибит. Оруотабыт саастаах өттө – Читаттан, Улан-Удэттан кэлбит, уруккута хаайыыга олоро сылдьыбыт урааҥхайдар – өссө харчы иэс көрдөөн ынньаҕалаттылар. Ким биэриэй – биэрбэтибит.    Дьэ, онтон түүн буолан-хаалан турбаттар дуо?! Муут-маат бөҕөтө. Хас да уолбутун оҕустулар быһыылаах. Манныкка таах туран биэрэр табыллыбат: сутуруктарын туппутунан тэлиэс-былаас үктэнэн кэлбит урдустары урутунан саайталаатыбыт. Саппыкынан быраҕалларын аһаран биэрэбит. Боруонньам биир бөдөҥ урдуһу такымыттан өрө баһан таһааран, муостаҕа ньиччи быраҕан түһэрдэ. Онуоха хантан эрэ «бей красных!» диэн ордоотоһор дьон бааллар. Мин испэр күлэ саныыбын «булан-булан, гражданскай сэрии саҕанааҕыны аҕыннахтара» диэн. Онтум баара, хаайыылаахтар туттар тыллара эбит.    Улахан тыас-уус буолбутугар каптёркатыгар утуйа сыппыт старшинабыт уонна түгэх кубриктан взвод хамандыырдара сүүрэн кэлэн уҕарыттылар. Боруонньам баабый күүстээҕин бастаан онно билбитим. * * *    Бэс ыйыгар, «баччанан дойдубутугар ыһыахтаан эрдэхтэрэ» диэн, өрөбүлбүтүгэр тыаҕа тахсан, ырааһыйа баарыгар атах оонньоотубут. Бары даҕаны ити көрүҥҥэ олус мөлтөх эбиппит: аҕыйах да туоска сатаан кылыйбаппыт. Хата, мас тардыһан, иэмэх курдук эристибит. «Өбүгэлэрбит ыйааһын диэни билиммэттэр этэ» диэн баран, түөрэ бары чыраахтастыбыт. Боруонньабыт тулуталаабата. Хапсаҕайга мин бастаатым. Боруонньалыын киирсэрбэр мадьыктаһа сатаабатым: хара күүһүнэн миигин киһилииһи дуо, ол иһин ыраахтан сылдьан, атахтаан бүдүрүттүм.    Бу сырыттахпытына, чэчиэн уолаттара тиийэн кэллилэр. Тустуоҕуҥ диэн турдулар. Бары даҕаны бөҕө-таҕа көрүҥнээхтэр. Бу омуктар хайа эрэ байыаннай чааска баппатахтарын иһин, биһиэхэ сыылкаҕа кэриэтэ көһөрөн аҕалбыттара. Оруобуна уон уолу. Үһүс оруотаҕа, «стариктар» хаһаарымаларыгар, олохтообуттара. Биир күн туохтан эрэ сылтаан охсуһуу буолбутугар бу чэчиэннэр сүүсчэкэ «старикка» бэриммэккэ, хаһаарымаҕа урусхал бөҕөнү таһаарбыттар этэ. Батальон ыстаабын начаалынньыга мойуор Пудовкин адаҥхалаан кэлбитин түҥнэри биэрэн түһэрбиттэр. Ол гынан баран чэчиэннэртэн ким да сэмэҕэ тардыллыбытаҕа, оттон «стариктартан» үс уолу гарнизоннааҕы гаупвахтаҕа уоннуу сууккаҕа олордубуттара.    Чэчиэннэр хапсаҕайы билбэт, сөбү­лээбэт да эбиттэр. Миигин кытта биир уоллара туста сылдьан алҕаска тарбаҕынан сири таарыйбытыгар Боруонньа тохтотто уонна кыайда диэн илиибин өрө көтөхтө. Анарааҥҥылар атыннык тустуоҕуҥ диэн хаайбыттарыгар Боруонньабыт кииристэ. Чэчиэн уолбутун күүһүнэн тулутуо суох, харса-хабыра суох түһүөлүүр, баламата да сүрдээх. Бу сылдьан Боруонньа киһитигэр сыста түһээт, кууһан ылан, тиэрэ ханарыйан бырахта эбээт! Классическай тустуу албаһын тутунна! Чэчиэннэр бэйэлэрэ да астыннылар, уолбутун санныга таптайаллар, күлсэллэр.    Биирдэ Боруонньалыын Холмушино диэн бөһүөлэккэ самоволкаҕа бардыбыт. Чааспытыттан тэйэ түһэн баран, уруккуттан ону-маны кистиир сирбитигэр тиийэн пуормабытын, байыаннай билиэппитин дьылыччы уурдубут уонна спортивнай ыстааннаах, маайкалаах эрэ дьон ыллык устун түһүнэ турдубут. Сыалбыт – Боруонньа төрөөбүт күнүгэр икки бытыылка буокканы атыылаһыы. Уолум хойуу черемуха быыһыгар киирэн сыгынньахтанна, таҥаһынан төбөтүн кэлгиннэ уонна курданарыгар диэри ууну кэһэн баран, харбаан уунаҥнаппытынан барда. Белая өрүс уҥуоргу кытыла икки сүүсчэкэ миэтэрэ. Боруонньа, уҥуор тахсан, били, кэлгиммит таҥаһын кэтээт, маҕаһыын диэки лаппардыы турда.    Эмискэ кэннибэр эписиэри кытта икки саллаат (ботурууллар эбит) баар буола түстүлэр. «Байыаннай билиэккин көрдөр, ханнык чаастан сылдьаҕын?» диэн ый-хай бөҕөтүн түһэрдилэр. Онуоха мин «бүрээт устудьуонабын, быраактыкаҕа кэлэн баран, сынньана сылдьабын» диэн сымыйалаан кубарыттым. Дьонум итэҕэйбэттэр. Хайыахтарын да билбэккэ мунааран турдахтарына, тэйиччи хайа эрэ икки саллаат талах быыһыгар киирэн хааллылар. «Дьиҥнээх самовольщиктар ол састылар, хата, ону баран тутуҥ» диэбиппэр, кырдьык-хордьук, ол диэки өгдөрөҥнөстүлэр. Сотору соҕус били уолаттары иннилэригэр уктан чаастарыгар илдьэ бара турдулар. Мин, дьэ һуу диэн уоскуйан эрдэхпинэ, кэннибиттэн Боруонньам тахсан кэлэн соһутта. Ботурууллары кытта кэпсэтэр кэммэр тэйиччинэн умсан ыла-ыла кэлбит эбит. * * *    Боруонньа мин иннибинэ диэмбэллэммитэ. Онтон сүтэрсэн кэбиспиппит. Дойдубар кэлэн, сыл аҥаара сопхуоска үлэлээн баран, сааһыары үөрэххэ туттарса Дьокуускайдаабытым. Ону баара, докумуоммун сүтэрэн кэбиһэннэр, баҕалаах үөрэхпэр киирбэккэ, куоракка милииссийэлиир буолан хааллым. Өрүс пуордугар, ботуруулга сырыттым, онтум быыһыгар үс ый устата анал кууруска үөрэнэн, младшай сержант сыбаанньаланным.    Биирдэ хайа эрэ старшина оҕонньор уоппускаҕа барбытыгар миигин солбуйтара КПЗ-га ыыттылар. Тиийбитим – Боруонньам бу ньыхайан олорор! Соһуйуу-өмүрүү бөҕөтө буоллубут. Аармыйаттан кэлэн иһэн үргүлдьү милииссийэҕэ киирбит эбит.    Дьэ, киһим миигин КПЗ-га хайдах сылдьары үөрэтээччи буолла. Иһэ истээх «дойду» эбит. Икки хаамыраҕа наара анныгар хаайыылаахтар кэпсэтэллэрин иһиллиир аппараат баарын биллим. Уопсайынан, бэйэбитин кытта бэрэбиэркэлиир буолуохтаахтар диэн өйдөөтүм. Бу олордохпутуна, хайа эрэ киһи (холуобунай ирдэбил иниспиэктэрэ эбит) көлбөҕүрэн хаалбыт сирэйдээх, сүүһүн аннынан көрө сылдьар түөрт уончалаах хаайыылааҕы иннигэр уктан хоспутугар киллэрдэ. Өссө тойомсуйар: «Баландёрдары хаамыраҕа тоҕо укпаккыт? Бу ким турарый?» – дии-дии, миигин ыйар. Боруонньаттан мин манна үлэлиэхтээхпин истэн баран, тургутардыы көрүтэлээтэ. Ол кэнниттэн: «Коваленконы 6-с хаамыраҕа ук. Киэһэ маны хойуу гына көйөрөн биэрээр», – диэн биир паачыка чэйи Боруонньаҕа туттарда.    Иниспиэктэрбит Пермяков, хапытаан сыбаанньалаах, холуобунай ирдэбилгэ ааҕыннары (стукачтары) хаайыыга үлэлэтэр киһи эбит. КПЗ-га сыл аҥаара үлэлээбиппэр ити Коваленко хаста да «хоноһо» буолбута. Пермяков 5-6 киһитин сынньалаҥ кэммэр пивбарга, «забегаловкаҕа», автовокзалга, быһата, умнаһыт-бырадьаага мустар сиригэр көрүтэлиирим.    Биирдэ Боруонньам «үлэбиттэн устан кэбистилэр» диэн уопсай дьиэбэр төлөпүөннээтэ. Дьуһуурустубатыгар арыгы испэт этэ, тугу гынан уһуллубут баҕайытай диэн мунаара сырыттым. Ол эрээри сороҕу кыраттан да сылтаан усталларын билэр буолан, улаханнык соһуйбатым.    Биир дьуһуурустубам кэмигэр били Пермяков аны Боруонньабын аҕалан соһутта. Боротокуолугар ХК 145 ыстатыйа диэн суруллубут. Ол аата кими эрэ халаабыт. Иниспиэктэр дьаһалынан эмиэ 6-с хаамыраҕа уктум. Ол хаамыраҕа киһини өлөрүүгэ уорбаланан биир уол сытар этэ. Мин атаспын кытта кэпсэтиэх баҕа баһаам да, дьиксинэбин: хайалара ааҕын буолара биллибэт. Ол эрээри испэр Боруонньа Пермяков «үлэһитэ» буолуохтаах диэн сэрэйэбин. Аныгыскы дьуһуурустубабар кэлиибэр хайалара да суоҕа. Ол кэнниттэн ый аҥаара буолан баран, уолбун эмиэ киллэрбиттэр этэ. Бу сырыыга боротокуолугар ХК 144 ыстатыйата диэн суруктааҕа. Уоруу. 4-с хаамыраҕа кыбартыыра «идэтийбит» уоруйаҕа сытара. Уолбун ол киһини «обработкалата» киллэрбит быһыылаахтара.    Биирдэ Боруонньабын автовокзалга көрсүбүтүм. Таҥаһа-саба сүрдээх мөлтөх, сирэйэ-хараҕа да онтон ордуга суоҕа. Быстах-остох кэпсэппиппит. Мин малтаччы «итинник куһаҕан үлэҕэ тоҕо сылдьаҕын?» диэн хомуруйбутум. Онуоха уолум: «Ким эрэ үлэлиэхтээх буоллаҕа, бэйи, былаан элбэх, ону кэлин», – диэн баран, ханна эрэ сус гынан хаалбыта.    Онтон ыла Боруонньаны көрбөтөҕүм. Бэйэм да КПЗ-тан уурайбытым, үс сыл үлэлээн баран, милииссийэттэн атын үлэҕэ көспүтүм. Ол тухары табаарыһым биллибэтэҕэ. Туох дьылҕаламмытын ким билиэй? Үлэтигэр үрдээбитэ буоллар, син биллиэх этэ. Баҕар, «дьаһайан» да кэбиспиттэрэ буолуо.   БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан