Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьэ, хайыах баҕайыный?!

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьэ, хайыах баҕайыный?!

K
13.03.2018 17:36
Биир туспа кыһалҕа Сааба Саабыс кэлиҥҥинэн олоҕо түүл-бит курдук буолан барда. Аһа да ас буолбат, утуйар уута да табыллыбат, быһата, наар аанньа. Ол туохтанын быһаара сатаан муҥнанар да, онто баччааҥҥа диэри кыайтарбат. Муҥур уһугар тиийэн эмээхсинин – Кылаанньаны күтүрүүр. Барыта киниттэн быһыылаах. Урут син ыал тэҥинэн олорбуттара эбээт күн кыһалҕата диэни билбэккэ. Букатын эдэрдэригэр оҕоломмуттарын түмүгэр икки кыыстара соҕуруу туспа дьиэ-уот тэринэн олороллор. Улаханнара – Санкт-Петербурга, кыралара – Москубаҕа. Кими баппыттара буолла – иккиэн омук дьонугар эргэ тахсыбыттара. Сааба саха күтүөттэммэтэҕиттэн абаккарар да, хайыа баарай, бука, Дьылҕа Хаан оҥоһуута буолуо. Салыкынаһан, бэйэлэрэ даҕаны сонумсахтара сүрэ бэрт буолуохтаах, оруобуна ийэлэрэ эдэр эрдэҕинээҕитин курдук. Киксибит дуу, сүбэлэспит дуу курдук, биирдии оҕолоохтор. Онтулара, саатар, уолаттар да буолбатах – бэйэлэрин курдук (хаартыскаларыттан көрдөххө) дьэлтэриспит кыргыттар! Онон сиэн көрөр, онтон ымманыйар санаа ончу суох. Күтүөттэр да туох санаалаах дьон эбиттэрин хантан билээхтиэхтэрэй, кынныбыт аах диэн ытыктыы саныыллар эрэ, суох эрэ?! Маҥнай оҕолоннохторун утаатыгар эрдэлик бэртээхэй эйэргэһии кэнниттэн налыйан сытан «кыргыттарбыт эр бэртэригэр эргэ тахсан, үөрэҕи-хаары толору баһылаан, кырдьар сааспытыгар иитиэхтэрэ, көрүөхтэрэ-харайыахтара» диэбиттэрэ баара... Кыргыттара солуобатыгар даҕаны «кэлэн ыалдьыттааҥ, сиэҥҥитин көрөн барыҥ, таптааҥ» диэбэттэр. Хата, ыалдьан-бохтон бардахпытына, бу биир хостоох кыбартыырабыт сыыһын былдьаһартан ордубаттара буолуо, бука. Ол эрээри Сааба Саабыс кырдьыы-кэхтии диэни билиэн да баҕарбат. Арай Кылаанньата киниэхэ наадыйбат буолбутуттан сылыктаатаҕына, кэм-кэрдии кэлэн эрэр бадахтаах. Эмээхсинэ киниттэн икки сыл аҕа. Дьахтар аймах эрдэ ситэр, урутаан кырдьар дииллэрэ үүт харахха быһыылаах. Маҥнай холбоһоллорун саҕана, дьэ, кырдьык, «тэллэҕэр уон уоттаах» диэн Кылаанньаны этиэххэ сөп этэ. «Сатанаҥ баара, биир үксүн онтунан өйбүн көтүтэн иирдибит эбит» диэн, Сааба билигин кэлэн саныыр. Сырдыкка көрдөххө, сүрдээх модороон дьүһүннээх эрээри, этэ-сиинэ имиллэҥнээн түһэн, имэҥ-дьалыҥ уотун омуннаахтык күөдьүтэрэ. Ууга-хаарга киирэн бардахха, эбиитигэр мөлтөх уоттаах хоско Кылаанньатын орбойбут уоһа, ньиэгиртэн эрэ бэтэрээнэн хара сирэйэ – барыта симэлийэн хааларга дылыта. Сып-сылаас инчэҕэй этэ-сиинэ үкчү эрэһиинэ курдук сыһыаран-оборон ыларга дылыта, оронноро биир кэм күөгэҥнээн олороро. Онтун быыһыгар этиэхтэн эриэккэс куолаһынан таптаан ымманыйара хайа да бэйэлээх дууһатын сылаанньытара. Халлаан сырдаатаҕына, уохтара хараан, сөп буолан сыттахтарына, били, түүҥҥү аанньал хайа саарыстыбаҕа көтөн сүтэрэ буолла – арай аттыгар бүрэ баҕайы сирэйдээх, дулҕа сиэлин курдук арбаҕар баттахтаах ойоҕо дьиэ үрдүн кыҥаабыттыы кылаҥныыра. Ааспытын кэннэ туох кистэлэ кэлиэй, Сааба кэргэнин кытта сырдыкка ыксалаһарыгар хараҕын симэн, өйүгэр сурунаалга баар кэрэ кырасаабыссалары оҥорон көрө сытааччы. Оттон хараҥарыа эрэ кэрэх – били аанньал дьикти кэрэ куолаһа субу баар буола түһэрэ, дьэ, уонна эмиэ күөгэл-нусхал саҕаланан барара. Билигин ол барыта суох, умнуллубута даҕаны. Ол да буоллар хараҥаҕа хантан эрэ субу киирэн кэлиэ диэбиттии, Сааба ол кэрэ
кэмнэри санаан, кэри-куру буолар. Балайда өр сыппахтаан баран, баҕар, урукку курдук туох эмэ долгутар-манньытар түгэн үөскээн тахсаарай диэн, ахтар-саныыр сирдэринэн тарбахтарын күүлэйдэтээри гыннаҕына, атын күтүр төлүтэ биэртэлээн хомотор: – Айакка! Эмиэ утутарыттан ааста. Бачча кырдьыар диэри ахтаттан атыны санаабат, бар, боростутуукката булун! – диэн кындыаланар. «Ити баар, онтон атын буолуо дуо симэхсин» диэн, иһигэр эмээхсинигэр ньаҥына-ньаҥына, киэр хайыһан баран Сааба арааһы бары саныыр. Дьахтар мөлтүүрэ-ахсыыра түргэн да буолар эбит! Чэ, ол эрээри ким билбитэ баарай?! Киһи-киһи тус-туспа оҥоһуулаах буоллаҕа эбээт. Ити Лэгиэн оҕонньор, лэгиэндэтэ кырдьык буоллаҕына, Суоппуйатын кытта билиҥҥээҥҥэ диэри икки ыйга биирдэ хайаан да эдэр эрдэҕинээҕитин эргитэрэ сүрдээх буолбат дуо?! Баҕар, ол иһин буолуо, Суоппуйа Кылаанньаттан сыалай уон сылынан аҕа эрээри, маанымсыйара, киэмсийэрэ оһуобай. Көр, саҥаттан саҥа таҥаһы кэтэн, дьэ, туттуу-хаптыы чыҥха атын! Киниэхэ холоотоххо, маа бэйэлээх Кылаанньата өҥө-түүтэ бүппүтэ ырааппыт халааттаах, таапачыката да силлэн-хайдан онуоха дьүөрэлии. Ону кириитикэлээн өлүөҥ дуо, искэр тута сырыттаххына табыллар. Лэгиэн ааспыкка икки үрүүмкэ «Ба­йанайы» тэп гыннаран баран сибигинэйэ былаастаан: – Дьахтар эмээхсин да буолан баран, төһө баҕарар «биэрэр» кыахтаах, кылаабынайа, тиэхиньикэҕэ сыстаҕас киһи, Сааба, бэйэҥ да билэҕин – собуоттуох иннинэ арыытын-оҕунуоҕун кыайыахха наада, – диэн өй укпуттаах. Ол сүбэни сыыс түһэрбэккэ, аптыакаттан гель ылан баран боруобалаан көрөргө быһаарыммыта. Киэһээҥҥэ диэри туох баар бодьуустаах үлэни: икки ыскаап үрдүттэн быылы оборторон, хааһы хаахтыйбыт көстүрүүлэтин тиритэ-хорута ыраастаан – дьоруой тэҥэ буолбута. Утуйардыы оҥостон сыппыттарын кэннэ, бэрт ырааҕынан эргитэн баран Сааба: – Доҕоор, бу самаҕыҥ диэкинэн туох эрэ ымынах дуу, туох дуу тахсыбыт, маас ылбытым ээ, биһэн биэрэбин дуо? – диэн тылбай-өспөй буолбута. – Тугу сыбыс-сымыйанан хаабыргыы сытаҕын, туох санаалаах сытаргын билбэт үһүбүн дуо, күтүр өстөөх?! Эмээхсиниттэн итиччэни истэн, Сааба «күн сиригэр баар биир минньигэһи – имэҥнээх тапталы аны хаһан да билбэт дьылҕаламмыт эбиппин» диэн сүөм түспүтэ. Эрэл кыыма... Биир күн хотуттан аймахтара айгыстан кэлбиттэрэ. Көрсүспэтэхтэрэ ырааппыт дьон сиэринэн кыах баарынан остуол тарпыттара. Дьахталларга – сампаан, оттон хаһаайын хааччыйа соҕус, баҕар, ким эмэ маны ордоруо диэн ханньаак туруорбута. Саҥардыы аһыах-сиэх курдук буолан эрдэхтэринэ, аны куорат чугаһынааҕы биир бөһүөлэктэн Лаана, эмээхсинин тастыҥ балта, эдэрчи дьахтар, тиийэн кэлбитэ. Бу – сирэйдиин-харахтыын адьас сыгааҥҥа дуу, Хапкаас хайа эрэ омугар маарынныыр хара бараан кыыс этэ. Иккис кэргэнигэр олорор да, иирсэртэн атыны билбэттэр быһыылаах: сыл баһыгар-атаҕар хайаан да кинилэргэ кэлэн хорҕойор, тыынын таһаарар үгэстээх. Эрэ буолуохсут, күнүүһүт бэрдэ, сылтах эрэ көһүннэр, кырбаары тииһэр эбит. Биирдэ дьиэлэригэр ойоҕун суоллаан кэлэн баран содуомнаары гыммытын Сааба уолугуттан түүрэ харбаан «өй киллэрбитэ». Сүүрбэччэ сыл балыс да буоллар, биллэҕэ субу охсоору сымарынан турарыттан толлубута. Саабаҕа холоотоххо, дьарамайа
сүрдээх этэ. Лаана ол киэһэ ханньаак иһиспитэ. Инньэ гынан эрин кытта иирсибитэ сиик курдук симэлийбитэ быһыылааҕа. Аламаҕайа, элэккэйэ диэн, адьас киһи киһитэ буолбута. Дьиҥэр, арыгы да испэтэр, оннук майгылааҕа. Сороҕор итиитэ бэрдиттэн сыгынньахтанан, Сааба Саабыс сырдык соруочукатын кэтэн дьиэҕэ кылбаҥныыр буолара. Тугу эрэ ылаары төҥкөйдөҕүнэ, хоппуруон колгуокка курдат сиип-синньигэс сурааһын курдук туруусугун дуома көстөн кэлэрэ. Соруйан гынара эрэ, алҕаска ити курдук буолара эрэ – ким билиэй. Ол аайы Сааба күөмэйигэр туох эрэ хомуок бүөлүү турбутун курдук буолара, чабырҕайа кэйиэлээн ылара. Кыыһа «күтүөм, кырдьаҕас киһи» дии саныыра буолуо, бука, адьас кыһаллыбат этэ. Эдьиийэ Кылаанньа даҕаны балтын ити быһыытын сэмэлээн тыл аҥаарын да кыбыппат буолара. Хотуттан кэлбит аймахтара «ээ, биһиги сиргэ-уокка сылдьа үөрүйэх дьоммут, муостаҕа сытыахпыт» диэн, тугу да саҥардыбатахтара. Соннук сытаат, утуйан буккуратан хаалбыттара. Лаана дьыбааҥҥа Саабалааҕы кытта атахтаһа сыппыта. Утуйуон иннинэ син биир уруккутун курдук кыбыстар эҥин санаа охсуллан да ааспат быһыылааҕа: аҥаардас кылгас соруочуканан эрэ хаалан баран, сиргэ сытар аймахтарын үктээмээри барбах аҕай дыгыйара. Кылаанньата, үгэһинэн, улаҕа диэки хайыһан баран начаас ыккардыгар «бырылатан» хаалбыта. Дьэ, холку хотууска! Сааба уута олох көтөн хаалбыта. Өйө-санаата барыта уулааҕынан-хаардааҕынан көрбүт Лааната этэ. Кыыһа да утуйа илик чинчилээҕэ, сөп буола-буола өрө тыынара, эдьиийбин уһугуннарыам диэн, сэрэнэн хамсыыра. Онтун быыһыгар Сааба атаҕын таарыйан ылара, киһитэ кыһаллыбатыттан эрдийэн, илиитин үөһээ диэки сыҕарытара... Ити курдук төһөөҥҥө диэри сыппыттара буолла, Лаана утуйан хаалбыт этэ. «Баҕар, уһуктаҕаһа буолуо» диэн, аны Сааба илиитин «күүлэйдэтэр» уочарата кэлбитэ. Бу нарынын, сылааһын, сымнаҕаһын эриэхсит! Сааба сыттыгыттан лаппа аллара түһэн, илиитэ ахтылҕаннаах, таласханнаах сиригэр тиийдэ. Дьэ, эбээт! Чап-чараас таҥас сыыһа илийэн хаалаахтаабыт, онтон ол иһигэр туох кистэнэн сытара сонно биллэр: сүрэх курдук тэбиэлиир! Өссө сыныйан «чинчийээри» сананан эрдэҕинэ, оо, эрэй да буолар эбит, эмээхсинэ ытырдан тоҕо барда. Онтон соһуйбут курдук, аллара сытар дьон хамсаан кэллилэр, арааһа, уһугуннулар быһыылаах. Сааба эмиэ саҥардыы уһуктубут курдук, сыҥааҕырдаабыта буолла; эмээхсинэ уйгуурбакка, хата, салгыы утуйан, муннун тыаһа муораҕа тиийдэ. Ок-сиэ! Тугун накааһай, оҕолоор! Арай Лаанатын кытта бэйэлэринэн эрэ хаалбыт буоллуннар?! Арааһа, иккиэн да табыллыах эбиттэр. Ол эрээри биир курдук санаатахха, сүрэ бэрт буолбатах дуо? Төһөтүн да иһин, аймаҕа – ойоҕун тастыҥ балта эбээт! Ама, Сааба оннук олус ойоҕумсах үһү дуо. Төһө да ымсыырбыт-баҕарбыт иһин, Лааната сүүрбэччэ сыл балыс ээ. Син биир оҕотун кэриэтэ буоллаҕа дии. Итинник санаа киирэн, уоскуйбут, түспэтийбит курдук сыттаҕына, кыыс сылаас илиитэ билиннэ уонна үөһэ диэки таҕыстар тахсан истэ. Сааба иһийэн хаалла, чабырҕайа эмиэ кэйиэлээбитинэн барда. Кыыс өссө нэмийэн аллара киирдэ, илиитэ эр киһи «били сириттэн» тэйэр санаата суох курдук, бобута туппахтаан, имэрийэн-томоруйан барда. Ок-сиэ ньии,
оҕолоор! Күн-хаан кыараҕаһа, дьэ, манна сатыылаата, дьиҥнээх мучумаан манна үөскээтэ! Сааба саарбах санаатын киэр кыйдаата, сорунуулаахтык хамсанна... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан