Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кырдьан баран кылыыһыт
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кырдьан баран кылыыһыт
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
12.03.2018 17:33
Имэҥ-дьалыҥ обургу хайа киһи өйүн үлтү ытыйбатаҕа баарай?! Били, Лаана, хапкаастыҥы хааннаах хара бараан кыыс, дьыбааҥҥа атахтаһа сытан Саабаны чуут-чаат аньыыга-хараҕа киллэрэ сыспыта. Эдьиийбин уһугуннарыам диэн, атаҕын кумуччу туттан, дьыбаан кытыытыгар көһөн биэрбитэ, инньэ гынан Кылаанньа бырылаччы утуйа сытан, балта тугу гынарын ончу билбэтэҕэ. Лаана, суорҕан аннынан киирэн, Саабаны моонньуттан кыбыйбатаҕа эрэ, ол сытан, харсыттан ончу тахсан хаалбыта. Сааба, киһи эрэ буоллар, саарбах санаатын киэр кыйдаан, эдэр дьахтар атаҕыттан нэһиилэ босхоломмута уонна муостаҕа сытар аймахтарын тэпсэ сыһа-сыһа куукуна диэки акыҥнаабыта. Онно тиийэн, тиэрмэстээх чэйиттэн куттан сыпсырыйа олорбута. Барыта түүл-бит курдук буолан түһэн! Көр эрэ, арыый эдэрэ эбитэ буоллар, харахта симнэ түһүнэн кэбиһиэх эбит. Бэйэтинэн итиччэ сыҥаламмыт барахсаны мүччү тутан бэрт! Ол эрээри сүрэ бэрт – бачча дьон ортотугар. Аньыы даҕаны, атыырҕаабыт оҕус буоллаҕай. Хойуу чэй иһэн, Сааба уоскуйа быһыытыйда, өйө дьэҥкэрбиккэ дылы буолла. Ол да буоллар сэмээр кулгааҕын уһугунан иһиллэтэлээн ылла: аны харсыттан тахсыбыт дьахтар саманна тиийэн кэлэн иэдэтиэ. «Аттыбытыгар мэһэйдиир ким да суох» диэтэҕинэ, бэйэтэ да ымсыыран-баҕаран нэһииччэ олорор киһи тулуйуо үһү дуо! Түбэстэхтэринэ – бүттэхтэрэ ол дии. Сааба туалекка киирэн көҕүрэттэн, букатыннаахтык уоскуйда. Били, «сүгүннээбэт табаарыһа» да ньалбык-илбик буолан хаалбыт, онон утуйар санаанан дьыбааныгар сыбдыйан тиийэн, сытынан кэбистэ. Хата, Лаана атаҕын эдьиийин диэки халбарытан, утуйбут курдук иһийбит. Барахсаны, сымнаҕас да эттээх. Эмээхсинэ улаҕа диэки хайыһа сытарын туһанан, эдэр дьахтар атаҕын кууспутунан, Сааба сылааска бигэтэн, устунан утуйан хаалла... * * * Эр киһи кырдьара дьахтартан тутулуктаах. Көр, Кылаанньата имэҥ-дьалыҥ туһунан саныан да баҕарбат, эгэ, тэлэбиисэргэ биирдэ эмэ көстөр таптаһыылаах киинэни көрүө дуо. Сааба оннук буолбатах. 90-с сыллар саҕаланыыларыгар видеоплеер үйэтэ кэлбитигэр (оччолорго тыаҕа олороллоро) нэһилиэккэ биир бастакынан оннук аппарааты булунан, «курутуой» бэрдэ буола сылдьыбыта. Дьэ, араас киинэни уларсыһа сылдьан көрүү диэн онно этэ. Кини кэрэхсээн көрөр тиэмэлэрэ: боевик, дэтэктиип уонна, биллэн турар, эриэтикэ этилэр. Урут, сэбиэскэй саҕана, манныгы көрүөхпүт диэн ким санаабыта баарай?! Дьэ, астык киинэлэрдээх этэ, доҕоор, Сааба обургу! Кыргыттара утуйбуттарын кэннэ Кылаанньатын аҕытаассыйалаан саамай «уоттаах-күөстээх таптаһыылаах» киинэлэрин көрдөрө сатыыра да, биирдэрэ барбах көрөн иһэн аккаастанан кэбиһэрэ. Эбиитин: «Улаханнык буорту буолбуккун, аны ити тэрилгин киэр гын, икки харахпар көрдөрүмэ!» – диэн буолан-хаалан турбута. Ол эрээри эмээхсинэ суоҕар баҕас талбыт киинэтин төһө баҕарар көрөн хараҕын сымнатара. Ити кэмнэртэн быһыылааҕа, Кылаанньата орон чааһыгар сойон барбыта. Эрэ тулуппата накааһыттан биирдэ эмэ оҕонньорун «чэ, туохтуу тарт уонна киһини сүгүн утут!» диэн эһиэлэнэрэ. Онуоха Сааба утары өһүргэнэн турара: «Ама да буолтум иһин, оннук сүүлбүт сүөһү үһүбүн дуо?!» – диэн, оччо «көҥүлү» ыллар даҕаны саараама буолуммат этэ. Кырдьык даҕаны, ити киинэҕэ көрдөххө, хайдах курдук
таптаһалларый! Хара саҕаланыаҕыттан сүбэлэспит курдук күөдьүтүһэллэр ээ. Дьахталлар барахсаттар бу көҕүппүттүү мичээрдииллэрин эриэхсит! Көннөрү үөрэн дуу, махтанан дуу буолбатах – үөннээхтик тургутан көрө-көрө «дьэ, маннык гыннахпына, хайдах буолар эбиккин, бэрт киһи?!» диэн! Ол быыһыгар имэҥирэн кэлэ-кэлэ таптал далайыгар умсаахтааһын. Ону барытын Сааба этин-сиинин хас биирдии килиэккэтинэн билэ, өтө таайа олороро. Киинэҕэ таптаһар дьон тугу саныыллара, бэл, тыыналлара – барыта субу баар курдуга. Оо, онно холоотоххо, Кылаанньата эрэйдээх түүппэҕирэн түһэн, эчи, мөлтөҕүн ньии. Маҥнай холбоһоллорун саҕана «уота-күөһэ» син сүрдээх этэ эрээри, бу киинэҕэ көрөрүн курдук буолуо дуо! Сорох ардыгар эмээхсинэ «улаханнык буорту буолбуккун» диирэ эмиэ да оруннаах быһыылаах. Сиэкистээх киинэ син биир туох эмэ саҥаны билиигэ «нагляднай пособие» кэриэтэ буоллаҕа. Онон суоттаатахха, Сааба имэҥ-дьалыҥ түөрүйэтигэр балай эмэ салааһыннаах киһи буолан тахсарыгар тиийэр. Арай онто быраактыкаҕа эрэ туттулла илик. Дьэ, хобдох дьыала. Ол иһин этиллэр ээ «эр киһи кырдьара дьахтарыттан улахан тутулуктаах» диэн. Дьахтара кыһаммат, эбиитин кыйаханар, сирбиэтэнэр-хайыыр буоллаҕына, эр киһи эрэйдээх буорайаахтаабакка хайыай?! Сааба кэлиҥҥинэн онто да суох сылаабайдыах курдук буолла. Били, «аденома простаты» диэн уодаһыннаах ыарыы ыалластаҕына да боруога суох. Ити барыта – сиэкис суоҕуттан! * * * Сибиинньэ таҥарата сылга биирдэ кэлэр дииллэринии, биир күн Москубаҕа олорор кыра кыыстара «күүлэйдии таарыйа сиэҥҥитин көрө кэлиҥ» диэн төлөпүөнүнэн ыҥырда. Кылаанньа чочумча саҥата суох олорбохтоон баран: – Хайа, оҕонньоор, хайыыбыт? – диэтэ. – Олус бэрт эбит эрээри, помудуорбутун, моркуоппутун, атын да үүнээйибитин киммит көрөн абырыыр? Айака, дьарҕам барыта көбөн, онто да суох нэһиилэ сылдьаахтыыбын, Москубалыыр-хайыыр кыах суох. Арай бэйэҥ баран көрөө инигин, кэлбэтилэр диэн оҕоҥ сыыһа хомойуо дии. – Аанньа даачалаахха дылы, «помудуорбут, моркуоппут» буола-буола. Чэ, барсыбат буоллаххына, хаал. Дьиэни-уоту көр! – диэн Кылаанньа түтүө-татыа буолла. Аҕыйах хонон баран Сааба эмээхсинин Москубаҕа атаарбыта. Туох эрэ ыар адаҕаттан төлөрүйбүт курдук туттубута. Маҥнайгы уоҕар биир «Парламены» бүччүмҥэ дьаһайбыта. Сарсыныгар сууллаары турар олбуор дуомнаах даачатыгар тиийэн тиритэ-хорута үлэлээбитэ. Сыыс от саба үүнэн кэбиспитин ыраастаан, помудуорун угуттан хоннохторун ылҕаталаан, буорун көпсөркөй гына биилкэнэн суптурута анньыалаан, адьас күн солото суох сылдьыбыта. Даачаларын дуома дьиэлэриттэн чугас буолан, онно хонор-өрүүр үгэстэрэ суоҕа. Биир киэһэ даачатыттан дэлби сылайан кэлбитэ, дьиэ аттынааҕы оҕо былаһааккатыгар Лаана олороро. Эрин кытта эмиэ иирсибиттэр! Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, Сааба сонно эгди буола түспүтэ. Били, сылайбыта эрэ, ытыһа хабыллыбыта эрэ – барыта умнуллубута. Биирдэрэ даҕаны эрин кытта иирсэн, ньиэрбэ хаата буолбута сонно суох буолбута. Дьиэҕэ киирэн, морозильнигы аһа баттаан, хотуттан аймахтара ыыппыт андыларын таһаара охсон ириэрэ уурбуттара. Лаана дьиэни-уоту өрө тардыар диэри Сааба чугастааҕы маҕаһыынтан ханньаак, фрукта элээрдэн аҕалбыта. Орто дойдуга хайдах барыта наар аанньа буолуой.
Дьэ, кэмниэ кэнэҕэс Лаананы кытта иккиэйэх эрэ хаалбыттара. Баччааҥҥа диэри тоҕоос эрэ көстүбэккэ хаайтара сылдьыбыт дьон киэбинэн туох да үгүс кэпсэтиитэ суох «дьиҥнээх дьыалаҕа» түһүммүтүнэн барбыттара. Күнү быһа остуората сабыллыбакка турбут кыбартыыра итиитэ сүрдээх этэ. Оттон имэҥ-дьалыҥ чааһыгар итии-буһуу уон оччонон улахана. Сааба күннээбитэ. Хаһан эрэ видеоҕа көрөн көҕүйэр кырасаабыссатын кэриэтэ эдэр дьахтар илэ бэйэтинэн бу имиллэҥнии сытара, соруйтарыыта суох барыга-бары тиийэн таптал кутаатын күөдьүтэрэ сөҕүмэр этэ. Дьэ, маннык дьолтон маппатах эбит ээ уола хаан обургу! Сааһыра барбыт эр бэрдэ оройунан харахтаах чолоҕор курдук сонно тыкаардан кэбиһиэ дуо – лигиччи ньиллиргэтии буоллаҕа эбээт! Ол аайы эдэр дьахтар уһун кыламаннарынан сапсыммахтаан адьас көтүөхчэ курдуга. Ыксаабыт уоҕар тугу саҥарарын ким өйдөөн истиэ буоллаҕай! Оо, Сааба дьахтар барахсан бүтүннүү иҥиир-ситии буолан түүрүтэ тартарарын, тыын быһаҕаһынан тыыммахалыырын көрбөтөҕө ырааппыт да эбит! Эстибэт эрчимнээх диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ, эр бэрдэ тохтуур санаата дуостал суох этэ... * * * Лаана эдьиийэ суоҕар кыбартыыраҕа сыалай өрөбөлүүссүйэни оҥорбут курдуга: дьиэ биллэ ырааһырбыта, туох барыта орун-оннун булбута, бэл диэтэр, сыттыын-сымардыын тупсубута. Саҥардыы холбоспут дьон курдук ырыынактары кэрийэллэрэ, ол тухары сиэттиһэн сылдьаллара. Сааба эдэригэр түспүт курдук санаммыта, мэктиэтигэр, сарсыарда ойон туран, сыбыс-сыгынньаҕын саалаҕа турар сиэркилэҕэ тиийэн көрүннэхтэринэ, ханан даҕаны кырдьыы күлүгэ биллибэт этэ. Өссө анаан-минээн гантелинэн дьарыктанара буоллар, букатын даҕаны спортивнай көрүҥнэниэх эбит. Ити баар дии, эр киһи кырдьара дьахтарыттан тутулуктаах дииллэрэ! Бэл, аҕыйах күн эдэр дьахтар илиитигэр киирбит «табаарыһа», уруккутунуу ньалбык-илбик буолбакка, төбөтүн балай эмэ өндөтөн, өссө тугу эрэ мөккүһээри тииһэр курдук бөлтөҥнүүр буолбут. Сиэркилэ иннигэр ити курдук турбахтыы түһэн баран, үргүлдьү имэҥ-дьалыҥ уйатыгар – эргэ дьыбааҥҥа дьоп курдук сытынан кэбиһэллэрэ... Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх. Сарсын сарсыарда Кылаанньа Москубаттан көтөн кэлиэхтээх. Онон Лааната барахсан эдьиийэ кэлэригэр сус гынан хаалыахтаах. Бу аҕыйах хонукка Сааба эдэр сааһын эргитэн, күннээн-күөнэхтээн сылдьыбыта баара, мантан инньэ тохтуох муҥа буоллаҕа. Накаас да буолар эбит. Хаарыаны, маннык чочуонай бууту, сотону аны хаһан имэрийэ сытыай?! Тэрэйэ тэппит бу томтоҕор түөһү, ама, бүтэһигин туппахтыыра буолуо дуо?! Оттон бу имэҥ-дьалыҥ тугу барытын умуннарар чүөмпэтин тулатынааҕы хойуу «талаҕы» сэрэнэн силэйэн иннин диэки аны хаһан түһүнүөй? Лаананы кытта олус да тапсан олоруохтар эбит! Биитэр бу – быстах санаа дуу? Кырдьык, кыыһа сүүрбэччэ сыл балыс. Оттон Саабаҕа Дьылҕа Хаан бу курдук мургун бэрдэ буолан сылдьарыгар хас сылы анаабыта буолуой? Баҕар, мантан антах сыыртан таҥнары таҥхалыйыы күүтэр дуу? Олоххо араас бары буолар. Ол сиэринэн арай Кылаанньатыттан арахсан, Лаананы кытта холбоһон олордун? Ок-сиэ, санаан көрдөххө, ынырык дии. Бачча уһуннук олороон-олорон баран, арахсан хаалар диэн! Кэбис, ол кэриэтин бу курдук тоҕоос көһүннэҕинэ, таптаһан ыла-ыла сылдьан көрүө.
Бүгүн Лааната котоку эригэр төннүөхтээх. Хаһааҥҥа диэри? Курус санаа хайаларын да хам кууһарга дылы гынна. Бу сылдьыбыттарын Кылаанньа билиэ суохтаах. Ол эрээри муннугар сыттаах обургу сонно билэрэ буолуо, бука. Чэ, туох да диэтин, барытыгар бэйэтэ буруйдаах! Сааба Лаананы ыга кууста, биирдэрэ ону эрэ күүппүт курдук, сыста түһээт, мусукаан бэрдинии, имигэс тарбахтарынан үөрүйэх баҕайытык «оонньообутунан» барда. Туох барыта бүтэһиктээх буоллаҕына – минньигэс. Оннук буоллун. Уоран таптаһар онто да суох минньигэс. Күүскэ түһүнүөххэ! Өйгө-санааҕа хатанан хааларын курдук өссө күүскэ! Хаһан да умнубат курдук күүскэ, күүскэ, күүскэ! БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан