Кэпсээ
Войти Регистрация

Анджелина Джолины күүтэбин…

Главная / Кэпсээн арааһа / Анджелина Джолины күүтэбин…

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
12.04.2024 14:43
«Хрущевка» дьиэ биир хостоох кыбартыыратын мала-сала «фэншуй» быраабылатынан туруоруллубут. Куукуна остуолугар турар аквариумҥа икки кыһыл көмүс балыгы кытта биир хара балык уһаты-туора усталлар. Куукуна ыскаабын түөһүгэр үчүгэйкээн иһит-хомуос, киэргэл эрэ дэлэй. Түннүккэ хас да иһиккэ харчыны тардар сибэкки турар. Утуйар хоһу өҥөс гыммытым – сиэркилэ ааннаах ыскаап, улахан тэлэбиисэр, үлэлиир остуол, биэтэҥниир кириэһилэ, муодунай лүүстүрэ, түгэҕэр мааны сабыылаах икки киһи сытар ороно... Барыта дьиэлээх бу муннугун олус таптыырын, ырааһын, туттунуулааҕын туоһулуур. Куукунаҕа төннөн кэлиибэр остуолга бүлүүһэлээх чааскыга үүттээх чэй кутуллубут, барыанньаны кытта бурдук ас ууруллубут. Ааҕааччым, хараххар сылаас былааты санныгар быраҕыммыт чуумпу уонна кэрэ бэйэлээх хаһаайканы көрбүтүҥ буолуо, арааһа... Ол санааҕын туора уураргар тиийэҕин. Мин үгүс дьахтартан ыраас туттунуулаах, асчыт, иистэнньэҥ бэрдэ эр киһиэхэ ыалдьыттыы кэлэн олоробун. Кинини кытта Интэриниэтинэн билсибитим. Уһун кыһыҥҥы киэһэлэргэ аҥаардас дьон суругунан санаа атастаһан аралдьыйар буолбуппут. Биир күн киинэҕэ көрсүбүппүт. Иккис сырыыга пааркаҕа хаамсан ылбыппыт. Оттон бу дьиэтигэр ыҥырылынным. Иккиэн, төһө да сулумах буолларбыт, бииргэ буолбаппыт хара ааныттан дьэҥкэтик көстөрө. Тоҕо диэтэххэ, кини да, мин да олоххо баҕабыт атын. Ол эрээри, саҕалаабыт кинигэбин тиһэҕэр тириэрдэр кэриэтэ, эмиэ биир дьылҕаны кытта билсэр баҕаттан тутуһан кэллим. Онон бүгүн эһиэхэ Степаны кытта, кини бэйэтин кэпсээнинэн билиһиннэрэбин. Анджелина Джолины таптаабытым Тыа сирин боростуой ыалыгар төрөөбүт киһибин. Икки балтым ыал буолбуттара, оҕолордоохтор. Бэйэм үөрэммит оскуолам аҕыс кылаастаах буолан, үрдүкү кылаастарга ыаллыы нэһилиэккэ үөрэммитим. Онно сырдыгынан көрбүт үчүгэйкээн кыыһы таптаан муҥнаммытым. Хатыҥ субатын курдук кылбаа маҥан бэйэлээҕэ, арылхай киэҥ харахтааҕа, обугуйкаан уостааҕа. Кини күлүүтүн, бэл, хайа кэбиниэккэ олорорун эндэппэккэ билэрим. Оҕо да сылдьан харахха быраҕыллар дьүһүнүм, быһыым-таһаам суоҕа. Кини мин диэки көрбөт да этэ. Ол да буоллар аттыгар сылдьыбыт, таптаабыт сылларбын саамай дьоллоох кэмминэн ааҕабын. Ол сырдыгы баччаҕа диэри ким да күлүктээбэтэ, сүрэхпэр кини миэстэтин ким даҕаны солбуйбата. Испэр кинини «Анджелина Джоли» диэн ааттыыбын. Кыыһы таптаабыт кэммэр ити артыыска биллэ илигэ. Анджелина Джоли уһуллубут бастакы киинэтин көрөөт, мин тапталым хат күөдьүйбүтэ. Чахчы, кинилэр олус майгыннаһаллар! Онон Джоли киинэлэрин билигин даҕаны сылайбакка көрөбүн. Аармыйаттан кэлэн баран, соҕуруу үөрэнэ барбытым. Кыргыттары кытта доҕордоһорум. Ол эрээри кэргэн ылыах кыыспын көрсүбэтэҕим. Дьонум ыал буоларбын, оҕолонорбун кэтэһэ, этэ сатаан баран, кэлин саҥарбат буолбуттара. Ийэм барахсан өлөр ыарыытыгар охтон баран «оҕом, сиэн бэлэхтээбэтиҥ...» диэхтээбитэ. Мин ити эрэ кэмҥэ хараастан ылбытым. Онтон умнубутум. Аһы да сатаан астыыбын, булка да сылдьабын Үлэһит буолан баран уолаттары кытта кыбартыыра куортамнаспыппыт. Биһиги эдэр сааспыт дьалхааннаах 90-с сылларга түбэспитэ. Оччолорго арыгы муннук аайы атыыланара, пиибэни көннөрү утах курдук тута сылдьан иһэрбит, уулуссаҕа, болуоссаттарга итирик киһи олуоната суохтук көстөрө. Үлэлээн бүтээт, хайаан даҕаны пиибэ
атыылаһарбыт. Биир уолбут массыыналааҕа. Оччолорго кыратык холуочуйдубут да, массыынаҕа олорор адьынаттаах этибит. Тутуу-хаайыы суоҕа даҕаны. Массыынанан күүлэйдии сылдьан билсибит кыргыттарбытын дьиэбитигэр аҕаларбыт. Арыгы уу сүүрүгүнүү устара, дьон, кыыс күнүнэн уларыйара. Маҥнайгы хамнаспынан атыыласпыт оронум иккис сылын сааһыгар хап-хаачыгырас буолаахтаабыта. Итинник олох туох аанньаҕа тириэрдибит үһү. Венерическэй ыарыы эгэлгэтигэр ылларан, элбэх харчыны матайдаан, эрэй бөҕөтүн көрөн турардаахпын. Уолаттары кытта бииргэ олорбут икки сылбыттан улаханнык сылайбытым. Онон өлөн да, төрөөн да туран кыбартыыра атыылаһарга быһаарыммытым. Бу кыбартыыраны сөбүгэр сыанаҕа бииргэ үлэлиир киһибиттэн атыыласпытым. Оччолорго кирэдьиит эҥин диэн суох буолан, биирдиилээн аймахтарбыттан, доҕотторбуттан харчы иэс көрдөөбүтүм. Дьолго, уһаппакка төлөспүтүм. Кырабыттан ийэбэр ордук чугаһым. Ас астыырыгар остуолтан арахпатым. Киниэхэ көмөлөһөр баҕаттан иһити, дьиэни-уоту ыраастык тута үөрэммитим. Эр киһи үлэтигэр эмиэ сыстаҕаспын, булка, балыкка сылдьабын. Күөгүлүүрбүн сөбүлүүбүн. Тиэхиньикэҕэ да балачча быһаарсабын. Бэйэм дьиэлэниэхпиттэн сүрдээҕин уоскуйбутум. Куорат дьалхааннаах олоҕуттан, хаһан да бүппэт кумааҕы үлэтиттэн сынньанарым эрэ – дьиэм. Фэншуйунан дьарыктанар кэллиэгэм сүбэтинэн дьиэм хас биирдии малын быраабыланан туруорбутум. Харчылаах муннугум суунар сиргэ түбэспит. Ол иһин онно араас суолталаах малым элбэх. Үчүгэйдик аһыырбын сөбүлүүбүн. Алаадьытыттан муодунай аһыгар тиийэ астыыбын. Арыт бииргэ үлэлиир дьахталларым миигиттэн ырысыап ылааччылар. Тууһааһын маастарабын. Быйыл 40-ча бааҥка тэллэйи тууһаатым. Балтыларым бэрсибит оҕуруот астарыттан тууһаан хаһаанным. Иистэн эмиэ иҥнэн турбаппын. Хараастарым диэн – оҕом суоҕа... «Тоҕо кэргэн ылбаккын?» диэн наһаа да хал буолбут ыйытыым... Онуоха эмиэ төрүөт элбэх. Бастакынан, кыыс эрэ барыта Анджелина Джолига майгыннаабат. Иккиһинэн, таптала суох кими эрэ кытта биир дьиэҕэ олорор кыаҕым суох. Үсүһүнэн, күннээҕинэн сиэкис баар, бэйэм дьахтар сатыырын сатыыр буоллахпына, кэргэн туохха нааданый? «Оттон ол сиэкистэһэр дьахталларгыттан тоҕо кэргэн ылбаккын?» диэтэргит, таптал суох... Санаам сыппат, сүрэҕим ылыммат, баҕарбат. Бииртэн эрэ хараастабын. Ол – оҕом суоҕа. Дьиҥэр, оҕомсохпун ээ. Сиэн балтыларбын, бырааттарбын олус таптыыбын. Кэллэллэр эрэ, баарбын барытын туран биэрэбин. Ас арааһын атыылаһабын, астыыбын, маҕаһыыннарга, сынньанар сирдэргэ сырытыннарабын. Икки уолу күһүн аайы оскуолаҕа тэрийэр эбээһинэһи бэйэм тылланан ылбытым. Онон балтыларбын да абыраатым. Тугу кистэниллиэй, соҕотохсуйабын... Биир кэмҥэ той-терьер диэн боруода ыты иитэ сылдьыбытым. Оччолорго, эдэр буоламмын, хомондьуруопкаҕа элбэхтик ыыталлара. Ытым барахсан чуҥкуйар этэ. Дьиэбэр кэллэхпинэ, үөрэн хайдах да буолуон билбэтэ. Хаһаайына буоллаҕына, аһатан баран кулуупка үҥкүүлүү биитэр мээнэ күүлэйдии ыстанарым. Кэлин кэлэйэр да курдук туттар буолан барбыта. «Кэргэннээх дьон бу курдук эрэйдэнэр буоллахтара дуу?» дии санаабытым. Ким эрэ эн илиигин-атаххын маныыра, эбиитин хомойбута буолан саҥарбата туһугар эрэйдээх эбит этэ. Сыл аҥаарын курдугунан ол ыппын атыылаабытым. Чарапаахы иитэ сылдьыбытым. Биирдэ кэлбитим – хамсаабат буолбут этэ. Бээтинсэ киэһэни дьиэҕэ атаара кэлсибит табаарыстарбыттан хайалара эрэ «өлбүт» диэн тойоннообута. Холуочукпар тэптэрэн, бу санаатахха, кыһыннаан
утуйа сытар чарапаахыны бөххө бырахпыт эбиппин. Барахсан, тоҥон өллөҕө дии. Кэлин бу балыктары атыыласпытым. Ыраах барарбар ыалбын аһатарыгар көрдөһөбүн. Туора киһи аата – туора киһи. Көннөрү аһын эрэ таммалатарыгар махтал. Киртийбит ууга уста сылдьаахтыыр буолаллар. Уутун уларыттахпына, бэл, дьүһүннүүн сырдыыр, хамсанардыын түргэтиир курдуктар. «Сүгүн көрбөт эрээри, тугун балыгай, кыылай?» дии саныыбын эрээри, ким эрэ аттыгар хамсыыра эмиэ да үчүгэй курдук. Саҥа дьыл – саамай куһаҕан бырааһынньык Саҥа дьылы киһи бары күүтэр, үөрэр-көтөр. Оттон мин ончу абааһы көрөбүн. Арыгылыырга, сынньанарга баҕас өрөбүл күннэр туох куһаҕаннаах буолуохтарай? Төрөппүттэрим баалларына, дойдубар Саҥа дьылы ыларым. Аймахтарбынан, бииргэ үөрэммит оҕолорбунан сылдьан, өрөбүллэри билбэккэ аһарарым. Балтыларым дьиэ кэргэттэрин кытта биир кэмҥэ бэлиэтии сылдьыбыттааҕым. Кэлиҥҥи уонча сылга соҕотоҕун ылабын. 12 чаас кэннэ эмиэ бэйэм курдук сулумах табаарыһым кэлээччи. Сааһыран, үҥкүүлүүр сиргэ, тыйаатырга таласпаппын. Онон Саҥа дьыл түүн куруук биир тэҥник барар: ас астанан баран тэлэбиисэр иннигэр олоруу, ыалдьыт кэллэҕинэ, буолары-буолбаты дойҕохтоһуу, ол кэннэ итирэн охтуу. Арыт ыалдьытым барар, арыт хоммут буолар. Итинник сыл аайы. Ол киһим кэлбэт буоллаҕына, хата, суохтуурум буолуо. Сымыйа харыйа туруоран баран симээбитэ буолар, бөҕү-саҕы бэлэхтэһэр, аҕала сатаан эҕэрдэлэһэр туох суолталаах бырааһынньык буоларын биир бэйэм сатаан өйдөөбөппүн. Оҕо аймахха, оҕолордоох дьоҥҥо үчүгэйэ буолуо... Олохпун соҕуруу дойдуга түмүктүүр баҕалаахпын Саамай сөбүлүүрүм – айан. Сылга биирдэ хайаан даҕаны соҕуруу баран кэлэбин. Сылдьыбатах судаарыстыбам да диэн хаалбата быһыылаах. Барыларыттан Таиланы ордоробун. Оройунан көрбүт олох, дьэ, онно баар! Киһи сааһа аахсыллыбат, үрдэ көстүбэт, анна да биллибэт көҥүл олоххо тиийдэхпинэ, «өссө да эдэр эбиппин», «олох диэн үчүгэй да эбит» диэн санааҕа кэлэбин. Киэҥ ыырдаммытым аналбын көрсөрбөр мэһэйдиирэ буолуо. Арыт сорох кэрэ аҥаары кытта уопсай тылы булбаппын. Үгүстэр сылдьыбыт дойдуларым туһунан кэпсэтиэхпин баҕарабын да, салҕаабаттар, ол дойду көрүүтүнэн көҥүл-босхо тыллаһарбын сөбүлээбэттэр, билбиппэр тирэнэрбин ылымматтар. Онон, хомойуох иһин, хоонньоһуу кэннэ икки аҥыы барабыт. Ол кэннэ өссө көрсөргө баҕам күөдьүйбэт, санаам кэлбэт. Арыт бэйэбиттэн бэйэм кэлэйдэрбин да, хайдах баарбынан сылдьарбын ордоробун. Салгыы туох былааннаах буолуохпунуй? Сылдьыбытым курдук сылдьыам. Кыайарым, кыанарым тухары соҕуруу айанныам. Кыбартыырабын уларыппаппын, үйэбин моҥуур санаалаахпын. Арай даача ылыныахпын баҕарабын. Сааһыран истэҕим ахсын айылҕаҕа, салгыҥҥа талаһарым күүһүрэн иһэр. Кырдьар сааспар Эмиэрикэ кырдьаҕастарын дьиэтигэр олоруохпун баҕарабын. Уонна саамай чыпчаал баҕам – арай Анджелина Джоли курдук кэрэ маҥнайгы тапталым аҥаардас хаалан, суолбар көрүстэр, «кэргэн таҕыс» диэн көрүөм этэ. Итинник тыллаһабын эрээри, тирээн кэллэҕинэ, икки атахпынан куотарым буолуо. Бачча тухары көҥүл сылдьа үөрэннэҕим дии. Дьолго, сахалар аймаҕынан тутуһан сылдьабыт. Хайдаҕын да иһин, дьонноох-сэргэлээх киһи буоллаҕым. Онон билиҥҥитэ хайдах кырдьарым туһунан улаханнык санааҕа ыллара иликпин. * * * Киниэхэ ыалдьыттыахпыттан нэдиэлэ курдук кэм ааста.
Ол эрээри кини дьылҕата өйбүттэн арахпат. Суох, мин кинини таптаабатым да, интэриэһиргээбэтим да. «Саха сирин үрдүнэн төһөлөөх элбэх маннык дьылҕалаах дьон баара буолуой?» диэн толкуйга түстүм. Ханна даҕаны дьахтар ахсаана эр киһиттэн баһыйар элбэх. Араас саастаах, кэрэ бэйэлээх кыргыттар аҥаардарын көрсүбэккэ, ыал да, ийэ да буолар дьолун билбэккэ сылдьар кэмнэригэр бэйэлэрэ да ахсааннаах эр дьоммутуттан бу курдук сууланан олорооччулар баар буоллахтарына, «сахалар эстииһибит» диэн санаа өссө күүскэ долгутар... УЙААРА. Тарҕат:
kyym.ru сайтан