Кэпсээ
Войти Регистрация

Иччитэх дьиэҕэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Иччитэх дьиэҕэ

K
12.04.2024 14:41
Бу дьикти түгэни отутун эрэ ааспыт, Дьокуускайга төрөөбүт-үөскээбит Евгений Румянцев диэн эдэр киһи кэпсээн турардаах.        – Аҕыйах сыллааҕыта Дьокуускайтан Магадааҥҥа сэттэ буолан бэлисипиэтинэн айаннаабыппыт. Бу сайыҥҥы айаммытыгар кыһыны быһа бэлэмнэммиппит. Бары ымпыгы-чымпыгы барытын билэ-көрө сатаабыппыт, онон айаммыт былаанын син сиһилии соҕус оҥостубуппут. Буолумуна, сүрүн тыраассанан, Уус Ньаранан барар суолунан буолбакка, Магадаанныыр эргэ суолунан айаннаатахпыт дии. Онно сиҥнибит муосталар, кэһэн туораныллар үрүйэлэр, үрэхтэр элбэхтэр.    Атырдьах ыйа буолуута Магадаан уобалаһын сиригэр-уотугар киирбиппит. Биирдэ унньуктаах уһун ардахха түбэһэн, дэлби ыбылы сытыйбыппыт. Сиһилии хаарталаахпыт. Онно Тальниковка диэн сиргэ үс дьиэ «жилые дома» диэн ыйылла сылдьара. Кыһын социальнай ситимнэринэн, Интэриниэтинэн эҥин чопчулаабыппыт. Итиннэ айанньыттар, суоппардар, геологтар сынньанан ааһар дьиэлэрэ баара ыйыллара.    Онон, төһө да ардахха баттаттарбыт, сылаас дьиэҕэ сынньанан ааһыахпыт диэн эрэх-турах санаалаах испиппит. Салайааччыбыт Денис Никифоров сотору-сотору: «Чэ, килбиэннээх веллердэр, кытаатыҥ, кытарчы көрүҥ, Тальниковкаҕа диэри 20 килэмиэтир (15, 13, 12, 9, 8...) хаалла», – дии-дии санаабытын көтөҕөр. Ол аайы күүс­пүтүгэр күүс эбиллэргэ дылы, үллэ-үллэ түһэбит, халтархай суолга бэлисипиэппитин өрө тура-тура тэбэбит. Бэлисипиэтинэн айаннааччыга иннигэр ыал, чаайынай эбэтэр көстүүнэй баар диэн көөчүктээтэхтэринэ, улахан мотивация. Өбүгэлэрбит: «Киһи – санаатынан», – диэн мээнэҕэ эппэттэрэ. Киһи ханна баҕарар санаатынан кынаттанан сылдьар.    Онтон, дьэ, киэһэ 10-11 чаас диэки Тальниковкаҕа кэлбиппит, кырдьык, бэйэ-бэйэлэриттэн 50-нуу миэтэрэ кэриҥэ арыттаах үс дьиэ барыһан тураллара. Иккитигэр түннүк-үөлэс мэлигир, өтөхсүйбүттэрэ ырааппыт. Оттон үһүс сэнэх дьиэ түннүгэ-үөлэһэ бүтүн, ол эрээри – хатыылаах. Ааҥҥа олох боростуой, сэбиэскэй саҕанааҕы кыра күлүүс ыйанан турар. Итинник күлүүс тимир тоһоҕонон, ыстаал боробулуоханан бэрт судургутук аһыллааччы. Онон, дэлби сылайан, ибили сытыйан иһэр буоламмыт, дьиэни аһан киирэргэ, хонорго быһаарыммыппыт.    Дьиэ иһэ ыраас, уурбут-туппут курдук барыта орун-оннугар этэ. Арай муостаҕа сурук, кэмбиэр, аккырыыкка, эргэ хаартыска бөҕө ыһылла сытара. Кэлин билбиппит, бу дьиэҕэ олорбут Глафира диэн эмээхсин биһиги иннибитигэр аҕай соҕус анараа дойдуга аттаммыт этэ. Дьиэ таһыгар оттук мас баара, онон оһоҕу тигинэччи оттон кэбиспиппит. Араас сырдатар тэрилбит, банаарыкпыт эҥин баһаам буоллаҕа. Аһылык бэлэмнээһинин сүпсүлгэнэ, күө-дьаа саҥа-иҥэ.    Ол турдахпытына, остуолтан син тэйиччи турар иһиттээх-хомуостаах долбуур муостаҕа суулунна. Салайааччыбыт мөҕүтэлээтэ, «ону-маны тыытымаҥ, дьиэни хомуйан, ааны хатаан барыахтаахпыт» диэн буолла. Ити долбуурга, чахчы, ким да чугаһаабатаҕа, бары аһыыр-иһиппитин, биилкэбитин-ньуоскабытын илдьэ сылдьар дьон буоллахпыт.    Арбы-сарбы соҕус туттан аһыы олордохпутуна, аны дьиэ икки хоһуттан биирдэстэригэр туох эрэ ыарахан баҕайытык сууллан «лүҥ» гынна. Хорсун киһибит Игорь Денисов сонно тута банаарыгын туппутунан ыстанна. Кини кэнниттэн бары ол хоско кутулуннубут. Үлүгэрдээх улахан, былыргы шифоньер умса түһэн багдаллан сытар. Дьэ, онно бары улаханнык ытырыктата санаатыбыт. Игорь хоско ону-маны тыктаран, туох буолбутун силиэдэбэтэл курдук үөрэтэн көрө хаалбыта, оттон биһиги остуолга төннүбүппүт.    Чочумча буолаат, Игорь хаһыытаа­бытыгар эмиэ хоско сүүрүү буолла. Уолбут банаарыгын өстүөкүлэтэ бытарыс гыммыт, эбиитин буруолуу сылдьар. Сөҕүү-махтайыы... Ол да буоллар ким эрэ син биир өйдөөҕүмсүйэр: «Умайымына, ити тэрилгин сииккэ-силбиккэ аһара ноҕуруускалыыгын дии». Бары дьик-дьах буолан, салгыы тугу гынабыт диэбиттии, остуол тула сукуһан олордубут. Ол олордохпутуна аны салайааччыбыт Денис Никифоров төбөтүгэр кэтэ сылдьар анал банаарыгын өстүөкүлэтэ тоҕо ыстанна.    Ону эрэ күүтэн турбуттуу, дьэ, тили­гирэһэн турдубут ээ. Бары таһырдьаны былдьастыбыт. Ол эрээри дьиктитэ диэн, бары аһыыр тэрилбитин, дьиэҕэ илдьэ киирбит малларбытын, утуйар мөһөөччүктэрбитин тутан тахсыбыт эбиппит. Хас да хонукка бэлисипиэтинэн айаннаан түргэнник хомунарга-иминэргэ эрчилиннэхпит дии. Итинник айаҥҥа биир эмэ тэрилгин умуннаххына, улахан эрэйгэ тэбиллэҕин. Бэлисипиэтинэн ыраах айанныыр дьон хас биирдии малы-салы сэттэ уон сэттэтэ толкуйдаан, ыараҥнатан көрөн баран ылаллар. Суолга сылдьан малы, тэрили умнуу сыанан аҕаабат, санаатыҥ да ойон тахсар маҕаһыыныҥ суох.    Аҕыйах мүнүүтэ ааһаатын кытта, бары хомуна-иминэ, малбытын-салбытын «тимир аттарбытыгар» төргүүлэнэ охсон, суолга тахсан турабыт. «Да ну его н... эти заброшенные дома, – диэн саамай саастаахпыт, 40-чалаах Пахом Степаниденко буугунуур, – я лучше в родном лесу, в палатке буду ночевать».    Улаханнык ырааппакка, ойуур саҕа­тыгар тиийэн, төһө да ардах ибирдээн түһэ турдар, балааккаларбытын ту­руоруммуппут. Бэлисипиэтинэн Арас­сыыйаҕа да, омук сиригэр да элбэхтик айаннаабыт салайааччыбыт Денис Никифоров олус соһуйбут, бэркиһээбит көрүҥнээҕэ. Кини сотору-сотору: «Банаарыгым плафона өстүөкүлэ буолбатах ээ, былаастык. Хайдах итинник тоҕо ыстаммытай?» – диирэ. Онон абааһыны-таҥараны итэҕэйбэт дьон дьикти дьиэҕэ киирэн ааспыппыт. Тарҕат:
kyym.ru сайтан