Кэпсээ
Войти Регистрация

Сүрэхпин уйгуурдар дьикти сыт...

Главная / Кэпсээн арааһа / Сүрэхпин уйгуурдар дьикти сыт...

K
12.04.2024 14:40
Киһиттэн кэлэр сыт имэҥ-дьалыҥ чааһыгар кырата суох оруолу оонньуурун бэркэ билэбит. Ол да иһин духуу арааһа айыллан, бүтүн ускуустуба буоллаҕа буолуо. Ким эрэ үүнээйи арааһыттан оҥоһуллубут сыкка бэринэр, ким эрэ ыраас эти-сиини ордорор. Оттон мин... табах сытыттан уйгуурабын. Ол эрээри табахсыт буоллар эрэ сөбүлүүбүн диэн буолбатах. Чэ, барытын саас-сааһынан. Оччолорго мин 16 саастааҕым, 11-с кылааска үөрэнэрим. Математика биридимиэтигэр улаханнык ыарырҕата­рым. Эппитин кубулуппат уонна наар мөҕөн саҥарар дьахтар учууталы сөбү­лээ­бэтэҕим да оруоллааҕа буолуо. Мин кинини «Язва» диэн ааттаабытым. Кырабыттан тылга күүстээҕим. Ахсаан биридимиэттэрэ миэхэ ыараханнык бэриллэр этилэр. Онон оскуоланы бү­тэ­рэр сылбар атын кылааска көспүтүм. Үһүс чиэппэртэн эбии дьарыктар саҕаламмыттара. Учууталым саас ортолоох эр киһи этэ. Кинини «Николай Николаевич» диэҕиҥ. Ыксаабакка, аргыый наллаан саҥарар учуутал үөрэҕин мин сүрдээҕин ылыммытым, өссө сыыйа эбиллэн барбытым. Өрүү ыраас таҥастаах, араас өҥнөөх ырбаахылаах, онтугар дьүөрэлии хаалтыстаах буолара. Чараас кылдьыылаах ачыкытын өрө анньан ыла-ыла кэпсиирэ, дуоскаҕа суруйара. Сиэбиттэн ып-ыраас былатыагын таһааран, тэниччи тутан, ачыкытын соторо. Онтон кэпсии-кэпсии, хат дьаарыстаан сиэбигэр угара. Бачыыҥката өрүү баахсалаах буолара. Уруогар ончу хойутаабата. Оҕо тугу баҕарарын, туруорсарын хааччахтаабата. Кими даҕаны чорботон маанылаабата, көйгөтүтэн хомоппото. Николай Николаевич тас көстүүтүнэн, аныгылыы эттэххэ, «сексуальнай» эр киһиэхэ майгыннаабат этэ. Ол эрээри кини мин эр киһиэхэ идеалым буолбута диэхпин сөп. Сорудахпын бы­һаа­раары, үлэбин бэрэбиэркэлээри үрдүбэр нөрүйдэҕинэ, дып-дырылас табах сыта муннубунан минньигэстик киирэрэ. Бастаан утаа ол сытын ылаат, туймааран ылбыкка дылы буолбутум. Ол долгуйбуппун билигин даҕаны умнубаппын. Учууталым тугу эрэ өр быһаарбыта быһыылааҕа. Мин, били, «Дисней» мультигар сыырга ымсыырбыт кутуйах курдук кини сытын батыһыах курдук өй-мэй барбытым. Учууталым хас чугаһаатаҕын аайы таныыбынан дьикти сүүрээн киирэн, бастаан түөһүм иһин сылытара, онтон аргыый дырылаан, кычыгылатан иһим түгэҕэр түһэрэ... Дьиктитэ диэн, аҕам да, ийэм да табахтаабаттара. Бэйэм эмиэ күн баччаҕа диэри табахха умньана иликпин. Николай Николаевиһы атын харах­пынан көрөр буолбутум. Киирэн кэллэ­ҕинэ, бэл, сүрэҕим тэбиитэ күүһүрэргэ дылыта. Оччотооҕу кэмҥэ муода буолбут, хороччу турбут баттахтаах, иннибэр-кэннибэр түһэр бэйэм саастыыта уолаттартан кини быдан үрдүк, сырдык этэ. Кинигэттэн, киинэттэн түспүт дьоруойга тэҥнээҕэ. Учууталбын үөрдээри кыһалла сатыырым эрээри, дьэ, туох да иһин иннин биэрбэт биридимиэт эбит этэ. Испэр кини кылааһыгар тоҕо эрдэ көспөтөхпүн кэмсинэрим. Сааһыары, төһө да дьарык элбээн ыгыллыы буоллар, мин оонньоһуох санаам кииртэлээбитэ. Сымыйанан өйдөө­бөтөҕө буолан, учууталбын аттыбар ыҥырарым элбээбитэ. Уруок кэнниттэн эбии дьарыгы кытта туруорса сылдьыбытым. Бэйэм санаабар эбитэ дуу, хайдаҕа дуу, кини ону сөбүлүүр быһыылааҕа. Ачыкытын быыһынан хараҕа уоттанан кэлэр курдуга. Арыт суруйа олорор уруучукабын ылаары илиибин таарыйдаҕына, санаабар, иккиэн туокка оҕустарбыт курдук буоларбыт. Хайҕаатаҕына, астыммыт хараҕынан көрдөҕүнэ, үөрүүбүттэн дьиэбэр хайдах тиийбиппин билбэккэ хааларым. Күүтүүлээх эксээмэн күнэ тиийэн кэлбитэ. Тутар хамыыһыйаҕа,
били, абаа­һы көрөр учууталым дьахтар эмиэ баара. Соһуйуом иһин, саамай ыарыр­ҕатар сорудахпар түбэспитим. Николай Николаевич миигин аһыммыттыы көрбүтэ, өрө тыынан ылбыта. Уйабар уу киирбитин Язва сэрэйбитэ, эҕэлээхтик ымах гыммыта. Үлэлээбиппит икки чаас кэриҥэ буолбута. Оттон мин лии­һим өссө да ып-ыраас этэ. Сымыйанан суоттаабыта буолбутум. Муҥ саатар, ити биридимиэккэ өрүһүлтэ буолар дьүөгэм Татыйаас атын барыйааҥҥа түбэспитин ааһан, түгэххэ олордубут этилэр. Эксээмэн саҕаламмыта үһүс чаа­һыгар, оо, айыы таҥара, Язва көрү­дүөргэ тахсыбыта. Ол кэмҥэ Николай Николаевич түргэн үлүгэрдик биир лииһи аҕалан, эксээмэним кумааҕытын анныгар уган кэбиспитэ. Ити – мин со­рудаҕым суоттааһына этэ! Язва суох кэмигэр ону сырылаччы устан ылбытым. Эксээмэн түмүгэр мин «биэс» сыананы ылбытым. Түмүгү биллэрэригэр Язва мин диэки хатыылаахтык көрөн ылбыта. Николай Николаевичка биһиги кылааспыт сурунаалын быраҕан биэрэн, кыыһырбытын биллэрбитэ. Урут учууталлар билиҥҥи курдук кэтээн турбат буоланнар, саамай куттанар эксээмэммин ити курдук мүччү түспү­түм. Учууталым барахсан ол күн мин диэки ончу көрбөтөҕө. Оскуоланы бүтэрэр­битин туоһулуур докумуону тутар күм­мүтүгэр иэдэһиттэн уураан ылбытым. Тоҕо эбитэ буолла, били дырылыырым ааспыт курдуга. Миигин киэҥ аартык, улахан олох күүтэрэ. Үһүс кууруска үөрэнэ сылдьан биирдэ маҕаһыыҥҥа турдахпына, кэннибэр бэркэ билэр сытым дыргыйбыта. Мин «кини» буолуо диэн сэрэнэн, эргийбэккэ турбутум. Атыылаһан бүтэн баран, наһаа ахтыбыт табаҕым сытыттан арахсымаары, атыыласпыт бородууктабын суумкабар хаалаабыта буолбутум. Онтум баара, ончу атын киһи этэ. Оччолорго Сэргэлээх эҥээр олорор учуутал уолу өссө хаста даҕаны маҕаһыыҥҥа көр­сүбүтүм. Биир күн сылтах булан билсэн, ити дьыл күһүнүгэр холбоспуппут. Дьиктитэ диэн, мин кэргэним эмиэ учуутал, ачыкылаах уонна үкчү таптыыр учууталым курдук сыттаах. Сааһыран баран табаҕын быраҕаары туруммутун уоскутаммын, аҕыйатан эрэ биэрбитэ. Кэргэним доруобуйатын туһугар долгуйабын эрээри, аан бастаан дьахтар быһыытынан имэҥмин уһугуннарбыт дьикти үчүгэй сыппыттан өссө да арахсыахпын баҕарбаппын. Билигин үрдүк үөрэхтээхпин, муусука учууталабын. Математика биридимиэтигэр ньиэрбэбин сиэппит синустарбын, косинустарбын олохпор саараама туттубаппын. Мөлүйүөн иһинэн өйбөр суоттуу үөрүйэхпин. Атыыга-тутууга, быстах биисинэскэ да итилэрэ суох бэркэ сылдьабын. Николай Николаеви­һы хам-түм көрүстэхпинэ, дьээбэҕэ, уй­гуурдар сыппын ылаары аттыгар чугаһыыбын. Дьиҥэр, кини сытын билигин да сөбүлүүр буоллаҕым. Ол эрээри күн-дьыл ыраатан дуу, хайабыт да сааһыран эбитэ дуу, киниэхэ урукку курдук таныыбынан киирэн сүрэххэ тиийэр, ис түгэҕэр түһэр дьикти үчүгэй иэйиим суох буолбут. Мария ИВАНОВА, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан