Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ол сайын...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ол сайын...
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
07.03.2018 17:24
Сэргэй Бааһынай ырыынагар тиийэн арааһы бары көрө-истэ сырытта. Ити курдук сөп буола-буола, манна кэлэн тыынын таһаарар идэлээх. Киһи эрэ элбэх. Атыыһыттар бары даҕаны «хайдах эмэ гынан, ону-маны батаран харчы оҥорбут киһи» диэн саныыр буолуохтаахтар. Ол баа буоллаҕай. Сэргэй Бааһынай ырыынагар тиийэн арааһы бары көрө-истэ сырытта. Ити курдук сөп буола-буола, манна кэлэн тыынын таһаарар идэлээх. Киһи эрэ элбэх. Атыыһыттар бары даҕаны «хайдах эмэ гынан, ону-маны батаран харчы оҥорбут киһи» диэн саныыр буолуохтаахтар. Ол баа буоллаҕай. Страница 2 Олохпут оннук эргийэн тахсыбытын кэннэ аанньарыаҥ дуо?! Барахсаттарыҥ туохтан да иҥнэн-толлон турбаттар – сыананы лаһырҕаччы этэн баран төннөр дьон. Ити гынан баран барыларын атыыта үтүктүспүт курдук биир – эт, балык, ол-бу буотарах. Ол эрээри ити быыһыгар үрүҥ аһы атыылыыр дьон эмиэ көстөллөр. Холобур, баайыы бэргэһэлээх, хас эмэ сону үллэччи кэппит толуу хотун ким эмэ чугаһаатаҕына «бу бэйэбит арыыбыт, саха арыыта, сыаната да удамыр – биэс эрэ мөһөөх!» диэн, куппутунан-симмитинэн барар. Уруккута сүрдээх кырасыабай кыыс оҕо быһыылаах: сырдык сэбэрэлээх, хараҕын хараҥа өҥнөөх харандааһынан сурааһыннаабыт аҕай, оттон иэдэһэ тэтэрбитэ оһуобай. Саҥараары гыннаҕына, кып-кыһылынан тэтэрдибит уоһа чорбоҥолуу түһэр уонна дьэ, ону кытта тэҥҥэ түһэрсэн, илиитэ эйэҥэлээн олорор. Сэргэй бу туоллан турар хотуну хаһан эрэ көрбүт курдук. Туттардыын-хаптардыын, быһыччы көрөн ылардыын, бэл, убураары гыммыттыы, уоһун үмүрүччү туттарыныын, чахчы, кимиэхэ эрэ майгынныыр. «Бу үрүҥ аһы атыылыыр хотууска төһөҕө эргинэр эбитэй?» диэн, сээбэҥнээн тиийэн: – Сэгээр, ити чөчөгөйгүн хастыыга биэрэҕин? – диэн ыйытта. Онуоха «хотууската»: – Туох-туох диигин, оҕонньоор, киһи өйдүүр гына саҥарыаххын. Ол чөчүөккэм диигин дуу, туох хаппыт диигин дуу – туоххунуй? Ээ, маны этэҕин дуо? Оттон киһилии «сливки» диэххин! – диэн күлүм аллайда. – Икки аҥаар мөһөөх! Тугун ыарай даа?! Оччо буолуо суоҕа дуо, ама! Абаама абааһы сааҥсыйата эҥин диэни долоҕойгор тохтоппот буолбут туох киһигиний! Сирэйгин-хараххын сиҥэйэн көрдөххө, син үөрэхтээх киһиэхэ майгынныыр курдуккун дии. Уонна кэлэн кириисис той диэни удумаҕалаппат сордоох эбиккин, бэйи, антах тур, дьону мэһэйдээмэ! «Дьэ, сүрдээх сүүлүктэр, бэл, толунньаҥ уҥуоҕун балтараалыы мөһөөххө батара сатыы турдахтара» диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ, Сэргэй тоһун ылбыт киэбинэн дьалты хааман биэрдэ. Бу кыынньа турдаҕына хайалара эрэ кэлэн сиэҕиттэн тардыбытыгар көрбүтэ, эдьиийин кытта бииргэ үөрэммит Килиим кырдьаҕас сэгэччи туттан турар эбит. Көрсүбэтэхтэрэ ырааппыт дьон сиэринэн буолары-буолбаты сэлэспэхтээтилэр, онтон Сэргэй, били «хотуусканы» ыйан баран туохтан кэлэйбитин кэпсээбитигэр оҕонньоро күлэ-күлэ: – Ити – эдьиийиҥ Сибэтилээнэ урукку дьүөгэтэ Ливадия дии, билбэт эбиккин дуу? – диэтэ. «Ол иһин даҕаны, кырдьык, кини эбит дии, уларыйбыта тугун сүрэй?!» диэн саныы-саныы, Килиим кырдьаҕас салгыы туох диэбитин истибэккэ, быраһаайдаспакка да Сэргэй оптуобус тохтобулун диэки сүөдэҥнээтэ... * * * 70-с сылларга Сэргэй,
аармыйаттан саҥардыы кэлбит уол, Дьокуускайга саха тылыгар туттарсаары эдьиийэ Сибиэтэҕэ олорор кэмэ этэ. Куорат диэни урут хаһан да харахтыы илик уолга бары-барыта сонун буолан көстөрө. Холобура, бу – Сайсары түөлбэтэ куорат кытыытыгар да сыттар, син биир куорат буолара чахчы биллэрэ. Оптуобус тохтобулуттан уонтан тахса мүнүүтэ кэриҥэ ыллар хардыынан түһүннэххэ эрэ, дьиэлэрин булаллара. Хаптаһын ыккардыгар буору, көөбүлү симэн баран устукатууркалаан кэбиспиттэрэ, тэйиэс сиртэн көрдөххө, таас дьиэттэн туох да атына суоҕа. Дьоҕус баҕайы да буоллар, араас оройуонтан аймах-уруу элбэхтик аараан ааһара. Күтүөтэ Эдуард, катер матарыыһа идэлээх буолан, сайын аайы дьиэтигэр олорбот, инньэ Халыманан, Тиксиинэн устар үлэлээҕэ. Оҕолоро – эмдэй-сэмдэй уоллаах кыыс – куоракка тугу гыныахтарай, тыаҕа эбэлээх эһэлэригэр сайылыы бараллара. Онон Сэргэй, быйыл үөрэххэ булгуччу киирэр былааннаах киһи, бэркэ табыллыбыта. Сорох табаарыстарын курдук букатын ырааҕынан урууларын кэрийэ сылдьан «саатар, кылгас кэмҥэ олордо түһүҥ» диэн албыннаспат. Эдьиийигэр күннээҕи үлэтэ диэн – 40 лиитирэлээх бөтүөҥҥэ биирдэ уу баһыы, бэркэлээтэҕинэ, чугастааҕы маҕаһыынтан килиэп, кэпиир атыылаһыы. Арыгы испэт, табах диэҥҥэ даарым да наадыйбат. Адьас айыы киһитэ. Кылаабынайа, хайдах эмэ гынан эксээмэннэри туораан, университет саха салаатыгар киириэххэ наада. Биирдэ консултаассыйаттан дьиэтигэр кэлбитэ, сырдык былаачыйалаах, хоппуруон чулкулаах (устуулга көбүс-көнө атаҕын оллооннуу ууран олордоҕуна, онто киһи хараҕар ордук быраҕыллара), чөмөх гына оҥостубут бүрүчүөскэлээх кыыс-дьахтар эдьиийин кытта кэпсэтэ олороро. Бу – Ливадия, эдьиийин кытта медучилищеҕа бииргэ үөрэммит дьахтар, этэ. Мааны ыалдьыт Сэргэйи аҕыйах көрүүнэн «муннукка хаайбыта». Супту көрөн олорорун уол курдаттыы таайара, оттон бу кырасыабай дьахтары хайдах да кыайан утары көрбөт этэ. Ол курдук күүскэ абылаппыта. Маннык турукка хаһан да киирэ илигэ, онон оруоллаатахха, арааһа, тапталлара диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Эдьиийин кытта иккиэйэх хааллахтарына, арааһы бары ыаспыйалыыр, тылбай-өспөй буолар бэйэккэтэ бу кэрэ көстүүлээх дьахтар кэлиэҕиттэн барбах кутуйах иинин кэҥэтэр аатыгар түспүтэ. Биирдэрэ даҕаны нэмийэн киирэн иһэр майгылаах буолан биэрбитэ: эр киһи (Сэргэй син эр киһи элээмэтэ буоллаҕа дии төһөтүн да иһин) баар диэн кыбыстыбат – көрдөрбүтүнэн олорон таҥаһын уларыттар, чулкутун биэтилэтин төлөрүтэн наскыччы устар-хайыыр, кылбаа маҥан буутун имэринэр, ыга тутар түрүкүө ыстаанын кэтэн баран сиэркилэҕэ эргичиҥниир. Ол тухары «бу аармыйаҕа сержант буола сылдьыбыт, младшай хамандыыр олорор» диэн ымыр да гыммат. Дьүөгэтэ суоҕар Сибиэтэ сурдьугар: «Эн ити Ливадияҕа хараххын олус хатаама, эриттэн арахсыбыт икки оҕолоох дьахтар. Сырыы бөҕөнү сылдьыбыт киһи буоллаҕа, эйиэхэ холоонноох буолуо дуо. Баҕар, чугасаһа сатыаҕа, онно киирэн биэрээйэҕин», – диэн, көрдөһөр икки сэрэтэр икки аҥаардаах эппитэ. Ливадия хайа эрэ хоту оройуоҥҥа сиэстэрэлиир үһү, оттон бу уоппускаҕа күүлэйдии кэлэ сылдьар быһыыта эбит. Дьиэҕэ иккиэйэх хааллахтарына, арааһы бары ыйытар, бэл, киһи кыбыстыах, «бачча кырасыабай уол эрээригин тоҕо биир да кыыһыҥ
суоҕуй?» диэн сордуур. Сэргэй туох диэҕэй – суох аата суох. Оскуолаҕа да сылдьан ончу өйдөөбөтөх морполуогуйатын аахпыта буола сатыы олордоҕуна, кэнниттэн кэлэн баттаҕын имэрийэ-имэрийэ «ии, үрдүк үөрэххэ киирэн исписэлиис буолаары бу сордонон эрдэҕин» дии-дии, аны моонньуттан кууһан кыбыһыннарар. Дьиҥэр, итини уол сөбүлээбэт буолбатах, хата, куустарыан, таптатыан сүрдээҕин баҕарар! Ол эрээри эдьиийэ «адьас киирэн биэрээйэҕин» диэн кытаанахтык сэрэппитэ эбээт! Тоҕо инньэ диэбитэ буолуой?! Кырдьык, Ливадия кэлиэҕиттэн эксээмэнигэр аанньа бэлэмнэммэт буолла. Наар бу дьахтар өйүттэн тахсыбат. Бэл, үнүр түүлүгэр киирбитэ ээ. Арай түһээтэҕинэ, билиҥҥитин курдук тахтаа аттыгар (Ливадия таһыгар) муостаҕа оҥостон утуйаары сытар эбит. Хантан кэлбитэ эбитэ буолла, ийэттэн төрүү сыгынньах, кыры-кылбаҕар таһаалаах Ливадия кини үрдүгэр сытынан кэбиспит, тутуу-хабыы кытаанаҕа! Сэргэй итинтэн олус үөрэр эрээри, эр киһини дьахтар ити курдук гынарын хаһан да истибэтэх, билбэт буолан, долгуйа, салла саныыр. Онтун быыһыгар сыгынньах дьахтары хаһан да көрө илик киһи, кыбыстыбакка тутан-хабан көрүөн, маннык кэрэ таһаалаах дьахтар этин-сиинин хас биирдии сэнтимиэтиригэр тиийэ чинчийиэн баҕарар. Ол булумахтана сыттаҕына, хос иһиттэн уордайбыт сирэйдээх эдьиийэ баттаҕа арбаллыбытынан бу тахсан кэлэр! Соһуйбута бэрдиттэн, уһуктан кэлбитэ – уу чуумпу. «Оок-сиэ! Хаарыан да түүл! Салгыы туох буолуо этэй?» диэн, уһуктубутуттан абаккаран, өһүөнү одуулуу сыппыта. * * * Биирдэ Ливадия куораттан кэпсээн-ипсээн бөҕөтө буолан кэллэ. Дабаай, субуотаҕа хаптаҕастыы барыаҕыҥ диэн буолла. Куораттан соччо ырааҕа суох үһү. Оттон хаптаҕас маска эрэ үүммэтэх, бэл, үйэтигэр курууска да отону үргээбэтэх Көппө Көстөкүүн икки биэдэрэни үргээбит үһү диэн, олордор да бокуой биэрбэт гына хаайда. Эдьиийэ оччолооҕу истэн баран быстыа дуо: – Сэргэй, хомуна тарт, барыахха. Ливадия, эн сирдьиккин, барытыгар эппиэттиигин. Син балачча айгыстан, били таласханнаах сирдэригэр тиийбиттэрэ – киһи кырыы-кырыытынан! Дэлби буһан-хатан, экчэччи эстэн, нэһииччэ үс лиитирдээх бөтүөнү эрэ толорбуттара. Кумаара-күлүмэнэ киһини тулуппат үлүгэрэ этэ. Хата, бэрдин бэрт, Сэргэй хочулуок ылан, онно чэй өрүнэр санаа киирбитэ. Ону иилэ хабан ылан Ливадия: – Сибиэтэ, эн уоккун тэрий, биһиги Сэргэйдиин оо-ол диэкинэн күөлгэ киирэн уу баһыахпыт, сатаан киллэрэрэ дуу, ньамаҕа, бадараана бэрт, – диэбитэ. Инньэ гынан хочулуок, курууска тутуурданан балай эмэ тэйиччи салбыҥнаспыттара. Кырдьык, киһи хайдах да кэһэн киирэр кыаҕа суоҕа – барыта бырыы да бадараан! Ливадиялаах Сэргэй сыгынньахтанан баран, араастаан бары боруобалыы сатаабыттара да, хата, бүтүннүү бадарааны бүрүнэн, илэ абааһы көрүҥнэммиттэрэ. Онтон ууну кытыылаан, балайда тэйэн баран, дьэ, арыый ама сиргэ кэлбиттэрэ. «Отууламмыт» сирдэрэ мантан быдан ыраах буолан, ойуур саҕатыгар Сибиэтэ ончу көстүбэт этэ, арай торҕо буруо унаарыйбытыттан эрэ «ол диэки баар эбит» диэн сэрэйиэххэ сөбө. «Аны кэлэн туох харсай» диэбиттии, Ливадия, Сэргэй дьүһүн-бодо буолан богдоллон олордоҕуна, ньылбы туттан баран, ньалыар ууга киирэн сытынан кэбиспитэ. Итини
көрөн, уол сонно уларыйбыта: плавкитын устаат, хочулуогун туппутунан үөскэ киирбитэ. Уу сып-сылаас этэ. Ливадия үп-үрүҥ туруусуга дьаабытыттан ааспыт, ыраас ууга төһө да сайҕаатар, от күөхтүҥү өҥө төрүт сүппэт. Онуоха холоотоххо, Сэргэй киэнэ от күөх өҥнөөх буолан, көстүүтэ ама этэ. Ол эрээри, кылаабынайа, били, ымсыырбыт-баҕарбыт түгэнэ эмискэччи субу тиийэн кэлбититтэн уол сүрдээҕин долгуйбута. Оттон Ливадия, эр киһи диэни умнубута ырааппыт дьахтар, имэҥҥэ-дьалыҥҥа оннооҕор ордук ылларбыт этэ. Кытылга, хойуу от быыһыгар сытан, оо, таптаспыттара омунун, ама, хайа суруйааччы уустаан-ураннаан суруйуой?! Дьахтар барахсан иэрийэ-иэрийэ түһүнэрэ, онтон букатын даҕаны налыс гынан хаалара уонна эмиэ саҕалаабытынан барара. Оттон кыыс-дьахтар диэҥҥэ кыттыһан көрө илик Сэргэй омунун-төлөнүн арай Ливадия билбитэ буолуо. Эдэр дьахтар уулаах-хаардаах хараҕар, чахчы, ис сүрэхтэн астыныы-дуоһуйуу көстөрө. Кумаар-күүгэс дыыгынас саҥата умнуллубута, имэҥ-дьалыҥ уота күүһүрбүтэ. * * * Сэргэй оптуобуска олорон, кэм да атыылаан бурҕалла турар Ливадияны сайыһа көрөн хаалбыта. БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан