Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бастакы анды
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бастакы анды
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
19.04.2024 12:57
Оскуола алтыс кылааһыгар үөрэнэр дьоһун киһибин. Бүгүн өссө төрөөбүт күнүм: бэс ыйын 1 күнэ. Кыагдаан диэн улууканнаах улахан эбэҕэ кустуубут. Аҕам тимир оһохтоох балаакка туруорбута. Таһынан туолунан бүрүллүбүт сарайдаах, онон хаар-самыыр хоппот, бастайааннайдык турар буолан хаһан баҕарар утуйарга, сынньанарга үчүгэй. Сэһээккэбэр киирэн олоробун, соҕотохпун. Быраатым эҥин тоҕо киирсибэтэҕэ буолла? Суоҕа. Уҥуоргу кытылга уулусса нөҥүө олорор ыалбыт, Ньукулай Барахов диэн аҥаар атахтаах сэрии бэтэрээнэ, кыра уолун, 4-с кылааска үөрэнэр Чыҥырыгы кытта олорор. Оҕонньор аҥаар атаҕа Пекин куоратыгар хаалбыт үһү. Түүн үөһүн саҕана хараҥаҕа икки умсаах кэлэн түстэ, начаас холбостулар. Чыыбыспын тардан кэбистим, иккиэн хаптас гынан хааллылар. Чугас уонна дьара буолан, тыыламматым. Саппыкынан кэһэн киирэн ылбытым – андылар эбит. «Анды дириҥ ууга эрэ түһэр диэн тугу кэпсээбиттэрэй, чычааска да түһэр эбит» дии саныыбын. Уҥуор оҕонньор саҥата түүҥҥү чуумпуга уолун үөрэтэрэ иһиллэр. «Умсаахтар түстэхтэринэ холбоон баран ытаҕын, икки буоллаҕына – тыһытын ытаҕын» эҥин диирин истэбин. Кинилэр аҕыйах кустаах олороллор. Сарсыарда 4 чаас саҕана оҕонньор илимин көрө киирбитин кэннэ, миэхэ түөрт анды кэлэн түстэ. Эмиэ чугас баҕайылар уонна, сонно холбостулар. Ытан саайдым, үс тута барда. Биир хойобуун буолан даллахтаан куота сатаабытын, иккис уоспунан ытан ыллым. Дьэ үөрүү диэн кытаанаҕа, аан бастакы андым, аны соҕотох буолбатах, алтыалар. Анаан-минээн төрөөбүт күммэр Эбэм барахсан уолун маанылаатаҕа ити, ону таһынан өссө хас да кустаахпын. «Хайа, нохоо, холбоон баран ыт» диэн оҕонньор хаһыытын истэн көрө түспүтүм, оҕонньорум тэйиччи соҕус олорор эбит, Чыҥырык иннигэр икки умсаах уста сылдьар. «Оттон холбуу сатыы олоробун дии», – диэн Чыҥырык хардарда. Кустара оччо хаһыыга олоруохтара дуо, көтөн хааллылар, мин икки хараҕым уута ыгыллыар диэри күллүм. Умсаах кэлэ туруох курдук этэ да, оскуолабар барардаахпын. Биэс чаас саҕана хомунан балааккабар таҕыстым, аппын көлүнэн дьиэлээтим. Дэриэбинэ аттыгар кэлбитим эриэккэстэн эриэккэс түптэ сыта саба биэрдэ, аны күн тыган сылыйан, сырдаан, саҥа ситэн эрэр мутукча, сэбирдэх сыта дыргыйда. Үчүгэйиин! Ол иһин да сиргэ-уокка сылдьа сатыыр буоллахпыт, биһиги, эр дьон. Оннук кус ытыыта саҕаланна да, киэһэ аайы кустуу бараҕын, сарсыарда кэлэн оскуолаҕар үргүлдьү ааһаҕын. Уруокка олорон утуйан хаалбыт буолаҕын. Эмискэ тыас бөҕө буолар, уһукта биэрбитиҥ, сүүскүнэн паартаны саайбыт буолаҕын. «Ньикииппэрэп эмиэ кустаабыт» диэн буолар. Оччолорго оҕо кустуурун бобуу суох этэ, суолтатыгар эрэ кыратык саҥаран ылаллара. Үөрэххин ситиһэр, дьиэҕэр уугун-маскын бэлэмниир буоллуҥ да, ким да саҥарбат, кыһаллыбат этэ. Кураан сылларга кустааһын Былыр кураан сылларга оттуу да, сиргэ да сылдьан иһэр ууну булуу улахан кыһалҕа буолара. Эбэлэр уолан ыраах үөскэ диэри хара бадараанынан көрө сыталлара. Күөл кытыытыгар киирэн күрдьэҕинэн бадарааны хаһан, уу баһар сир оҥостоҕун. Сыыйа уу киирэн ырааһырдаҕына миискэнэн баһан, солуургар
дуу, хочулуоккар дуу куттаҕын. Сайын устата биирдэ эмэ ардаатаҕына баһыыба буолааччы. Дьэ оннук эбэлэргэ куһуҥ күөл ортотугар сытар. Онон мээнэ күөлгэ кус ыппаккын. Ытар күөлгэр анаан тыылаах буолаҕын. Тыыны ууга киллэрэргэр анаан далаһа оҥостоҕун. Сиэрдийэ кэрдэн киллэрэн, бастаан туора мас быраҕа-быраҕа, сыыйа усталыы сиэрдийэ тэлгэтэн, уутугар диэри тиийэҕин. Ол далаһаҥ устун сылдьан тыыгын соһон киллэрэҕин. Түөрт сиэрдийэттэн быһан, атах анньан, туора мас саайталаан, дурда оҥостоҕун. Муосталаан-хайаан, сэһээккэҕин өрбөх куулунан эргитэн баран, оттоон эҥин бэлэмниигин. Онон кустуур дурда оҥостуута үлэлээх соҕус буолара. Быһата, үлэлээн аһыыгын. Ботуруонум алтан буолара, эбэтэр суруйтаран кумааҕы гильза ылан баран бэйэҥ ииттэҕин, хара буораҕынан. Саамай үчүгэй буорах «түөртээх», «үстээх» диэн нүөмэрдээх буолара. Онтуҥ буруота арыый аҕыйах буолар. Дьэ, онтуҥ бүттэҕинэ «иккилээххэ» киирсэҕин. Быыскын хортуонтан уонна хаатыҥка оһуттан анаан быыс быһар тимиринэн оҥороҕун. Быыс быһар тимир уонна бөстүөн ылар тимир маҕаһыыҥҥа баар буолара, суох буоллаҕына почтанан сурутан ылаҕын. Чуумпуга «иккилээх» буораҕынан ытан баран, буруота сүтүөр диэри күүтэн олорорго күһэллэҕин. Таптарбыт кус дайан баран эрэрин, ыппыт куһуҥ төһөтө өлбүтүн-көппүтүн хайдах да көрөр, күөрэтэр кыаҕыҥ суох. Тыаҕа олорор буоллаххына, туора ойо охсон көрөҕүн, куһуҥ өлбүт дуу, суох дуу. Тыаллаах буоллаҕына абырыыра, буруоҥ түргэнник сайҕанара. Хотуобай ботуруон атыыга кэлин эрэ баар буолбута. Хантай-хантай Күһүн үс буолан кустуу бардыбыт. Тиийбит күөлбүт куталаах баҕайы эбит. Икки тыылаахпыт. Тыыларбытын соһон, дыгдаҥныы сытар кутаҕа түөрт атах буолан өйөөн-бигээн бараҕын. Сороҕор эрдиигин кутаҕа быраҕан, онно үктэнэн тыыгын анньаҕын. Ити курдук айаннаан күөлбүт уутугар кэлэн, кута саҕатыгар туран ханан олорорбутун сүбэлэстибит. Куспут көтүүтэ бу буолла, халлаан хараҥарда. «Биир киһибитин манна кутаҕа туруоруохха» диэн тыыттан түһэрдибит. Киһибит бэрт куһаҕан, өрө көбүөхтүү сытар кутаҕа туран хаалла. Тыыбытын ууга анньан барыах курдук буолан эрдэхпитинэ, Оппуонньабыт «кустар иһэллэр!» диэтэ. Көрбүтүм: уҥуортан биир үөр кус уун-утары саба анньан иһэр эбит. Оппуонньа били кутаҕа турааччы киһибитигэр бэрт суостаахтык «хантай-хантай!» диэн хаһыытыыр. Мин көрдөхпүнэ, ол киһибит хантайан аҕай турар курдук. Кустарбыт биһигини көрөн, халыйан хааллылар, ыттарбатылар. Ол кэннэ өйдөөн көрбүппүт, били кутаҕа хаалбыт киһибит курданарыгар диэри ууга тимирэн турар эбит. Иккиэн тыыбытынан төннөн кэлэн хостоон таһаардыбыт. Курумутун уутун сүөкээн, кэтэрдэн, тыыны былдьаһыы буолла. Кутаа оттон, таҥаспытыттан киһибитигэр бэрсэн, таҥас куурдуу түбүгэр түстүбүт. «Тоҕо бачча буолуоххар диэри тахса сатаабакка, тыыга турдуҥ. Тимирэн хаала сыспыккын», – диибин. Онуоха киһим кырдьык-хордьук: «Оппуонньа ити айылаах хантай-хантай диэн күргүйдүү турдаҕына... Быстыам дуо, хантайан баран турдаҕым», – диэн күллэрдэҕэ үһү. Сайыы бычааҕа Саас туруйа кэлбит кэмэ. Күөллэр ырбыылаабакка, күөх хобур буолан тураллар. Аҕам табаарыстарын кытта бэһиэ буолан, биэс атынан сайыы балыгар бараары тэринэ сылдьаллар. Туохуна диэн дэриэбинэттэн икки көстөөх бэс
күөлэ баар, хас да түөлбэлээх улахан эбэ. Оччолорго ханна баралларын хантан билиэхпиний, кырабын, начаалынай кылаас үөрэнээччитэбин. Ол балыктыыр күөллэрин кэлин улаатан эрэ баран билбитим. Өрөбүл эбитэ дуу, үөрэхпин борогууллаабытым эбитэ дуу, умнан кэбиспиппин. Мин уоран тэриммитэ буолабын. Ийэм да, аҕам да «барсаары тэринэрбин билбэттэр» дии саныыбын. Илдьибэттэрин син сэрэйэ сылдьабын. Оччолорго уһун остоох куруму саппыкы кэмчи кэмэ. Ийэм ол аҕам курумутун буруоҕа ыһаарар. Оччоҕуна уу киирбэт буолар. Кылгас уу саппыкытыгар халыҥ бириһиэни салгыы тигэн куруму оҥостоллор этэ. Миэхэ эмиэ ийэм оннук тикпит саппыкыта баар. Онтубун чуулааҥҥа чугаһата кистии ууран баран, барсыам диэн оҥосто сырыттым. Дьиҥинэн тэрээһиним барыта додо курдук баар киһитэбин, адьас кырабыттан аҕабын, таайбын батыһан тэлэһийэ сылдьыспытым. Бэл, 32-лээх саатыгар тиийэ баар. Дьэ, дьонум биһиэхэ мустаннар бараары оҥоһуннулар, «эйигин илдьибэппит, оҕо сылдьыбат ыраах сирэ» диэн кэбистилэр. Аҕам аах олорор күөлбүт ходуһатынан уҥуор диэки бара турдулар, оттон мин ытыы-ытыы кэннилэриттэн сатыы түһүнэн кэбистим. Дьонум мин сырсан иһэрбин билэллэр эрээри, кэннилэрин хайыһан да көрбөттөр. Арааһа, «батыһа түһэн баран хаалыа» дии саныыллар быһыылаах. Олорор күөлбүтүн аастыбыт, Дириҥ диэн күөлү ойоҕолуу баран иһэбит. Мин хаалсыбаппын. Ытыы-ытыы кэннилэриттэн күрдьэн иһэбин. Кэмниэ кэнэҕэс, дьонум тохтоотулар, «бу оҕо хаалыа суох» диэн өйдөөтүлэр быһыылаах. Аҕам атыгар мэҥэһиннэрэ олортулар. Халлаан ып-ыраас, сып-сылаас, үчүгэй баҕайы ылааҥы күн этэ. Эбэбитигэр түүн тиийдибит. Чэй өрүнэн аһаатыбыт, аттарбыт сойбуттарын кэннэ өртөөн аһата хаалларан баран, эбэбитигэр киирдибит. Эбэ барыта килэҥ мууһунан көрөн сытар. Ходуһа курдукка кыра уу оҕото баар, киһи тобугар да тиийбэт чычаас уулаах. Чэ, «киһини сототунан» диэххэ сөп. Онно икки туруйа хаамса сылдьаллар, барбаттар. Биир аргыспыт ходуһа уутун кэһэн хаамыталаан көрдө, ол кэннэ «дьэ, оруобуна кэлбиппит» диэтэ. Биир илими ылан саппыкынан кэһэ сылдьан үттүлэр. Илими үтэн бүтэрэ да иликтэринэ, собо бөҕө тутан эрэр сибикитэ билиннэ. Биир, икки киһи куул тутааччы буолла, атыттар собо араарааччы буоллулар. Куул сөп буолла да, тыаҕа чайданар сиргэ таһан иһэллэр. Мин эмиэ аҕыйаҕы таһыспыта буолабын быһыылаах. Ууну кэһэ сырыттахпына, атахпын балыктар кэтиэлииллэр. «Сайыы балыга» диэн эрдэ андаатар уйатын сиҥэ уута киирдэҕинэ, эбэтэр муус хайа барбыт сирин уу ыллаҕына биир-икки күн күөл балыга ууну кытта ходуһаҕа тахсарын этэллэр эбит. Ону тэҥэ, балык ыамын кэмигэр күөл кытыы ууларыгар тахсарын. Начаас икки ардыгар, 2-3 эрэ чаас буоллубут быһыылаах, «сөп буолла, күн уоттаныан иннинэ барыахха» дэсиһии буолла. Күнүс сылыйдаҕына бэрэмэдэйгэ иһэр балыкпыт лыыбарыа диэн тиэтэйдилэр. Ол түүнү быһа балык таһан ыллык оҥорбут сирбит кытыытыгар, хонууга икки сымыыт сытар этэ. Туруйаларбыт сымыыттара. Адьас ап-аһаҕас сиргэ ону-маны тэлгэппитэ буолан баран сымыыттыыллар эбит. Улахан уйа дьүһүнэ баарын өйдөөбөппүн. Оннук сып-сап хомунан дьиэлээтибит. Күн сылыйан,
утуктаан, ыҥыыр тутааҕын хам тутан олорон утуйан хаалбыппын. Инньэ гынан, айан уһунун билбэккэ, үөрэн-көтөн, кэпсээн-сэһэн бөҕө буолан дьиэбэр кэлбитим. Ол кэннэ үйэм тухары хаһан да сайыы балыга диэннэригэр сылдьан көрбөтөҕүм, туруйа да сымыытын көрө иликпин. Ол онно ытаан-соҥоон туран барсыбатаҕым буоллар, олоҕум устатыгар оннук балыктыылларын көрбөккө хаалыах эбиппин. Егор Никифоров-Басхаай, Бүлүү, Тылгыны. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан