Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьол. Сымыйа. Кырдьык
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьол. Сымыйа. Кырдьык
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
19.04.2024 12:55
Киһи бу дойдуга кэлэн дьоллоох буолуон баҕарар. Дьол диэн туох эбитэ буолла? Кимиэхэ эрэ саҥа тыл, саҥа санаа, саҥа иэйии булара – дьол, кимиэхэ эрэ ийэлээх аҕатын таптала - дьол, кимиэхэ эрэ тахтаа оронун анныгар утуйа сытар ыта тыыннааҕа – дьол. Киһи аймах тыһыынчанан сылларга сайыннаҕын, элбээн тэнийэн бардаҕын аайы «дьол» диэн өйдөбүлү барыбытыгар биир, барыбытыгар тэҥ буоларын курдук ситимнии сатыыр курдук. Киһи күннэтэ туохтан дьоллоноругар дуу, сордоноругар дуу олох да наадыйбата чуолкай. Билиҥҥи дьон куоталаһыы үйэтигэр атын киһи кыһалҕалаах буоларыгар, хата, үөрэр курдук туттар-хаптар. Санаатыгар, маннык кыһалҕалаах дьон иннигэр түстэҕэ дуу... Күннэтэ үлэттэн дьоллонор – дьоллоох дьон. Үлэтэ уонна баҕа санаата барыта ыпсыбыт киһи - дьоллоох киһи. Хомойуох иһин, маннык олоҕу барыбытыгар бэрсибэт эбит... Бу дьоллоох дьон быыһыгар кыһалҕаттан кыбыллан, сап саҕаттан салҕанан сылдьааччы баар буолар. Маннык дьон дьоллоох буолуохтара дуо? Тастан көрдөххө, барыта кэмигэр, барыта орун-оннугар буолар курдук. Тастарыгар да дьоллоох дьон курдук көстө сатыыр адьынаттаахтар. Ол эрээри бэйэлэрин баҕа санааларын оннугар ким эмэ атын киһи санаатын толорон, тус санааларын кистииргэ күһэллибит, үөрэммит дьон. Сирэй салаан сэлибирэппит аҕай дьон буоллахтара дуу? «Аһыыр-таҥнар наада, дьоммун иитэр наада, кирэдьииппин хайдах эмэ гынан төлүөххэ наада, ыалдьар дьоммор күүс-көмө буолуохпун наада. Кэннэ кээнчэ да буоллун! Тойон көрөн туран «хараны» «үрүҥ» диэбитэ үрүҥ бөҕө буоллаҕа... «Биллэн турар... Биллэн турар, үрүҥ, үрүҥ...» Тойон да харатын билэн туран «үрүҥ» диэбит тылын доҕооно ой дуораана буолан, хаттаан эргиллэн кэлэрин эрэ истээри эттэ ини. Дьиҥэр, иһигэр бып-быычыкаан киһи дуома «хайдах үрүҥ буолуой – хара эбээт» диэбитин таска кытаанах дьиппиэн бэйэлээх бу да сырыыга үрүҥ диэтэҕэ эбээт. Бу дьон иккиэн төһө дьоллоохторуй? Дьоллоох бөҕөлөр... Иккиэн бэйэ-бэйэлэригэр тугу истиэхтэрин баҕаралларын этэллэринэн дьоллоохтор... Сирэй салаһан сэлибирэтиһэллэринэн кимнээҕэр да дьоллоохтор... Хаһан эмит, ханна эмит этиэхтэрэ дуо үрүҥү – үрүҥ, хараны хара диэн... * * * Оптуобуска дьахтар киирэн кэллэ. Барбах холуочук. Тыла өһүллүбүт. Кырдьыгы кистээбэккэ этэр буолбут. Олорор дьону кэриччи көрө-көрө: «Эн миигин көрөн туран миэстэҕин, сылаас олоппоскун туран биэрбэккин, оттон эн, биллэн турар, төлөпүөҥҥүн кытта көссүүлэһэҕин. Эн, биллэн турар, утуйбута буолаҕын, дөрүн-дөрүн ханна тиийбиккин кистээн көрөн кылатаҕын, эн өлөрдүү сылайбыккын, атаҕыҥ да тугуҥ да истибэт буолан хаалбыттар, кыайан туран биэрэр кыаҕыҥ суо-ох, турар кыаххыт суох!» Бу монолуок өссө да уһуур чинчилэммитин сэрэйэ охсон, инники олорор оҕонньор эрчимнээхтик ойон турда. Төлөпүөн «хаһа» олорор, көрдөххө, үрдүкү кылаас уола кымаардаан да көрбөтө. Дьахтар соһуйан, бөтөн ылаат, оҕонньор аастыйбыт бытыктаах баттаҕар хараҕа бэрт кытаанахтык хатанан ылла. Онтон улаханнык туохтан эрэ кыбыстыбыттыы: «Эн олор, эһээ, оло-ор, олор. Биһигинньиктэр тылбытыгар кыһаллыма. Абата бэрт ээ, абата бэрт...» Ити кэннэ саҥата суох кэлэр тохтобулга диэри айаннаһа түһэн баран, ол дьахтар түһэн хаалла. Тура түспүтэ буоллар, олох кырдьыгыттан сомсо түһэн элбэҕи да истиэ хааллаҕа... Иһирик. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан