Кэпсээ
Войти Регистрация

Биир сырыыга үс моһол

Главная / Кэпсээн арааһа / Биир сырыыга үс моһол

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
19.04.2024 12:53
Быыскаҕа баттата сыһан      Бултуур тыабытыгар Ньу­куу­һу кытта тахса сылдьабыт. Ахсынньы саҥатын эргин. Халлаан тымныйан эрэр. Биир күн өрөөн мастаныахха диэн буолла. Бэтэрээ үүтээммитигэр сытабыт. Гарааспыт туспа, урукку үүтээммитин гараас гыммыппыт, икки бураан киирэр. Онон иһинэн-таһы­нан элбэх мас оттуллар. Сүүр­бэч­чэ сылы быһа чордонон-чордонон, хаппыт маһа чугаһы­нан бүтэн турар. Биир дьыл Ньукуус сыалыйалаабыт, ол аата төрдүнэн хатырыгын суоран кэбиспитэ, ол эрэ баар. Онтубутун халлаан лаппа тымный­даҕына кэрдиэхпит диэн харыстыыбыт. Аттыбытыгар чу­гас сыыр үөһэ былыргы мас быыска турар. Уолаттар үс-түөрт сыллааҕыта үс атаҕын быһа эрбээбиттэрэ, тоҕо эрэ сууллубакка турар, «ону суулларан, мас гыныахпыт» дэспиппит.    Сарсыарда, халлаан сырдаабытын кэннэ, «штиль» эрбиибитин ылан быыскабытыгар бардыбыт. Тиийэн көрүү-истии буоллубут. Хайдах суулларары толкуйдаатыбыт. Иккиэн да салла санаатыбыт. Чугастан икки-үс бураан сыарҕата буолуох маһы мастаатыбыт. Бакаа сөп буолуо диэн, төннөөрү быыс­ка­бытыгар кэллибит. Эрбиини собуоттаатым да, иҥнэри өттүнээҕи атаҕын эрбээбитинэн бардым. Эмискэ «тас» гынар тыаһы кытта эрбиибин илиибиттэн ньылбы охсон ылла – Ньукууһум хаһыы-ыһыы бөҕөнү түһэрдэ. Хантайан көрбүтүм, быыскам иҥнэри өттүгэр сууллан эрэр. Ханна да барар кыах суох. Быыска анныгар иһирдьэ сылдьабын. Миэхэ чугаһаатаҕын аайы аллара түһэр. Сытан биэрдэххэ, үөһэнэн ааһыах курдук. Быыска сууллан эрэр өттүгэр илдьэн эрэр, туора маһым бу кэллэ, арыый үөһэ таҕыста, төҥкөйөн биэрдим. Кыл түгэ­нигэр ууга-уокка киирэн та­ҕыстым.    Ньукууһум, дьэ һуу гынан, үөһэ тыынан, мөҕө сыста. Оччо кыһаллыбатым буолан баран, киэһэ утуйарым саҕана саныы-саныы этим тымныйталаан ылбыта. Тыаҕа сылдьар киһи сэрэҕин хаһан да сүтэриэ суохтаах. Аны сарсыарда анараа үүтээммитигэр барыахтаахпыт. Ньукуус – улахан алыынан, мин бэс бырасыакатынан чааркааннарбар.   Гааһым харан      Киһим сарсыарда алтаҕа туран гарааһын оттор. Мин аа-дьуо турабын. Убай киһи буолан ачыаһырабын. Бурааннарбытын таһааран баран, Ньукууһум элэс гынан хаалла.    Бэһим бырасыакатын айа­ҕар биир чааркааммын хаардаан баран бурааммын эспитим – ойдо ээ! Чуут тутуһан хааллым! Хата, сыарҕам суох. Гааһа харан хаалбыт. Матасыыкыл киэнин олордубуппут торуоһа сарадахтыйан хаалбыт быһыылаах. Нэһиилэ хатааста сылдьан умуруора сатаатым. Истэ сылдьыа дуо, суох. Ойуурга киирэн хааллым. Бэс быыһынан элээрдии. Кыайан салайбакка, сонос бэскэ кэлэн саалынным. Түөспүнэн уруул­бар түстүм. Тыынар кыах суох. Бурааным охтубут, бэ­һим сууллубут.    Кэҥээн баран көрбүтүм, силистэри түөрэн, бэһим үр­дүгэр олорор эбипин. Син уһуннук олорболоотум. Хаампыта буоллум. Икки тоҕоноҕум иэдэйбит. Бурааным капота туора сытар, туох да буолбатах, иннигэр тимиринэн сыбааркалаах. Аллараа өттө тимир лиис бүрүөһүннээх, маһы-оту тоҕута көтөргө аналлаах.    Үүтээним чугас. Саҥа хоҥ­нон эрэр киһи тиийэн сытыахпын эҥин баҕарталаан ыллым да, сатаммат. Бурааммын эһиэхпин салларым бэрт. Ол курдук чааһы быһа тэпсэҥ­нээ­тим, көрүммүтэ эҥин буолабын. Доруобуйам сыыйа көн­нө. Бардахха сатанар.    Эһэн, суолу буллардым. Онтон тохтоон эмиэ көрүммүтэ буоллум. Улахан маска саайбытым буоллар, өлүөх эбиппин. Дьоҕус мас буолан, тыыннаах хаалбыппын. Дьиҥинэн, умуруора сатаабакка, ыстанан кэбиһиллиэхтээҕэ хаалбыт. Аа-дьуо айанныыбын. Оннук хапкааннарбын хаардаатым. Мэ­ҥиэтэ суохха мэҥиэ бы­ра­ҕабын. Син аҕыйах кииһи ылан, үөрэн, урукку чөлбөр түс­түм буолан баран, син биир салларым ааспакка иһэбин.    Үүтээммэр борук-сорук буолан эрдэҕинэ кэллим. Ньу­куу­һум оһоҕун оттон, аһын бу­һаран олорор. Үүтээнэ сылыйбыт, уораана тахсан эрэр. Тоҕо хойутаабыппын ыйыппытыгар кэпсээтим. Сэрэммэккин диэн эмиэ мөҕө сыста. Кыра бултаах буолан, көхсө кэҥэс.    Чааркааннарбытын барытын тэптиргэлээн иитэбит. Оччоҕуна булт буортуйбат. Тэптиргэтэ суоҕу  кутуйах сиэн кэбиһэр уонна тириитэ алдьанар. Бу сырыыга син аҕыйах киистээхпит. Уонча хара улардаахпыт. Улар айаннаабыт бы­һыылаах: онно-манна син көс­төр буолбуттар.   Ыы мурун      Бастакы үүтээммитигэр бар­дыбыт. Тайахха түбэһиэх­пит диэн санаалаахпыт эрээри, Ньукууһум саата СКС биирдэ эрэ эстэр буола сылдьар. Туга эрэ хаппырыыстыыр, бы­һаарбакка сылдьабыт. Мин ТОЗ-34 үөһээ-аллараа уос­таах саалаахпын. Тымныыга эстиэ суоҕун сөп, аҕыйах кур сүн­ньүөх­тээхпин. Онон улахан булка соччо эрэлэ суох сэптээхпит диэххэ сөп.    Аҕыйах сыллаахха тайахха түбэһэн ыппытым, буулдьам саа уоһугар харан ту­рар­даах. Сөпкө соҕус тиийэн үүтээммитигэр хоннубут. Сарсыарда биир бураанынан Хоммут Үрэҕэ диэн ааттаах үрэҕи батан истибит. Үүтээммититтэн чугас. Ньу­куу­һум сыарҕаҕа олорон иһэр, мин ыытабын. Уопсайынан, кө­рү­гэһэ суох киһибин. Харах­таа­­ҕым – Ньукуус. Бэлиэ биэр­дэҕинэ эрэ, көрөр идэлээхпин. Үксүн сири, киис суолун көрөбүн. Идэм чааркаанньыт буоллаҕа, тайахчыт буолбатах. Үүтээммититтэн баара-суоҕа сүүрбэччэ мүнүүтэ айаннаатыбыт.    Арай көхсүбэр үтүлүк кэлэн түстэ. Ньукуус тугу эрэ көрдө диэн, тохтуу оҕустум. Эргиллэн киһибин көрбүтүм, уҥа илиитинэн үрэх уҥуор ыйар. Көрбүтүм – 300-чэ миэтэрэҕэ тайах сүүрэ сылдьар. «Оо, көрбөккө ыытан кэбистим дуо?» диибин. «Хайдах буоллуҥ, утары сүүрэн иһэр буолбат дуо!» диир. Өйдөөн көрбүтүм, кырдьык, утары иһэр эбит. «Ахсынньыга хааһан бүппүт кэмэ буолуохтаах этэ. Хайдах утары кэлэр баҕайыный?» – дии саныыбын. Бэйэтэ муоһа суох, тыһыга дылы. Кыылбыт чугаһаатар чугаһаан уун-утары иһэр, туоруур ини дии санаабытым да, туоруох быһыыта суох.    Ньукууһум «хайа ытабын дуо?» диир. «Бачча кэлбити отучча миэтэрэ буоллаҕына ытыахпыт, астыырга суолтан чугас буолуо» диибин. Субу отучча миэтэрэ кэллэ, Ньукууһу «ыт» диэтим, ытта да – саата харан хаалла! Ойон туран, чугас маска хатыырын саайталыыр быһыылаах. Үчүгэй-куһаҕан саҥа барыта иһиллэр! Хаһан мин аҥнан ытыахпар диэри сүүрбэччэ миэтэрэ кэллэ. Бастакы ытыыбар табыллан, син бытаарар курдук гынна, иккис ытыыбар охтубата гынан баран, дөйүөрэн уонча миэтэрэ бураан суолугар киирэн, турунан кэбистэ. Ыксаатахпына, бурааным кэннигэр түһэрим дуу диэн санаалаах этим. Ньукууһум саатыгар биир ботуруону дьэ уктубут, «кыһыыта да бэрт, бэйэҥ салҕаан кэбис» диэбиппэр ытан кэбистэ.    Бу сырыыбар үс моһолу субуруччу аһардым дии саныыбын. Аар Айыыларым бэйэлэрэ көрөн-истэн төлө түһэрдэхтэрэ, баччаҕа аҕаллахтара. Үлтү эстэн-быстан тутайбыт кэммэр хараҥаҕа сөбүлүү көрбүт маспын утары туран, харахпын симэн сэниэ-күүс көрдөөччүбүн. Ыйдаҥаҕа ыйы, күннээххэ күнү утары туран. Син туһалыыр курдук буолааччы. Сиргэ сылдьар киһиэхэ эстии-быстыы, тоҥуу-хатыы, алдьаныы-кээһэнии ханна барыай, куруук бииргэ сылдьар аргыстарыҥ буоллаҕа.   Сорсу куһугар      Мулуга анды ытыыта бүппүтүн кэннэ, бэс ыйын ортотун диэки, түөрт буолан сорсу кустуу сылдьабыт. Былыргы пуорт диэн ааттаах, ыраас, көнө баҕайы хонуу. Кытыыта – бэс чагда. Бу хонууга былыр, сахатыйбыт нуучча Аскалон уонна Чөркөөнү Куоста диэн бэйэбит уолбут, Ан-2 сөмөлүөт лүөччүктэрэ, Үгүлээт эриэйсэтигэр ааһан иһэн балыксыттары, кусчуттары түһэрэн ааһаллар эбит.    Булчуттары быраҕаллары­гар эрдэ кэпсэтэн Үгүлээттэн эбэтэр Тылгыныттан олохтоох киһини күүттэрэллэрэ. Ол дьон оччотооҕуга атынан кэлэн күүтэллэр. Сөмөлүөт түһүүтүн түһэр эбит да, көтүүтүгэр бадьыыстаах эбит. Хонуутун устата арыый кылгас буолан, маска быанан баайан баран гаастыы олорон бэлиэ биэрдэхтэринэ, били, олохтоох ыҥырыллыбыт киһилэрэ быаны сүгэнэн быһа оҕустаҕына, сөмөлүөттэрэ дьэ өрө көтөн тахсара үһү. Билигин онно гаас хостонор. Улахан базалаахтар. Дьэ, онно биһиги балааккаланан сытабыт. Уу мотуорунан сылдьабыт, мотуордаах уолбут кусчуттарын киэһэ мотуорунан быраҕаттыыр, сарсыарда хомуйталаан кэлэр. Бүгүн бүтэһик күммүт, сарсыарда дьиэлиэхтээхпит.    Сааскы уу үтэн тахсыбыта – муора. Дьиэҕэ илдьэргэ бу түүн балыктыахтаахпын. Туустаан сииргэ тэҥэли илимэ үтүөхтээхпин. Киэһэлик, аһаан бүтэн, былааппын баанан (кумаара диэн сүрдээх) тыыбар киирэн истэхпинэ, мотуордаах уол быраҕан биэриэм диэбитин «тыыбынан быһа барыам» диэн буолумматым.    Сээт Үрэҕэ диэн Күүлэттэн кэлэн түһэр үрэх айаҕар илимниир былааннаахпын. Бачча улахан ууга, илимнииргэ хаамнаах сир ол эрэ курдук. Тыыбар олорон, эрдинэн эрдэхпинэ кэннибэр «эбээ, эбээ дьэ барда» диэн күлсэ хааллылар. Мин эрэ былаат баанабын, ону күлэллэрин истибэтэҕэ буолан бара турдум.    Тыраахтар суолун устун эрдэн иһэбин. Улахан талах тумуһаҕы уу ылан, быһа көтөн иһэр быһыым. Манан Сээтим Үрэҕэ чугас. Ол истэхпинэ кэрии бэс диэки уу чалым-чалым тыаһыыр. Туох эрэ хаамар, тохтоотохпуна тохтуур, бардахпына эмиэ чаллыргыыр. Тайах эбитэ буоллар, тыаспыттан барыа этэ дии саныыбын, мээмэчээн буолуо, балык эҥин өлбүтүн хомуйан сиирэ буолуо дии саныы-саныы, салгыы эрдэн иһэбин.    Санаам буолбакка «туох сылдьар баҕайыный?» диэн, тохтоон, икки сүнньүөҕү угуннум. Ыарҕа, хатыҥ аабы ууга барбыта, аны сирэ балдаһына – чаардаан хаалаҕын, түһэн, тыыгын соһон баран истэххинэ, аны аппа кэлэн, дириҥээн хаалар, хат тыыгар тахсан эрдиигинэн анньынаҕын, тыаһаабат буола сатыыгын, иһиллиигин, кини эмиэ иһиллиир. Иккиэн аа-дьуо утарыта иһэбит. Ыарҕата үрдүгэ – туох да көстүө суох. Аны кумаара хойуута, туох кыһалҕатыгар эҥин диэх курдук.    Кэмниэ кэнэҕэс дьэ сөп буолла ини: аргыый тыыбар турдум, саам бэлэм. Арай түөрт уонча эҥин миэтэрэ буолуо, ыарҕа нөҥүөттэн, миигин көрө сатаан, тайах унньуллан турар эбит! Олоотооһун бэрдэ. Түөһүн тылын туһулаан баран, ыарҕа курдары чыыбыспын тардан кэбистим. Тайаҕым туора ойон, ойоҕолуу сүүрэн эрдэҕинэ иккис уоспунан ытан көрдүм да, ыарҕата үрдүгэ, хахыйаҕа хойуута бэрдиттэн таппатым.    Бэйэтэ көстүбэт, сүүрэри­гэр уу тыаһыыр, онтон ууга охтор тыас иһилиннэ, кыратык орулаан ылар курдук гынна. «Үчүгэйдэппит» дии санаатым. Син балайда ба­дьыыһыран, ыппыт сирбэр кэлэн, былааппын маска баайан кэбистим. Сирэйбин кумаар эминэн биһинним. Көрдөөн көрдүм да, булбатым. Киһи кыайан көрдүөх буолбатах – балдаһынын дьаамата куруму саппыкыны ааһарар.    Сарсыарда уолаттары кытта кэлэн көрдөнүллүө диэн төнүннүм. Тыраахтарым суолугар киириэхпэр диэри тугу булбуппунан маска баайан, бэлиэ оҥорон тиийдим. Ол да буоллар туһаайыыбын булбатым. Илимнэрбин үтэн баһаам тэҥэлини араардым. Сарсыарда уолаттар мотуордарын эһэр тыастарын истэн, илимнэрбин эһэн, отуубар бардым.    Чэйдээн эрэллэр эбит. «Эбээ былаата ханна барда, былаата суох буолбут» диэн уһаара көрүстүлэр. «Билигин эбээ суох, эһээ баар!» диибин уонна аа-дьуо лэппэрдиибин. Уолаттарым сэрэйэ оҕустулар, «эһээ туохтаах эрэ быһыылаах» диэн сэмээр саҥарар буоллулар.    Аһыы олорон кэпсээтим. «Булбатым, барда быһыылаах, дьиэбитигэр барар инибит» диибин дьээбэлээн. «Ээ, суох! Син биир баран көрдүүбүт, кырдьаҕас сыыспатах буолуохтаах!» дэһэ түстүлэр. Аны «кырдьаҕас» буолан хааллым. Тыынан, мотуорунан баран, били таҥастарынан сирдэтэн, булан ыллыбыт. Чугас да сыппыт эбит. Аппалары туораары, халыйан хаалар эбиппин. Ыарҕа быыһа буолан, кыайан көстүбэтэх.    Үөрэ-көтө астаан кэбистибит. Элбэх киһи киһилиэхпит дуо. Байанайым мичик гынан, соруйан оҥорбут курдук, утары аҕалан биэрдэҕэ. Инньэ гынан эт, кус, балык биирдэ дэлэйэ түстэҕэ ити. Мотуор кыайбат таһаҕаһа буолла. Үөрүү-көтүү үксээтэ. Булт диэн маннык буоллаҕа, табылыннаҕына – табыллар, суох буоллаҕына – суох.   Басхаай, Бүлүү, Тылгыны. Тарҕат:
kyym.ru сайтан