Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сылаап уонна Слава
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сылаап уонна Слава
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
28.02.2018 19:14
Бөһүөлэк арҕаа уһугар, хойуу титирик аартык айаҕар ыга үтэн киирбит тоҕойугар, былыргылыы хаптаһын кырыыһалаах дьоҕус дьиэ боруоран тураахтыыр. Кырдьыга баара, бу хаһааҥҥы тутуу буолара биллибэт, ол курдук эргэ, бэл, эркинэ сорох сиринэн эмэҕирэ быһыытыйан, онон-манан көөрөттүбүт. Дьиэ хаһаайына Васильев Владислав, маннааҕылар ааттыылларынан, Баһылайап Сылаап – отуччалаах ыччат. Аҕалаах ийэтэ сэттэ уоннарын да туолбакка сылдьан өбүгэлэрин аахха утуу-субуу айаннаабыттара. «Күн сырдыгын көрдөрбүт соҕотох уолбут кэргэннэнэн, оҕо-уруу тэнитиэ, сиэннэр барахсаттар минньигэс сыттарын билиэхпит» дэһээхтээбиттэрэ ханна баарый?! Саатар, абааһы имнэммитин курдук, уоллара кыра сааһыгар куордаан баран, онтон сыыстаран, инбэлиит буолан хаалбыта. Ол да гыннар син, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатыныы, биэнсийэлэрин сыыһыгар Сылааптарын инбэлиитин харчытын эбинэн орто ыал сиэринэн муннулара да тыбыырбакка олорбуттара. Сүөһү ииттэллэрэ, чэйдэрин үрүҥнүүргэ үүттэрэ тиийэрэ, оттон сааһыары ынахтара төрөөтөҕүнэ, бэл, сэппэрээтэрдээн сүөгэйдэнэллэрэ. Сэтинньигэ, халлаан обургу «тыс» гыммытын кэннэ, идэһэлэнэллэрэ. Бу кэмҥэ, кыаҕыра түспүччэ, син саха тэҥэ сананаллара, быр бааччы олохтоно түһэллэрэ. Дьэ, ол билигин суох. Төрөппүттэрэ бу дойдуттан барыахтарыттан көрүөх бэтэрээ өттүгэр сүөһү той сонно кэриэтэ суй-сай буолбута. Дьоно, бэл, мөлтөөн-ахсаан да сылдьан, «уолбут улахан ыарыһах» диэн, хотоҥҥо саараама чугаһаппат этилэр, онон Сылаап, баҕарбытын да иһин, сүөһүлэрин көрөр кыаҕа суоҕа. Дьиэтигэр-уотугар арай билэрэ, сатыыра диэн, балачча кэҥэс буолаҕа хортуоска үүннэриитэ этэ. Дьэ, онтун баҕас кыайа-хото тутара. Балай эмэ кэҥэс умуһаҕар уура сытан, омуннаабакка эттэххэ, сылы быһа сиирэ. Күһүөр, Ылдьыын эрэ иннинэ, «араскы тутан сиэри гынна» диэн, чугас дьонугар тарҕатара. Инбэлиитин харчыта быыкаа буолан, куорат эҥин диэки санаммат да этэ. Дьокуускайга тастыҥ эдьиий-убай, аахтахха, син толору буолуохтаах этэ да, ийэлээх аҕата өлүөхтэриттэн сибээстэрэ быстыбыта. Бииргэ үөрэммит табаарыстара дьиэ-уот тэринэн ырааппыттара: ким – куоракка, ким – тыаҕа, оттон Сылаап кур бэйэтэ кубулуйбакка сылдьаахтаатаҕа. Дьиэтигэр ким да үктэммэт, бэл, оҕо сырыттаҕына, кыраттан да иҥнэн мөҕөр-этэр Элимпиэйэ эмээхсин таарыйан ааспат. Чуҥкуга сүрдээх. Айаҕалыы сатаан паньыара долбуурга быыллыйа сытар, аҕата хаһааҥҥыта эрэ бибилэтиэкэҕэ туттарбакка хаалбыт кинигэтин аахпыта буола сатыыр. Тэлэбиисэргэ сөбүлүүр биэриитэ диэн суох. Дэтэктииптээх, боевиктаах, эриэтикэлээх киинэлэр түүн үөһэ көстөллөр, онно ханнык кыаҕынан тиийээхтиэй – эрдэ бырылатан хаалар. * * * Ол эрээри туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх: биир күн маҕаһыыҥҥа килиэп ыла тиийбитэ, 40-ча саастаах хайа эрэ нуучча соппулуокка өйөнөн туран табахтаан бусхаҥнатар. Добуочча улахан суумкалаах: тугу эрэ хаалаабыт, син тос курдук быһыылаах. Сылаап билбэт киһитин кытта тугум диэн далгыйдаһа туруой, киирэн, сиикэй аҥаардаах кубархай килиэбин ылан, «өссө тугу-тугу ылыах баҕайыбыный?» диэбиттии, хара баһаам харчылаах киһи курдук битириинэни, долбууру – барытын эргиччи көрүтэлээбитэ. Онтон «чэ, киһи ылыаҕа туох да суох эбит» диэх курдук туттан таһырдьа тахсыбыта, били киһитэ кини диэки көрөн аҕай турар эбит. – Хайа,
доҕоор, Славик, миигин билбэтиҥ дуу? – диэн, уу сахалыы саҥаран, соһутан өлөрө сыста. – Сливин Святославпын дии, өйдөөбөккүн дуо? Таайым Панкратий кырдьаҕаска олоро сылдьыбытым дии, эһиги таскытыгар, – диэн саҥалаах-иҥэлээх буолла. Өссө чугаһаан кэлэн, кэтит ытыһынан Сылаап уҥуох-тирии илиитин хам тутан дорооболосто. – Ээ, эн эбиккин дуу, билбэтим ээ, бүтүннүү бытык буолан хаалбыккын, – Сылаап мух-мах баран, хайыан да билбэккэ турбута. Хата, онуоха киһитэ били тос курдук суумкатын санныгар иилинэ быраҕаат, иннин диэки ытыһын нэлэс гыннаран, барыахха диэн бэлиэ биэрбитэ. Сылаап бу хаһааҥҥыта эрэ Слава диэн ааттаах сүүрбэччэлээх уолу бэркэ билэрэ. Бэллээйиктэр диэн ыаллар туруорбах балаҕаннара иччитэх турарын сөхсүтэн олороллоро. Ол сүүрбэччэ сыллааҕыта, Сылаап уончалаах эрдэҕинэ, быһыылааҕа. Сүрдээх төрөл, Панкратий диэн ааттаах сааһырбыт нуучча хантан эрэ кэлэн олохсуйбута. Сахалыы иҥнигэһэ суох саҥарара, үлэни да кыайа-хото тутара: сатаабатаҕа диэн суох да быһыылааҕа. Сылаап ийэлээх аҕата туора киһи суоҕар сибигинэйэн кэпсииллэринэн, эспэдииссийэттэн хаалбыт, уруккута туох эрэ дьыалаҕа буруйданан хаайыылана сылдьыбыт киһи үһү. Святослав Сливин бу кырдьаҕаһы хайдах булбутун, уруута дуу, туга дуу буоларын Сылаап билбэт этэ, кырдьыга баара, билэ да сатаабатаҕа. Хата, көрүҥэ төһө да тоҥ нууччатын иһин, сахалыы хоп курдук саҥарара. Өссө уолга туохха эрэ хаһаана сылдьыбыт эрэһиинэтиттэн кырыйан, бэртээхэй арагаайка оҥорон бэлэхтээбитэ. Онтон ыла сыһыаннара биллэрдик тупсубута. Оччолорго бөһүөлэккэ хаатыҥканы сатаан улларар соҕотох Панкратий кырдьаҕас эрэ быһыылааҕа. Дьэ, ол иһин дьахтар аймах, бэл, чугастааҕы нэһилиэктэртэн тиийэ субуһара. Онон араас сылтаҕынан Сылааптаахха таарыйааччы да элбэҕэ. Сүүрбэччэлээх Святослав Панкратий уҥа илиитэ этэ. Омуна суох эттэххэ, дьиэлээх хаһаайыҥҥа эҕирийдэр бэттэх, үрдэр антах ыччат буолан, күн солото суох элэстэнэрэ. Бука, дьахталлар обургулар буолаахтыа, начаас ыккардыгар бу уолу Славаттан атыннык ааттаабат буолбуттара. Дьэ, уора-көстө мичилиһии, сибигинэһии манна этэ. Биирдэ Панкратийы оройуон киинигэр балыыһаҕа киллэрбиттэрэ. Дьэ, онно Сылаап аҕа табаарыһыгар орох тэппитэ. Киһитэ ардыгар хаатыҥка уллара, сороҕор улаатыннарар тааһы сүүһүгэр иилинэн олорон чаһы өрөмүөннүү олорор буолар. Будьуунньугу, хары чаһытын хайдах эрэ гынан үлэлэппитэ эрэ баар буолара. Дьон быраҕыахтарын кэрэйэн ууруна сыппыт ол-бу элээмэлэрин манна аҕалан туттараллара: хайыахтарай, сатаан оҥоһуллубат буоллаҕына, саатар, саппаас чаас буоллун ээ. Өрөбүлгэ туох имнэммитэ буолла, Сылаап, хараҕын хайа тардаат, Славаҕа тахсыбыта. Оччолорго дьиэни хатанар эҥин диэн хантан кэлиэй – уол тута утуйар хоско ааспыта. Дьэ, доҕоор, көрө түспүтэ – мас кырабаакка саньытаарка Маайа, отуччалаах дьахтар, нарайыаҕынан-нарайан, толору эмиийэ бу күөгэйэн-туналыйан сытар эбит, оттон табаарыһа Слава улаҕа, эркиҥҥэ ыга симиллэн, утуйан буккуратыы! Суорҕаннарын быһаҕаһа муостаҕа санньылыйан түспүт. Хаһан да манныгы харахтаабатах уол, оройго бэрдэрбит курдук, мах бэрдэрбитэ уонна тыас хомуммута. Панкратий эрэйдээх оройуон балыыһатыгар тыына быстыбытын улахан сыранан аҕалбыттара, сэбиэт Дьөгүөр дьаһалынан өрүс
үрдүнээҕи чагдаҕа кистээбиттэрэ, оттон Слава Сливин ыаллыы оройуоҥҥа эспэдииссийэҕэ үлэлии барбыта. Ол айыыта онон. Арай кини олорон ааспыт бэлиэтэ саньытаарка Маайаҕа сып-сырдык сэбэрэлээх, күп-күөх харахтаах уол оҕото хаалбыта... * * * Сливин Святослав дьукаах олоруоҕуттан Сылаап дьиэтэ сонно уларыйбыта. Били, ыаһыран-лүҥкүрэн турбут балаҕан уһуктубукка, сырдаабыкка дылы буолбута. Дьон-сэргэ сырыырҕаабыта, тиэргэннэрэ биллэ чигдитийбитэ, оһохторун буруота үөһээ халлааҥҥа харбаспыта. Сылаап аҕа табаарыһыгар илии-атах буолан, инбэлиитин да умнубута, туохха барытыгар күнэ-дьыла да тиийбэт үлүгэрэ буолбута. Унтуу улларыыта, ол-бу бытархай өрөмүөн, уһаныы, ититэр систиэмэни көрүү-истии – барыта кинилэр үлэлэригэр кубулуйбута. Төлөбүрэ да сөбүгэр этэ: ким эрэ – уу харчынан, сорох этинэн-балыгынан, араас бородууктанан аахсаллара. Олохторо-дьаһахтара оннун-тойун булбутун кэннэ, саньытаарка Маайа кылбаарыйан кэлэн сакаас бөҕөтүн аҕалбыта. Уулааҕынан-хаардааҕынан көрүтэлээн, самыытынан хайбалдьыйан ааннарын саппат буолбута. Биирдэ Святославка үүт-үкчү маарынныыр ыччаты – күп-күөх харахтаах сүүрбэччэлээх бухатыыры, эмиэ Слава диэн ааттаах уолу – тутуурдьут оҥостон аҕалбыта. Бу, чахчы, Сливин төрөппүт уола этэ... Аҕа киһи уйадыйан ылбыта, били, саҥарар-иҥэрэр бэйэтэ тылыттан да матан хаалбыта. Итинтэн бэттэх күнү сырсан умса-төннө түһэрэ арыый уоскуйа быһыытыйбыта, хата, сороҕор дьиэтигэр хоммот да буолуталаабыта. Күһүөрү, атырдьах ыйын бүтүүтүн эргин, бөһүөлэккэ саҥа учуутал кыыс үлэлии кэлбитэ. Олохтоох дьаһалта эдэр исписэлииһи былыр-былыргыттан кэлии учууталлары түһэрэр эргэ балаҕаҥҥа – Сылааптаах дьиэлэриттэн чугас – олохтообута. Бу иннинэ итиннэ хас эмэ сыл устата ким да олорботох буолан, сулумах киһиэхэ соччо бэрдэ суоҕа. Хата, кэлиҥҥинэн толлор-симиттэр диэни киэр типпит Сылаап хоодуот бэйэтинэн тиийэн көмө-имэ буолбута: нууһунньук дьааматын хаһа охсон, адьас сабыс-саҥа гына дьэндэппитэ. Хантан эрэ тимир буочука булан, онтун үрүҥ кыраасканан кылбаарыппыта. Дьонуттан-сэргэтиттэн быдан ыраах кэлэн, тулаайахсыйа быһыытыйбыт учуутал кыыс сонно сүрэҕэ толугуруу тэппитэ; олохтоох кыргыттар атарахсыта, сэнии көрбүт киһилэрэ Сылаап киниэхэ эр бэрдэ буолан, кэрэтийэн көстүбүтэ. Ол эрээри алыптаах остуоруйаҕа курдук сонно барыта силигин сиппэтэҕэ, балай эмэ ыалдьыттаһыы, ыкса бодоруһуу, сүпсүгүрүү кэнниттэн, Дьылҕа Хааннара имнэннэҕэ, дьэ, бииргэлэспиттэрэ, сүрэхтэрин тэбиитэ кытта дьүөрэлэспитэ. Иккиэн даҕаны саҥа түспүт кыраһа хаар кэриэтэ ыраастара, бэл, сыллаһыы-убураһыы диэни билбэтэх дьон буолан биэрбиттэрэ. Бастаан хайалара «холбоһуох, дьиэ-уот тэриниэх» диэбитин, бука, этэр да кыахтара суох буолуо. Оттон саамай долгутуулааҕа, симиттиилээҕэ хаһааҥҥыта эрэ Сылаап ийэлээх аҕата атыыласпыт тахтааларыгар бииргэ утуйуулара этэ. Имэҥ-дьалыҥ туһунан үһү хоту эрэ билэр уоллаах кыыс син балачча моһуогурбуттара, ол эрээри айылҕа барахсан бэйэтэ да көмөлөһөн – түүнүн ытыс таһынар хараҥаны сатыылатан – хорсуннара дьэ киирэн, ыксалаһан барбыттара... Чэ, ону кэпсээмиим, эрдии-ойохтуу сыһыаҥҥа аан бастаан киирдэхтэрэ эбээт тугу сатыылларынан, тугу сүрэхтэрэ сипсийэринэн... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан