Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эмиэ кини...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эмиэ кини...
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
21.02.2018 19:41
Ок-сиэ, нуурал-нусхал сааскы түүн ис-искиттэн сөбүлүүр, курдаттыы тартарар киһигин ыбылы кууһан сытар үчүгэйин эриэхсит! Бу чөмчөллүбүт уоһу көрбөккүөн: аргыый аҕай сэгэйэн, сылааһынан илгийэн, инчэҕэйинэн таарыйан таптал кутаатын күөдьүтэриэн! Оттон бу чоҕулуҥнаспыт, ымсыырбыт-баҕарбыт харахтары ньии!.. Ама, маннык абылаҥнаах түгэҥҥэ хайа киһи мас курдук дьиппиэрэн, хамсаабакка соҥуйан сытыаҕай?.. Барыта түүл-бит курдук. Ол эрээри бу – илэ, дьиҥнээх, чахчы. Миитэрэй эдэр дьахтары бу киэҥ ороҥҥо хам кууһан сытан омуннаахтык убураа да убураа буолбутугар биирдэстэрэ ол аайы соччонон сэниэ ылбыт курдук, тэбис-тэҥҥэ түһэрсэн, сыллаабытынан, убураабытынан барбыта. Аҕала сатаан таптаһыы, оҥоро сатаан туппахтаһыы суоҕа: барыта ис-иһиттэн бэйэтинэн тахсан иһэр курдуга. Бэл, тыынардыын, түөстэрэ эппэҥниирдиин биир тэҥ хамсааһын буолан күөгэлдьийбитэ, сөп буола-буола нуурайан-нусхайан иһийии, хаһан да арахсымыахтыы сыстыһыы, дьэ, манна этэ. Амелия бу олох очурун-чочурун балайда билбэхтэспит, омос көрдөххө, тыйыс дьүһүннээх сааһырбыт күтүөтүн халыҥ уоһуттан убуруура, тылын төбөтүн уостарын силэйэн киллэрэн, таҥалайын таарыйталаан сүүрэкэлэттэҕинэ, эр киһи обургу этэ-сиинэ бүтүннүү дьигиргээн ылара, устунан тугу да тулутуо суох курдук тыҥаан, кытаатан барара... Бу имэҥ-дьалыҥ кутаата өтөрүнэн сөҕүрүйүөх, уостуох быһыыта суоҕа, хата, көрдүгэни күөртээн биэрэр курдук, өссө сэтэрэн, күүһүрэн иһэр курдуга... Тапталлара диэн бу буолуо дуо? Биитэр быстах кэмҥэ өрүкүйэн ааһар барбах таарымта эрэ дуу? Дьэ, дьикти эбээт сааһырбыт киһи түспэтийиэн оннугар омуннаах эристиин кэриэтэ имэҥҥэ-дьалыҥҥа төбөтүн оройунан түһэрэ! Хайдах маннык буолуон сөбүй? Дьиҥэр, оттомуруох, суобаһыргыах да баар: кырдьан баран кылыыһыт буоллаҕа үһү. Кырдьыга баара, хаһан эрэ оннук өлбөөркөй кэмнэрдээҕэ эбээт. Кэргэнин кытта арахсыбыт курус ыйдарыгар туох барыта боруоран, түүппэҕирэн, өһөҕүрэн, киэҥ көҕүс кыараан сылдьыбыттааҕа. Аһыыр аһыттан туох эмэ амтан кэлиэ баара дуу, утуйар уута уу нуурал буолан уоскутуо баара дуу – мэлигир этэ. Амелия... Амелия баар буолан, киэһэрэ быһыытыйбыт күнэ иккистээн күөрэйдэҕиэн, саппахтаах санааны киэр кыйдаан бөҕөхсүттэҕиэн! Эдэр дьахтар бу туналы маҥан үүт сыттаах этигэр ыга сыстан, эккэ-хааҥҥа курдаттыы киирэр курдук, дириҥник сыллаан-сыыбырҕатан сэниэ-мэр эбинэрэ кэрэтиэн! Ким эрэ кэлиэ диэн тиэтэйбэккин, дьиксинэ санаан иһиллээбэккин... Ким да мэһэйдээбэт. Уу чуумпу хос иһигэр дьахтардаах эр киһи бэйэлэринэн эрэ сыттахтара. Саҥа-иҥэ суох... ол эрээри барыта өйдөнөр – сүрэхтэр сипсиһэр кэмнэрэ... * * * Оо, Алевтина араас сылтах булан кыҥкыйдыыра, була сатаан эһиэлэнэрэ, дьиэс-куос туттара Миитэрэй дууһатын, этин-сиинин күүстээх сүлүһүн кэриэтэ ааспат-арахпат гына сутуйбут да эбит. Мэктиэтигэр, түүн үөһэ хоһугар соҕотох сыттаҕына, арахсан барбыт кэргэнин киҥир-хаҥыр саҥата иһиллэргэ, уҥуох-тирии бэйэтэ туспа суорҕанынан сабыннар даҕаны тыбыс-тымныынан биэрэргэ дылы. Ити барыта адьас соторутааҕыта, Амелия бу дьиэҕэ охсуллуон иннинэ, этэ эбээт. Миитэрэй эдэр дьахтарга курдаттыы ылларда быһыылаах: «кинитэ суох хайдах олоруох муҥум буоллаҕай?» диэн санаталыыра элбээн барда. Амелия кинини ордук киэҥ көҕүстээҕинэн, уу нуурал кэриэтэ
холкутунан, туох да түгэх санаата суох ыраас көрүүтүнэн, сымнаҕас-нарын сыһыанынан абылаабыта. Эр киһи тугу эмэ түбүгүрэ сырыттаҕына, Амелията кэнниттэн кэлэн сылаас илиитинэн кууһан ылара, саҥата суох сыстан турара, оо, үчүгэй даҕаны. Хап-харанан бу арылыччы көрөн турдаҕына, Миитэрэй сылаас инчэҕэй уоһуттан убураан ылбытын билбэккэ да хаалара. Сорох дьахтар эр киһини көҕүтээри, дьиҥэр, соччо баҕарбат да эрээри, оонньоһон ылаары, собус-соруйан таҥас уларыттан, сыгынньахтанан киирэн барааччы. Сороҕор аанын саптарын, чугас эр киһи баарын төрүт «умнан», сиэркилэ иннигэр сыгынньах аҥаардаах туран, быһыытын-таһаатын имэринэн, онтуттан, хата, бэйэтэ көҕүйэн кэлэрэ мэлдьи баар буолааччы. Амелия оннук буолбатах этэ. Миитэрэйи сүүһүттэн убураан чоп гыннаран баран, «чэ, баҕарар буоллаххына, көр ээ» диэбиттии туттан, аа-дьуо сыгынньахтаммытынан барара. Тиһэҕэр лиипчигин устан, дьыбааҥҥа олорон муодунай чулкутун биэтилэтиттэн төлөрүтэн, нарын тарбахтарынан имэрийэр кэриэтэ устан намылытан уурара. Ол кэнниттэн аатыгар эрэ хаххалыыр чараас сип-синньигэс сурааһын кэриэтэ туруусуктаах туран Миитэрэй сырдык соруочукатын кэтэрэ. Маны тонолуппакка одуулуу турбут эр киһи хам кууһан ыллаҕына, сороҕор сонно налыйан хаалара, сороҕор «бэйи, маҥнай илиибин суунуум, онтон аһыахпыт, дьэ, ол кэнниттэн...» диэн баран, онтун мэктиэлиирдии, уһуннуук да уһуннук уоһуттан убуруура. Амелия, имэҥ-дьалыҥ уутугар-хаарыгар киирэн да сыттар, сорох дьахтар курдук өрүтэ мөҕүллэҥнээбэт, тугу барытын умнан арааһы саҥарбат, энэлийбэт-эппэҥнээбэт этэ. Баҕар, эрдэрэ эристииннэр ол иһин сирдэхтэрэ, «дүлүҥ курдук таах сытар» дии санаан, иирсэр төрүөт көрдөөтөхтөрө буолуо. Дьиҥэр, сатаан таптыырыҥ эмиэ биир туспа ускуустуба эбээт. Дьэ, ол «хамсаабакка сытар дүлүҥ» иһигэр туох-туох сүүрээн үөскүүрэ буолуой?! Хайа да киһи тэбэр сүрэхтээх, сүүрэр хааннаах баҕайыта. Ону сатаан иһиллиэххэ, өйдүөххэ. Тапталлааҕыҥ кулгааххар сылаастык, чаастатык субу тыына сытарын, этин-сиинин хас биирдии килиэккэтэ бу баарын биллэрэрдии эккэр сыстарын, ама, хайдах өйдүөҥ суоҕай?! Бу нууралы, бу наскылы! Ама, маны мылыччы өйдөөбөт чой бас үһүгүөн. Өрүтэ мөҕүллэҥнээбэтин, өмүрүөххэр диэри часкыйбатын, ыһыытаабатын, эккин хайыта тардыалаабатын даҕаны. Бу этин-сиинин сылааһыгар төһөлөөх истиҥ иэйии, ыраас санаа түмүллэн эйиэхэ бэриллэрий?! Кытаатан иһиллээ, сэргэх буол, бу – эдэр дьахтар эйиэхэ олус бэриниилээх, күүскэ таптыыр. * * * Кырдьык, Амелиялаах Миитэрэй сыһыаннара олус дириҥээбитэ: маннык уустук балаһыанньаттан хайдах тахсыахтарын хайалара да билбэт этэ. Кырдьыга баара, ол туһунан хайа-хайалара санаан да ылбат быһыылааҕа. Барыта үрдүк сыыртан салаасканан сырылаан түһэр курдук тартарыылааҕа, оннук күлүмэх хамсааһыны, омуннаах тэтими хайа да күүс тохтотор кыаҕа суоҕа. Күннэрэ-дьыллара ол курдук элэҥниирин билбэт да этилэр. Аҕыйах сыллааҕыта, Амелия бастакы эриттэн арахсыбытын кэннэ, Миитэрэй, субуоталаах өрөбүлгэ иллэҥсийбиччэ, урукку кыннын аахха – кыыс төрөппүттэригэр – от мунньуһа тиийбиттээх. Чопчулаан эттэххэ, Алевтинатын аймахтарыгар. Кэргэниттэн араҕыстар даҕаны, сайаҕас санаалаах, кинини истиҥник саныыр дьону кытта сибээһин быспатаҕа. Оннук санаата да суоҕа. Алевтина атын киһини сырсан барбытыгар аймахтара туох
буруйдаах буолуохтарай? Дьоно туох эмэ наадаларыгар куоракка киирдэхтэринэ, урукку үөрүйэхтэринэн Миитэрэйгэ түһэллэрэ, кэһиилэрин сүөгэйдээх, суораттаах кэлэллэрэ. Үөрэ-көтө арааһы бары сэһэргэһэллэрэ, ол эрээри Алевтиналыын сыһыаннарын хаһан да таарыйбат этилэр. Миитэрэй Амелия төрөппүттэригэр, мэлдьи да буолбатар, сыл баһыгар-атаҕар хайаан да тиийэрэ, сороҕор хонон-өрөөн да хаалара. Дьэ, ол оттоһо диэн тиийбитэ – Амелия дьиэтигэр соҕотох этэ: дьоно чугастааҕы дэриэбинэҕэ туох эрэ малааһыныгар барбыттар. Сайыҥҥы күн барахсан сырылатан-сырбатан куйааһа сүрдээх этэ. Дьоно оннооҕу аймахтарын кытта кэпсэтэн иллэрээ күннээҕи оҕустарбыт отторо куурбута чахчы. Инньэ гынан Амелиялаах Миитэрэй биир сүбэнэн бэйэлэринэн тиийэн от мунньар былааннаммыттара. Арай, биир уустуга диэн, ходуһалара кытылтан балачча тэйиччи, өрүс арыытыгар баара. Онно сорох киһи – мотуорканан, сорох көннөрү оҥочонон эрдинэн тиийэллэрэ. Амелиялаахха оҥочолоро суох буолан, дьону кытта эрдэттэн кэпсэтэн туораһаллара, кэлэллэригэр эмиэ онно сөп түбэһиннэрэ сатыыллара. Сороҕор анарааҥҥылара умнан дуу, хайаан дуу ылбакка баран хаалбыт буолаллара, оччоҕо арыыга хонон хаалар этилэр. Өйүөлэнэн-тойдонон кытылга киирбиттэрэ, хата, Амелия билэр киһитэ мотуорун собуоттуу сатыы турар эбит. Инньэ гынан судургу баҕайытык ходуһаларыгар тиийбиттэрэ. Отторо куурбут аҕай – кыраабылынан таарыйдахха, биир кэм сырылас. Тыраахтарынан оҕустарбыттара, дьэ, нэлэһийии. Куһаҕана диэн, балачча үлэлээх буолсу: илиинэн охсуллубута буоллар, субурҕалыы-хайыы сатаабакка, туох да эрэйэ суох сонно көбүөттэн бугуллуохха сөбө. Маҥнай утаа отторун таҥастыын сылдьан мунньубуттара, онтон итиитэ тулуппакка, Амелия – лиипчиктээх үрүҥ туруусугунан, оттон Миитэрэй сибэкки ойуулаах кип-киэҥ туруусугунан хаалан үлэлииргэ тиийбиттэрэ. Хата, кумаар ончу суох буолан абыраммыттара. Амелия наҕыл баҕайытык туттан кыраабыллыыра, омос көрдөххө, төрүт үөтэлээбэт курдуга. Ол эрээри от үлэтигэр үөрүйэҕэ өтө биллэрэ: эр киһи атырдьахтанарын кэтэспэккэ, муспут отун көтөҕөн ыла-ыла, сонно бугуллаан иһэрэ. Тириппит түөһүгэр от сыстарын хаһыйа соттон кэбистэҕинэ, томтоҕор түөһэ дьигиһис гына түһэрэ. Түөртүүр омурҕаҥҥа тахсыах иннинэ сөтүөлээн ылбыттара. Хайа-хайалара соччо ууһута суох буолан, кытылтан ырааппакка чалбааттаммыттара. Ол умсаахтана сылдьан Миитэрэй эдэр дьахтар атаҕа уу анныгар бу кылбайан турарын көрбүтэ уонна икки такымыттан харбаан ылаат, өрө баһан таһаарбытыгар Амелията сүр улаханнык саҥа аллайан күлбүтэ. Итинтэн улаханнык саҥа таһаарбытын Миитэрэй кэлин, бэл, хоонньоһо да сытан истибэтэҕэ. Таҥастарын ыктыбакка, сол курдук инчэҕэйдии кэппитинэн, отууларыгар сырсыаккалаһан тиийэн күлэ-үөрэ чэйдээбиттэрэ, онтон эмиэ үлэлээбитинэн барбыттара. Бииргэ да сырытталлар, ньамалаһан кэпсэтии суоҕа, аргыый аҕай мичээрдэһэн ыла-ыла отторун мунньан имиллэҥнии сылдьыбыттара. Бу тухары уоскуйа түһэр, олорон сынньана түһэр диэни билбэтэхтэрэ. Арай биирдэ өйдөөбүттэрэ – күннэрэ киэһэрэ быһыытыйбыт. Мах бэрдэрэн, чочумча саҥата суох турбуттара – арыы отчуттарыттан ким да хаалбатах: бары бөһүөлэктээбиттэр. Миитэрэйдээх онтон тоҕо эрэ санаарҕаабатахтара, хата, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт курдук, хамсаналлара-имсэнэллэрэ тэтимирбитэ. Утуйуох иннинэ сөтүөлээбиттэрэ. Уу сылааһа сүрдээх этэ. Отууларын таһынааҕы бөлкөй талах быыһыгар киирэн, таҥастарын ыктан куурда ыйаабыттара уонна сол курдук
сыгынньах эттэригэр чараас таҥастарын: Амелия – суортугун, Миитэрэй спортивнай түрүкүөтүн – кэппиттэрэ. Отуу иһэ борук-сорук, сөрүүн этэ. Амелия күтүөтүгэр көхсүнэн сыстыаҕынан-сыстан сыппытыгар биирдэрэ ыга соҕус кууспута уонна иһийэн хаалбыттара. Миитэрэй төбөтүгэр араас санаа барыта «ыалдьыттаабыта», ол эрээри хайа-хайалара эрдээхтик тулуйбуттара, аньыыга-хараҕа киирбэтэхтэрэ. Оннук төһө өр сытан баран утуйбуттарын ким да билбэт, арай ким эрэ: «Хайаа, бу дьону!» диэбитигэр уһукта биэрбиттэрэ – Амелия ийэлээх аҕата отууну өҥөйөн тураллара... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан