Кэпсээ
Войти Регистрация

Дүҥүр тыаһын истибиттээх

Главная / Кэпсээн арааһа / Дүҥүр тыаһын истибиттээх

K
26.04.2024 13:47
   Ыалбыт Ира үчүгэй сир асчыт. Түргэнэ-сыыдама, туттара-хаптара, ыраастык үргүүрэ, сөҕөбүт эрэ. Ол да буоллар дьахтарбыт кыра бэтиэхэлээх: хаһан даҕаны кими да кытта сылдьыбат, биир кэм соҕотох сылдьарын ордорор. Аны ханна баран ботуччу үргээн кэлэрин сурастахпытына, үөннээхтик көрөн эрэ кэбиһэр – этэн бэрт. Эмиэ да сөп ээ. Ким да кинини сирэй-харах анньыбат, ыраахтан толору биэдэрэлэрдээх, сүгэһэрдээх иһэрин көрдөрбүт эрэ: «Дьэ, кыайар, иһээхтиир ээ! Иһиттэрэ туолбут, абытайдаах киһи диэтэҕиҥ!» – диэн хайгыырбыт, киниттээҕэр, хата, биһиги үөрэбит. Биир күн, чахчы, ханна үргээн ааспытын, куһаҕаннык да буоллар, билэн турардаахпыт.        Алаас аатын, аньыы буолуо диэн эппэппин. Онно былыр күүстээх ойуун олоро сылдьыбыт үһү диэн үһүйээн-номох курдук истэрбит. Бу ойуун дьону эмтиир эбит. Биирдэ соҕотох кыыһа улаханнык ыалдьыбыт, ону кыайбатах. Кыыһа 3 күн ыалдьан, эрэйи-муҥу көрөөхтөөн баран тыына быстыбыт. Ону «удаҕан буолуохтаах кыыс, ол иһин кыайбата быһыылаах» диэн тойоннообуттар. Ойуун атыттары эмтиир, оттон бэйэтин кыыһын көрдөрбүтүнэн куоттарбытын итэҕэйбэтэх, олус аймаммыт, ойууннууруттан аккаастаммыт. Аҕыйах сыл муҥнанаат, ытаан-соҥоон баран, өлөөхтөөбүт. Ол курдук хараҥа ис хоһоонноох алаас баарын, этэн аһарбытым курдук, истэн эрэ билэрбит, урут туох-туох буолан ааспытын ким билиэ баарай?    Ирабыт муҥнаах онно сир астыы тиийбит, урут даҕаны ол алааһы таарыйан ааһара үһү. Тоҕо эрэ бу сылыгар олус хойуутук үүммүт, өлгөмнүк бэлэхтээбит. Биир күн сир астаабыт, сарсыныгар эмиэ кэлиэх буолбут. Нөҥүө күнүгэр ыһык-өйүө ылынан, оҥоойуктарын кыбыммытынан, сарсыарда эрдэ тиийэ охсубут. Киэһэриитэ түмүктээн, хоҥнордуу тэринэ сылдьыбыт. Онтон иҥсэрэн, былаатын сүөрэн баран, онно эмиэ үргүүрдүү санаммыт, «хараҥара илигинэ син биир бүтүөҕүм» диэн эрэллээх эбит. Үргээн дьэ саҕалаан истэҕинэ, ханна эрэ тиэхиньикэ тыаһыырын курдук иһиллибит. «Отчуттар дуу, тугуй, ханан сырыттахтарай?» диэн дьиктиргии санаабыт. Онтон эмиэ туох эрэ тыаһаабыт. Ира иһигэр сэмээр үөрбүт «хата, дьон дэриэбинэлээн эрэр буоллаҕына, олорсон айанныаҕым, хараҥарыахча» диир.    Ол тыаһы батыһаары иһиллээн турбута, букатын атын тыас эбит. Бастаан туох эрэ маһы дуу, бааҕы дуу охсор курдук, тыас чугаһыы-чугаһыы ыраатар эбит. Чочумча буолаат, дүҥүр тыаһыгар майгыннаппыт, эбиитин хобо тыаһа кылыр-кылыр гынар эбит. Киһи сүрүн үргүтэрдии, кулгааҕар чуп-чугас курдук иһиллэр, онтон эмиэ ыраатар. Санаатыгар, ойуун көтө-көтө, илэ кыыра сылдьарын курдук турукка киирбит, куттанан, хаһыытыан дуу, ытыан дуу билбэтэх. Оҥоойук эрэ, туох эрэ, кулгааҕын саба туттан атахха биллэрбит. Алаастан тахсаат, киин суолга киирэн баран, син өйүн-төйүн булунан, сүүрэр икки, хаамар икки ардынан дэриэбинэ диэки тэптэрбит.    Биһиги ол күн сир аһыгар аахайбакка, маҕаһыыҥҥа саҥа табаар кэлбитин былдьасыһа сылдьабыт, халыҥ уочарат. Эмиэ ыраахтан Ирабыт иһэрин көрөбүт, хайдах хайгыырбытын бэлэмнэнэбит. Арай киһибит биир да оҥоойуга суох, былаата да маҥхайан көстүбэт. Баттаҕа арбайбыт, сирэйэ кытарбыт, аҕылыы-аҕылыы биһиги диэки иһэр. Онтон уйадыйа-уйадыйа, миигин кууста. Табаар эрэ туох эрэ, бары аймана түстүбүт, туох үлүгэрэй, ким атаҕастаата диэн буолла. Онтон ол түбэлтэтин кэпсээбитэ. Сарсыныгар кэргэммин илдьэ, үһүөн «кытайбытыгар» олорсон онно айаннаатыбыт, оҥоойуга турар, былаата сытар. Ирабыт куттанан, тыраахтартан да түспэтэҕэ, оҥоойугун, малын-салын хомуйан оннук дьиэлээбиппит.    Ол күнтэн ыла Ирабыт соҕотох сылдьыбат буолбута. Били алааска даҕаны ким да сылдьыбат, ырааҕынан тумнан ааһар буолбуттара. Кырдьаҕастар «сирин аһаппатах буоллаҕа», сорохтор «иҥсэрбитин ойуун сөбүлээбэтэх» диэн сурах-садьык курдук кэпсииллэр. Дьиҥ кырдьыгы ким билээхтиэ баарай? Тарҕат:
kyym.ru сайтан