Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьэ, туох буолар?..

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьэ, туох буолар?..

K
26.04.2024 13:41
   Киһи барахсан санаа күүһүнэн сылдьаахтыыр. Туохха барытыгар. Бэл, быраастар «соторулуура биллэн сылдьар» диэн «бириигэбэр» таһаарбыт ыары­һахтара, туохха эрэ дьулуһар, туруоруммут сыалын ситиһэ сатыыр дьүккүөрдээх буоллаҕына, били, инчэҕэй тирбэҕэ быстан биэрбэт дииллэринии, тулуктаһар. Букатын «хаҕа» эрэ хаалан сырыттар даҕаны, уодаһыннаах ыарыыттан самнан түспэт: дьулуура, дьүккүөрэ кынаттаан, иннин диэки тохтоло суох дьулуруйар...        Мин эмиэ, син ол тэҥэ, кэнникинэн тугу барытын умнан, өйүм-санаам наар Ангелаҕа түмүллэн, оттомурар сааспар кэлэн, хата, эбии сырыыргыыр, көтүөхпүн кынатым эрэ суох киһи буолан сылдьабын. Туох үлүгэрэй?! Кинини, дьиҥэр, хаартыскатын аахпатахха, биирдэ-иккитэ эрэ көрдөҕүм. Чэ, буоллун, миэхэ имэҥ-дьалыҥ минньигэһин амсаппыт, дьахтар таптала диэн тугун аан бастаан биллэрбит ийэтэ Наастаҕа дьүһүнүнэн майгыннаатын даҕаны. Ол эрээри сүрэҕи өрүкүтүөх айылаах туох даҕаны сыһыаҥҥа киирэ иликпит эбээт! Сарсыарда аайы «Үтүө сарсыарда!» диэн аккырыыкканы бассаабынан ыытыспыппыт диэхтээн. Саатар, онтубутугар таайтарыылаах, истиҥ сыһыаммытын биллэрэр уураһыылаах смайлигы ыытыспатахпыт. Баҕар, киниттэн уон үс сыл аҕа буолан, олохпор син балачча дьахтар тапталын билэммин, оннук айылаах тууһугурбутум оччо эбитэ дуу. Манна диэн эттэххэ, Ангела миигин төрүт даҕаны сөбүлээбэт, көннөрү чуҥкуйбутун аһараары бас­саап­таһар буолуон эмиэ сөп. Баҕар, сарсыардааҥҥы эҕэрдэ аккырыыккатын элбэх киһиэхэ тэҥинэн ыытара буолуо. Ол аайы мин омуннура-омуннура түһүн да түһүн. Оттомуруох баара.    Бу олорон санаатахпына, букатын кыра сылдьан Ангела ийэтигэр – саҥаспар (оччолорго сүүрбэ биэс хас саас­тааҕа) – ылларбыт эбиппин. Кэргэнэ Липпэ Лэппириэн ыраах учаастакка барбытын кэннэ Нааста ыспаанньаҕа утуйаары сылдьан сыгынньахтанарын быыс нөҥүө сытан, уоран көрөрүм. Улаатан эрэр оҕо, уон иккилээх-хастаах буолуом, дэлэ ымсыырыам, көҕүйүөм дуо?! Өссө, били, биирдэ дьиэ таһынааҕы ыаллара Мэлитэр Мэхээлэ (кэлин санаатахха, олус дьахтарымсах эрэт эбит), эмээхсинэ куоракка айаннаан, түүнүн Наастаҕа киириэ диэн, ийэм миигин саҥаспар «харабыл» гына таһаарбытын саныах. Оҕотуттан сынньанаары, түүн үөһэ миэхэ кэлэн сытыспыта, эбиитин туохпуттан тута, имэрийэ сыппыта кими долгутуо суоҕай. Дэлэ буолан таҥаспар тыктаран кэбиһиэм дуо улаатан эрэр уолчаан.    Аны саҥардыы аармыйаттан кэлбит, сүүрбэ биир саастаах ыччаты – миигин – түүнү быһа хайдах курдук тап­таа­бытай?! Ол саҕана «аан дойдуга туох­тааҕар да дьиҥнээх дьол диэн бу эбит!» диэн санаабыттааҕым. Ол иһин даҕаны саҥаспар хараарчы иирэн хааллаҕым. Кыыс, дьахтар таптала диэни муҥутаан түүлбэр эрэ көрөр оҕочоос эрэйдээх бэйэбиттэн уон үс сыл аҕа дьахтарга «билиэн» бардаҕым ол.    Дьоллоох Дьокуускайга үөрэнэ, үлэлии сырыттахха, быстах таптаһыы син балай эмэ баара. Ол эрээри Нааста курдук ис-иһиттэн имэҥирэн, дууһатын олоччу ууран туран таптыыр кыыска түбэспэтэҕим. Кырдьык, маҥнай утаа сыал-сорук оҥостон кыргыттары эккирэтэрим, күммүн-дьылбын барыырым. Ити чааһыгар оруобуна сорсуннаах булчут курдук сананыллара. Булдуҥ араас баҕайыта: сороҕо астык бэйэлээх, сороҕо санаа иһинэн эрэ. Дьэ, итилэртэн төһөтө астыгын, төһөтө хоб­доҕун билбэтим. Наака, научнай үлэ сиэринэн барытын тэҥнээн, сыралаһан чинчийдэххэ эрэ, биллэрэ эбитэ дуу. Дьиҥнээхтик дьарык оҥостубут дьон ону билэн эрдэхтэрэ. Арай, куһаҕана диэн, оннук тапталы эккирэтиһиигэ араас ыарыыга да хаптарыаххын сөп. Оттон күнүҥ-дьылыҥ халтайга барара ол – чахчы. * * *    Субуотаҕа, үлэхтээх чааспар Анге­лаҕа тиийбитим. Үнүбэрсиэт түөлбэ­тигэр, биир хостоох кыбартыыраҕа олороро. Үөрэ-көтө көрсүбүтэ. Эйэҕэс баҕайытык хап-харанан көрө-көрө, таапачыка ылаары төҥкөйбүтүгэр хойуу хара баттаҕа буралыс гыммыта үчүгэйэ бэрдэ.    Саалаҕа сурунаал остуолугар ноутбугун чугаһатан, суруйан испит матырыйаалын көрдөртөөбүтэ. Мунаарар тылларын саһархай өҥүнэн бэлиэтээбитин ыйыталаабыта. Кинигэ ыскаабыгар элбэх тылдьыт баара эрээри, кини этэринэн, онно ситэ быһаарыллыбатах тыл литэрэтиирэттэн туһаммыт, суруйан эрэр тиэкиһигэр толору буолан биэрбитэ.   Ангела аттыбар дьыбааҥҥа олорон, омуннаан эттэххэ, ыйытарын быыһыгар сирэйбин өҥөйө-өҥөйө көрөр курдуга. Чараас халааттаах эрэ олорор буолан эбитэ дуу, долгуйбут санаабар эбитэ дуу – суоһа сүрдээх. Мин, учуонай той истиэпэнэ суох эрэйдээх, тыл наукатын хандьыдаата киһиэхэ тугу сүбэлиэм, бэйэтиттэн ордон быһаарыам баарай. Арай ис хааммар тылга туох дьоҕур, билгэ баарынан санаабын этэбин. Тө­рөөбүт тылбыт дэгэтэ, эҥин дьикти кырааската, толбоно миэхэ хайдах иҥ­митинэн быһаарабын. Ол аайы, санаабар, Ангела өссө ордук чугаһыыр, сыстар, бэл, сүрэҕин тыаһа кытта иһиллэргэ дылы...    Балачча уһуннук дьарыктанныбыт. Бүтэһигэр дьэдьэн барыанньалаах чэй иһэн араҕыстыбыт. Атаараары туран илиитин биэрбитигэр, туох имнэммитэ буолла, сылаас ытыһын бобо тутан баран, иэдэһиттэн оргууй аҕай уураан ыллым. Хайа-хайабыт табыгаһа суох балаһыанньаҕа киирэн, мух-мах буола түстүбүт быһыылаах, соннук туруктаах ааны аһан таҕыстым.    Баал Хабырыыс ырыа буолбут биир хоһоонугар «... сүрэҕим тэптэҕиэн, бэйэм да сөҕөбүн» диэбитинии, бип-битиргэс буолбут сүрэхтээх, сааһыра барбыт киһи оптуобуһум тохтобулугар көтөн-дайан истим...    Ангела хайдах курдук кэрэний! Бу буспут моонньоҕон курдук хап-харанан көрбүтүн эриэхсит! Уураан ылбыппар иэдэһэ, чоххо баттаабыт курдук тэтэрбитин ньии. Арай кууһан ылбыт буолуум?! Арааһа, киэр анньыа суох этэ. Көр, ийэтэ «кэргэниттэн уһаабакка арахсыбыта, киһитэ эдэр дьахтарга иирэн барбыта» диэбиттээҕэ ээ. Ол сөп эбит. Ангелаҕа эдэр киһи төрүт сөбө суох, хата, ол оннугар бэйэм курдук сааһыра барбыт, олоҕу үчүгэйдик билбит киһиэхэ эргэ тахсыбыта буоллар, бэркэ табыллан олоруо эбитэ буолуо.    Ок-сиэ, эмиэ «бэйэм да бэйэм». Наар атыҥҥа ымсыырыы, эрэҥкэдийии, үөһэ тыыныы. Ол эрээри өр сыллаах уопут итинник түмүккэ сиэтэн аҕаларын хайыаххыный. Барахсан, икки эмиийинэн ыга сыстан, сонос илиитинэн сып-сылаастык кууһан сытара, эдэр дьахтар ураты дьикти, көҕүттэр көҕүтэ туруох абылаҥнаах сыта, ама, туохха тэҥнэһиэ этэй!    Ангела ороҥҥо сыгынньах сыттаҕына, этэ-сиинэ, чахчы, ити курдук буолара эрэбил. Хоойго сытар холоонноох хотун буолан, ийэттэн төрөөбүтүнэн налыйан-наскыйан, адьас тэҥ саастааҕын курдук имэрийэ-томоруйа, уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн хачылыйа сытыа эбитэ буолуо, бука. Омуннаах уураһыы, уҥа-таала мөхсөн таптаһыы киниэхэ төрүт барсыбат. Тоҕо диэтэххэ, Ангела ис-иһиттэн киэҥ-холку, наҕыл. Били, араҕан барбыт эрэ буолуохсут, дьэ, тиргиллэн түһэн, үөмэс-аамас көрбүт, үөһэ-аллара тыыммыт эрдьигэн, маннык намылхай аанньалга хайдах сөп түбэһиэй. Ол иһин даҕаны атырдьах салаатыныы араҕыстахтара. Ангела арахсыбыт эрин оннуга буолуо диэн бүтэйдии сэрэйэбин.    Һы, киһи да күлэр. Арай, билигин Ангела холбоһуох диирэ буоллар, бииргэ сатаан олоруох этибит дуо? Бу – 52 саастаах киһи 39-таах дьахтары кытта? Санаабар, билигин да сэниэлээх курдукпун эрээри, эдэр дьахтары бары өттүнэн толору хааччыйар кыахтаах эбитим дуу?   * * *    Эдэр эрдэххэ имэҥ-дьалыҥ уотугар тугу да умнан туран күүдэпчилэнэр буолуллара. Оччолорго, кырасыабай кыыһы көрдөххө, хайаан да иннин ылар туһугар өлө-тиллэ мөхсүллэрэ. Бэйэбит хайдах дьүһүннээхпит ахсааҥҥа ылыллыбата. Кырдьык, сыал-сорук туруорбут, ону ситиһэргэ чахчы дьулуурдаах буоллаххына, барыта үтүө түмүктэнэн тахсара чуолкай. Кыргыттар барахсаттар даҕаны сорохторо, эмиэ бэйэм курдук кыһалҕаҕа ылларан сылдьар дьон, били, нууччалар «рыбак рыбака видит издалека» дииллэринии, соччо-бачча аккаастаммат этилэр. Ол эрээри санаатын ууран, имэҥирэн туран астыктык таптаһааччыта аҕыйаҕа. Баҕар, «чэ, бүрэ сирэйдээх, чычырбас эттээх-сииннээх эрээри, элбэҕи эрэйимэ, эйиэхэ бу да сөп» дииллэрэ буолуо. Ис сүрэҕиттэн таптаабат, таҕылын эрэ таһаарар киһиттэн тугу эрэйиэҥ баарай. Ити чааһыгар хайа да кыыс, дьахтар буоллун, биир табаарыһым Чуурай Куола сөбүлээн этэринии, «үлэлээ да үлэлиирдии үлэлиэххэ» диэн бириинсиби тутуһарым. Уруккуттан баччааҥҥа диэри эбээһинэһи толоруу эрэ курдук таптаабат идэлээхпин. Баҕар, ол иһин да буолуо, дьахтар аймах тылынан кыайан этиллибэт балачча махталын ыллаҕым.    Үөрэхпин бүтэрэн тыаҕа үлэлии сылдьыбыттаахпын. Онно Северина Семёновна диэн үйэтин тухары дьокутаат, административнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ кыыс хотун баара. Бэрээдэги кэһээччилэри, ол быыһыгар экологияҕа эмиэ, ыстараабынан моһу­йааччы аҥаардас дьахтартан киһи барыта да дьаарханара. Сонос бэйэлээх, сутуруктаһан да турдаҕына боруога суох барахсан сүүстэн тахса киилэни үктүүр быһыылааҕа. Ол баҕас чахчы. Күлэн күһүгүрэттэҕинэ, төбөҕүн ньыкык гыннарбыккын билбэккэ да хаалыллара.    Биирдэ Москубаҕа тэрилтэбит наадатыгар хомондьуруопкаҕа айаннаан тиийдибит. Хотун хаан илиитигэр хаһан, хайдах киирэн хаалбыппын бэйэм да өйдөөбөтөҕүм. «Хайа гостиницаҕа түһэрбит буолла?» диэн төбөбүн сынньан эрдэхпинэ, Кыһыл болуоссаттан чуп-чугас биир кыбартыыраны була охсубута. Онтубут биир хостоох буолан, мин мунчаарыы бөҕөтө. Киһим ол аайы төрүт кыһаммат, хата, киэһэлик дьиэбит бастакы этээһигэр баар маҕаһыынтан ханньаак атыылаһан таһааран күндүлээбэт үһү дуо?!    Били, бөһүөлэгэр эр дьоҥҥо эрэ наадыйбат тыйыс хотуммут ол түүн ээхпин этиппитэ, сөрү диэн сөхтөрбүтэ. Чахчы, күүһүлээбитэ да диэтэххэ, улахан омуннааһын буолбатах. Баҕар, миигин «бу дойдуга быстах кэмҥэ кэлэн үлэлиир, икки-үс сылынан син биир мантан көһөр» диэбитэ дуу, өр кэмҥэ эр киһини суохтаабытын миигинэн бэркэ таһаарбыта. Мин даҕаны, дьахтар диэнтэн тэйэ быһыытыйбыт киһи, эбиитин ханньаакпыт да дьайан, барытыгар түһэрсэн испитим. Ол таптаһа сытан «Широка страна моя родная...» диэн В.Лебедев-Кумач суруйбут тылларын санаан кэлбитим. Барахсаным, самыыта ласпайан, күп-күөгэҥнэс эмиийинэн биэртэлээн, испин-үөспүн барытын дьалкытан буората сыспыта. Киһи киһини билбэтэ диэн сүрдээх эбит этэ. Бөһүөлэгин дьоно, Северина Семёновна манныгын билэллэрэ буоллар, сүүскэ бэрдэрбит курдук, уҥан тарас гыныахтара хааллаҕа.    ... Ити барыта урут, быдан былыр этэ. Билигин санаам ымыыта дьэҥкэччи Ангела буолан сылдьар. Чахчы, кини биһикки олус тапсыах этибит. Мунчаарбыт, туорхаһыйбыт кэммэр итини барытын өйбөр оҥорон көрөбүн. Бэл, түүлбэр кытта киирбитэ. Оннук эбит буоллаҕына, илэ даҕаны тоҕо сатаныа суоҕай? Оо, Ангела... Дьэ, туох буолар?..   БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан