Кэпсээ
Войти Регистрация

Олох диэн кэбирэх даҕаны...

Главная / Кэпсээн арааһа / Олох диэн кэбирэх даҕаны...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
26.04.2024 13:39
   Маша Маппыайы кытта биир оскуолаҕа үөрэммитэ. Биир сыл балыс буолан, алын кылаас үөрэнээччитэ этэ. Тохсус кылааска тахсан баран, Маша дьылыгырас уҥуохтаах, ис киирбэх дьүһүннээх Маппыайы сөбүлүү көрбүтэ. Кыыс сүрэҕэ битиргии тэппитэ, хайдах да буолуон булбатаҕа. Хайдах эмэ гынан кэпсэтиэн, саатар, аттыгар баар буолуон баҕарбыта эрээри, бастакы хардыыны оҥоруон симиттибитэ. Маппыай буоллаҕына оскуола биэчэригэр, пааркаҕа тэрийэр үҥкүүлэригэр Машаны көрбөтөх курдук туттара. Инньэ гынан кыыс эрэйдээх хардата суох тапталтан эрэйдэнэр, муунтуйар аатыгар барбыта.        Ол эрээри, дьиҥэр, оннук буолбатах этэ. Маппыай сыл кэриҥэ бу кырасыабай кыыһы таптаабыта эрээри, ол кистэлэҥин кыыска бэйэтигэр да, табаарыстарыгар да биллэрбэтэҕэ. Олус толлоро. Кыыһа кырасыабайынан Үөһээ дойдуттан айыллан кэлбит аанньал курдук кэрэтэ, онон Маппыай киниэхэ хайдах чугаһыан өйө хоппот этэ. Уол санаатыгар, бу кэрэ кыыс кими да чугаһатыа суох курдук кынталдьыйара оннук санааны үөскэтэрэ. Ол иһин Маша чугаһаата да, болҕомтотун табаарыстарыгар, бииргэ үөрэнэр кыргыттарыгар туһаайара. Быһата, алын кылааска үөрэнэр кыыска ончу кыһаллыбат курдук туттара.    Оскуоланы бүтэрэр баалыгар Маша эмиэ кэлбитэ. Маппыай кылааһын­ньыктарын кытта мааны таҥастаах, бары даҕаны сүрдээх кырасыабай, сүргэлэрэ олус көтөҕүллүбүт этилэр. Оскуола саалата бырааһынньыктыы симэнэн, үөрүү-көтүү тыына биллэрдик илгийэрэ. Бэҕэһээҥҥи үөрэнээччилэр сотору кэминэн куорсуннарын анньыммыт чыычаах оҕолорун курдук сир-дойду араас муннугар тырыбынаһан хаалыахтара турдаҕа эбээт. Үөрэниэхтэрэ, үлэлиэхтэрэ, дьиэ-уот тэриниэхтэрэ.    Маща бастакы тапталын чахчы сүтэрэр кутталламмытыттан кытаанах санааны ылыммыта. «Белый вальс!» диэн биллэрбиттэригэр чиҥ-чиҥник үктээн тиийэн Маппыайы үҥкүүгэ ыҥырбыта.    Киэһэни быһа үҥкүүлээн тэлээрэ көппүттэрэ, кылгас да кэмҥэ саараама арахсар диэни билбэтэхтэрэ. Маппыай, аҥаар илиитинэн кыыһы биилиттэн кууһа сылдьан тапталлааҕын килбик мичээрин көрө-көрө, хайдах курдук дьол тосхойбутун түүл-бит кэриэтэ ылыммыта.    Оскуола кэнниттэн ханна да барба­таҕа, сопхуоска үлэлии хаалбыта. Маша өссө биир сыл оскуолаҕа үөрэниэхтээҕэ, онон эксээмэнэ эҥин иннигэр этэ. Уоллаах кыыс уулуссаҕа сэргэстэһэ хаамалларын көрдөхтөрүнэ, сэлиэнньэ олохтоохторо бу кырасыабай паараҕа ордугургууллара, ымсыыра саныыллара. Маша төрөппүттэрэ уоллаах кыыс доҕордоһоллорун утарбат этилэр, ол гынан баран ийэтэ биир усулуобуйа туруорбута – бастаан үрдүк үөрэхтэн, дьэ, ол кэнниттэн эргэ таҕыс диэн. Кыыһа ону туох диэн утарыай.    Саас, Маша эксээмэннэрэ саҕаланан эрдэхтэринэ, Маппыай байаҥкамааттан бэбиэскэ туппута. Сүүмэрдиир пууҥҥа барыа биир хонук иннинэ уоллаах кыыс пааркаҕа тиийэн, ыскамыайкаҕа өр куустуһан олорбуттара, тапталбытыгар бэриниилээх буолуохпут диэн андаҕайсыбыттара.    Икки сыл көрүөх бэтэрээ өттүгэр элэс гыммыта. Ити кэм иһигэр Маша оскуоланы туйгуннук бүтэрэн, үнүбэрсиэккэ, педагог идэтигэр үөрэнэ киирбитэ.    Өр күүппүт көрсүһүүлэрэ куоракка буолбута. Күүлэйдээбиттэрэ. Уол – байыаннай пуормалаах, курбуу курдук таһаалаах, оттон кыыс – сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы, этиэхтэн кэрэ дьүһүннээх. Куустуһан иһэр дьоллоох паараны көрдөхтөрүнэ, ааһар дьон мичээрдииллэрэ, батыһа көрөн хаалаллара. Күһүөрү Маппыай тыа хаһаайысты­батын техникумугар, огурунуом идэтигэр үөрэнэ киирбитэ.    Кыыстаах уол үөрэхтэрин биир кэмҥэ бүтэрбиттэрэ уонна дойдуларыгар кэлбиттэрэ. Балаҕан ыйыгар сыбаайбалаабыттара. Маппыай ийэтэ уола урууга кэтэр көстүүмүн имэрийэрин быыһыгар кистии-саба хараҕын уутун сотторо. «Аҕата эрэйдээх тыыннааҕа буоллар, төһөлөөх үөрээхтиэ этэй», – диэн курус санаа арахпата.    Сыл курдук буолан баран, саҥа ыалга кыыс оҕо баар буолбута. Төрөп­пүттэрэ Ева диэн ааттаабыттара. Онтон үс сылынан Маарыйа аны уол оҕо­ну төрөппүтэ. Сыл курдугунан, Маппыай үөрүөн быатыгар, иккис уол чаҕаа­рыйбыта. Күүстээх тапталтан кырасыабай оҕолор төрүүллэр диэччилэр. Дьэ, ол Маарыйалаах Маппыайга үүт-маас сөп түбэһэрэ.    Үһүс оҕолоро төрөөбүтүн кэннэ эдэр дьон дьиэ туттар санааламмыттара. Онооҥҥо диэри Маппыай ийэтигэр олорбуттара. Киэҥ-куоҥ дьиэ дьэндэйэн тахсыбыта. Хосторо лаппа кэҥэс, түннүктэрэ сып-сырдык, быһата, бэртээхэй дьиэ буолбута.    Маарыйа олохтоох оскуолаҕа учууталлыыра, оттон Маппыай бастаан сопхуоска идэтинэн үлэлээбитэ. Сопхуос эстибитин кэннэ, суоппардаабыта, онтон саҥа үйэ сабыдыалынан бэйэ дьыалатын арыммыта – дьоҕус кэпэрэтииптэммитэ. Саҥа тэрилтэлэнэн баран, бастакы сылыгар күнү-түүнү аахсыбакка сыраласпыта, дьиэтигэр сууна уонна таҥаһын уларытта эрэ кэлэрэ. Тэрилтэтэ сүһүөҕэр турбутун кэннэ, дьэ, кэргэнигэр, оҕолоругар болҕомтотун уурар буолбута.    Оҕолоро түргэнник улааппыттара: кыыстара хайыы үйэ быйыл оскуоланы бүтэриэхтээх. Төрөппүттэр үнүбэрсиэт мэдиссиинэ бакылтыатыгар үөрэнэ киирэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахтара. Ева даҕаны төрөппүттэрин курдук санаалааҕа – кыра эрдэҕиттэн быраас буолуон баҕарара. Үөрэҕэр ийэтин батан, бастыҥ үөрэнээччи этэ, онон баҕатын хоту эмчит идэтигэр туттарсан киирэр толору кыахтааҕа.    Тёмалаах Сёма адьас кыраларыттан бэйэлэрин көрүнэр буолбуттара. Аҕаларыгар дьиэҕэ-уокка тэбис-тэҥҥэ көмөлөһөллөрө: муус киллэрэн көйөллөрө, мас хайытан кыстыыллара, тиэргэн хаарын күрдьэллэрэ. Маны барытын туох да санатыыта суох толороллоро.    Тоҕус саастарын туолбуттарын кэннэ аҕалара булка илдьэ сылдьар буолбута. Былырыын уолаттарын саанан ытарга үөрэппитэ. Маппыай сэһээккэҕэ олорон, мончуукка биир эмэ чыркымай кэлэн түстэҕинэ, чугас баар уолугар ыттарара. Саа ыарыылаахтык тэбиэ диэн уолаттара төрүт куттаммат этилэр. Куһу өлөрөр инниттэн хайа да ыарыыны тулуйарга бэлэмнэрэ. Былырыыҥҥы булт сезонугар Тёмалаах Сёма, сэттэлии куһу өлөрөн, атахтара сири билбэт буолуор диэри үөрбүттэрэ.    Маарыйалаах Маппыай, дьэ, ити курдук олорбуттара – баайдык да, дьадаҥытык да буолбатах. Харыларын күүһүнэн кыаҕырбыттара, баардарын-суохтарын, сүрэхтэрин сылааһын – барытын оҕолоругар анаабыттара.    Маннык дьоллоох ыал бүтүн дойду үрдүнэн элбэҕэ чахчы. Бары даҕаны биир майгыннаһар өрүттээхтэрэ. Ол – олох сибэккилэрэ оҕолоругар тапталлара. Биллиилээх биир кылаассык суруйааччы үйэлэргэ сүппэт санааны этэн хаалларбыта «сир үрдүгэр баар дьоллоох дьиэ кэргэн барыта майгыннаһар дьоллоох» диэн. Маарыйалаах Маппыай бу кэккэҕэ киирэллэрэ саарбахтаммата буолуо, бука...   * * *    Түүн ортото кэргэнэ суоҕуттан Маппыай уһуктан кэлбитэ. Куукунаҕа уоттаах этэ, онон онно тиийбитэ. Маарыйа төбөтүн хам туттан, остуолга бүк түһэн олороро. Маппыай тыаһа-ууһа суох кэлэн, сэргэстэһэ олорбута.    – Хайа, доҕоор, туох буоллуҥ, тоҕо утуйбаккын, – диэн аа-дьуо ыйыппыта уонна кэргэнин көхсүттэн имэрийбитэ.    Маарыйа дьик гына түспүтэ, онтон эригэр сыстыбыта. Маппыай кэргэнэ уҥуоҕа халыр босхо барбытын билбитэ.    – Сүрдээх куһаҕан түүлү көрдүм. Арай биһиги куба эбиппит. Эйигин хайа эрэ тыҥырахтаах көтөр бааһырдыбыт. Онуоха мин эн үрдүгүнэн элиэтиибин, оттон оҕолорбут ханна да суохтар. Эйигин быыһыахпын, оҕолору булуохпун олус баҕарар курдукпун... Ынырык баҕайы түүл, адьас илэ курдук...    – Туох буоллаҥый, доҕоччуок, ити баара-суоҕа түүл буоллаҕа дии, – Маппыай кэргэнин уоскута сатаабыта. – Биһиэнэ барыта үчүгэй, оҕолорбут улааталлар, сотору кэминэн өссө уруу тэрийиэхпит, сиэннэр баар буолуохтара. Киһиэхэ онтон ордук туох наада үһүнүй?    – Суох, эн билбэккин, санаам-оноом уоскуйан биэрбэт, оҕолорбут тустарыгар дьиксинэбин... Бу соторутааҕыта, нэдиэлэ анараа өттүгэр, Ева тиэргэҥҥэ киирэн истэҕинэ, улахан баҕайы таас кыырайан кэлэн арыычча төбөтүн таарыйбата. Таппыта буоллар, буорайыахтаах этэ. Кими да өйдөөн көрбөтөх, ол эрээри мин ыалбыт Өстүөппэ буолуо диэн ууорбалыыбын. Дьиҥэр, итини эйиэхэ этэр санаам суох этэ. Эмиэ онно тиийэн быһаарсыаҥ баар дии. Оннук гыныаххын баҕарбаппын, – Маарыйа ытамньыйан ылбыта, хараҕыттан уу-хаар баспыта.    Маппыай ыала Ыстапааны кытта кэпсэтэ сатаабыттааҕын өйдөөн кэлбитэ. Кулун тутар ый бүтүүтэ этэ. Киэһээ аһылыкка Тёма сүүһэ дьуккуруйбутун, көҕөрбүтүн өйдөөн көрбүтэ. «Ханна өлөрдүҥ?» диэн ыйыппытыгар уола «аан кырыытыгар» диэбитэ. Сёма ону бигэргэтээччи буолбута. Сарсыарда Ева оскуолаҕа бараары туран, аҕатыгар чугаһаан кэлэн сибигинэйбитэ:    – Тёманы Өстүөппэ кырбаабыта. Охсуспуттара, биһиэнэ кыайтарбыта.    Ыстапаан, ыаллыы олорор, сүүрбэтин ааспыт эрээри, тугу да үлэлээбэт, устар күнү быһа сэлиэнньэни кэрийэр биитэр олбуор үрдүгэр тахсан, ааһан иһэр дьону одуулуур «дьарыктаах» ыччат этэ. Маппыай кинини кытта эр киһини кытта эр киһи курдук кэпсэтэр санааламмыта. Ыччата, куолутунан, олбуор үрдүгэр тахсан багдаллан олороро.    – Ыстапаан, түс эрэ, кэпсэтиэххэ, – Маппыай, иһигэр төһө да кыйытыннар, төһө кыалларынан холкутуйа сатаабыта.    – Эйигин кытта ыаһахтаһар санаам суох, – Ыстапаан өс саҕа буолбута уонна дьэ, бэрт киһи, хайыыр эбиккин диэбиттии, – эн биһиккиэхэ туох лабаҥхата баар буолуон сөбүй, ээ?!    – Уолбун тоҕо кырбаатыҥ? Кини өссө да кыра оҕо буоллаҕа дии, баара-суоҕа уон түөрт эрэ саастаах, оттон эн улахан киһиттэн итэҕэһэ суох тыыллан-хабыллан тахсыбыккын буолбат дуо?    – Ханна сылдьарын биллин, наада буоллаҕына, өссө кэһэтиэм, – Ыстапаан сирэйин сөрүөччү туттан олорон, Маппыай диэки силлээн чырк гыннарбыта.    Маппыай уолу атаҕыттан ылан, сиргэ сууллары тардан түһэриэн олус баҕарбыта эрээри, нэһииччэ кыатаммыта.    – Бачча улахан эрээри, кыралары атаҕастаама. Охсуһуоххун оччо баҕарар буоллаххына, миигин кытта киирис! – диэн, ис-иһиттэн кыынньан кэлбитэ.    – Эйигин да кытта буоллун, – Ыстапаан, сүр чэпчэкитик ыстанан түһээт, мас сытарын хаба тардан ылбыта.    Маппыай көрүөх бэтэрээ өттүгэр маһын былдьаан ылбыта уонна уолу үлтү сахсыйбыта. Күүһүнэн хайдах да кыайбатын билэн, Ыстапаан саанарын быыһыгар маатыра-куутура бөҕөтүн түһэрэн, тиэргэнигэр дьылыс гынан хаалбыта.    – Кинини кытта таах сибиэ аахса­ҕын, – Маарыйа курустук эрин диэки көрбүтэ, – доҕоор, ити ыаллар биһигини тоҕо абааһы көрөллөрө буолуой, туох куһаҕаны оҥорбуппутугар? Бүгүн Өстүөппэ ийэтэ Балбаараны кытта кэпсэтээри гыммыппар, хата, дэлби үөхсүбүтэ уонна киэр хайыһан кэбиспитэ. Оттон мин, акаары, уолаттарбыт кыччаабыт таҥастарын кини кыра уолугар биэриэм диэн кэпсэтээри гыммытым баара... Ол оҕото таҥаһа олоччу илдьиркэй, туораттан киһи аһынар. Дьэ, бэйэтин билиммит баҕайы... Эрэ, Анисим эрэйдээх, төһө да истэр-аһаатар, үтүө санаалаах барахсан этэ. Дьахтара туораттаҕа дии...    – Акаары үһүгүн дуо, сырдык ыралаах, үтүө санаалаах киһигин эбээт, – Маппыай көннөрөн биэрбитэ уонна кэргэнин сүүһүттэн сыллаан ылбыта, – ээ, мин Өстүөппэни Тёмабытын кырбаабытын курдук охсуолаабатаҕым. Саҕатыттан ылан, сахсыйан эрэ биэрбитим. Дьиҥэр, кыратык ойоҕоһун кибилиннэрэ түһүөх баара... Ол эрээри, биир курдук санаатахха, киһи аһынар дьоно, тиийиммэт-түгэммэт олохтоохтор... Доҕоор, хата, күһүн оскуола аһыллыытыгар тоҕооһуннаран, кыра уолларыгар үөрэнээччи нобуорун, пуорманы ылан биэриэххэ баара. Эн туох дии саныыгын ону? Балбаараны кытта быыс булан кэпсэтээр эрэ, дьахталлар, түргэнник өйдөһүө этигит.    – Сөп, чэ, Маппыай, хата, киирэн утуйуох.    Төрөппүттэр оргууй аҕай туран, оҕо­лорун хосторугар киирэн, сүүстэ­риттэн уочаратынан сыллаан ылбыттара уонна утуйардыы оҥостубуттара.    Икки хонон баран түүн Маппыайдаах Маарыйа дьиэлэрэ күл-көмөр буолбута. Ыалтан биир да киһи быыһамматаҕа. Чугас олорор ыаллара баһаары умуруора сатаабыттара да, уот өссө күүскэ кытыастыбыта. Арай баһаарынай массыына кэлэн уоту намыраппыта эрээри, дьиэттэн хоруоран хаалбыт эркиннэрэ эрэ ордубута.    Сэлиэнньэ олохтоохторо бу ынырык баһаартан тылларыттан маппыттара. Бүтүн дьиэ кэргэн имири эстибитин ким даҕаны итэҕэйиэн баҕарбатаҕа. «Маппыай, эн барыга-бары көмүс тарбах эрээригин, дьоҥҥун хайдах быыһаабатыҥ? Ама, баһаар элэктэриичэстибэ боруобатыттан биитэр оһохтон күүдэпчилэммитэ буолуо дуо?» – диэн түүн уот умуруорса кэлбит дьон барыта итинник санаабыта.    Сэлиэнньэҕэ аан бастаан тахсыбыт бу суоһар түбэлтэ уодаһыннаах кистэлэҥин ким даҕаны билбэтэҕэ...   Геннадий ГУРЬЕВ (Виталий Егоров «Воздаяние монстру» диэн сэһэниттэн тылбаас). Тарҕат:
kyym.ru сайтан