Кэпсээ
Войти Регистрация

Кырдьык да, барыта тибии курдук...

Главная / Кэпсээн арааһа / Кырдьык да, барыта тибии курдук...

K
05.02.2018 14:06
Киргиэлэй Кэрэмээһэп, сылаас балаҕан хаһаайката Киристиинэн иһитин сүрдээх үөрүйэхтик сууйарын-сайгыырын көрө-көрө, быдан өрдөөҕүнү саныырын кубулуппата. Дьахтар туттуута-хаптыыта сууххайа оһуобай: иһитин-хомуоһун хомуйарын сэргэ массыынаҕа улаханнык тоҥмут Саргылаананы утуйар хоһугар киллэрэ охсон, тугунан эрэ биһэ-биһэ илбийдэ аҕай быһыылаах. Аан дьиэҕэ лосуйуон дуу, духуу дуу сыта билиннэ. Чочумча буолаат, айаҥҥа быстара сыспыт Саргылаана оһох айаҕар сатырдаан кэлэн сылааска сыралла турбута. Ол-бу дьууппатын эҥин көҕүрэтэн, арааһа, Киристиинэ кыһыл саһыл өрөҕөтө сэлиэччигин, чараас рейтузатын оннугар туох эрэ халыҥ таҥаһын кэтэн ласпаллан турарыттан киһи хараҕын араарыа суох курдуга. Бу -- Киргиэлэйтэн арыый балыс дьахтар, сырдыкка өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө, чочуйан оҥорбут курдук, бэртээхэй таһаалааҕа. Күнү быһа массыынатын кытта өрө мөхсөн кэлбит Мөрүөн, сылаата таайан, сол курдук ыскаамыйаҕа олорон, эркиҥҥэ кэтит көхсүнэн сыстан нухарыйбыта ырааппыт этэ. Эдэр суоппар хоту дойду тыйыс усулуобуйатыгар итиигэ-буһууга бастакы сүрэхтэниитэ буолан, мааҕын ыксаталыы сылдьыбыта баара – киһиҥ билигин утуйан бырылатыы! Ырааҕы-киэҥи толкуйдаан төбөтүн сыспат дьон бу курдук ыксал-бохсол түгэни чэпчэкитик аһарынан эрдэхтэрэ. Киргиэлэй, төһө да сылаас балаҕаны булан абыраммыттарын, бэйэтэ «быыһанныбыт» диэн үөһэ тыыммытын иһин, билигин даҕаны Кыталыктаахха хайдах тиийиэхтэрэ өссө да биллибэт, онон, этэргэ дылы, син биир иһигэр кутуйах хаамара. Аны туран, бу чараастык таҥныбыт Саргылаана ыалдьан хааллын?! Чэ, ол эрээри барытын өлбөөркөй, санаа түһүүлээх гына толкуйдаамыахха, хата, туох эмэ үчүгэйи саныахха. * * * Кирииһэ, дьиҥэр, хомсомуол путевкатынан кый ыраах, түһээн да баттаппатах дойдутугар ыанньыксыттыы кэлбит Киристиинэ Силэпсиэбэни Ыарҕалаах сайылыгар эрэ көрбөтөх эбит. Кырдьык, ол 9-с кылааһы бүтэрбит сайыныгар (чэ, сонно көрөөт таптаабыт киэһэтиттэн ыла) бу кыыс уол өйүттэн тахсыбат буолбута. Били, табаарыһа Буобатыныын атахтаһан утуйдахтарын сарсыардатыгар Киристиинэ Кирииһэ сирэйин утары көрбөт курдук симиттэргэ дылыта. Уол даҕаны онтон ордубатаҕа: кыыс түүҥҥү имэҥнээх тапталтан астыммыт-дуоһуйбут, иһиллэр гына өрүтэ тыыммахтааһына субу иһиллэр курдуга. Оо, хайдахтаах таптаһыыттан бу курдук сылаанньыйа ууллуохха сөбүй – Киристиинэ адьас сэниэтэ суох курдук устаҥныыра. Кирииһэ сылтан ордугунан оскуолатын бүтэрэн, үөрэххэ туттарсаары Дьокуускайдыыр буолбута. Билиэти эрдэ ылларбыт буолан, оройуон киинигэр ыксаабакка киирбитэ. Пуорка тиийбитэ, доҕоор, киһи бөҕө тоҕуоруспут – үксэ билиэтэ суох дьон! «Хата, билиэппин эрдэ хааччыммытым да үчүгэй» диэн саныы-саныы, баксаал таһыгар баар ыскаамыйаҕа олорон көрдөҕүнэ, аттыгар бэркэ билэр дьоно олороллор эбит. Киристиинэ кэргэнин кытта! Өссө оҕолоох эбиттэр. Киэр хайыһан олорон Киристиинэ быыкаа оҕотун эмиийдиир, онтун быыһыгар киһитигэр тугу эрэ быһаара сатыыр, олус ыксаабыт, мунчаарбыт көрүҥнээх. Кирииһэни билбэтилэр да быһыылаах: наар баксаалга киирэр дьону батыһа көрөллөр. Таһаҕастара толору. Кирииһэй туран, тэпсэҥнии түһэн баран, кинилэргэ тиийэн дорооболосто, ханналаан иһэллэрин сураста. Киристиинэҕэ эрэ билиэт баар эбит: кэргэнигэр көстүбэтэх. Дойдуларыгар хоту көһөн иһэллэр эбит. Кэмниэ кэнэҕэс эдэр дьахтар Кирииһэни «били, былырыын бэлисипиэттээх кэлэ
сылдьан болокунуотугар суруммут уол» диэн биллэ, биллэ-биллибэттик мичээрдээн ылла. Бэйэтэ өссө тупсубут курдук буолбут: ханан да кырыы-муннук диэн суох, быһыыта-таһаата хайа эрэ уус нарылаабытын курдук көстөр. Оҕото эмэн, уоһа биир кэм үмүрүҥнэс, оттон дьахтар эмиийэ... улааппытыын! Ол быыһыгар кэргэнин үлтү хаайан «пуорт начаалынньыгар киирэн билиэттэ көрдөс» дэтэлиир. Биирдэрэ «араас мэтээллээх-уордьаннаах, миигиннээҕэр буолуох дьон билиэт көрдөһө толору уочараттаан олороллор» диэн буолуммат. Онуоха Киристиинэ ытыахча буолуталаан ылаттыыр. Маны барытын көрөн, Кирииһэ «мин ыксаабаппын, эһиги, оҕолоох дьон, айаннааҥ» диэн билиэтин ууммутугар дьахтар итэҕэйбэтэхтии уулааҕынан-хаардааҕынан көрүтэлээн уолу эбии долгуппута. Онтон үһүөн кыһыл оҕолорун көтөхпүтүнэн киирэн билиэт уларытар түбүгэр түспүттэрэ. Киргиэлэй, бэл, малларын тутуһан, сөмөлүөккэ киллэрсэн биэрбитэ. Тыраапка үктэнээри туран, Киристиинэ уолу иэдэһиттэн убураан ылбыта... * * * Киргиэлэй Кэрэмээһэп кыыска бу аан маҥнай убуратыыта буолан, ол кэми олус үчүгэйдик саныыр. Оо, ол кэнниттэн Киристиинэни түүлүгэр төһөлөөх элбэхтик көрбүтэ буолуой – ааҕан да сиппэт. Хаста да имэҥнээх түгэн көстөн ааспыта. Арай биирдэ түһээтэҕинэ, Ыарҕалаах сайылыкка тиийэн хаалбыт. Тоҕо эрэ ким да суох. Онтон көлүччэ диэкиттэн сотторун санныгар иилинэ быраҕыммыт, атах сыгынньах Киристиинэ бу дыгыйан тиийэн кэлэр. Кылгас чап-чараас былаачыйа дуомнаах, онто кыра да сиккиэр салгынтан арыллаҥнаан ылар, оччоҕо мап-маҥан буута кылбаҥныыр. Кирииһэ тугу эрэ этээри гынар да, иһиттэн саҥата дуостал тахсыбат: туох эрэ бүөлүү анньан кэбиспитин курдук. Онуоха кыыһа санныттан сотторун ылан, уолу кэтэҕиттэн ыбылы тардан томтоҕор түөһүгэр сыһыарар. Сымнаҕаһыын, куталдьыйан түһэн... Дьэ, эбитэкээ! Кирииһэ да эр бэрдэ эбит – кыыһы биилиттэн кууста эбээт! Бу хантан ылбыт хорсунай?! Көр, өссө көтөҕөн ылла дии! Дьэ, уонна, били, хаһан эрэ утуйбуттаах туруорбах балаҕаныгар көтөҕөн киллэрэн, ороҥҥо сытыаран кэбиспэт дуо?! Киристиинэтэ утарыласпат, хата, эбиитин уол ырбаахытын тимэҕин төлөрүтэр, онтон илиитэ аллара диэкинэн тиийтэлиир... Барыта илэ курдук. Дьэ, мантан инньэ өссө туох буолуон ким билиэй – абаккалаах баҕайытык уһуктан хаалан хомойор. Дьэ, итинник ээ барыта. Саатар, түүлүгэр сылаанньыйа таптаспат. ... Хоту дойду кубулҕаттаах тибиитигэр быстара сыспыт айанньыттар Киристиинэ эрэ Куочаанай чугастааҕы нэһилиэктэн бөлөрүүс тыраахтары аҕалан, киэҥ аартыкка таһаартаран, Кыталыктаахтарыгар этэҥҥэ тиийбиттэрэ. Дьиэттэн тахсаары туран, Киргиэлэй дьиэлээх хаһаайка чэрдээх этиргэн ытыһын ыгыта туппахтаан быраһаайдаспыта, оттон Куочаанай кинини сол курдук билбэккэ да хаалбыта. * * * Тибиилээх күн айаннаабыттара суол-ииһэ суох хаалбатаҕа – Саргылаана (улуус кииниттэн аргыстаспыт эдэр дьахтар) тымныйан, балыыһаҕа киирбитэ. Киргиэлэй дьоҕус бааҥкаҕа моруоска барыанньатын кутан бииргэ кэлсибит аргыһын көрсө тиийбитигэр балыыһа дьоно көрүү-истии бөҕөтө буолбуттара. Оскуола дириэктэрэ хаһааҥҥы эрэ «билсиитин» көрсө кэллэҕэ диэн саныыллара харахтарыгар көстө сылдьар курдуга. Сорох-сорохторо бэлиэр түмүк оҥоро охсубуттара: хайаахтыай, дириэктэр да тэбэр сүрэхтээх, сүүрэр хааннаах киһи буоллаҕа, муҥар, кэргэнэ оҕотун кытта Дьокуускайга көспүттэрэ
ыраатта. Арахсан барбыттара эрэ, быстах кэмҥэ эрэ – ким билиэ баарай. Ойоҕо «оҕом да, бэйэм да бу хоту дойдуга килиимэттиибит» диир сурахтааҕа. «Кэлии киһи да буоллар, оскуола дириэктэрэ олохтоох дьону кытары бэркэ тапсан, кимнээҕэр үчүгэйдик үлэлиир» диэн, маннааҕылар Кэрэмээһэби хайыахтарын да булбат этилэр. Ким эрэ балык бэрсэр, хайалара эрэ үрүҥ аһы киллэрэн остуолугар уурбут буолар. Ити курдук. Саргылаана сэбиргэхтэппит быһыылааҕа: нэһиилэ кыыкынаан саҥара сатыыра, бүтүннүү кубарыйан хаалбыт этэ. Киргиэлэй Кэрэмээһэп кэлэн илиитин тутан дорооболоспутугар, «чэйгэр куттан иһээр» диэн моруоска барыанньатын биэрбитигэр долгуйан хаалан, бэл, имэ тэтэрэн ылбыта. * * * Олох диэн син биир тибиилээх күн кэриэтэ – мунар-тэнэр да ыраахтан буолбат. Дьэ, ол иһин араас соһуччу түгэҥҥэ мэлдьи бэлэм сылдьар наада. Киргиэлэй кэргэнин кытта сүрдээх судургутук билсэн, сол курдук түргэнник эрдии-ойохтуу буолбуттара. Маҥнай утаа барыта арамаантыка этэ: эдэр дьон тапталлара хаһан да уостуо суох курдуга. Кырдьыга да, оннуга. Үлэлэриттэн эбиэттэригэр ыксаан-бохсоон кэлээт, туох-ханнык иннинэ омуннаахтык таптаһан эрэ баран аһыы түһэллэрэ. Кэргэнэ фантазията оһуобай этэ: «бу сырыыга маннык туохтуохха» эҥин диэн, таптаһыы саҥаттан саҥа ньыматын тобула охсоро. Сороҕор «олус скучнайгын, наар биири эрэ гынаргын билэҕин» диэн хомуруйара, дьиэс-куос буолара. Ардыгар, били, утуйарыгар ньылбы сыгынньахтанан сытар бэйэтэ аны лиипчиктээх-тойдоох улаҕа диэки хайыһан кэбиһэрэ. Оччоҕо Киргиэлэй «бу түүн имэҥ-дьалыҥ туһунан санаабат эбиппит» диэн сыттаҕына, кэргэнэ эмискэ үлүгэр буолан-хаалан турара. Киниэхэ эр киһи хара күүһүнэн мадьыктыыра бу киэһэ наада буолбут үһү. Ол омунугар ис таҥаһын хайа тартарарын да кэрэйбэт буола имэҥирэрэ. Дьэ, ити курдук сөп буола-буола киһи үөйбэтэх-ахтыбатах түгэнин эргитэн-урбатан таһаарара. Сороҕор, кырдьык, онто имэҥ-дьалыҥ уотун бэркэ күөдьүтэрэ. Кэлин оҕолонон, арыый уоскуйа быһыытыйбыттара эрээри, кэргэнэ оҕотун утутан баран, муостаҕа таҥас тэлгээн онно «киирсибитинэн» бараллара. Ол эрээри кэргэнэ сыыйа сөҕүрүйэн, «уоттаах-күөстээх» тапталга наадыйбат курдук буолбута. Онтон саҕаламмыта «килиимэттиир кыһалҕата». Арахсар туһунан боппуруоһу көтөхпөтөхтөрө эрээри, тус-туспа сылдьарга бүтэһиктээхтик быһаарыммыттара. Киргиэлэй бу сылдьан өйдөөтөҕүнэ, кэргэнин букатын даҕаны суохтаабат эбит. Арай оҕото эрэйдээҕи саныыр, атаахтатыан, тыаҕа илдьэ сылдьыан баҕарталыыр. Быыкаатыгар дьиэтин таһыгар курупааскыга ииппит туһахтарыгар көтөҕөн илдьэр буолара. Биирдэ онно атаҕыттан ылларан, көтө сатаан тирилиир курупааскыны аһынан кыыһа: «Паапаа, эйэ холуубун ыытан кэбиһиэххэ!» -- диэбиттээх. Ыыппыттара. Оо, оҕото эрэйдээх онно үөрбүтүөн! Кэргэнэ Дьокуускайга барарын саҕана, саатар, быраһаайдаһар кэриэтэ таптаспатахтара. Оннук хобдохтук арахсыбыттара. ...Киргиэлэй Кэрэмээһэп киэһээҥҥи чэйин тиэрмэһиттэн куттан, дьэ саҥардыы сыпсырыйан эрдэҕинэ, Саргылаана мичилийэн киирбитэ... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан