Кэпсээ
Войти
Регистрация
Достоевскай аанньал таптала
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Достоевскай аанньал таптала
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
03.05.2024 14:08
Нуучча литэрэтиирэтин кылаассыга, биллиилээх суруйааччы «Преступление и наказание», «Идиот», «Униженные и оскорблённые», «Братья Карамазовы» курдук аатырбыт айымньылардаах Фёдор Михайлович Достоевскай тус бэйэтэ да, олорон ааспыт олоҕо да, олус судургута суох этэ. Уустук дьылҕа «Аҕата деспот этэ, ол улаатан эрэр уол майгытыгар-сигилитигэр суола-ииһэ суох хаалбатаҕа, утумнаабыт да буолуон сөп», «элбэх-хос саҥата суох, кубархай, эбиитин эпилептик, 16 сааһыгар ийэтэ суох хаалбыт, элбэх кыра бырааттардаах, балыстардаах үбэ-аһа, баайа-дуола суох уолу доҕотторо туораталлара, күлүү гыналлара,» «бастаан таптаабыт дьахтара, литератор Иван Панаев кэргэнэ, кинини саа тэбэр сиригэр да чугаһаппатаҕа», аны, «суруйааччы имэҥ-дьалыҥ чааһыгар олус уохтаах буолан, содур дьахталлары наймылаһара, онтулара да хаттаан ыҥырдаҕына кэлбэттэрэ, хабырдык сыһыаннаһарын, «дьээбэтик таптыырын» иһин диэбиттэр. Онуоха аатырбыт Иван Тургенев кинини «нуучча маркиз де Сада» диир сураҕа эбии туустаан-тумалаан биэрэр. Дьиҥинэн, ким көрөн турбута баарай: оччолорго да бэрт былдьаһыы, самнарар ухханыгар хобдох хобу-сиби тарҕатыы ханна барбыт үһү. Эбэтэр... Аны, олоҕун биир саамай охсуулаах түгэнин ахтан аһарар тоҕоостоох. Кинини, «Белые ночи» айымньытын таһаараатын утаа, куруһуокка сылдьыбытын иһин, «Петрашевскай дьыалатыгар» кыттыгастааххын диэн, өлөрөргө уураахтыы сылдьыбыттар. Бэл, күнэ-дьыла кытта биллэрэ үһү – 1849 с. ахсынньы 22 күнүгэр диэн. Сорохтор «ол уурааҕы тута 4 сыллаах хаатыргаҕа уларыппыттара» да диэтэллэр, тустаахха кэмигэр хайдахтаах охсуу буолбутун, сэрэйиэххэ эрэ сөп. Ол туругун кини «Идиот» айымньытыгар кинээс Мышкинынан саҥардыбыта, биэрбитэ дииллэр. Уопсайынан, кини олоҕу көрүүтүн, сыанабылын кэккэ өрүтэ, киһи быһыытынан уратыта киһи эрэ ардыгар дэбигис ылына, өйдүү охсубат айымньыларыгар, дьоруойдарын уобараһыгар эмиэ көстөр диэн санаа эмиэ баар. Бастакы кэргэнэ Хаатыргаҕа сылдьан Федор Достоевскай эмиэ кэргэннээх, уол оҕолоох, кэрэ сэбэрэлээх дьахтары – Мария Исаеваны, таптаан кэбиһэн, эрэй бөҕөнү көрөрө ойууланар. Оттон Мария, суруйалларынан, Достоевскайы таптаан буолбакка, аһынан уонна кинини таптыыра бэрдин билэр буолан, кэргэнэ өлбүтүгэр, ойох тахсарга сөбүлэнэр. Ону да тута буолбатах, огдообо сылдьан биир атын киһилиин арамааннаан баран табыллымына, дьэ, биирдэ сөбүлэнэр. Ону да Мария Федор Достоевскай эпилептигин билбэтэ, ыал буолан эрэ баран билэн, улаханнык соһуйбута кэпсэнэр. Биирбит да «быраастар олоххун уларыттаххына, ньиэрбэҥ ыарыыта ааһыа диэбиттэрин итэҕэйбитим. Манныгын билбитим буоллар, кэргэн кэпсэтиэ суох этим» диэн курутуйбута архыыбыгар хаалбыт. Ол да буоллар Мария Исаеватыныын син 7 сыл олорбуттар. Ити гынан баран бииргэ, дьиҥ ыал-ыал курдук олорбут кэмнэрэ лаппа кылгас эбит. Ити эрээри суруйааччы кииринньэҥ уолугар төрөппүт оҕотунуу сыһыаннаһара кинини киһи быһыытынан киэргэтэр. Аны, Мария сэллик ыарыыга ылларан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сыппытын Достоевскай өр ыарыылаабыт. Ол тухары тапталын сүтэрэн эрэриттэн улаханнык муунтуйара. Кэлин да тапталлааҕын уолун көрө-истэ сылдьыбыт. Барахсан бэйэтэ: «Мария миигин муҥура суох таптыыра, мин кинини таптыырым курдук. Ол эрээри биһиги дьоллоохтук олорботохпут... Кини олохпор көрсүбүт дьахталларбыттан саамай ыраастара, сырдык
дууһалаахтара, кырдьыксыттара этэ...» – диэн табаарыһыгар, эрдэ кэпсээбитэ баар. Аанньал буолбут таптала Дьэ, оттон бэйэтин ис сүрэҕиттэн таптаабыт, өссө билсэ да инниттэн көрсөрүн ыралаабыт, кэлин өлбүтүн кэннэ туох баар суруйууларын, архыыбын, күннүктэрин сааһылаан, баарыгар да, суоҕар да кини айымньыларын бэчээттэтэн, тылбаастатан, дьиҥ биллиилээх оҥорбут кэргэнэ Анна Григорьевна Достоевская дииллэр. Достоевскай кинини 45 сааһыгар сылдьан билсэр. Анна ол саҕана баара эрэ 20 саастааҕа. Суруйааччы иитэр уолунуун харчы өттүнэн улаханнык ыктара сылдьар кэмнэригэр ол сөп түбэһэр. Оччолорго Достоевскай «Преступление и наказание» арамааны «Русский вестник» сурунаалга тэттик-тэттик бэчээттэтэ сылдьар кэмэ. Аны, биир дуогабардаах тэрилтэтигэр, атыттарга даҕаны улахан иэскэ киирэн, ити айымньытын таһынан өссө биир дьоҕус арамааны суруйарга кэпсэтиилээҕэ. Онтун 26 күн иһигэр суруйан бүтэрбэтэҕинэ, бүтүн 9 сыл устата суруйуохтаах айымньыларыгар ааптар быраабын сүтэрэр кутталлааҕа. Суруйартан атын харчы киллэринэр кыаҕа суох киһи, этэргэ дылы, өлөн-төрөөн да туран, бүтэрдэҕинэ табыллара. Ол иһин ыксаан, тэтимин түргэтэтээри, стенографисткаҕа наадыйарын биллэрэр. Дьэ, ол онно дии, кини дьолугар, Петербурдааҕы дьахтар гимназиятын туйгуннук бүтэрбит, аҕата эмискэ өлөн, эмиэ харчыга кыһалҕаламмыт Анна Сниткина, дьоно таптаан ааттыылларынан – Неточка – тиийэн кэлэр. Бэйэтэ да бүтүн 25 тыһ. солк. кур иэстээх сылдьар Достоевскай киниэхэ биир ый стенографисткалыырын иһин 30 солк. төлүөх буолар. Суруйааччы түүнүн айар умсулҕаныгар түһэр. Оттон күнүһүн онтун ааҕан биэрбитин кыыс таҥан-сааһылаан, кичэллээхтик бэчээттээн иһэр. Урутаан эттэххэ, ол суруйуулара «Игрок» этэ. Анна соторутааҕыта быраатын, ол иннинэ тапталлаах кэргэнин көмпүт, эбиитин оҕо иитимньилээх суруйааччыны көрөөт, олус диэн аһынар. Киһибит да бэрт сотору үлэһит, кыһамньылаах, кэрэ кыыһы сөбүлээн, «милочка», «голубчик» диэнтэн атыннык ааттаабат буолар. Устунан ый да буолбакка сылдьан: «Арай эйигин таптыыбын уонна кэргэн таҕыс диэтэхпинэ, хайыаҥ этэй?» – диэн ыйытааччы буолар. Кыыспыт тута сөбүлэһэ охсубутун ааһан: «Мин эйигин таптыырбын билиниэм этэ уонна үйэм тухары таптыам диэм этэ» диэн, букатын да сири билбэт гына үөрдэр-сэгэтэр... Инньэ гынан «эдэрдэр» туттарыахтаах болдьохторугар айымньыларын бүтэрэллэр. Ону баара, издатель киһи собус-соруйан, дуогабар туолбата диэн хабалаҕа ылаары, Петербуртан ити кэмҥэ суола-ииһэ суох сүтэн хаалар. Ыксал буолар. Неточка ол киһи олорор сирин билэ охсон, оннооҕу полиция чааһыгар дуогабар туолуо букатын аҕыйах чаас иннинэ ойон тиийэр. Суруллубут айымньыны олорго туттарар, ону кэрэһилиир араспыыска ылар! Онон, дуогабары толорон, тапталлааҕын быыһаан ылар. Оннук гымматаҕа буоллар, Достоевскай муҥнаах тугу толкуйдуо-торумнуо, инники олоҕо хайдах салаллыа эбитэ буолла?! Айар куттаах киһи эдэр сааһыттан үбү-харчыны сатаан туттубатынан биллэрэ. Наар быстарыкка сылдьар буолара. Онон, хата, бу чааһыгар эмиэ сатабыллаах, быһаарсар эдэр кыыһы ойох ылыаҕыттан олоҕо тупсан барар. Суруйууларын сааһылааһын, корректура үлэтэ кини дьарамай санныгар сүктэриллэр. Достоевскай санаата көтөҕүллэн, үлэтэ сыыдамсыйан, бииртэн биир айымньы чочуллар. Ол иһигэр «Братья
Карамазовы» арамаанын суруйан, кэргэнигэр – Неточкаҕа – аныыр. Ити да буоллар, кэмиттэн кэмигэр эпилепсията бэргиирин кэргэнэ эмтиир-томтуур, аны рулеткаҕа оонньуур дьаллыга киирэн ыларын кытта бырахтарар. Ити курдук, бу икки киһи бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн-толорсон, 14 сыл бииргэ олус тапсан, иллээхтик-эйэлээхтик олороллор. 4 оҕоломмуттарыттан, хомойуох иһин, иккилэриттэн ытыс соттоллор. Баар уустуктары син этэҥҥэ аһаран, өссө да уһуннук олоруохтарын, Достоевскай өлөр ыарыытыгар охтор (энфизема). Уһугулаан сытан, киһи оҥорбут, олох дьолун билэригэр көмөлөспүт аанньал тэҥэ кэргэнигэр: «Мин эйигин таптыырым. Биирдэ да, бэл, санаабар да, эйигин таҥнарбатаҕым», – диэн ис сүрэҕиттэн билинэр... Ити курдук, улуу суруйааччы олоҕун тиһэх мүнүүтэтигэр диэри Анята, Неточката аттыгар баара. Кырдьыга да, чугас дьоно ахталларынан, кинилэр өрүү бииргэ сылдьыбыттар, тэҥҥэ үлэлээбиттэр. Аҕыйах күн тус-туһунан буола түстэхтэринэ, олус диэн суохтаһаллара. Ону: «Эйигин ыксары кууһабын, күүскэ да күүскэ сыллыыбын», «Айаным устатын тухары эйигин санаан таҕыстым... Аня, мин күнүм-ыйым, эйигин олус да таптыыбын», – курдук ис хоһоонноох суруктар да кэрэһилииллэр. Анна Достоевская, огдообо хааларыгар баара эрэ 35 саастааҕа. Оҕолоро Любалаах Федор быыкаа этилэрэ. Бу хоһуун дьахтар кинилэри атахтарыгар эрэ туруорарынан муҥурдамматаҕа. Достоевскай үлэлэрин, күннүгүн сааһылаан, харайан, баай архыып оҥорбута, суруйууларын үйэтитэн, кэргэнин өлбөт-сүппэт тыыннаабыта. Кириитиктэр этэллэринэн, ордук улахан билинии, бүтүн аан дойду үрдүнэн үрдүк сыанабыл Федор Достоевскайга бу Орто дойдуга суох буолбутун кэннэ кэлбитэ. Ол чуолаан кэргэнин көмөтүнэн ситиһиллибитэ. Аан дойду үрдүнэн муҥутуур элбэхтик бэчээттэнэр нуучча суруйааччыта Достоевскай буолбута. Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн 70 саастаах Анна Григорьевна Петроград чугаһыгар олорбута. Маляриялаан эрэйдэнэр буолан, ама буолаайабын диэн, Ялтаҕа айаннаабыта. Таһаҕаһа диэн, Достоевскай кумааҕылара этэ. Ол тухары онтуларын бэрэлии, сааһылыы сылдьара. 1918 сыл сайыныгар, Кырыымҥа олорон, Анна Григорьевна сырдык тыына быстыбыта. Ол эбэтэр, эппит тылын экчи толорон, хара өлүөр диэри тапталлаах Достоевскайынан, кинини сырдатыынан олорбута. Ааспыт үйэ 60-с сс. кинилэр сиэннэрэ, Ленинград собуотугар конструктордыыр Андрей Федорович эбэтин уҥуоҕун кырамтатын Ялтаттан көһөрөн аҕалан, эһэтэ Федор Достоевскай уҥуоҕун аттыгар, Санкт-Петербурга олохтообута. Эбэтэ Неточка, өлүөн иннинээҕи ахтыытыгар: «Дылҕам көҥүллээтэҕинэ, уһун түлүк уубар сытар сирбин мин да кини (Достоевскай) аттыгар булуом» диэн суруйбуттаах эбит. Ол ыратын сиэннэрэ чиэстээхтик толорон турар. Федор Достоевскай атын дьон аналыгар, кэрэ сэбэрэлээх дьахталларга дураһыйан, муҥкук да буолан, бу Орто туруу дойду олоҕор элбэх эрэйи-муҥу көрбүтэ. Ону Дьылҕа Хаана кэнники аһынан, эбэтэр этиллиэхтээҕи этиттэрэн, биэрэр үөрэҕин биэрэн баран, син сирдээҕи дьолу амсайдын диэн, олоҕун суолугар 20 саастаах кыыһы стенографистка оҥорон анаабыт эбит диэххэ сөп. Улуу суруйааччы буолан, бэйэтин, норуотун үйэлэргэ ааттаныахтаах анала таайа сыттаҕа. Бу олоххо туох да мээнэҕэ буолбат. Бэчээттэмити туһанан Тапталина. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан