Кэпсээ
Войти Регистрация

Сүппүт дьол

Главная / Кэпсээн арааһа / Сүппүт дьол

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
03.05.2024 14:00
Кыбартыырабар кэлэн, күлүүспүн хостоон иһэн, ыалбыт аана сэгэйэн турарыттан сэрэхэдийиэх санаам кэллэ. Манна соҕотох оҕонньор олорор. Аана аһаҕаһын хаһан даҕаны көрбөтөхпүт. Киэһэ аайы аҕыс чаас кэннэ оҕонньор болкуонугар тахсан ханнык эрэ ырыаны ыллыыр. Биири хатылаа да хатылаа... «Сүппүт дьолум», «кыыс оҕом», «барбытыҥ» диэн тыллар эрэ иһиллэллэр. Хата, 4 саастаах кыыһым ол ырыа тылын билэн испитэ, сиэркилэҕэ көрүнэн олорон тэҥҥэ ыллаһа олорооччу. Арыгы иһэн баран, ол-бу ырыалары ыллаан, дьону утуппат диэн испэр мөҕүттэбин. Көрүстүм эрэ этиэм диибин даҕаны, сылайбыт, санаарҕаабыт, атыны, ырааҕы толкуйдуу сылдьар харахтарын көрдөрбүн этиэхтээхпин умнан кэбиһэбин. Мэлдьи мичээрдээн дорооболоһор, чэйдии ыҥырар. Биир күн оҕолорбун кытары дьиэбит таһыгар, кумахха оонньуу таҕыстыбыт. Оҕолорум оонньууллар, мин ыскамыайкаҕа олорон кинилэри одуулуубун. Аттыбар били оҕонньор кэлэн олордо. Оҕолорбун көрөр, үөрэр. Ким да саҥарбат. Өр-өтөр буолан баран, оҕонньор киэпкэтин уһулла, ытыһынан муннун-айаҕын саба бүөлээтэ, онтон кэлэйбиттии, төбөтүн илгиһиннэ. Мин диэки көрбөккө, мээнэни көрөн олорон этэр: «Наһаа үчүгэй ылааҥы күҥҥэ дьонум бааллара буоллар аттыбар», – диир. Онтон күллэ, хараҕа көстүбэт буолла, аҕыйах тииһэ көһүннэ. Күлэригэр туох даҕаны көрдөөх, бэһиэлэй санаа үөскээбэтэҕэ. Төттөрүтүн кутун түгэҕэр баттыы сылдьар ыар санааны умулларардыы сүр ыараханнык күлбүтэ. Биһиги дьиэҕэ көһөн кэлиэхпититтэн соҕотоҕо, ол иһин сэҥээрэммин «ханнык дьонуҥ?» диэн ыйыттым. Киһим олорон эрэ тэпсэҥнээтэ, уонна кэпсээн иһэн хаста даҕаны тохтоон ылла уонна санаатыгар тугу тута сылдьыбытын барытын ыһа тоҕордуу кэпсээн барда. Отут сааһын син ортолоон баран, доҕорун уруутугар сылдьан, биир дьахтары таптаан, ыал буолбуттар. Бэйэтиттэн биир сыл аҕа эбит. Бэркэ тапсан быр-бааччы олорбуттар. Иккис сылларыгар дьахтар хат буолбут. Саастара ырааппыт дьон ити сонунтан көтүөхтэрин кыната суох буолбуттар. Бу кэпсээн кэннэ, оҕонньор эмиэ хабарҕатыгар хомуок турбут курдук олордо. Хараҕыттан уу ыгыллан түстэ. Мин эр киһи, оҕонньор ытыырын хаһан даҕаны көрбөтөҕүм. Ах баран хааллым. Киэһэ аайы ыллыыр, мэлдьи мичээрдиир оҕонньор күрүлүүр күнүс ортото ытаан киирэн барыаҕа диэн өйгө да суох. Миигин куттанна диэтэ быһыылаах, күлэн ылла уонна: «Ээ, оҕонньор ытыырыгар кыһаллыма, тоойуом. Оҕобун санаатахпына, мэлдьи хараҕым уута түһэр. Бэйэм да билбэккэ хаалабын. Ол кэннэ оҕоломмотохпут. Ол иһин да буоллаҕа, баар-суох киһибитин атаахтатан, харыс да сири мээнэ хаамтарбакка биэбэйдээн улаатыннарбыппыт. Оннооҕор, күнтэн да көҥөнөргө дылы этибит. Кыыспыт пианиноҕа оонньуура. Кулгаахпар субу иһиллэр...». Оҕонньор хараҕын симэн олорбохтоото. «Кэргэним биир күн үлэтиттэн сылайан сытта, кыыһым пианиноҕа оонньуур. Мин «ылааҥы күн турда, киэһэ таһырдьа хаама тахсыахха» диэн тыл көтөхтүм. Кэргэним сылайа да сыттар, этиибиттэн сүргэтэ көтөҕүлүннэ. Кыыһым пианиноҕа оонньуурун тохтотон, үөрэн ыстаҥалыы-ыстаҥалыы, кыһыл өҥнөөх халтан сонун кэтэ сүүрдэ. Сиэркилэ иннигэр туран, уоһун толлоччу тутта-тутта тимэхтэнэ турарын көрөн, сырылаччы сыллаан ыллым. Мип-минньигэс сыта, сымнаҕас иэдэсчээннэрэ... Ити кэннэ күһүҥҥү
нуһараҥ киэһэ хаамсан истэхпитинэ, хантан да биллибэккэ массыына тахсан кэллэ...». Оҕонньор куолаһа титиристээтэ, хараҕын симнэ. Мин куһаҕан буолбутун истэрбин билэн, хайдах буолуохпун билбэккэ олордум. «Оҕом кыһыл халтан соно уонна хаан... Ким эрэ ытыыра-айманара иһиллэр, ол быыһыгар бээһиҥкэм тимэҕэ суолга түспүтүн өйдөөн эрэ хаалбытым. Кыыспын илдьэ барбыттарын кэннэ, иирбит курдук тимэхпин көрдөөбүтүм. Булбатаҕым. Тимэҕим сүппүтүн курдук, оҕом ол күн суох буолбута, дьолум сүппүтэ... Ити көстүүнү хаһан да умнубаппын. Ол суоппары мин көрдүү да сатаабатаҕым. Саамай сүрүн дьолум сүттэҕэ, ол кэннэ тугу эрэ быһаарсар, тугу эрэ ырытар туохха нааданый... Таҥара баар буоллаҕына, барытын көрө олордоҕо» диэт бэйэтин кытта бэйэтэ дуу, атын, туора киһилиин кэпсэтэр дуу курдук үөһэ көрө-көрө кыйаханна, онтон турардыы бэлэмнэннэ. «Чэ, абааһы оҕонньоро тоҕо эмиэ куһаҕаны кэпсээтэхпиний? Быһылаан кэннэ, кэргэним аҕыйах сыл буолаат, ыалдьыбыта, ууһаабатаҕа. Ол кэннэ айах атан эйигинниин эрэ кэпсэттим ээ, быһыыта. Кыыспар майгыннаппытым...» диэт дьиэтин диэки хаама турда. Мин ол курдук биир тылы быктарбатым. Бу түгэн кэннэ хас да хонук ааспыта, оҕонньор эмиэ мичээрдээн до­роо­болоһор. Туох да буолбатаҕын кэриэтэ. Киэһэ ахсын «сүппүт дьолун» туһунан тахсан ыллыыр. Кэлин даачабытыгар ыалдьыттата ыҥырбыппыт. Оҕолорбун кытары олус тапсар, кэпсээн арааһын кэпсиир. Биир күн ыалдьыттаан баран дьиэтигэр хоҥноору туран, бээһиҥкэтин көрдөөтө. Онтукабыт кырдьаҕас эбэбит булан ылбыт уонна тимэҕэ суох таҥас сытарын көрөн, тигэн биэрбит. Итини көрөн, оҕонньор сырдаабычча, сылайбыт хараҕа сэниэлэммиччэ буолла. Хараҕа эрэ үөрэр. Ол курдук бээһиҥкэтин кэппэккэ даҕаны, илиитигэр тутан тахсан барбыта. Сардаҥа Борисова сурукка тистэ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан