Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьээбэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьээбэ
K
kyym.ru сайтан
Көр-күлүү
01.04.2021 15:25
Вампир Биһиги тэрилтэбит – кыра ычалаах киһи кыттыспат хабыр дойдута. Тутуунан-эргиэнинэн дьарыктанар чааһынай тэрилтэҕэ үлэлиибит. Дьокуускай куорат кытыытыгар, «Бүлүү трагар» базаланан олоробут. Үлэ аҕырымныы түһэр кэмигэр уонча эр бэрдэ биир дьиэҕэ симиллэн олорон араас дьээбэни-хообону барытын оҥоробут: арыгылыыбыт, харчыга хаартылыыбыт, тустан тиниктэһэбит, туох түбэһэринэн дайбаһан дуолан охсуһуулары тэрийэбит, быһаҕынан истиэнэни тамныыбыт, ытырыык ыппытын бэйэ бэйэбитигэр киксэрсэн ытыттара оонньуубут, туосапканан төбөбүт үөһэ испиискэ хоруопкатын уурса-уурса сыал ытан күрэхтэһэбит... Сотору-сотору атын тэрилтэлэри кытта «разборкалаһа» барабыт. Уопсайынан, олус бэһиэлэйдик олорбуппут. Биһиги куоракка туспа дьиэлээх-уоттаах эбит буоллахпытына, базабыт харабыла Дьөгүөр диэн 50-чалаах киһи манна бастайааннайдык олорор. Тугу да гынара суох буолан уһун күнү-түүнү быһа биидьик көрөр. «Ужас» киинэлэри олус сөбүлүүр. Аан дойду араас вампирдарын, дракулаларын, абааһыларын, монстрдарын-мутаннарын, анакондаларын-годзиллаларын барыларын нойосуус билэттиир. Биирдэ үлэбитигэр кини «ужастарыттан» сылтаан улахан айдаан буолла. Тэрилтэбит салайааччыта Дьөгүөр Көстөкүүнэбис лаппа иһэр этэ. Сотору-сотору икки Дьөгүөр – табаарыстыылар — базаҕа хаалан түүнү быһа арыгылыыллар. Онтулара мэлдьи охсуһуунан түмүктэнэр. Дьөгүөр Көстөкүүнэбис «тэрилтэ генеральнай дириэктэрэбин», «бэрэсидьиэммин» эҥин дии-дии остуолу охсуолуур, араастаан киэбирэр, хамаандалыы сатыыр, оттон харабыл Дьөгүөр туох да иһин иннин биэрбэт. Охсуһууга харабыл Дьөгүөр мэлдьи кыайтарар быһыылаах, уҥа-хаҥас харахтара солбуһа сылдьан көҕөрөллөр, онон мэлдьи кэриэтэ хара ачыкылаах сылдьар. Биирдэ кыһын ортото дьоммут холуочук олорон «сүрэ бэрт, наһаа элбэхтик охсуһабыт, аны илиибитинэн охсуспат гына андаҕайыах» диэн дуогабар түһэристилэр. Бүргэһи хабахха хаайбаккын. Биирдэ эмиэ арыгылаан баран иирсибиттэр. Бу иннинэ «илиибитинэн охсуспаппыт» диэн дуогабардарын өйдүүр дьон бу сырыыга тустан барбыттар. Салайааччы Дьөгүөр киһитин булгу сөрөөн түһэрээт, охсор кыаҕа суох буолан, киһитин сирэйигэр тииһинэн түһэн хадьырыйан, ойута ыстаан барбыт. Аллара сирэйэ хадьырыйылла сытар, олус арыгылаан «биэлэй гэрээчикэ» таһымыгар чугаһаан сылдьар харабыл Дьөгүөр санаатыгар улахан «арыйыы» чаҕылҕан курдук күлүм гыммыт: «Иэдээн! Бу киһибит вампир эбит!!!» Оннук ынырык сонуну билбит киһи күүһүгэр күүс эбиллэн, тоҕо тууллайан дириэктэрин үрдүгэр тахсыбыт. Муоста харбыыр сиппиир угунан киһитин түөһүн-иһин дьөлө анньа сатаабыт («тэтиҥ тоһоҕонон» дьөлө анньан вампиры «уоскутуом» дии санаатаҕа). Дьолго, кыайан батары анньыбатах. Ол кэнниттэн маһынан иһин-үөһүн көҥүтэ астаран утарылаһар кыаҕыттан ааспыт киһини кыладыапкаҕа соһон киллэрбит уонна ааны таһыттан кириэстии мас хаптаһыннарынан саайан хам хараҕалаан кэбиспит. Дьиэ таһыгар баар түннүктэри эмиэ оннук саайталаабыт, чугас баар түүҥҥү маҕаһыынтан чеснок бөҕөтүн атыылаһан аҕалан тула ыйаталаабыт (чесногу вампирдар сөбүлээбэттэр үһү). Биир ыйга тиийиэхтээх саппаас харчыбытыгар барытыгар, дьааһык аҥаара чесногу ылбыт этэ. Быһата, вампиры ханна да куоппат гына хаайаары уһун түүнү быһа үлэ-хамнас бөҕө күөстүү оргуйбут. Ол дьаабыланан баран сарсыарданан мас кириэһи туппутунан олорон утуйан хаалбыт этэ. Сарсыныгар кэлэн соһуйуу бөҕөнү соһуйбуппут. Ити кэнниттэн дьоммут иккиэн арыгыларын эмтэтэн өссө хас да сылы быһа ситиһиилээхтик үлэлээбиппит.
Тэрилтэбит моҥкурууттуор, Дьөгүөр Көстөкүүнэбис дьыалаҕа эриллэн сууттаныар диэри... Николай Константинов. Сопхуос хотонугар Сопхуоска үлэлии сылдьыбыттааҕым. Хотоҥҥо. Кыһын сүөһү иигэ, ол-бу уу-хаар тохтубута хотону барытын олоччу былдьаан хотоммут иһэ, муостата барыта күөгэҥнэс уу буолан дьалкыҥныыр. «Уу» да диэхтээн, сүөһү иигэ-сааҕа барыта булкуллубутуттан үөскээбит хааһы курдук амырыын убаҕас. Отделение салалтата субу-субу кэлэн бэрэбиэркэлиир. Ол аайы мэлдьи «сүөһү көрөөччүлэр сүрэҕэлдьээн ууларын баспаттар» диэн буолар. Мин, оччолорго уон аҕыстаах эдэр оҕо, күҥҥэ хастыы да чаас солуурунан ынах иигин баһан таска таһаарабын да – уу көҕүрээбэт. Хас да сүүс сүөһү турар хотонун уутун барытын баһан таһааран хотону куурдар кыаҕым, биллэн турар, суох. Миигиттэн атын ким да баспат. Мааны Бааска диэн чэнчиһинэн-чэбэринэн бар дьон кэпсэлигэр киирбит биригэдьиир ордук наһаалыыр. Аахсыбат, сыппах диэн ала чуо миигин кэлэн буулуур. Үйэлэрин тухары сүөһүнү кытта тустан майгылара-сигилилэрэ алдьаммыт, кырыктаах кырдьаҕас дайаарка эмээхситтэр кинини чыыбырҕаппаттар. Кыс ортотугар диэри тулуйа сатаан баран, бэнидиэнньик сарсыарда (ити кэмҥэ сопхуос хонтуоратыгар планеркалара бүтэр) кини дыгыйан кэлиэхтээх далаһа маһын тоһутан баран самсыы тутан айа ииттим. Далаһа анна ынах иигиттэн-сааҕыттан састааптаах чөҥөрө чүөмпэ, өлүү дьуоҕата. Бааска болдьохтоох кэмигэр атын кимиэхэ да аралдьыйбакка кыайар киһитигэр сыыр намыһахтыы мин диэки сорунуулаах баҕайытык хааман дыралдьыйан иһэрин хотон иһинээҕи борук-сорукка көрөн аһардым. Хараҥа хотоҥҥо киһи илиитин иминэн эрэ кэриэтэ сирдэтэн хаамар этэ. Көрбөтөҕө буола-буола хотон сааҕын күрдьэ турдахпына, эрдэттэн бэлэмнэммит мас төлө барар тыаһа «тилигир» гынарын кытта киһи сымыйанан кэпсиирин курдук тыас «күр-бар» гына түстэ. Бу сидьиҥ дьуоҕаҕа түспүт киһи кулуннуу мөхсөн тилигирэйэр баламат тыаһыттан хотон сүөһүтэ бары соһуйан сүһүөҕэр турда. Курданарыгар диэри ынах иигин-сааҕын хааһытыгар түһэн баран өлөрүнэн мөхсө, үөхсэ сылдьар киһини ойбоҥҥо түспүт борооскуну курдук таска ньылбы соһон тирилэтэн таһаардым. Оо, таҥас-сап, сирэй-харах! Киһи чугаһыах буолбатах... Куһаҕантан киһи да күлэр ээ, ити ыйга буолбут сопхуос передовиктарын мунньаҕар «кыһамньылаах үлэм» иһин кыраамата сурук ылбыттааҕым. Ону Мааны Баасканы быыһаабыт хорсун быһыым иһин буоллаҕа диэн сэрэйэбин. Ол иннинэ мин «кыһамньылаах үлэбэр» ким да болҕомтотун уурбат этэ. Спортсмен оҕонньор Кый ыраах Ыылаах үрэҕэр сытар «полумех» диэн аатырар звено отчуттарыгар дэриэбинэттэн дьонноро ыһык, тыраахтар сапчааһа ыыппыттар. Айаннаан кэлбит тыраахтардара отчуттар сытар лааҕырдарыгар «суола куһаҕан» диэн үс биэрэстэ кыайан тиийбэккэ аараттан төннүбүт. Инньэ гынан, тыраахтарынан кэлсибит түөрт киһи таһаҕастарын эт санныларыгар сүгэн дьонноругар сатыы барар буолбуттар. Эдэр уолаттар «кырдьаҕас киһи быһыытынан эн бу кыра куулу сүк» диэн Ыстапаан Тиитэп диэн ааттаах 60-чалаах кыра, дьарамай оҕонньорго сүгэр таһаҕаһын ыйан биэрбиттэр уонна бэйэлэрэ сүгэһэрдэрин ыадаччы сүкпүтүнэн тыа быыһыгар киирэн бадараан, дулҕа быыһынан ньохчоҥноһо турбуттар. Ыстапаан куулу тардыалаан көрөөт «тоҕо ыараханай, бу абааһылар сапчаастарын барытын манна симпиттэр эбит»
диэн сибигинэйэн баран, быстыа дуо, бэрт эрэйинэн куулун ньохчоччу сүгэн баран таһаҕаһа хачайданарын хоту тэмтээкэйдии-тэмтээкэйдии дьонун кэнниттэн бара турбут... Звено түһэ сытар сиригэр тиийэн, сүгэн аҕалбыт «сапчааһын» көрөн баран Ыстапаан адьас улаханнык кыыһырбыта. Бииргэ оттуур дьоно бары көмөлөөн уоскутуохтарыгар дылы. Звенолар Бөҕө Даадай диэн көр-күлүү курдук ааттыыр доп-доруобай, бухатыырдыы моһуоннаах эрээри солуута суох уоллара эрчиллээри, сакаастаһыы бөҕөтүнэн, дэриэбинэттэн 32 уонна 16 киилэлээх икки гиирэни, маны тэҥэ биирдии киилэлээх икки гантелы, уопсайа 50 киилэлээх таһаҕаһы ыыттарбытын барытын Ыстапаан эрэйдээх үс биэрэстэни быһа сүгэн илдьэ тиийбит эбит. Гиирэ анньыытыгар оройуон чөмпүйүөнэ, сэнтиниэртэн тахса ыйааһыннаах Бөҕө Даадай күһүн от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, били, гиирэлэрин тыраахтар тохтуур сиригэр кыайан тиэрдибэккэ быста сылайан аара быраҕаттаабыт диэбиттэрэ. Эдэр дьон диэхтээн, ньыгыл күүс, силлибэт иҥиир кырдьаҕас дьоҥҥо баар буолар эбит этэ. Үлэ көрдөспүттээҕим 90-с сыллар ортолоругар Дьокуускай куоракка үлэни булуу олус ыарыы сылдьыбытын дьон өйдүүр буолуохтаахтар. Ол саҕана үлэ-хамнас барыта дьиикэй ырыынак, билсии-көрсүү эрэ таһымынан барар этэ. Үөрэхпин саҥа бүтэрбит уол үлэ көрдөөн тигинэттим. Тэрилтэ ааттааҕы барытын кэрийдим да — үлэ суох. СГУну «кыһыл» дипломунан бүтэрбит ааттаах киһиэхэ куруусчут да үлэтэ көстүбэт. Биир улахан тэрилтэҕэ (СГУ медфагын таһыгар, Кулаковскай уулуссатыгар баар улахан тэрилтэ этэ) үлэ кэпсэтэ кэллим. Моральнай көмөҕө диэн СГУ-га бииргэ үөрэммит икки табаарыһым: уоллаах кыыс кэлистилэр. Бөлүүнү быһа утуйбакка кууруһунан бырааһынньыктаабыт буоламмыт доҕор уолум Миисэ кур холуочук. Тэрилтэ айаҕар эркиҥҥэ өйөнөн балай эмэ турбахтаатыбыт. Киирэрим саҕана Мааһыҥка олус долгутуулаахтык «чэ, кытаат» диэн баран иэдэспиттэн уураата, Миисэ үөннээх баҕайытык мичээрдии-мичээрдии кууспахалаан ылла. Мин сулбу-халбы хааман иһирдьэ киирдим. Бу тэрилтэҕэ ханнык да үлэҕэ киирэр киһини барытын тест толорторон, психолог нөҥүө эрэ аһараллар диэн эрдэттэн билэбин. Тэрилтэ психолога миигин хаһааҥҥыттан эрэ хаан өстөөҕүн көрбүт курдук быһа татыаккаланан, түүрэйдээбитинэн-мөхпүтүнэн көрүстэ. Оччолорго аан-бастаан көрөр көмпүүтэрбэр туох эрэ теһин толортордулар, анкета суруйдум, утары көрөн олорон ыйыталастылар. Киһи барыта миигин сэнээбиттии ымаҥныырын, күлүү-элэк гынардыы сыһыаннааҕын, кэннибиттэн аһаҕастык күлэллэрин адьас улаханнык атыҥыраатым. Бэйэбин Суорун Омоллоон «Бэйэтэ эмтиэкэтинии» сананным, дуу-даа буоллум. Ол курдук, ханнык эрэ суох дьону эҥин күүтэн чаас аҥаара маахайдаммытым кэннэ, психолог дьахтар туох да үгүс кэпсэтиһиитэ суох «үлэҕэ ылыллыбаккын!» диэн үүрэн кэриэтэ таһаарда. Дьиҥинэн, тиэһим түмүгэ эҥин кэлин биллиэхтээх этэ. Тахсан истэхпинэ биир эдэр кыыс күлэ-күлэ кэлэн көхсүбэр уруучуканан адаарыччы «ЛОХ» диэн суруктаах тэтэрээт лииһэ сыһыарылла сылдьарын ылан улаханнык соһутта. Чаас аҥаарын быһа тэрилтэ иһигэр булкулла сырыттахпына ким да «көхсүгэр суруктааххын» диэн эппэтэх. Били Миисэ баҕайы дьаабыламмыт. Тахсан баран көрүдүөргэ турар сиэркилэҕэ көрүнэн баран өссө улаханнык соһуйдум: сирэйбэр бэллэччи кып-кыһыл помада суола ырылыйан көстөр. Ыас-хара, санаабар олус «эффектээхтик» көстөн былааһы ылыахтаах,
үлэҕэ киллэриэхтээх бинсээгим уҥа эҥээрэ, санна барыта муус-маҥан испиэскэ, омунугар, баттахпар кытта биһиллибит. Били киирээри туран испиэскэлээх истиэнэҕэ суунаҕалаан баран билбэтэхпин. Быһата, тас мөссүөммүн болҕойон көрөн баран «үлэҕэ саамай сөпкө ылбатахтар» диэн түмүккэ кэлбитим. Итинник дьүһүннээх киси хайа аанньа үлэһит буолуой! Кыбыстан тута куотар аакка бардым. Оччолорго Миисэлээххэ улаханнык кыыһырбытым эрээри, билигин кууруһунан көрсүһүү буолла да ону саныы-саныы быарбытын тыыттабыт. Бэрт баҕайы.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан