Кэпсээ
Войти Регистрация

Күллэринньик

Главная / Кэпсээн арааһа / Күллэринньик

K
kyym.ru сайтан Көр-күлүү
01.04.2019 17:02
Бүгүн, муус устар 1 күнэ – көр-күлүү күнэ. Кыра оҕолор ону-маны саҥаран дьоннорун күллэрбит түгэннэрин ааҕан, күлүҥ-үөрүҥ, үйэҕитин уһатыҥ! Оҕо көрдөөбүт Улахан уолум хас да сыл быраат көрдүүбүтэ. Биирдэ дьон ортотугар улахан баҕайытык (соруйан быһыылаах этэ): “Ийээ, мин эйигиттэн төһө өр оҕо көрдөстүм, атын тетялар син төрүүллэр дии. Ону эн сатаабаккын дуо?”, – диэн дьону күллэрэн турардаах. Модница Кыра кыыһым 3 саастааҕар курдаах уһун кыһыҥҥы сонун кэтэн баран, хааман истэҕинэ утары иһэр эмээхсин тохтоон туран көрдө уонна эттэ: “Айабыын, билиҥҥи оҕолор кыйбаҥнаан хаамар буолан төрүүллэр эбит дуу” диэтэ. Өйдөөн көрбүтүм, кыыһым манекенщица курдук хааман иһэр эбит. Тэлэбиисэртэн көрөн үөрэннэ ини. Сырдыы сатаабыт Куораттан кыра племяннигым уол сайылыы кэлбитэ, хара бэйэтэ сайн өссө хараарда. Ол иһин, мин киниттэн арыый сырдык киһи “маҕаҥҥын” дэттэрээри ыйытабын: “Эдьиий маҥан дуу, хара дуу?”. Онуоха киһим: “коричневайгын” диэтэ. Нууччаһыт Улахан кыыһым оптуобуһунан айаннаан иһэн, нуучча киһитигэр кэпсиир: “Дядя, дядя это түннүк” – диир. Ону ол киһи: “Что, что девочка?” диэн ыйытта, онуоха кыыспыт: “Дурак, это же окно”. Быт сиэбит Оҕобор этэбин: “Суумматаххына быттар баттаххын сиэн кэбиһиэхтэрэ, тараҕай буолуоҥ”. Онуоха киһим: “Ийээ, оччоҕо эһээ баттаҕын быттар сиэбиттэр дуо?” диэтэ. Албынчык Эбээтэ дьээбэлээн сиэниттэн ыйытар: - Бу ким горсуокка каакалаата? Онуоха кырачаан: - Мин буолбатах. - Эмээскэҕин ким соппутай? - Эдьиий соппута. Биллэн хаалла. Сааһын умнубут Уолбут 3 саастааҕар эбээтинээн маҕаһыыҥҥа килиэп ыла барбыттар. Атыыһыттар уолтан ыйыталлар: - Хас саастааххыный? - Биэс. - 5 саастаах киһиэхэ кыра киһи эбиккин. - Ээ, оччоҕо үс этэ дуу? Эһиги килиэп биэрэҕит дуу, суох дуу? Атыыһыттар күлсэн тоҕо барбыттар. Улахан тэлэбиисэр Оҕобутун аан маҥнай киинэ тыйаатырыгар мультик көрдөрө илдьэ бардыбыт. Мультигын саҥардыы көрөн иһэн чахчы улаханнык саллыбыт куолаһынан: “Улахан да тэлэбиисэ-э-э-р!” диэтэ. Биһиги күлэн быара суох сыттыбыт. Улахан куукуна Эбээбит үбүлүөйэ буолла. Кулууп дьиэтин саалатыгар үс эрээтинэн уһун остуолларга ас хотойорунан тардыллыбыт. Кыыспыт ону көрөн баран хараҕа төгүрүйэн хаалла, уонна : “Улахан да куукуна-а-а-а!” . Таас кыбартыыратын куукунатын кытары тэҥнээтэҕэ ол. Шоу Кыыспыт таһырдьаттан улахан уолаттары кытары этиһэн киирдэ. Эбээтигэр үҥүстэ. Онуоха эбээбит таһырдьа тахсаары туран: “Хайдах буолбут оҕолоруй, билигин тахсан мөҕөттүөм”, – диэтэ уонна тахсан барда. Кыыһым миэхэ сүүрэн кэллэ уонна: “Аҕаа, болкуоҥҥа тахсыахха, билигин шоу буолуоҕа”, – диэн саайда. Русалочка Кыра бырааппыттан “Русалочка диэн мультигы көрбүтүҥ дуо?” диэн ыйыппыппар, толкуйдуу түһэн баран “Аа, били лифчиктаах кыыһы этэҕин дуо?” диэн соһутта. Ыйбаныаба Кыыһым бастакы кылааска саҥа киирбит кэмэ этэ. Биир үтүө күн буукубаларынан араспаанньа таайса олордубут. Кыыһым ыйытар: - Бастакы буукубата “Й”, кэнникитэ “А”. Мин оннук араспаанньа суох диибин. Онуоха этэр:
- Мин билэбин ээ. Ыйбаныаба ! Суох ! Урут оҕо сылдьан уһуйааҥҥа сырыттахпына иитээччи дьахтар: “Бу кыыс аһаан баран баһыыбалаабакка остуолтан туран баран эрэр” диэбитигэр, “Баһыыба суох” диир үһүбүн. Эһээ баттаҕа Козаларбыт мас саһааныгар тарбаммыттара онно түүлэрэ хаалан маҥхайан көстөрө. Ону кыра балтыбыттан ыйытабын: “Бу туох түүтэй?” диэн. Ону кыыһым: “Эһээ баттаҕа дии!”. Кырдьык даҕаны, өйдөөн көрбүппүт эһээбит баттаҕа муус-маҥан эбит, коза түүтүн курдук. Ыт оҕото Ыт оҕото иитэ ылбыппыт. Оҕобунаан ыттар туһунан киинэ көрө олоробут. Онно биир ыты туора киһи киирдэҕинэ үрдүгэр ыстанар гына үөрэтэллэр. Ону мин эттим: “Биһиги ыппытым эмиэ итинник үөрэтиэхпит”. Онуоха кыыһым оронун анныттан кып-кыра ытын оҕотун сарылаппытынан ороон таһаарда уонна күүһүнэн тэлэбиисэри көрдөрө сатыыр. Дьэ, буолар да эбит...
kyym.ru сайтан