Кэпсээ
Войти
Регистрация
Тугун баҕайытай...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Тугун баҕайытай...
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
10.05.2024 14:22
Нааста имэҥнээх таптала өйбүн көтүтэн кэбиспитэ. Сүүрбэ биир саастаах ыччат отут түөрт саастаах дьахтарга хараарчы иирэ сыспытым. Куба маҥан илиитинэн кууспахалыыра, уйан «туочукаларбынан» көҥүл күүлэйдиирэ, Орто дойдуну долуой умнар гына уоспуттан омуннаахтык ууруура өйбүттэн ааһан-арахсан биэрбэтэҕэ. Мин өссө тууһугуран, тапталлаахпын кытта (хайа икки ардыгар итиччэ «тапталлаах» оҥосто охсубутум буолла – бэйэм да билбэппин) итинник хаарыаннаах түгэни хаттаан эргитиэхпин баҕарбытым. Дьиҥэр, Нааста – хайа эрэ оройуонтан сылдьар саҥас киһим – кыра бөһүөлэк иһигэр соҕотохсуйан, эр киһини да суохтаан буолуон сөп, миигин кытта таптастаҕа. Кыратык даҕаны «холбоспоппут дуо?», «кыыспар аҕа буолуоҥ дуо?» диэн үтэн-анньан көрбөтөҕө. Онон быстах кэмҥэ икки өттүттэн туох да эбэһээтэлистибэтэ суох имэҥ-дьалыҥ чүөмпэтигэр умсаахтыы оонньообуппут, тыын ыла-ыла тимиртэлээн-күөрэйтэлээн астыммыппыт. Мин баҕас уопуттаах дьахтар илиитигэр киирэн, таптал куукулата да буоллум ини: туохтан да симиттибэккэ, таптаабытынан тутар-хабар этэ. Ол аайы мин уҥа-таала барарым. Сол биир түүн иһигэр өйбүттэн тахсыбат гына күүскэ таптаабыт курдук турукка киирбитим, быһата, олус ылларбытым. Ол эрээри ити кэмтэн ыла Нааста чугаһатар санаата суоҕа. Үлэм быыһыгар хаар күрдьэ, мас хайыта, кыстыы тахсарым да, чугаһатыах быһыыта суоҕа, эгэ, уруккутун курдук чэйдэтиэ баара дуо. Туохтан оннук санааламмытын ким билиэй. Баҕар, төрөппүттэрим ол түүн Наастаҕа хоммуппун билэн баран, туох эрэ диэтэхтэрэ буолуо. Кырдьык даҕаны, күнүһүөрү тэлигириэйкэлээх эрэ тахсыбыт киһи сарсыарданан дьиэтин булара ийэлээх аҕабар соччото суох санааны үөскэттэҕэ. Саҥаһым аахха саһаан туруора сылдьарбын түннүгүнэн көрдөхтөрө, онон киниэхэ хоммуппун биллэхтэрэ. Дьонум, били, аармыйаҕа икки сыл сулууспалаан этэҥҥэ эргиллибиппэр үөрүүлэрэ сүрдээх эбит буоллаҕына, саҥаспар хоммут түүнүм кэнниттэн сыһыаннара тосту уларыйбыта. Инньэ гынан аны саас үөрэххэ туттарса барар туһунан санаталыыр буолбутум. Ол эрээри Наастаҕа иҥээҥнии сатаан, киһи аатыттан ааспытым быһыылааҕа. Кулуупка ииндийэлэр киинэлэригэр, бырааһынньыкка кэлиэ диэн эрэҥкэдийэрим да, төрүт кэлбэт этэ. Хата, ол оннугар былырыын оскуоланы бүтэрбит кыргыттар (мин миэркэбинэн, алын кылааска үөрэммит буолла да – кыра оҕо) чугасаһа сатыыллара. Биирдэ хайа эрэ биэчэргэ Сибиэтэ диэн кыыс аттыбыттан арахпатаҕа, «Белый вальс» диэн буолла да, миигин хаба тардан ылара. Миигиттэн икки хас сыл алын кылааска үөрэммит буолан, оҕорҕото, сэнии саныырым. Ол эрээри сааһыары уонна таһырдьа сылаас буолан, үҥкүү кэнниттэн күүлэйдээбиппит. Бөһүөлэк уһугар баар пиэрмэҕэ – «Кыһыл муннукка» тиийэн кэлбиппит. Бу дьиэ хатааһына суоҕа. Онно киирэн уураспыппыт, өссө хаптаһын наараҕа сыппыппыт баара... Ол эрээри онон бүппүппүт – эр киһи икки дьахтар икки таласханнаах сыһыаннарыгар киирбэтэхпит. Арааһа, ол мин «актыыбынаһым» мөлтөҕүттэн буолуон сөп: наар Наастаны саныырым, Сибиэтэни киниэхэ тэҥниирим. Кырдьык, Сибиэтэ эрэйдээх дьүһүннүүн да бүрэ, хатыҥыра-дьарамайа биир оччо, уураһара да киһини көҕүппэт. Ол гынан баран миигин кытта наараҕа сытан ылбытыттан олус долгуйбута, үөрбүтэ, чахчы, биллэр этэ. Салгыы тутан-хабан, сыгынньахтаан киирэн барбытым буоллар, утарылаһыа суох этэ диэн бүтэйдии сэрэйбитим. Саас сопхуоска оробуочайдаан бүппүтүм уонна Дьокуускайга үөрэххэ туттарса айаннаабытым. Дьонум аах чэпчээбиттии, өрө тыынан эрэ кэбиспиттэрэ быһыылааҕа. Өрүскэ тырамбаай кэтэһэ киирэн иһэн (сайын оройуон киинигэр тырамбаай эрэ сылдьара) Наастаҕа таарыйбытым – дьиэҕэ Ангела эрэ баара. Кыысчаан, сэрбэллэн туран, чох хара хараҕынан көрө-көрө, «маамам үлэтигэр сылдьар» дии хаалбыта. * * * Онтон ыла өрүскэ элбэх уу уһуннаҕа. Хаһааҥҥыта эрэ ыас хара баттаҕым кэрэмэстийэн ыраатта. Ол эрээри Наастаны кытта таптаспыппын хайа да күүстээх сүүрүк сайгыыр кыаҕа суох быһыылаах. Саҥаһым барахсан оччо үлүгэр үтүө өйдөбүлү хаалларбыт. Дойдубуттан тэйбитим ыраатта. Биирдэ дьоммун көрсө тиийэ сылдьыбытым – Наасталаах олорбут дьиэлэрэ ибис-иччитэх боруоран тураахтыыра. Дьонум «Дьокуускай диэки көһөн барбыттара ыраатта-аа» диэбиттэрэ. Буолумуна, туспа дойдуга тугу гына үйэтин моҥуу олоруоҕай. Баҕар, эргэ тахсыа, олоҕун хаттаан тэриниэ... Мин кэргэннэнэн, оҕолордонон, онтуларым борбуйдарын көтөҕөн, бэйэлэрэ туспа ыал буолан, быһата, сирдээҕи аналбын тук курдук толорбуттуу сананан сылдьабын. Биэс уон биирдээх киһи, эдэрбин диэм дуо?! Эмээхсиним бэйэбиттэн үс сыл аҕа. Дьүһүнүнэн Наастабар майгынныыр буолан, биир үксүн өйбүн онтунан сүүйдэҕэ. Ол эрээри «дьахтар эрдэ кырдьар» дииллэрэ кырдьык эбит: эмээхсиним орон чааһыгар «сойбута» ыраатта. Оттон мин кэм даҕаны ол отучча сыллааҕы отут түөрт саастаах Наастабын ахтан-санаан тахсабын. Биирдэ утатан, тымныы быырпаҕы омуннаахтык киллиргэтэн, ноорум бала ыарыйда – ускуорайынан түүннэри балыыһаланным. Өй-мэй барыталаабыппын эмчиттэр систиэмэ туруоран абыраатылар. Сарсыардалык, бэттэх кэлбиччэ, балаатабар баар түөрт ыарыһаҕы көрүтэлиибин, күө-дьаа кэпсэппитэ буолабын. Бары да биир кыһалҕаҕа ылларан сытар дьон эбиппит. Иккитэ килииһимэлээн, испин-үөспүн олоччу ыраастаан баран, аллараа этээскэ чинчийэ киллэрдилэр. Хоско киирбитим, үрүҥ таҥас сабыылаах остуол турар. Онно тахсан тобуктаан тур, ыстааҥҥын сулбурут диэбиттэрин тук курдук толордум. Эмчиттэрим мааскалаахтар, сирэйдэрэ көстүбэт. Ол эрээри биирдэстэрэ, түөрт уончалаах дьахтар, – кылаабынайдара, оттон лаппа аҕа саастааҕа сиэстэрэлэрэ эбиттэр. Миигин «кэннигин үөһэ таһаар, бэйэҥ сирэйгинэн, түөскүнэн остуолга ньахчайан сыт» диэтилэр. Кыбыста, эмиэ да куттана саныы-саныы, оннук «ньахчайан», тобуктаан турдахпына, быраас үөрүйэх баҕайытык бэрчээккилээх илиитин тугунан эрэ оҕунуохтаат, кэннибэр батары биэрэн баран, санаабар, олуйбахтаан ыларга дылы гынна. Онон сөп буолбата, аны туох эрэ тэрили симмитинэн барда. Ыарыыта бэрдиттэн туран кэлээри гыммыппын сиспин баттаан өссө күүскэ ньахчаттылар уонна ол тэриллэрин «һыых» диэхпэр дылы дириҥник киллэрдилэр. Ыксаан, көлөһүн-балаһын буолан эрдэхпинэ, «бүттэ-бүттэ» диэн уоскуттулар. Испэр «бу дьахталлар эр киһиэхэ өстүйбүттэрин миигинэн таһаараллар эбит, дьиҥнээхтик күүһүлээтилэр» диэн санаталаан аһардым. Бүтэн баран мааскаларын устубуттарыгар көрбүтүм – сиэстэрэ Наастам эбит! Оо, бу кырдьыбытын! Мин тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолан хааллым. Били, долгулдьугас хара баттаҕа туртайбытын кырааскалана сатаабыта сонно биллэр, тириитин мырчыстаҕаһа элбээбит. Бэл, уҥуохтуун кыччаабыт. Таах даҕаны, алта уон түөрдүгэр сылдьар буолуохтаах, миигиттэн уон үс сыл аҕа этэ. * * * Балыыһаттан тахсыбытым кэннэ, эмээхсиним кыра кыыһыгар – Москубаҕа айаннаабыта. Субсидиялаах билиэккэ түбэһэн, босхону эрэ үрдүнэн буоллаҕа. Биэнсийэтин бырайыаһын туһанан, улахан кыыһыгар – Санкт-Петербурга эмиэ тиийээччи. Итинник барара хайабытыгар да үчүгэй. Төһө эрэ кэмҥэ тэйсэ түстэххэ, учуонайдар этэллэринии, «актуальноспыт», «новизнабыт» дьэ киирэр. Биир күн Наастаҕа тиийбитим. Бааһынай ырыынагыттан чугас икки хостоох кыбартыыралааҕа. Били, мин бөһүөлэкпэр баар дьиэтигэр курдук кыбартыырата тып-тап хомуллуулааҕа. Ангелата тыл үөрэхтээҕэ, учуонай буолбут. Кэргэннэнэ сылдьан баран арахсыбыт, оҕото суох, үнүбэрсиэт таһынааҕы элбэх этээстээх дьиэҕэ олорор үһү. Нааста халадыынньыгар сыһыарыт хаартыскатын көрдөххө, Ангела үүт-үкчү ийэтин эдэр эрдэҕинээҕитин курдук дьүһүннээҕэ. Мин бу олорон, уруккуну-хойуккуну санаан, наар ол сыымайдааһыныгар бутуллар аакка барбытым. Нааста уруккута буолбатах: дьүһүнэ, быһыыта-таһаата лаппа уларыйбыт, биллэн турар, тупсар өттүгэр буолбатах. Бэл, саҥата кытта астыга суох, хайдах эрэ кураанах, хоччорхой, хоргуна суох миин курдук. Миигин наар эдэр киһигин диириттэн «чугаһатар санаата суох эбит» диэн санаталаан ылбытым. Аһа-үөлэ даҕаны, били, отучча сыллааҕытын курдук минньигэс буолбатах этэ. Дьиҥэр, остуолга ас арааһа тардыллыбыта эрээри, син биир туох эрэ тиийбэт курдуга. Сухуой арыгыны испиппит. Утуйар чаас кэлбитигэр, хата, киэҥ кырабаакка таҥас бэлэмнээн үөрдүбүтэ. Ол кэнниттэн бааннаҕа киирэн суун диэн баран, онно киллэрэн туох ханна баарын көрдөрбүтэ. Мин бааннаҕа иккиэн тэҥҥэ суунуохпут дии санаабытым да, онтум буолбатаҕа. Сууна олордохпуна, халааттаах эрэ киирэн көхсүбүн мачаалканан ньиккирийэ түспүтэ. Ол сууйа туран, үөһэ тыынан ылбытын бэлиэтии көрбүтүм. Бэйэтэ суунар уочарата кэлбитигэр «көхсүгүн аала киирэбин» диэбиппин кыккыраччы аккаастаабыта, инньэ гынан бэркэ дьиксиннэрбитэ. Кырабаакка сытан ону-маны кэпсэтэ түспүппүт. Онтон устунан арыый сыстыһан, уураһан-сыллаһан барбыппыт. Хараҥаҕа сытар буолан, фантазиям сүрдээх быһыылааҕа, били, өрдөөҕүнү санаан, адьас «кыырт» буолан хаалбытым. Онуоха Нааста уҕарытан «мин манныктан тэйэн хаалбыппын, сэрэнэн туохтаа» диэбитэ. Мин даҕаны бачча сааспар диэри алта уон түөртээх дьахтары кытта таптаһа илигим. Өйбөр да батан киирбэт этэ оннук санаа. Ол эрээри көрдөһүүтүн ылынан, өр сылларга ахта-саныы сылдьыбыт дьахтарым киэлитигэр олус сэрэнэн киирбитим. Уһаабатахпыт. Нааста «бүтүөх» диэбитигэр тохтообутум. Чочумча тохтуу түһэн баран, эмиэ саҕалаары гыммыппар буолумматаҕа. Санаам улаханнык түһэн, «бу Орто дойдуга туох барыта тоҕо маннык кэмчитик бэриллэр баҕайытай?» диэн муунтуйа сыттахпына, урукку имэҥнээх тапталым ыга сыстан уоспуттан өөр да өр уураабыта, ол кэнниттэн быраһаайдаһар киэбинэн тыҥаан аҕай сытар били туохпун бобута туппахтаан барбыта. Устунан аллара киирэн, суорҕан иһигэр ньимийэн хаалбыта... Тулуйбат буола тыҥаабытын-күүрбүтүн, саатар, итинник гынан манньытыым, уоскутуум диэбитэ быһыылааҕа... Сарсыарда дьиэбэр бараары туран халадыынньыкка тапталлаах Наастам үүт-маас куоппуйата – Ангела – мичилийэн түспүт хаартыскатын өйдөөн көрбүтүм. Кини хараҕар бэрт өрдөөҕүнү эргитии кыыма кыламнаан көстөрө... БУТУКАЙ. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан