Кэпсээ
Войти
Регистрация
Булт көрүдьүөстэрэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Булт көрүдьүөстэрэ
K
kyym.ru сайтан
Көр-күлүү
18.05.2018 17:26
– Мин саас, күһүн буоллар эрэ эр киһи сиэринэн кус абылаҥар ылларабын. Арай биирдэ, дьэ, маннык көрүдьүөстээх кустааһын буолан турардаах. Сааскы кус саҕана сайылыгым дьиэтигэр кыратык нуктуу түһэн бараммын “уу кэрийэ барыахха. Баҕар, биир эмэ үөр көҕөҥҥө түбэһэн дьоллонуом” диэн, саабын ылан, үрэх диэки хаама турдум. Толкуйдуу турбут... Юрий Стручков, Үөһээ Дьааҥы улууһун Боруулаах нэһилиэгин олохтооҕо, биэнсийэлээх: – Мин саас, күһүн буоллар эрэ эр киһи сиэринэн кус абылаҥар ылларабын. Арай биирдэ, дьэ, маннык көрүдьүөстээх кустааһын буолан турардаах. Сааскы кус саҕана сайылыгым дьиэтигэр кыратык нуктуу түһэн бараммын “уу кэрийэ барыахха. Баҕар, биир эмэ үөр көҕөҥҥө түбэһэн дьоллонуом” диэн, саабын ылан, үрэх диэки хаама турдум. Чугаһаан иһэн көрдөхпүнэ, доҕоор, 6 хаас субу иннибэр олорор! Бу дьолу! Хараҕым сүр кэҥээтэ, сүрэҕим күүскэ-күүскэ тэбэн ылла. Тыаһаабатарбын ханнык диэн, түргэн үлүгэрдик сүүрэн батыччахтаатым. Аны туран, саппыкым улаханын, ыараханын эриэхсит! Харахпар наар хаас аадаҥныыр буолан хаалбытын кэннэ, онтон иҥнэн туруом дуо. Саппыкыбын уҥа-хаҥас элитээт, тыбыс-тымныы ууга аҥаардас наскынан үөмтүм. Биир хааһы охтордум! Ойоҕолуу көтөн истэхтэринэ, өссө икки хааһы күөрэтэн түһэрдим. “Байаным биэрдэ!” диэн, үөрэ-үөрэбин саппыкыбын кэтээри гыммытым, наскым өҥө биллибэт буолуор диэри атаҕым бүтүннүү хаан баламах буолбут. Бэркэ соһуйдум. Хаастарбар үөмэр уххаммар буолан, маска хайа тардан кэбиспиппин букатын да билбэккэ хаалбыппын. Саппыкыбын кэппитим кэннэ, дьэ, ыарыыта биллэн барда. Били үөрбүт сирэйим ханна да суох буолла. Нэһиилэ сукуҥнаан, чугас турар дурдаҕа тиийдим. Ол икки ардыгар 4 хаас үрдүбүнэн көтөн, уҥуоргу биэрэккэ кэлэн түстүлэр. Хата, дурдаҕа табаарыс уолум олорор эбит. “Хайаа-аа, хаастар түспүттэрин көрдүҥ дуо-оо?” диэбитинэн, ааны тэлэйэ баттаатым. Киһим бүнүөкүлүнэн көрдө уонна: “Хастаа-аар! Хаастар! Барыахха!” – диэт, саатын кыбынаат, тахсан барда. Мин кыаҕым суох буолан, ити “дьолтон” маттым, бүнүөкүлүнэн маныырбар эрэ тиийдим. Уолум үрэххэ тиийдэ уонна өөр баҕайы кыҥаан баран ыппакка турда. “Бу сатана уола тоҕо ыппатый? Ыт-ыт!” – диэн мин өрө оргуйа олордум. Ол быыһыгар “тугун муодатай, саата эстибэтэ дуу...” дии саныыбын. Хаастара кини ытарын күүтэн туруохтара дуо, күлүү-элэк гыммыт курдук “эйэ дэмнээхтик” көтөн бара турдулар. Киһим кэннилэриттэн иккитэ ытта да, мэлийээхтээтэ. Уку-суку буолан, дурдаҕа төннөн кэллэ. “Тоҕо ыппатыҥ?” диэбиппэр киһим маннык эппиэттээтэ: “Ээ... ити! Ити буоллаҕына, кыҥыы туран толкуйдаан көрбүтүм: бу манан ыттахпына, биир куһум өлөр, оттон кэлин турааччыта ньаҕаччырар. Эрэйдээҕи... диэн аһына турдахпына, хаастарым көтөн таҕыстылар. Тугун эмиэ таах сибиэ толкуйдаан быһа сытыйбытым буоллар. Бу абаккатын!” – диэхтээтэ. Дьэ, бу курдук булка үөйбэтэх өттүттэн араас түгэн буолар. Аһыныы да ханна барыай?! Тэбэр сүрэхтээх, инчэҕэй эттээх дьон буоллахпыт... Мончууктары бултаабыт Дмитрий Эверстов, Үөһээ Дьааҥы, Табалаах, эдэр учуутал: – Аҕам саас дурдаҕа кус маныы олорбут. Ол
кэмҥэ аармыйаттан соторутааҕыта кэлбит Киэсэ диэн ааттаах эр бэрдэ сабыс-саҥа “Тоз” саатын кыҥаабытынан, куска үөмэр курдук кирийиэҕинэн-кирийэн баран, уу диэки хааман иһэр эбит. Хараҥаҕа балыйтаран буолуо, аҕам дурдатын көрбөтөх. Аҕам “кус суохха дылы дии. Туохха үөмтэ?” дии санаабыт. Онтон мончууктарын көрөн баран күлбүт, салгыы туох буоларын “сирэй-харах иччитэ” буолан кэтии олорбут. Киэсэ эр бэрдэ буоллаҕа, икки моонньоҕон мончуугун хоһулаан баран, ытан саайбыт. Аҕам ыраахтан туран эрэ “хайа, кускун таптыҥ дуо?” диэн ыйыппыт. Онуоха Киэсэбит эр бэрдэ буоллаҕа: “Таптыым!” – диэбит. Аҕам күлэригэр буолан, кыайан мөхпөккө хаалбыт. Ол “сырыы” кэнниттэн көрбүттэрэ хаппыт тэтиҥ маһыттан оҥорбут мончууктарыгар иккиэннэригэр 10-тан тахсалыы доруоп хатаммыт үһү. “Туруусук да абыраабатаҕа” Борис Лазарьев, Өлөөн Таймылыырыгар олорор, байанайдаах булчут: – Сайын биһиэхэ кыыл таба үгэннээн ааһар кэмэ баар. Ол кэми мүччү тутумаары, кыра бырааппыныын бултуу таҕыстыбыт. Быраатым оччолорго кыра – баара-суоҕа 8-с кылаас оҕото. Мин буоллар аармыйаттан саҥа кэлбит киһибин. Онон иккиэн да “оҕотук” соҕус булчуттарбыт. Быраатым үрэх диэки барда, утаакы буолбакка сүүрэн маҕыйан кэллэ, хараҕын күлтэччи көрбүт: “Уп-улахан атыыр кыыл үрэх биэрэгэр олорор” – диэн саайда! Мин, кыыл олорорун хаһан да үйэбэр харахтаан көрө илик киһи, өйбөр сүүнэ улахан атыыр кыыл бу ходьос гына олорорун ойуулаан көрдүм. Дьэ, киһи күлэр булчуттарабыт. Ол ходьойон “олорор” кыыл табабытын бултаабыппыт. Иккис түбэлтэни кусчуттарга анаан кэпсиим. Сотору кус үгэнэ буолуо турдаҕа... Урут биһиги куһу ууттан таһаарар ыттары анаан-минээн эрдэттэн бэлэмнээн иитэр үгэстэнэ сылдьыбыппыт. Нэһилиэкпитигэр биир дьээбэлээх-хооболоох булчут баара. Кини ууттан куһу таһаартарыам диэн, кыракый боруода тыһы ыты ииттэ. Саас ыттар иссиилэрин саҕана кини ыта “күннээн”, былааһы ылан турда. Кус таһаартарыам диэн, эрдэттэн үөрэтэн ииппит ытын атын ыттар “хаһаайынныыллара” дэлэ абаккалаах буолуо дуо?! Киһибит ытыгар туруусук тигэн кэтэртэ! Төрөөрү сылдьар буоллаҕына, кус таһааран бэрт. Ол туруусугу аҕыйах хонугунан атыыр ыттар тырыта-хайыта тыытан, “устубуттар” этэ. Дьэ, буолан да бэт! Айылҕаны хайдах да утары барбаккын. Ол туруусук кэтэ сылдьыбыт ыт билигин баар, кус таһааран көмөлөһөр. Быйыл эмиэ туруусук кэтээхтиирэ буолуо (күлэр). Көп сиригэр тэптэрбит булчут Олег Николаев, Бүлүү улууһун Хаҕын нэһилиэгин олохтооҕо, учуутал: – Бу көрдөөх түбэлтэ буолбута 20 хас сыл буолла. Оччолорго эдэрбит. Табаарыспыныын иккиэ буолан, үүтээҥҥэ хоно сытан кустуурга тэриннибит. Ол сахха билиҥҥи курдук хотуобай ботуруон суох. Буорах кутан, бэйэбит “оҥорор” буоларбыт. Күһүҥҥү киэһэ кус ыта тахсаары туран, буорахпытын куттубут. Туох миэркэтэ кэлиэй. “Бачча сөп буолуо...” дии-дии, кумааҕынан мээрэйдээбитэ буоллубут. Аны хараҥата диибин диэн. Туох да көстүбэт үлүгэрэ. Ол иһин чүмэчи уматынныбыт. Киһим чэй өрөбүн диэн таһырдьа таҕыста. Мин эмиэ киһим кэнниттэн наадабар таһырдьа ыстанным. Ааммын “лап” гына сүрдээх күүскэ сабааппын кытта,
сүрдээх күүстээх атахтаах киһи кэннибэр балайда ыарыылаахтык тэбэн саайда. Киһи буолаахтаан... Туох киһитэ кэлиэй? Чүмэчибит ааны сабарбытыгар буорахха сууллан түспүт. Хаһаанан аҕалбыт хоруопкалаах буорахпыт барыта эстэн хаалбыт. Хайыахпытый, “эмэһэҕэ тэптэрбит” сатамматах булчуттар дьиэбитигэр төнүннэхпит дии. Саата суох кусчут Алексей Гольдеров, фокусник, Дьокуускай куорат: – Дойдубар кустуу бардым. Сайылыкка барарга тэриннибит, бэрт ыксалынан хомуммута буоллубут. Айылҕаҕа сынньанан, дойдум ахтылҕанын таһаарыам диэн, көтөҕүллэн аҕай сылдьабын. Тиийэн ботуруоммун ииттээри гыммытым, пахай, саам суох! Ыксал буолан, ботуруоммун ылбыппын, оттон саамай наадалаах тэрилбин – саабын таһыччы умнан кэбиспиппин. Урут саатын умнан барбыт булчут баар диэни дьонтон иһиттэхпинэ, кэпсээҥҥэ аахтахпына, “хайдах оннук буолуоҕай! Бултуу бараары туран сааны хайдах умнуохха сөбүй?” диэн итэҕэйбэт этим. Ол бэйэм “саата суох булчут” буолан турардаахпын. “Түөрт саппыкы... Бары хаҥастар!” Миитэрэй Готовцев, Дьокуускай куоракка олорор, кырдьаҕас булчут: – Күһүөрү. Оттоон баран, кус көрүнэ барар буоллубут. Былдьаһыктаах күннэр үүнэннэр, үлэ дьоно тардыллан хааллыбыт. Дьиэбитигэр кэлэн, кыратык ас уобалыы түһээт, саабытын, саппыкыбытын сиирэ-халты харбанаат, массыынаҕа олорон ыһыырда турдубут. Кустуур сирбит син балайда тэйиччи. Тиийээт, сирбитин-уоппутун аһаттыбыт, халыҥ соммутун кэттибит, саабытын, ботуруоммутун тэриннибит. Онтон саппыкыбытын кэтээри гыммыппыт – табаарыспыныын иккиэн хаҥас өттүн ылан кэлбиппит! Саатар, иккиэн хаҥаһы харбаан ылбыппыт баар... Аны эбиитин “эмэһэҕэ тэп” диэбит курдук, биир уолбут эбэрэтэ сүрдээх улаханнык аннынан хайа баран хаалбыт. Ыксал быыһыгар ол “хайаҕаһы”көрөр кэлиэ дуо. Улахан саппыкыны икки тэҥ өттүн кэтэр букатын сатамньыта суох эбит. Инньэ гынан биир эрэ саппыкылаах кустаан турардаахпыт. Саппыкылаах киһибит кэлин “һуу-һуу” дэтэлиир этэ. Саатар, ол түүн кус хойуутук кэлбитэ. Мындыр ньыма Николай Иванов, Бүлүүттэн төрүттээх, эдэр үлэһит: – Дэриэбинэбититтэн ыраах 3 дуу, 4 дуу көстөөх сиргэ кустуу барар буоллубут. Күнү-күннүктээн хааман, сирбитин күн киириитэ кэмниэ кэнэҕэс, дьэ, буллубут. Мин 16-лаах, оттон уолаттарым 12-лээх саалаахтар. Хонон туран баран аһаатыбыт-сиэтибит, мончууктарбытын эбэҕэ киирэн үттүбүт. Сэһээккэбитигэр кэлэн, саабытын ииттээри гыммыппыт, уолаттарым үтүктүспүт курдук, иккиэн 16-лаах ботуруону уктан кэлбиттэр. Уолаттарым: “Дьэ, абаккалаах!” – дэһистилэр. Мин буоллаҕына, биирдэ “байа” түстүм, дьонум – соҕотохто “дьадайан” хааллылар. Төттөрү төннөр ырааҕа, айана эрэйэ бэрт. Хайыахпыт баарай, маннык толкуйдаатыбыт. Мин ыппыт ботуруонум тимирин быһан баран, 16-лаах саҥа ботуруоҥҥа быласымааһын кэтэрдэллэр. Ол ботуруонунан аны саа биирдэ эрэ эстэр. Ити курдук, бары көмөлөөн син бултуйдубут. Биир нэдиэлэ буолан баран дьиэбитигэр төнүннүбүт. Ыксаллаах кэмҥэ киһи эҥин-эҥини толкуйдуур эбит. Диана КЛЕПАНДИНА бэлэмнээтэ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан