Кэпсээ
Войти
Регистрация
"Куоратчыт" мүччүргэннээх сырыылара
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ "Куоратчыт" мүччүргэннээх сырыылара
K
kyym.ru сайтан
Көр-күлүү
20.04.2018 16:56
Киэҥ сир аата – киэҥ сир. Тыаһа-ууһа, киириитэ-тахсыыта, сүпсүлгэнэ... дьэ, кини эрэ! Оргуйан олорор... Тыа киһитэ барахсан куораты маҥнай көрөөт, «бачча үлүгэрдээх дойдуга, чахчы, тимир тириилээх эрэ дьон олорон эрдэхтэрэ буолуо» дии саныыр. Тимир тириилээх дьоҥҥо тэҥнээтэххэ, биһиги, тыалар барахсаттар, тириибит чараас бөҕө буоллаҕа. Билбэппит-көрбөппүт, сылдьа үөрүйэхпит суоҕа бэрт. Бүгүн мин сэргэхситэ таарыйа эһиэхэ, ааҕааччыларбар, саарбах «куоратчыт» мүччүргэннээх сырыыларын туһунан кэпсиим. «Тутан олорор суумкабытын сойбоппуттара...» «Билбэтчэйдэртэн» биирдэстэрэ мин дьүөгэм буолан турардаах. Биир үтүө күн сэргэхсийэ таарыйа диэн ааттаан «Киин» киинэ тыйаатырыгар дьүөгэтин кытта барбыт. Билиэт атыылаһан баран, саатар уу иһэн тамаҕы ханнарыахха дии санаан, аһыырга соруммуттар. Дьүөгэтэ суумкатын устуулун кэтэҕэр ыйаан кэбиспит. Мин киһим саҥа-иҥэ бөҕө. Күл да күл буолар үһү. Аһаан бүтэн, дьүөгэтэ суумкатын ылаары гыммыта – пахай, суох үһү. Ону бэрт наҕыл куолаһынан: «Суумкам ханна барбытыый?..» – диэн унаарытан саҥарбыт. «Ээ, дьээбэлэнэр! Хайа киһи ылыай... Мааҕыҥҥыттан быһа эйигин өрө мыҥаан олоробун, чугаһыы да сорумматахтара» диэн кыһамматах. Онтон дьүөгэтэ сирэйэ улам уларыйан барбыт. Дьэ, ыксал буолбут! Бэйэтэ да эргэ соҕус буоллар, хаарыаннаах суумка этэ диэн дьүөгэм сүтүгүн аһыйар. Сайын өрөмүөннээн өлөрбүт харчытын сыыһа, докумуона – барыта онно баара үһү. Түптэ-түрүлүөн үөһэ түһэн харабылга ыстаммыттар. Биидийэ хаамыраны көрө сатаабыттар да мөссүөннэрэ үчүгэйдик көстүбэтэх. Арай тэллэх саҕа улахан бакыаттаахтарын билбиттэр. Ол быыһыгар милииссийэлэргэ эрийэн «һуу-һаа» бөҕөнү түһэрбиттэр. Харабылы кытта аһыыр сир иһин кэрийэ сырыттахтарына, кэнники аанынан икки киһи киирэн кэлбит. Иккиэн быраас мааскатын тиирэ кэппиттэр, илиилэригэр улахан бакыаты кыбына сылдьаллар үһү. «Ити сылдьаллаа-аар! Туу-ут, тут диибин! Тут!» диэн дьүөгэм нуучча харабылыгар уу сахалыы хаһыытаан бытарыппыт. Кини хаһан өйдөнөн көрүөр диэри дьоно киин аанынан таһырдьа ыстаммыттар. Ити кэмҥэ, били, мааҕын ыҥырбыт милииссийэлэрэ дьэ кэлбиттэр. Эдэрдэр, сирэйдэрэ-харахтара турбута сүрдээх үһү. Туох буолбутун истэн баран, массыынаҕа дьылыс гынан хаалбыттар. Кыргыттар эмиэ «дьылыс» гыналларыгар эрэ тиийбит. «Тыы-ты, тыы-ты» диэн били тыаһыыр уоттарын холбоон кэбиспиттэр да элээрдэ турбуттар. Урут киинэҕэ көрөр бэйэлэрэ, аны бэйэлэрэ ол мүччүргэннээх сырыы дьоруойа буолбуттар. Син ону-маны кэрийтэлээбиттэр да уоруйахтар суоллара сойдоҕо дии. «Ити айылаах тыаһы истэн, куоппат да киһи куотууһу» дии-дии, дьүөгэм быарын тыытта-тыытта күлэр. Кэлин ол суумканы син булбуттар үһү. Уорааччылар – киргииһи кытта саха уола. Киргиис уолун ийэтэ дэлби ытаан-соҥоон суукка үҥсүбэтэхтэр, бэрт кыра ыстараап төлөттөрбүттэр. «Ити курдук тутан олорор суумкабытын сойбоппуттаахтар. Хас да сылы быһа итиннигинэн дьарыктаммыт «профессионаллар» буоллаҕа диэт, дьүөгэм мүчүк гынар. Дьэ, куоракка саҥа үктэммит оҕолор диэтэххэ, сытыылара-хотуулара сүрдээх эбит диэн сөҕөн эрэ кэбиһэҕин. «Умнубат гына «хааталаан» турардаахпын» Куттаммыт кыыс: – Күһүөрү. Халлаан саҥа тымныйан эрэр кэмэ. Сарсыҥҥы эксээмэммитигэр бэлэмнэнэ олоробут. Дьүөгэм эрийэн: «Миэхэ кэлиҥ, бары
бэлэмнэниэххэйиҥ», – диэтэ. Биһиги босхо аһаары, баран бөҕө буоллаҕа. Тиийбиппитигэр киһи ыы-быччары мустубут. Доҕоттоор, бырааһынньык атамаана буола турар эбит. Бары «хааталыы» кэлбиттэр! Биһиги хайыахпытый, баран-кэлэн оонньуур харчыбыт суох. Киирдибит. Айдаан-куйдаан бөҕө. Уолаттар охсуһан тиҥиргэһэн турдулар. Ол курдук мучумааннана сырыттахпытына, милииссийэлэр көтөн түстүлэр. Таайдахха, ыалларбыт ыҥырбыттар быһыылаах. Биһиги түгэх хоско киирэн, муостаҕа утуйбута буолан хааллыбыт. «Бу кыргыттар итирэн охтубуттар» дии санаатылар быһыылаах: үчүгэйдик тэбиэлээн турбатылар дуо?! Мин дэлби куттанным, ытаан сыҥсыйдым. «Айа даа, бүтүҥ! Биһиги туох да буруйбут суох. Уруок ааҕа кэлбиппит» диэхпин – итэҕэйэн бэрт. Хаайыыга тутан барыахтара, оччоҕо дьоммор кыыстара үөрэнэ тиийэн баран хаайыылаах буолбут үһү диэн кэпсиэхтэрэ; ийэлээх аҕабын аны хаһан да көрүөм суоҕа дии санааммын, олох хамсаабаппын. Дьонум таҕыстылар. Биһиги ыскаап иһигэр дьылыс гынан хааллыбыт. Дьэ, саһан оонньуу сылдьабыт. Сыппыппыт курдук сытыахтаах этибит буоллаҕа... Ууга-уокка түһэрбит милииссийэлэрбит: «Тарҕаһыҥ! Сотору өссө кэлиэхпит» диэт, тахсан бардылар. Чугас олорор бииргэ үөрэнэр кыыспытыгар хоно барарга сананныбыт. Ийэлээх аҕабын санаан, маккыраччы ытыыбын. Онтон уоскуйа быһыытыйабын, онтон эмиэ ытаан барабын. Тиийбиппитигэр кыыспыт: «Хоннорор кыаҕым суох. Тыаттан аймахтарбыт киирдилэр», – диэтэ. Биһиги хайыахпытый, төттөрү, били дьиэбитигэр төнүннүбүт. Арай чугаһаан иһэн көрдөхпүтүнэ, милииссийэлэрбит илэ бэйэлэринэн тураллар. Биһигини көрдүлэр да эккирэппитинэн бардылар. Бууппут быстарынан үһүөн үс аҥыы ойдубут. Санаабар быһыылаах, олус өр сүүрдүбүт. Биир кыракый дьиэ баарыгар киирэн хааллым. Онтум туалет эбит. Хайыахпыный, туалет диэн сирэ-тала оонньуом дуо... бэрт өр турдум. Онтон кыргыттарбын булан, били, айдааннаах дьиэбитигэр баран хоммуппут. Сарсыҥҥы күммүтүгэр киһи бэркиһиэх, эксээмэммитин бары «түөркэ» туттарбыппыт. «Эриэхэбэйдээх шопинг диэтэҕиҥ» Оля: – Куоракка маҥнай кэлэн бараммын «Айсберг» диэн атыы-эргиэн дьиэтигэр эдьиийбиниин «шопинныы» бардыбыт. Иккис этээскэ биир киэҥ хоско киирдибит. Дьэ, таҥас-сап арааһа манна баар эбит. Мин олох харааччы иирэн хааллым. Биир таҥаһы ыллахпына, атын өссө үчүгэй көстөн кэлэргэ дылы. Ол курдук букунаһа сылдьан, эдьиийбин хараҕым далыттан сүтэрэн кэбистим. Ыксаатым аҕай. Ийэм «олох соҕотоҕун сылдьымаар, күлүгээттэр уоран ылыахтара» диэбитин өйдөөн кэллим. Тулабын эргим-ургум көрүтэлээтим, хос иһигэр сүүрэкэлээн да ыллым. Таҥас-сап эрэ, туох эрэ – барыта умнулунна. Арай көрбүтүм, эдьиийим субу чугас турар, миигин илиитинэн далбаатаан ыҥырар. Мин көрүөм эрэ кэрэх, киниэхэ ыстанааччы буоллум. Сүүрэн истим... Онтон, доҕоор, соҕотохто сиргэ баар буола түстүм. Киһи кыһыйыах, истиэнэлэрэ өстүөкүлэ эбит. Мин охтуом быатыгар, кылбаччы сууйан кэбиспиттэр. Сүүһүм эрэйдээх лоппоччу иһэн хаалаахтаата. Харчым сыыһынан маас атыылаһыах буолан, дьиэбитигэр сукуҥнастыбыт. * * * Ас маҕаһыыныгар уочараттыы турабын. Иннибэр биир оҕонньор, сыананы көрө-көрө, тугу эрэ саҥарар. Ол быыһыгар өмүрэн ыларга дылы гынар. Улахан суумкалаах. Арааһа, тыаттан киирэ сылдьар быһыылаах. Уочараппыт кэллэ. Нуучча дьахтара: «Дальше говорите. Что берете? Быстро-быстро...» – диэн, кутан-симэн барда. Онуоха
оҕонньорум барахсан мух-мах буолаахтаата уонна «минэ, басаалыста, халбасы» диэтэ. Өлүү түбэлтэлээх, халбаһыларын барытын кыра гына бысталаан кэбиспиттэр. «Вот этот кусочек?» дии-дии, атыыһыт биир-биир ыйар. Оҕонньор чочумча саҥата суох тураахтаата, онтон «идии ко мнэ!» диэн сүрдээх улаханнык саҥаран бытарытта. Барахсаныҥ баара, ити атыыһыт илиитин салайан биэрэр эбит. «Ближе. Өссө ближе» эҥин дэтэлиир. Онтон аны: «Стой! Не иди», – диэхтээтэ. Ити курдук мучумааннанан устудьуон дьон холооһуммутугар син ботуччу: килиэп, халбаһы, мокоруон, кэмпиэт – атыыласта. «Эрэстэрээҥҥэ маҥнайгы сылдьыым» Сардаана: – Биир уолу кытта саҥардыы доҕордоһон эрэбин. Онтум эрэстэрээҥҥэ ыҥырда, онон аан бастаан эрэстэрээнниир чиэскэ тиксэн олоробун. Мин кыбыстан бөҕө. «Тугу баҕараргын эт, угощайдыыбын» диэтэ. Ас-үөл сыанатын сирийэн көрбүтүм, үллэн-баллан дьэ сүрдээх. Саамай чэпчэкигэ, 500 солкуобайга, муора хаптаҕай балыга баар эбит. Мин ол балыгы уонна эмиэ удамыр сыаналаах кофе сакаастаатым. Үчүгэйдик билбэт киһим харчытынан аһаан эрэбин диэн, кэмчиэрийэн-килбигийэн бөҕө. Аспыт тигинээн кэллэ... уонна ону кытта икки кытай мас паалката. Мин урут балыгы илиибинэн эрэ сиэччибин: ньуоскаламматах да, мастамматах да киһибин. Ол эрэн бу сырыыга сүрэ бэрт. Эрэстэрээн аата эрэстэрээн буоллаҕа уонна оттон сөбүлүүр уолум илэ бэйэтинэн бу олордоҕо. Маспынан өтөрү-батары анньан син сиэбитэ буоллум. Саҥа-иҥэ диэн олох суох. Киһим ыйыталаһан көрөр да «ыых, ээх» дииртэн атыны билбэтим. Балыгым аһыы эбит, аны утатан бардым. Кофелаах киһи хайыахпыный, кофебын биирдэ хантас гыннаран кэбистим. Оо, аһыытыан..! Куһаҕан баҕайы хабархай амтаннаах. Били, хара кофелара быһыылаах. Сирэй-харах буорайда. Киһибин өрө мыҥаан баран олоруом дуо, балыкпын сиэбитэ буоллум. Собо, дьарҕаа, сыалыһар... бары икки «өттүлээхтэр». Маспын балыкпар кыбыттым уонна тиэрэ бырахтым. Көрбүтүм – биир эрэ өттө сиэнэр балык эбит. Харааран-хоруоран, ньаҕараланан, дьэ ынырык... Мин балыкпын көрөн олордум. Уолум диэки ончу көрбөппүн, кыбыстарым бэрт. Онтон «маннык сытара сүрэ бэрт» дии санаатым да, паалкабын кыбытан баран, төттөрү тиэрэ бырахтым. Үлэ бөҕөнү оҥорон баран, дьэ «һуу» диэтим. Чэ кэбис, ити балык сытан эрдин... Хата, куолайбын сиигирдибит киһи. Мааҕын официантка кыыс остуол уһугар ыстакааннаах уу аҕалан уурбута. Онтубун испит киһи-ии! Ол эрэн туттунабын. Дьүөгэм эрэстэрээҥҥэ аан маҥнай сылдьан, илиитин суунуохтаах уутун испит этэ. Бу уу эмиэ оннук сыаллаах-соруктаах кэлэн турара буолуо диэн туттуннум. Уолум, хата, барыахха диэн абыраата. Ити курдук бэрт дьээбэтик, эрэйдээхтик эрэстэрээннээн турабын. Билигин ол уолбар кэргэн тахсан олоробун. Кэргэним: «Аһын эрэ толкуйдуур кыыс быһыылаах. Кэпсэтэр диэн мылыччы суох киһитэ эбит», – дии санаабыт. Онтон ити кэмҥэ мин өйбөр туох «холоруктаан» ааспытын эһиги билэҕит. Диана Клепандина суруйда.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан