Кэпсээ
Войти Регистрация

Очурдаах олох оспот суоллара

Главная / Кэпсээн арааһа / Очурдаах олох оспот суоллара

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
17.05.2024 14:35
Сибиэтэ эмискэ уһуктан кэллэ. Дьиэ сөрүүкээбит. Дьахтар оронугар олорон, таҥас таапачыкатын көрдөөн, тымныы муостаны атаҕынан сууралаата. Булан, атаҕын тумсун анньа охсоот, турда. Аан таһынааҕы уоту холбоотун кытта оһох иннинээҕи тимир лиискэ таракааннар туора-маары сүүрэкэлэстилэр. Дьахтар аҕыйаҕы үктээн, өлөрөн көҕүрэппитэ буолла. Оһоҕун сабыытын арыйаары мас олоппоһу аҕалан уурда, оһоҕуттан тайанан, ытынна. Сабыыны аһаатын кытта үөлэһинэн тыал иһиирэн ылла. Оттор маһын холумтан иннигэр саа­һылаан кэбиһээччи. Бэлэм маһы оһох иһигэр дьаарыстаан, сайын хомуйбут туоһун кыбытан, уот аста. Уотун күөдьүтээри аҕыйахта үрбүтэ буолан баран, оһоҕун аанын сабан кэбистэ. Кураанах мас күлүбүрэччи умайан, дьиэ тута сылыйбыкка дылы буолла. Үөлэһинэн буруо унаарда. Ону тэҥэ ыаллыы дьиэлэр оһохторун буруота биир-биир эбиллэн бардылар. Сибиэтэ бу дьиэҕэ кэлбитэ сылтан эрэ орто. Сыл аҥаарыттан ордук кэмҥэ соҕотоҕун олорор. Дьиэ хаһаайына Бүөтүр кылгас кэмҥэ дьахтар бэлэмигэр олорон, бу олохтон сынньалаҥнык барда. Улаханнатан сытан: «Сибиэтээ, оччо үчүгэйэ да суох буоллар, дьиэ аата дьиэ. Бэйэҥ ааккар оҥорторо охсон, олохсуйуоҥ буоллаҕа. Былдьаһар-тарыһар киһи суох. Ийэбиттэн хаалбыт чөкө уһаайбабын бу курдук көрөр-истэр киһи баара үчүгэй», – диэн кыыкынаабыта. Бүөтүр өлбүтүгэр Сибиэтэ олохтоох дьаһалтаҕа киирэн, киһи­тин харайарыгар көмө көрдөөбүтэ. Куһа­ҕаҥҥа да, үчүгэйгэ да саха дьоно түм­сэр үгэстэринэн, Бүөтүр оҕо сааһын до­ҕотторо, ыаллара саба түһэн, бокуонньугу харайан кэбиспиттэрэ. Билигин бу дьиэҕэ Бүөтүр олоро сылдьыбытын киниттэн хаалбыт мал-сал эрэ туоһулуур. Сибиэтэ, бэйэтин санаатыгар, манна үйэтин-сааһын тухары олорбут курдук. Саас тиэргэнин ыраастаан, саһаанын хатырыгын, бөҕүн-саҕын тиэйтэрэн, сайынын аҕыйах сибэкки, суолтатыгар оҕуруот олордон, ыал дьахталлары кытта сир астаһан, сүрдээҕин дьиэтийдэ. Бу күһүҥҥүттэн оскуолаҕа аҕыйах хоһу сууйан, таҥаһын-сабын да сэргэхситтэ. Кэлин ыала Маарыйа Соппуруонабынаттан оҕуруо тиһэргэ үөрэннэ. Кини ыйыытынан-кэрдиитинэн үтүлүк оҕуруотун анньан саҕалаата. Оскуолаҕа алтыһар дьахталлара ансаамбылга ыллаһарга ыҥыраллар. Ону Сибиэтэ буолуммат. «Эмиэ тугун ансаамбылай-тайматай?» дии саныыр. Дьиҥэр, иһигэр туох эрэ кылам гынар эрээри, уостан хаалар. Манна кэлбититтэн кини кэмсиммэт. Куһаҕана диэн, соҕотохсуйар. Ол соҕотохсуйууну кини бэйэтэ «сырала­һан» буллаҕа. Олоҕун тухары оҥорбут аньыытын-харатын иһин төлөбүрэ буоларын бэркэ өйдүүр. * * * Сибиэтэ, бу санаатаҕына, олох диэн­нэрин саҥа билэн эрэр курдук эбит. Кини өрүс анараа кытылын кырыы нэ­һи­лиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтин да, аҕатын да өйдөөбөт. Эрдэ өлбүттэр. Онон эбэтигэр иитиллибитэ. Кэтириис сиэнин таптаан ымманыйбатар да, оҕо тэҥинэн улаатыннарбыта. Кини Сибиэтэ ийэтин таһынан өссө биир уоллааҕын кытта ончу билсибэт этэ. Сибиэтэ сэрэйэн көрөрүнэн, эбэтэ кийиитин сөбүлээбэтэх быһыылааҕа. Онон эмээхсин хара өлүөр диэри уолуттан сиэннэрин көрбөтөҕө, «сиэннэрдээхпин» диэн тыл да бырахпатаҕа. Сибиэтэ оҕо эрдэҕиттэн ыллыырын сөбүлүүрэ. Ырыа куруһуогар дьарыктаммыта. Таансыга тохтоло суох үҥкүүлүүрэ. Успуорт көрүҥнэригэр даҕаны куһаҕана суохтук кыттара. Арай улаатан истэҕин ахсын киниттэн аҕа уолаттар, бэл, эр дьон, тонолуппакка дьиктитик көрөллөрүн бэлиэтиир буолбута. Биирдэ
сиэркилэҕэ бэйэтин сыныйан көрбүтэ. Ийэтэ кинини уот лииньийэтин тарда кэлбит нууччаттан төрөппүт буолан, Сибиэтэ бааһынай хааннааҕа. Кырачаан төбөтүгэр дьүө­рэтэ суох киэҥ харахтардааҕа, субуруйан түспүт көнө муннулааҕа, чараас, нарын уостааҕа. Баттаҕын улахаҥҥа уурбата да, атын кыргыттартан ураты чачархай уонна будьурхай этэ. Кыыс улаатан истэҕин ахсын түөһэ биллэрдик улаатан, синньигэс биилэ бэлиэтэнэн, өттүгэ төгүрүйэн барбыта. Оттон кини көнө, толору бөтөҕөлөөх атаҕын бииргэ үөрэнэр кыргыттара ордук санаан аҕай биэрэллэрэ. Биирдэ киинэттэн кэлэн истэҕинэ, ким эрэ кэнниттэн саба түһэн, чугас турар кураанах дьиэҕэ соһо сатаабыта. Сибиэтэ баарынан-суоҕунан охсуһан, кыл түгэнигэр мүччү ыһыгыннаран, куотан турардаах. Хайалара хараҥа дьыалаҕа санаммытын сол курдук билбэтэҕэ. Хаарга булкуллубут, өлө куттаммыт сиэнин көрөн, эбэтэ саҥата суох барбыта. Онтон Сибиэтэ онус кылааска тахсыытыгар кинилэри кытта Баанньа диэн киһи олорсор буолбута. Эмээхсин сотору кэминэн суох буолуоҕун сэрэйэн, кыыһын эрдэтинэ кэргэн биэрэргэ санаммыт эбит. Онон Сибиэтэ оскуоланы эр киһи хоонньугар сытан бүтэрбитэ. Эттэххэ, түҥ былыргы олох курдук иһиллэр эрээри, ити 80-с сыллар ортолоро этэ. Оччолорго сокуоннай сааһын туола илик кыыс хайыы үйэ эр киһини кытта олорорун ким да билбэккэ хаалбыта. Сибиэтэ онус кылааһы бүтэрбит сайыныгар уол оҕоломмута. Оттон күһүнүгэр эбэтэ өлбүтэ. * * * Баанньа Кэтириис ырааҕынан аймаҕа этэ. Эмээхсин ыаллыы нэһилиэккэ отутун ааһыар диэри кэргэннэммэккэ олорбут киһини «мууспутун-маспытын быһаарарга көмөлөс» диэн ааттаан, кыыһын дьонтон куоттаран, оннун булларбыт быһыыта эбит. Баанньа, эр киһи буолан, тупса улаатан эрэр кыыска тиксэр дьолтон тоҕо матыай? Кини даҕаны үчүгэй дьахтарга, көрүүгэ-истиигэ баҕарар буоллаҕа. Эр киһи кыыска чугаһыырыгар эмээхсин бэйэтэ усулуобуйа тэрийбит этэ. Сибиэтэ даҕаны сиппит-хоппут сааһа буолан, дьиэтин иһигэр баар буолбут таҕылы ханнарар тапталы сирбэтэҕэ. Оҕолонор туһунан өйгө да суоҕа. Ол эрээри таарыйсыбыт аата таарыйсыбыт. Кыыс икки оҕо ийэтэ буола охсубутун өйдөөбөккө да хаалбыта. Сибиэтэ ырыаһыт буолар баҕалааҕа. Үөрэххэ барыаҕын икки оҕоттон, дьиэттэн-уоттан ордон, хантан кыаныай? Баҕа санаата туман буолан, оннук күнү-дьылы атааран испитэ. Кэргэнэ буолуохсут дэлби иһэрэ. Кини кынатыгар олорсон, кыыс кэлин эмиэ тэҥҥэ исиһэр буолбута. Ол кэмтэн төһө-хачча арыгы иһиллибитин ким мээрэйдээн билиэй? Арай биир күн эпиэкэттэн дьон кэлэн, оҕолорун илдьэ барбыттара. Онон туһанан, дьахтар кэргэниттэн икки атаҕынан куоппута. Бастаан утаа улуус киинигэр бииргэ үөрэммит кыыһыгар олоро сылдьыбыта. Таанньа даҕаны арыгыны балачча иһэрэ. Куортамнаһан олорор кыбартыыратыгар кыыс-уол субуруһан олороро. Биир оннук түмсүүгэ саҥалаах-иҥэлээх киһи баар буолбута. Сибиэтэ кинини батыһан, куоракка түспүтэ. * * * Тыа сирин кыысчаана куорат оло­ҕуттан туймаара дьолломмута. Сэргэйдиин икки сылы кыайбат олорбуттара. Табаарыһын кытта булсубут ойоҕун Сэргэй үлтү кырбаан ыыппыта. Кырбаныытын төрүөтэ буолбут Толига барахсан Сибиэтэни аһара таптыыра. Төһө да киһи хоонньуттан ороон ыллар, сирэй-харах аспатаҕа, тарбаҕынан таарыйбатаҕа. Итэҕэһэ диэн, иһэр
этэ. Бэйэтэ да аһыы утаҕы киэр аспат киһи, Сибиэтэ, ону улахаҥҥа уурбатаҕа. Кэлин санаатаҕына, бэйэтэ ама дьахтар эбитэ буоллар, Толигыныын баҕас дьоллоохтук олоруохтаах этилэр. Ону баара, бытааһаҕа киирэн, эмиэ атын киһиэхэ «иирэн», тахсан барбыта. Толига барахсан «төнүн» диэн араастаан көрдөһө сатаабыта, араас усулуобуйаны барытын этэн көрбүтэ. Дьэ, суох, үөн дьахтар ол курдук иннин биэрбэккэ, Толик барахсан бэйэтигэр тиийиммитин дьон булбуттар этэ. Куоракка атаарбыт түһүүлээх-тах­сыылаах олоҕун Сибиэтэ үгүстүк санааччы. Дьүөгэтин көмөтүнэн биир ма­ҕа­­һыыҥҥа муоста сууйа сылдьыбыта. Маҕаһыыҥҥа дьуһуурустубалыы харабыл уолаттар кэлэллэрэ. Олортон биир бэрт сэргэх сирэйдээх уол кинини сөбүлүү көрбүтэ. Чугастык билсэн, Сибиэтэ сотору Андрей куортамнаһан олорор кыбартыыратыгар көспүтэ. Атыттартан уратыта диэн, Андрей кини ыллыыр дьоҕуругар болҕомтотун уурбута. Харчы төлөөн, муусука оҥорторон, кыра кэнсиэрдэргэ ыллыырын хааччыйа сатаабыта. Сибиэтэ баҕа санаата туолбута. Андрей тамада аймаҕа бырааһынньыктарга ыҥыран ыллатар буолбута. Сибиэтэ аһымал аахсыйаларыгар, чөкө гостуруолларга да кыттан испитэ. Ыллаан харчылаһары да билбитэ. Андрей «эн сулус буолуоҥ» диэн тыллааҕа. Ону олоххо киллэрэргэ сыралаһара. Ол дьолун Сибиэтэ эмиэ бэйэтэ мүччү түспүтэ. Муусука оҥорор Германы кытта булсан, Андрейыттан муустаах ураҕаһынан үүрүллүбүтэ. * * * Ити сылдьарын тухары кини оҕолорун туһунан хам-түм эрэ санаталыыра. Туох да сырдык кыламнаабат оҕо сааһын алааһын, кыра түннүктэрдээх дьиэтин саараама ахтыбата. Дьиҥэр, кини эбэтиттэн хаалбыт бэйэлээх бэйэтин дьиэтиттэн тахсан бардаҕа. Эрин Баанньаны үүрэн, оҕолорунуун бэйэлэрэ эрэ олоруохтарын сөп этэ буоллаҕа. Сибиэтэ киэҥ эйгэҕэ, ырыаҕа-тойукка талаһар баҕата ол санааны киэр кыйдыыра. Оҕолорун кытта булустаҕына, саҥа сааһыланан эрэр олоҕо үрэл гынан, санаатыгар, «алдьаммыт хоруудатыгар» төннөн, Баанньатын кытта ыалдьартан атыны билбэт оҕолору кытта эрэйдээх-буруйдаах олоҕор төннүөхтээҕэ. Улахан уола ыалга иитиигэ барбытын, кырата биэстээҕэр тымныйан, ыалдьан өлбүтүн дьон тириэрдибитэ. Дьиктитэ диэн, оҕолорун туһунан иһиттэҕинэ, бэрт оччо муҥатыйбат, санаарҕаабат, долгуйбат этэ. Ханна эрэ ыраах олорор көннөрү билэр дьонун туһунан истибит курдук ээл-дээл сыһыаннаһарыттан бэйэтиттэн кэлэйэн да диэн, билигин кэлэн тугу көннөрүөй? Бачча тухары төһө эр киһини кытта иилэҥкэйдэспитин, төһө-хачча арыгыны испитин, төһөлөөх киһини хомоппутун, кэлэппитин ким билиэ буоллаҕай... Оҕолоро төһөлөөх ытаспыттарын-соҥоспуттарын, ийэлэрин кэтэһэн муҥнаммыттарын сыаналыыр, саныыр хотун буолуо дуо? Биирдэ санаабыта, биэс уончатыгар чугаһаабыт эбит. Бүөтүрү кытта улуус киинигэр уочаракка олорон билсибитэ. Үлэ көрдүү сылдьар дьон, үһүс сырыыларыгар былыр үйэттэн билсэр дьон курдук көрсүбүттэрэ. Бүөтүр кинини кытта баран кыстаһарыгар ыҥырбыта. Сибиэтэ тугуттан иҥнэн өр толкуйдуо буоллаҕай? Төһө да кулун атаҕа киирэр сааһыгар сырыттар, киһилии олоруон баҕарар буолбута ыраатта. Онон аҕыйах дьааһык малын туппутунан Бүөтүргэ көһөн кэлбитэ. Бу дьиэҕэ кэлиэҕиттэн оҕолорун чаастатык санаталыыр буолла. Ас астаатаҕына, дьиэ иһигэр-таһыгар сээкэйи гыннаҕына, «арай манна оҕолорум бааллара буоллар» диэн үгүстүк санаан ылар. «Улахан уола Борик ханна тиийдэ-түгэннэ буолла? Чап-чаҕаархай куолаһынан ыллыырын
туһунан кимтэн эрэ истэн ааспыттааҕа. Ванюшата барахсан ханна хараллан сытаахтыыра буолуой?». Дьахтар ыйытыыларыгар хоруйу көрдөөбөккө, быһаарар суолу тобулбакка, оннук күнүн күнүнэн солбуйан испитэ. * * * Сибиэтэ бэҕэһээ буһарбыт эттээх ирииһин оһох уотугар сылытан ылла. Ол кэмҥэ чаанньыга оргуйда. Араадьыйанан бүгүҥҥүттэн тымныы түһэрин туһунан эрдэ биллэрбиттэрэ. Дьахтар кыстык иһэриттэн иһигэр кыратык долгуйар. Былырыын Бүөтүр баар буолан, кыһалҕа диэни билбэтэҕэ. Бэл, Бүөтүр биэнсийэтигэр буор босхо олорбута. Арыгытын испэт буолан, абыранна. Ону эмиэ Бүөтүр быһаарбыта. Норуот эмчитигэр харчы төлөөн, эмтэттэрбитэ. Онно эбии дьиэтин кытта анаата. Онон бу дьиэ хаһаайына Бүөтүр Наһаарап Сибиэтэҕэ тугунан да сыаналаммат улахан бэлэҕи оҥорон турар. Дьахтар билиҥҥитэ иһэр туһунан санаабат. Чуумпутук уонна сынньалаҥнык олоруон баҕарар. Киһи буолан, эмиэ баҕа санаалардаах. Олортон саамай улахана – уолун кытта көрсүһүү. Ону араастаан оҥорон көрөр. Этэҥҥэ сырыттар, хайыы үйэ улааппыт уолун көрсөн, иннигэр сөһүргэстээн, бырастыы гынарыгар көрдөһөн көрүө этэ... Сибиэтэ сонун кэтэн, таһырдьа та­ҕыста. Халлаан суһуктуйан эрэр. Дьах­тар күүлэ ойоҕоһугар турар мас күр­дьэҕи ылан, хаар күрдьэн барда. Саҥа күн саҕаланна... УЙААРА. Тарҕат:
kyym.ru сайтан